"Кыһыл көмүс күлүүс" саҥа дьыллааҕы утренник сценарийа
материал (подготовительная группа)

6-7 саастаах уһуйаан бэлэмнэнии бөлөх оҕолоругар анаан саҥа дьыллааҕы "Кыһыл көмүс күлүүс" аралдьыйыы сценарийа.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл buratino_sanga_dyllaagy_stsenariy.docx23.8 КБ

Предварительный просмотр:

Бэлэмнэнии бөлөххө «Кыһыл көмүс күлүүс» Саҥа дьыллааҕы аралдьыйыы сценарийа.

Оруолларга:

Буратино

Папа Карло

Мальвина

Артемон

Пьеро

Арлекин

Карабас Барабас

Лиса Алиса

Кот Базилио

Саҥарар Сверчок

Тортила черепаха

Змея (Символ года)

Восточнай красавицалар

Ый

Сулустар

Балыктар

Куоскалар

Баҕалар

Тымныы Моруос о5онньор

Хаарчаана

(музыка тыаьынан о5олор заалга киирэллэр, харыйа тула тураллар, хоровод «Саҥа дьылынан» ыллыыллар). Миэстэлэригэр баран олороллор.

Тахсыҥ эрэ таһырдьа

Маннык үтүө киэһэҕэ

Сулустары одуулаан

Саҥа дьылы көрсүөҕүн.

Х.ы. Сыарҕа тыаһа сырылыыр,

Саҥа дьылбыт чугаһыыр.

Саҥа дьылынан!

Саҥа дьолунан

Эргэ дьылы атааран,

Саҥа дьылы көрсүһэн.

Кэрэ көмүс киэһээҕэ

Оонньоон-көрүлээн биэриэххэ.

Ыытааччы: О5олоор, бугун биьиэхэ бырааьынньык – Сана Дьыл! Керун эрэ, саалабыт хайдах курдук киэркэйбитин, остуоруйа дойдутугар кэлбит курдук. Бугун мин эьигини «Золотой ключик» остуоруйатыгар илдьиэм.

(зал иһэ хараҥарар сулус уонна ый кыргыттар үҥкүүлүүллэр)

( Харыйа таһыгар уоттаах сверчок киирэн остуоруйаны саҕалыыр.)

Сверчок: Олорбута эбитэ үһү Папа Карло диэн уус оҕонньор. Арай биир күн уһанаары гыммыта, маһа оҕолуу саҥарбыт.

– Айыкка (мас хамсыыр)

(Папа Карло маһы уһана олорор көстүүтэ, маһыттан Буратиноны оҥорон таһаарар)

Буратино: (күлэр, туран үҥкүүлүүр) Дорообо, Папа Карло (аҕатын кууһар)

Папа Карло: Дорообо, тоойуом. Бээ эрэ, мин эйиэхэ ким диэн ааты биэрэбин? (Толкуйдуур) Ээ, Буратино диэн ааты биэриэм (сиэттиһэн эргийэллэр).

Эн билигин Мичээр группа оҕолорун кытта оскуолаҕа барарга бэлэмнэнэ барыаҥ. Онно Азбукалаах бараҕын, Азбукаҕын харыстаан илдьэ сылдьаар. (Азбуканы Буратиноҕа туттарар, иккиэн тахсаллар).

(Детсад утреннигар тиийэн кэлэбит)

Ыытааччы: Оҕолоор, Саҥа дьыл бэлиэтэ уонна саамай киэргэлэ тугуй?

О5олор: Харыйачаан

Ыытааччы: Саамай сөп, ол эрэн биһиги харыйабыт уота тоҕо күлүмүрдээбэтий? (иитээччи харыйаны тула хааман көрөр).

(залга Буратино азбука тутуурдаах үөрэн киирэн кэлэр)

Ыытааччы: Хайа, дорообо уолчаан!

Буратино: (оҕолору наһаа астына көрөр) Дорооболоруҥ! Уай, наһаа да үчүгэй кырасыабай детсадка тиийэн кэллим дии.

