"Орто дойду олохтооҕо Ордьоот оҕонньор" Р.Кулаковскай
учебно-методический материал
Кутуйахтар тустарынан уһуйааҥҥа сылдьар оҕолорго анаммыт олоҥхо сценарийа
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
5.orto_doydu_olohtoogo_ordoot_ogonnor.docx | 27.16 КБ |
Предварительный просмотр:
Реас Кулаковскай
“Орто дойду олохтооҕо Ордьоот оҕонньор”
олоҥхото
Оруолларга:
- Олоҥхоһут
- Оҕонньор кутуйах Ордьоот
- Эмээхсин кутуйах Эмчиирэ
- Кырынаас (ороспуой бастыҥа)
- Лааскай – Муҥурчай (кийиит)
- Алаа Харах (кутуйах уол)
- Кутуйах кыыһа – Күүдээх
- Сорук – Боллур
- Маттаҕа Боотур (Күтэр)
- Суор
- Киргил
- Кытыгырас кыргыттар
- Обугурас уолаттар
Олоҥхоһут:
Былыргы кэм мындаатыгар,
Ааспыт үйэ арҕаһыгар,
Ойон тахсар күннээх,
Уолан быстыбат уулаах,
Охтон бараммат мастаах
Орто курбуу дойдуга
Олорбуттара эбитэ үһү
Оҕонньор кутуйах Ордьооло,
Эмээхсин кутуйах Эмчиирэ.
Кинилэр диэтэх дьоннор
Кэмэ – кэрдиитэ биллибэт
Киирэр – тахсар хорооннонон
Ахсаанын да быһаарбат
Аһылык ампаарын хастынан,
Утуйарга – олорорго бэрт
Умуһах диэн дьиэлэнэн
Кытыгырас, кыбыгырас кыргыттары
Кырыы – кырыыларынан үөскэтэн,
Обугурас – хобугурас уолаттары
Уҥа – хаҥас олордуталаан
Үөрэ – көтө олорбуттара эбитэ үһү.
Кинилэр бэйэлээхтэр
Ньүдьү – бараан дьүһүннэрэ
Хайтаҕый диэтэххитинэ:
Кирэргэ, кэбийэргэ аналлаах
Килиэ ордьой тиистээхтэр
Тыытарга, тарбыырга табыгастаах
Тыытылба сытыы тыҥырахтаахтар,
Мору – Моттоҕор сирэйдэрин иннигэр
Уһуктуу олорбут муруннаахтар,
Хара оҕуруо харахтаахтар,
Ханнык эмэ кулгаахтаахтар.
Арай биирдэ киэһэ
Аҕалара оҕонньор Ордьоот
Оҕолорун ыҥыртаата.
Ордьоот:
Дьэ-буо, нохойдор, хотуйдар,
Дьэ бэртээхэй кэм кэлбит
Сир аһа барахсан буспут
Сииргэ, хаһаанарга уолдьаспыт.
Хоммокко, өрөөбөккө турунуоҕун,
Хомуйуоҕун түбэспиккитин барытын ,
Ампаардары толортооҥ.
Кыһын обургу кэллэҕинэ
Кыырыктаах тымныы түстэҕинэ
Хаар анныгар хааттарар – накаас,
Хаһааскытын дьаптайаарын.
Эмчиирэ:
Биэбэккээм оҕолороо,
Биһирэмнээн эһигини сэрэтэбин
Хараҥаҕа харахтанар харамай
Хаххан диэн хаҕыс баар,
Хантан да кэлбитэ биллибэккэ
Харбаан ылыа соһумардык.
Хаамар атахтаахтан саһыл
Хаа – дьаа да буоллар, бэдэр
Түбэһэ түстэллэр эрэ
Түүлэри уобуохтара.
Соллоҥноох бэрдиттэн
Солоҥдоттон сэрэниҥ.
Кыыл муҥ бастыҥыттан
Кырынаас кыайартан куотаарыҥ.
Күнүскү өттүгэр көтөрдөртөн
Күүдээхситтэн, мэкчиргэттэн.
Хайалара да түбэһэ түстэхтэринэ
Харбаан ылан “хам” гыннарыахтара,
Ытыһан ыланнар ыйыстан кэбиһиэхтэрэ
Ыыргытын көрүнэ сылдьар буолуҥ.
Ордьоот:
Биһигини сиэбэт диэн суох
Барытыттан куттаннахха, хайтах
Олох олоруох муҥмутуй
Оҕо төрөтүөх бэйэбитий?
Эмчиирэ:
Оҕонньорум эрэйдээх хоодуота,
Оҕолорун да үөрэттэрбэтэ.
Ордьоот:
Оттон куттана сырыттахпына
Оһоҕоспут дьыалата хаахтыйбаат?
Оҕолоор, туттуҥ – хаптыҥ, кытаатыҥ.
