Технологическая карта занятия на тему "Наше Отечество"
план-конспект занятия
Оҕо, Ийэ дойду туһунан билэрин сайыннарыы. Олорон сирин киэҥ туттанарга үөрэтии, патриотизмн тыыныгар иитии. Иитиллээччи бөлөххө үлэлиирин, билиитэ-көрүүтэ сайдарыгар, бэйэ санааны толлубакка этэр дьоҕуру сайыннарыы.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
Технологическая карта "Наше Отечество" | 28.42 КБ |
Предварительный просмотр:
ГБПОУ Вилюйский профессионально-педагогический колледж им. Н. Г. Чернышевского
Дошкольное отделение
Технологическая карта
Оҕону оскулаҕа бэлэмниир бөлөх
“Ийэ дойдубут”
Оҥордо Сивцева Федора Александровна
421 группа устудьуона
Көрдө Бурнашова Евгения Егоровна
Бүлүү 2021
Тема: “Ийэ дойдубут”
Сыала: Оҕо, Ийэ дойду туһунан билиитин саха суруйааччыларын кытта үөрэтии .
Соруктара: Оҕо, Ийэ дойду туһунан билэрин сайыннарыы. Олорон сирин киэҥ туттанарга үөрэтии, патриотизмн тыыныгар иитии. Иитиллээччи бөлөххө үлэлиирин, билиитэ-көрүүтэ сайдарыгар, бэйэ санааны толлубакка этэр дьоҕуру сайыннарыы.
Сүрүн ньымата уонна приема :
Тылынан: сэһэргэһии, тылдьыт үлэтэ, санатыы, хамсаныылаах тыл
Көрдөрүүлээх: Аан дойду картата,суруйааччы мэтириэтэ, Россия былааха уонна гербэ.Саха сирин былааха уонна гербэтэ.
Туттуллар матырыйааллар:
-көрөр- интерактивнай дуоска, слайд-хартыыналар;
-магнитнай дуоска
-Россия гимнэ
-Саха сирин гимнэ
Дьарык барыыта
Сүһүөхтэрэ | Иитээччи үлэтэ | Иитиллээччилэр үлэлэрэ |
1.Тэрээһин чааһа | Оҕолорго слайд-хартыыналары көрдөрөбүн . Онно Аан дойду картата көстөр. И: Оҕолоор, биһиги ынырк улахан дойдуга олоробун , Россияҕа . Россия- биһи Ийэ дойдубут, аҕаларбыт, эһээлэрбит, хос эһээлэрбит төрөөбүт дойдулара буолар. | |
2. Сүрүн чааһа | И: билигин Аан дойду картатын көрүн эрэ.Россия оруосабай дьуһунунэн бэлиэтэммит. Бары көрөргүт курдук сүрдээх улахан Улуу дойду буолар. Онтон биһи олорор Өрөспүүбүлүкэбит ким диэн буоларый? И: Саамай сөп.Саха сиригэр олоробут. Бу Саха сирин кэрэтин,Улуу дьонун туһунан суруйааччылар, поэттар бэйэлэрин хоһоонноругар, кэпсээнэригэр суруйан турардаахтар. Олортон биирдэстэрэ Уйбаан Быхсылыырап буолар. Кини Иван Иванович Попов дьиҥнээх аата буолар бэйэтэ Саха Республикатын киинэтин бэтэрээнэ ,суруналыыстар союһун чилиэнэ,кыраайы үөрэтээччи буолар. Кини биир хоһоонунан буолар “Төрөөбүт тылбынан саҥарабын” Оҕолоор, олоппоспутугар үчүгэйдик олоробут, уонна бу хоһоону болҕойон истэбит. Саҥа үйэ оҕотобун- Көмпүүтэр оонньуурдаахппын, Аныгы кэм киһитэбин- Анааран элбэҕи билэбин. Ол эрэн умнубаппын, Омугум саха буоларын, Төрөөбүт тылбынан саҥарабын, Туойабын, ыллыыбын, үөрэбин. И:- Туох туһунан хоһоон суруллубут эбтитий? -Аныгы кэм киһитэбин диэни хайдах ойдүүгүтүй? -Биһи ханнык омук тылынан саҥарабытый? И:Бу курдук оҕолор эһиги эмиэ ,төһө да сайдыылаах буолларгыт , төрөөбүт төрүт тылгытын, олорор дойдугутун таптыыр уонна харыстыыр буолуохтааххыт. “Хамсаныылаах тыл” “Муораннаан-океанынан айаннаа” Муораннан-океанынан айаннаа. Аан дойдунан барытынан көт. Бааллар биһиэхэ араас дойдулар, Ол эрэн биһиэнини курдугу булбаххын. Биһи ууларбыт ыраастар, улахан –киэҥ дойду буолар. Бааллар манна собуоттар, тохтоло суох үлэлиир үлэһиттэр. Миэстэбитигэр олоруоххайын уонна салҕыы истиэххэ Билигин мин эһиэхэ Владимир Юрин хоһоонун иһитиннэриэм. Болҕойон истэбит. “Ыам ыйын 9-с күнэ” Кыайыы күнэ куруук маннык Күүттэриилээх бырааһынньык. Эһээм кэтиэ орденнарын, Эбээм- медалларын. Балтыбынаан ыллыахппыт Былыргы күөх солко Былаат туһунан ырыаны. Үөрүү күнүгэр анаан талан Үгүс Үгүс бэлэҕи булуохппут. Умнуллубат уот тула Тыыннаах сибэкки ууруохппут. И: -Оҕолоор кэпсэтиххэйин эрэ, бу туох туһунан хоһоонуй? - Суруйааччы ким диэн ааттаабытый хоһоонун? -Тоҕо “Ыам ыйын 9-с күнэ” диэбитэ буолуой? -Туох туһунан кэпсээбитий бу хоһоонно суруйаачы? И: Саамай сөп. Биһи олорон Саха сирин Өрөспүүбүлүкэтигэр эрэ буолбакка бүтүн Россия сүрүн бырааһынньыктарыттан биирдэстэрэ Ыам ыйын 9-с күнүгэр Аҕа Дойду сэриини кыайбытын туһунан улахан тэрээһин буолар. Бу сэриигэ биһи эһээлэрбит, эбээлэрбит төрөөбүт дойдуларын көмүскээннэр билигин туспа бэйэбит омук буолан Улуу дойду диэн аатыран олоробут.