Ыытааччы: О5олор, биһиэхэ ханнык остуоруйа геройа тиийэн кэллэ?

Оҕолор: Буратино (таһыналлар).

Иитээччи: Буратино, эн бүгүн Мичээр бэлэмнэнии бөлөх оҕолорун Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктарыгар тиийэн кэллин. Оҕолор, хата Буратинону кытары киниэхэ анаан «Саҥа дьыл» диэн ырыабытын ыллыаххайыҥ эрэ.

Олус да үчүгэй

Саҥа дьыл кэлбитэ

Тула уот дьэргэйэр

Дьүкээбил кэриэтэ

Бу киэһэ элбэҕэр

Чысхаан кэһиитэ

Тоҕо кэрэтэй

Хаарчаана үҥкүүтэ

Х.ы. Хаарч.үктэммит хаарыгар

Саҥа дьыл саргыта сандаарар

Чысхаан сиэттиспит түүнүгэр

Дьол-саргы дьиэ аайы салаллар.

Ийэбэр, аҕабар эйэлээх эҕэрдэ

Дьэ, бары биир тэҥҥэ

Үҥкүүлээн тэйиэххэ

Олус да үчүгэй

Саҥа дьыл кэлбитэ

Тула уот дьэргэйэр

Дьүкээбил кэриэтэ.

(Саҥа дьыл ырыаны туран ыллыыллар)

Буратино: Наһаа да учугэй ырыаны детсадка үөрэтэллэр эбит дии

Ыытааччы: Биһиги оҕолорбут Саҥа дьылга диэн олус бэлэмнэммиттэрэ. Ол эрэн Саҥа дьылбыт харыйачаана уота –күөһэ тоҕо эрэ умайбат.

Буратино: Һмм, (харыйа тула эргийэр уонна күлуус ыйанан турарын көрөр) Харыйаҕа ким эрэ күлүүс ыйаан кэбиспит дии уонна хатаабыт, арааһа күлүүһү арыйдахха умайара буолуо.

Ыытааччы: Оо, кырдьык да5аны (ыытааччы толкуйдуур), хантан күлүүһү булабыт?

Буратино: Мин билигин күлүүһү көрдүү барыам, кэтэһин сотору кэлиэм (Тахсан барар)

(Музыка тыаһыыр, Арлекин сүүрэн киирэр)

Арлекин: (залга олорор ыалдьыттар диэки көрөр) Дорооболоруҥ, Дорооболоруҥ доҕоттоор! Бүгүн эрэ уонна билигин эрэ көрдөөх премьераҕа билетта атыылаһын! (сүүрэ сылдьан ыалдьыттарга билет атыылыыр)

(Буратино Арлекины көрөн Азбукатын туттаран билет ылар уонна бастакы эрээткэ олорон көрөр)

(Музыка тыаһыыр Карабас Барабас оҕолору мөҕө-мөҕө сыанаҕа киллэрэр Мальвина, Пьеро, Артемон)

Карабас-Барабас: Дьэ эрэ, үчүгэйдик артыыстаан, элбэх харчы киллэриэхтээххит. (Кыймыытын сиргэ охсор)

Театр оҕолоро: Сөп (төбөлөрүн тоҥхотоллор)

Мальвина: (Хаппырыыстыыр) Мин кыттыахпын баҕарбаппын! Ханна эрэ, наһаа үчүгэйдик сынньана сылдьыахпын баҕарабын.

Пьеро: Мальвина, мин эйигин кытары барсыахпын баҕарабын, Карабас – Барабастан куоппут киһи.

Артемон: Ам-ам, мин эһигини кытары барсыам!

Карабас-Барабас: Көр да маны, өссө сынньалаҥнаахтар ээ. Миэхэ элбэх харчы наада, үлэлээн (кымньыытын охсон баран олорор).