Эмчиирэ:
Улахан хараҥаҕа сэрэнээриҥ,
Ороххут устун сырсаҥҥыт
Утарыта көрсө түһүөххүт,
Ол иһин үһүүрэ-үһүүрэ сүүрээриҥ,
Оччоҕо оһоллонуоххут суоҕа, адьаһын.
Олоҥхоһут:
Кытыгырас кыргыттар
Кыбыгыраһа турдулар.
Обугурас уолаттар
Ойуоккалаһан хааллылар.
Оҕонньордоох эмээхсин даҕаны
Олорбот эбиттэр.
Бары от-мас быыһынан
Ону-маны хомуйаары
Онньороҥноһо турдулар.
Онуоха, хорооннорун таһыгар
Ороспуой бастыҥа Кырынаас
Ойуоккалаан тиийэн кэллэ.
Кырынаас:
Эҥинэ бэйэлээх кутуйахтар
Элбээбиттэр эбит барахсаттар,
Тохтуу түһэн ааһыахпын
Тотум бэрт эбит.
Улаата түстүннэр, уойдуннар
Ууруулаах хаһаастарым кинилэр.
Кыһын устата кэмчилээн
Кэрбии сытыам биирдиилээн.
Тыҥырахтаах көтөр тыыппатар
Тыыннаах ордон хааллаллар
Сыл тахсар сыһыгым,
Сылааска тиийэр аһылыгым
Кинилэр буолуох этилэр,
Кэчигир тиис кутуйахтар.
Олоҥхоһут:
Кырынаас обургу ойуолаан
Баран хааларын кытары
Баар буолла Лааскай –
Бытаһыт бастыҥа Муҥурчай.
Муҥурчай:
Төрүөхтэрэ наһаа тахсыбыт,
Төһөмө үгүс буолбуттар.
Хаһааныахха үөдэттэри,
Хапсык саҕана кинилэри
Хайаан даҕаны сиэтэлиэм.
Ааһар албаспын киллэрэммин
Атаах кийиит буоламмын,
Талыы ньаассын оронноругар
Таалалаан ньылбыйа сытаммын,
Түүнүн айыы амсайар
Туйгун идэһэ оҥостуом.
Билигин биир мааны уолларын
Ыга эрийэн, мускуйан
Миигиттэн атыны билбэт гына
Мэндээриччи иирдэн кэбиһиэххэ.
Миигин эрэ ойох ыллаҕына
Мааны уол буолуом дэтиэххэ.
Өссө бииргэ төрөөбүппүн
Кыра Лааскайы ыҥырыахха,
Оҕонньордоох биир кыыстарыгар
Саба түспүт оҥоруохха
Уонна быыһаан ылыахха.
Олоҥхоһут:
Аҕыйах хонук ааһарын кытта
Аймах билэҕэ айдаан буолла.
Алаа Харах Лааскайы аҕалбыт,
Ийэлээх аҕатыттан алгыс эрэйбит.
Алаа Харах:
Күн сирин көрдөрбүт
Күндү төрөппүттэрбиттэн
Көрдөһөр күнүм кэллэ:
Аҕалаах ийэбиттэн аат ааттаан
Алгыскытын ылаары турабын.
Муҥур кутурук кыыстыын
Муҥур үйэбитин холбуубут.
Ордьоот:
Аҕа баһын тосту олоруубар
Арааһынайы истэр да эбиппин.
Аны Лааскайы киллэрэн,
Алаһа дьиэбит иһигэр
Айбардатабыт дуо, нохоо?
Эмчиирэ:
Эрэй – буруй элбииригэр,
Эстии – быстыы битигэр
Эҥин – араас буоллаҕыҥ,
Эмиэ тугун баҕайытай
Муҥуру дьиэҕэр киллэрэҕин,
Муҥмутун дьэ күүһүрдээри.
Кутуйах кыыһа Күүдээх: (ыраах ытыыр – соҥуур):
Айыккабын да, аҕаккаа!
Адьарай кыыһа Лааскай
Арҕаспын көмүллээн бүтэрдэ.
Аһыныҥ! Быыһааҥ! Абытай!
Адьас өлөрөн эрэр.
Айбыт аҕам, быраһаай!
Аһыныгас ийэм, быраһаай!
Алаа Харах убайыам,
Аһын, хараһый, өрүһүй!
Айаккабыан, тииһэ сытыытыан
Аны агдабын кыайан эрэр...
Олоҥхоһут:
Алаа Харах уоллара
Кийиит буолуох Муҥурдуун
“быыһыы-абырыы” ыстаннылар,
Буут быстарынан тэбиннилэр.
Өр- өтөр гыммака төннөн
Өрүһүйбүт кыыстарын
Өмүттүбүт төрөппүттэргэ
Үҥүлүтэн кэбистилэр.