| Оҕолор болҕойон Аан дойду картатын көрөллөр. - Саха сирэ Көнөтүк олорон , хоһоону болҕойон истэллэр. -Төрөөбүт тыл туһунан -сайдыылаах, элбэхи сатыыр уонна билэр киһи -Саха тыла Миэстэлэригэр туран хамсаныылары оҥороллор. -Уҥа –хаҥас илиилэринэн куруук оҥороллор. -Икки илиилэринэн тэннэ төгүрүк оҥороллор. -Илиилэрин утары ууналлар, сурэхтэригэр холбуу илдьэллэр. -Тэҥҥэ илиилэрин үөһээ көтөҕөллөр. Миэстэлэригэр олороллор. Салҕыы хоһоону болҕойон истэллэр. -Кыайыы күнүн туһунан хоһоон. -“Ыам ыйын 9-с күнэ”диэн ааттаабыт - Ыам ыйа 9-с күнэ кыайыы күнүнэн ааттанар -оҕолор эппиэттэрэ |
3.Түмүктүүр чааһа | Бүгүн оҕолооор, эһиги төрөөбүт төрүт дойдугут туһунан иһиттигит. Суруйаачылар хоһооннорун болҕойон истэн олордугут. Киннэр суруйбут хоһооннорун аатын ким өйдөөтө? Билигин биһи Россия уонна Саха сирин былаахын уонна гербатын көрүөхппүт. Россия былааха Маҥан-эйэни, ырааһы,тупсаҕай быһыыны көрдөрөр Халлаан күөх-эрэли, дойдуга бэрэниилээх буолары көрдөрөр Кыһыл-эрчими, күүһү, Аҕа дойду туһугар тохтубут хааны көрдөрөр. Герба Үс коруона нуучча сирин суверинитетын көрдөрөр Скипетр уонна держава- Улуу салайааччылары көрдөрөр Всадник поражающий дракона- Георгий Попедоносец,ыраас санаа куһаҕаны кыайарын көрдөрөр. Саха сирин былааха Үрүн дьуһун- хоту дойду тымныытын,кэрэтин көрдөрөр. От күөхэ- кылгас сайыны,күөх тыалары,доҕордоһууну ,быраттаһыыны бэлиэтиир. Кыһыл- киһи олорор күүһүн ,олох кэрэтин,төрүт дойдуга бэрэниилээх буолары, сайдыыны көрдөрөр. Ортотугар маҥан күн- сахалар бэйэлэрин күн оҕолоро диэн ааттаналлар. Билигин биһи Россия уонна Саха сирин гимнын истиэхппит. Гимн истэргэ хайаан да барыта туруохтаахппыт. | -оҕолор илиилэрин уунан эппиэттииллэр Оҕолор флагтар уонна гербалар тустарынан кэпсииллэр. Оҕолор бары тураннар Россия уонна Саха сирин гимнын истэллэр. |
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Технологическая карта по робототехнике "Защитники Отечества"
Технологическая карта по робототехнике "Защитники Отечества"...
Технологическая карта занятия сказка по народным сюжетам «Мальчик с пальчик» план-конспект занятия по художественной литературе (подготовительная группа)
Технологическая карта занятия сказка по народным сюжетам «Мальчик с пальчик»план-конспект занятия по художественной литературе (подготовительная группа)...
Технологическая карта занятия в старшей группе (технология «Ситуация» Л.Г.Петерсон) Монеты. Путь денежной единицы от товара до современных денег и банковских карт. (Муниципальный конкурс "Воспитатель года 2021г)
Технологическая карта занятия в старшей группе (технология «Ситуация» Л.Г.Петерсон) Монеты. Путь денежной единицы от товара до современных денег и банковских карт. (Муниципальный конкурс ...
Технологическая карта занятия карты по продуктивным видам деятельности (рисование)
Технологическая карта занятия карты по продуктивным видам деятельности (рисование)...
Технологическая карта занятия Образовательная область: художественно – эстетическое, познавательное развитие. Тема занятия: Машины едут по улице. Возрастная группа: старшая группа Цель занятия: Расширение представление детей о транспорте на улицах города
Технологическая карта занятия...
Технологическая карта занятия на тему " День защитника Отечества"
Данный материал познакомит дошкольников с праздником 23 февраля, с военными профессиями и техникой....
ТЕХНОЛОГИЧЕСКАЯ КАРТА ЗАНЯТИЯ Составление рассказа по сюжетной картинке, «Львы Санкт-Петербурга»
Цель: Развитие интереса детей к изучению истории Санкт-Петербурга, его культурному наследию, узнать, почему в нашем городе «поселились львы»Задачи: . ...