(Театр оҕолоро үҥкүүлүүллэр)

(Буратино ымсыыран тахсан үҥкүүлээн эрдэҕинэ Карабас- Барабас туран кэлэр Буратинону тутаары эккирэтэр, Буратино куотан хаалар, театр оҕолоро сырсан хаалаллар).

(Буратино харыйа кэнниттэн тахсан кэлэр, илиитигэр монета харчылардаах)

Буратино: Хантан кыһыл көмүс күлүүһү булабын?

(Ол бириэмэҕэ Саьыл, куоска киирэн кэлэллэр. Куоскалары кытары үҥкүүлэһэллэр)

Лиса Алиса: Хайа, Буратино ханна баран иһэҕиний?

Буратино: Кыһыл көмүс күлүүһү көрдүү баран иһэбин.

Кот Базилио: (саһыл кулгааҕар улаханнык сибигинэйэр) Көрдүн дуо, Буратино харчы бөҕөлөөх эбит?

Лиса Алиса: (Буратиноҕа тиийэн албыннаһаллар) Биһигини баһаалыста аһатыан дуо?

Кот Базилио: Биһиги наһаа аччыктаатыбыт (Буратино5а ньаламныыр).

Буратино: (Соһуйан куотар, Лиса Алиса уонна Кот Базилио эккирэтэллэр)

(Буратино күөлгэ тиийэн кэлэр. Баҕалар уонна балыктар үҥкүүлүүллэр. Баҕалар үҥкүүлээн баран Черепаха Тортиланы соһон аҕалаллар)

Тортила черепаха: Дорообо Буратино, эн бу туохха кэллиҥ?

Буратино: Дорообо, мин кыһыл көмүс күлүүһү көрдүү сылдьабын. Детсад оҕолоро Саҥа дьыллааҕы харыйаларын күлүүһэ суох уота умайбат. Көмөлөһүөҥ дуо?

Тортила черепаха: Ээ, кыһыл көмүс күлүүһү этэҕин дуо, миэхэ баар. Хаһан эрэ Карабас – Барабас күөлгэ түһэрэн кэбиспитин булан ылбытым. Биэрэн бөҕө буо. Мэ, бу баар. Оҕолор үчүгэйдик саҥа дьыллаатыннар.

Буратино: Махтанар, үөрэ-көтө харыйаны эргийэн детсад оҕолоругар кэлэр.

  • Көрүн бу, кыһыл көмүс күлүүһү буллум.

Ыытааччы: Буратино, улахан махтал. Харыйабыт уота сандаара тыгар буолла. (күлүүһү арыйар) Харыйа уота сандаарар.

Оҕолор ытыс таһынан үөрэллэр

Ыытааччы: Истиҥ эрэ, оҕолоор, киммит тыаһаан иһэрэ иһиллэрий?

Оҕолор: Тымныы Моруос оҕонньор

(Музыка тыаһынан ТМО, Хаарчаана киирэн кэлэллэр)

Тымныы Моруос о5онньор: Дорооболорун! Саргылаах Сана дьыл салаллан кэлбитинэн, барыгытын э5эрдэлиибин! Наьаа да учугэйдик киэркэйбит саала5а кэлбиппит.

Хаарчаана: Дорооболорун о5олоор! Киэркэйбит саала5а элбэх да киьи мустубут, барыгытын кэлэн иһэр Саҥа дьылынан, Саҥа дьолунан эҕэрдэлиибин! (ырыа ыллыыр)

Ыытааччы: Көрсүөҕүҥ кэлэр сылбыт бэлиэтин итии Илиҥ дойду кыраһаабыссаларыҥ кытары Змеябытын! (киирэн үҥкүүлүүллэр )

Змея: Баҕарабын кэлэр сылга барыгытыгар дьолу – соргуну, доруобуйаны, эйэлээх олоҕу, үөрүүнү – көтүүнү!

Ыытааччы: Тымныы Моруос Эһэбитин, сиэн кыыһын Хаарчаананы о5олор олус диэн кууппуттэрэ. Эһиэхэ анаан биьиги оҕолорбут хоһоон бөҕөтүн үөрэппиттэрэ, билигин ааҕан иһитиннэриэхтэрэ.

Чэйин эрэ оҕолор, күүтүүлээх ыалдьыттарбытыгар анаан «Саҥа дьыл кэллэ» диэн ырыабытын төгүрүччү туран бэлэх уунуоххайыҥ!

Халыҥ хаар түспүт,

Маҥан хаар түспүт,

Тымныы кыһыммыт

Тиийэн кэллэҕэ.

Чуораан тыаһыыра,

Ыраахтан иһиллэр,

Тымныы эһэбит

Тиийэн кэллэҕэ.

Х.ы. Саҥа дьыл, саҥа дьыл,

Саҥа дьыл кэллэ,

Үөрэ-көтө көрсүөҕүҥ

Саҥа дьылбытын

Праздник мы встречаем

Елку наряжаем

Вешаем игрушки,

Шарики, хлопушки.

В новый год люблю

Подарки получать

В хороводе петь,

Весело играть.

Тымныы Моруос оҕонньор: Тугун бэрдэй-кэрэтэй, оҕолор улаатаннар ырыа, хоһоон бөҕөтүн үөрэппиттэр! Наһаа да үөрдүм. Аны бары бииргэ кэлэр сылы уруйдаан үнкүүлүөххэйиҥ, үөрүөххэйиҥ-көтүөххэйиҥ! (Флешмоб)

Тымныы Моруос о5онньор: Хаарчаана, үөрэ-көтө оҕолорбутугар бэлэхтэрбитин туттарыахха эрэ. Мөһөөччүктээх кэһиилэрбин манна аҕалын, оҕолорбутугар туттартыах.

(оҕолорго кэһиилэри туттараллар)

Ыытааччы: Тымныы Моруос оҕонньор, Хаарчаана, оҕолору кытта хаартыскаҕа түһэргэ ынырабыт.

(хаартыскаҕа түһүү)

Тымныы Моруос оҕонньор: Бэркэ көрүлээтибит, үөрдүбүт- көттүбүт. Бириэмэ да ыраатта, барар кэм кэллэ. Эһиил эмиэ Саҥа дьылы көрсөр бырааһынньыккытыгар көрсүөхпүт! Көрсүөххэ диэри!


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Сана дьыллаа5ы утренник сценарийа.

Африка декорацията кестер: Обезьяна ыстаналаан оонньуу сырытта5ына  холууп кетен кэлэн обезьяна5а сурук туттурар. Холууп санарар – Обезьянка «Жанна» ханна баарый? Обезьянка –Баарбын. Туох баары...

Сана дьыллаа5ы утренник сценарийа

1 кыра белех о5олоругар "Куобах дьиэтэ" остуоруйа5а оло5уран суруллубут сана дьыллаа5ы сценарий...

Саҥа дьыллаа5ы утренник сценарийа

Оҕо аймах эрэ буолбакка, хас биирдии киһи сылын ахсын саҥа дьылы долгуйа күүтэр. Саҥа дьыл бырааһынньыга оҕоҕо үгүс үөрүүнү, сырдыгы, алыптаах түгэни бэлэхтиир. Бу саҥа дьыллааҕы аралдьытыы сценарийа ...

Орто бөлөх саҥа дьыллааҕы утренник сценарийа.

                  Орто бөлөх саҥа дьыллааҕы утренник сценарийа....

"Куобахчаан дьиэтэ" орто белех о5олоругар аналлаах Сана дьыллаа5ы утренник сценарийа.

Орто белех о5олоругар аналлаах Сана дьыллаа5ы утренник сценарийа. «Куобах дьиэтэ»...

"Щелкунчик" улахан бөлөх оҕолоругар саҥа дьыллааҕы аралдьыйыы сценарийа

quot;Щелкунчик" 5-6 саастаах улахан бөлөх оҕолоругар аналлаах саҥа дьыллааҕы аралдьыйыы сценарийа...