Алаа Харах:
Аҕаккалаах ийэккээм,
Атаах кыыскытын быыһаата
Муҥур кутурук кийииккит.
Мин көрөн турдахпына
Кимиэл киирсии кэнниттэн
Кини кыайан өрүһүйдэ.
Итинник эрэл кийиити
Эһиги тоҕо сириэххитий?
Хара күн тирээтэҕинэ –
Харабыл бэрдэ буолуоҕа.
Муҥур:
Үс күлүккүтүн кэһиэм суоҕа,
Үрдүк ааккытын өрүү өйүөм,
Тыҥырахтаах бухатыырдарга
Тыыттарыам эрэ суоҕа.
Аллараа дойду олохтоохторо
Сүллүкүүт – мүллүкүүт ийэлээх
Сохсоруус – мохчоруус аҕалаах
Күтэр күөһээн урдустара
Күөмчүлээри гыннахтарына
Көмүскэл, хахха буолуоҕум.
Ордьоот:
Олуһун даҕаны этэҕин.
Ол эрээри былыргыттан
Муҥуру кытта билсибиттэн
Муҥ үчүгэй тахсыбытын
Өрүү кимтэн даҕаны истибэтэҕим,
Өйүм букатын хоппот.
Эмчиирэ:
Оҕонньорум барахсаан,
Оҕолорбут дьоллорун кэһэн,
Олохторун алдьатан,
Оҕолорбутуттан кыранаайабыт.
Олоҥхоһут:
Сүр күүскэ аҕылаабыт
Сүһүөҕүн үрдүгэр битийбит
Сорудахха сылдьар
Сорук Боллур уоллара
Сохсорус гына түһэр.
Сорук Боллур:
Аҕаа, ийээ, айыккабыан!
Айыы киһитэ анаарбатах,
Араҕас тиистээх,
Алыс бөдөҥ,
Абааһы уола
Мөскөрүйэн, мөөһөрүйэн
Манна иһэр.
Кутум көттө
Куйахам күүрдэ
Куоттум, бардым.
Олоҥхоһут:
Ити кэмҥэ ыраахтан
Иһиллэр – иһиллибэт сиртэн
Улам – улам күүһүрэн
Улуу тойук иһиллэр.
Маттаҕа боотур:
Ар – дьаалыбын,
Ар – татайбын,
Орто дойду олохтооҕо
Ордьоот оҕонньор
Эйэлээх хотуна
Эмчиирэ эмээхсин
Эһиги бэйэлээхтэр
Үрүҥ ааккытыгар
Үтүө сураххытыгар
Аат ааттаан
Айаннаан иһэбин.
Соругуҥ тугуй диэн
Сураһар буоллаххытына,
Күҥҥэ – ыйга көрдөрбөтөх
Күндү көмүс оҕоҕут
Күүдээх диэн кыыскыт
Үрдүк аатыгар
Хоойго сытар
Холоонноох хотун оҥостоору
Ыйдаран – ыйдаран
Ыыргытыгар тиийдим.
Татыйыгы ыллатар,
Таҥараны сырдатар,
Тапталлааҕым ооккотун
Тах курдук таҥыннаран
Таһааран кулуҥ.
Биэбэйим ооккотун
Биэрэр да буоллаххытына ылыам,
Биэрбэт да буоллаххытына илдьиэм.
Ким хайа иһэҕин диэн
Кэпсэтэр, ыйытар буоллаххытына
Аллараа дойду олохтооҕо
Сүллүкүүт – мүллүкүүт ийэлээх,
Сохсоруус – чохчоруус аҕалаах
Күтэр күөһээн урдуһа
Күүстээх – уохтаах бухатыыр
Маттаҕа Буурай бэйэлээх
Илэ бэйэбинэн кэллим.
Олоҥхоһут:
Орой маҥан халлааҥҥа
Оһол уола обургу
Суор көтөр буолан
Суйуп – сайып тайбаан, суксуйан иһэр.
Суор:
Чулуп – чалып
Чугуун орой чуҥкунаата,
Хаах – куук
Хатан уҥуох хайа барда,
Халып – халып
Хара хаан
Халыйар буолла.
Олоҥхоһут:
Илэ бэйэтэ уларыйан,
Илбис кыыһа кубулуйан,
Киргил буолан кубулунан,
Киниэхтии – киниэхтии саҥарда.
Киргил:
Тыы – ык, тыы - ык
Тыыныҥ быһыннар,
Тымыр хайыннар
Бөлүөк хааны
Бөтө уобуом.
Охсуу барыта
Оһоллоох буоллун,
Иэдээн – куудаан,
Иэхэй – чуохай,
Иһилик – таһылык,
Тыы – ык, тыы – ык
Кыып – кыып, кыып – кыып.
Олоҥхоһут:
Саҥарбыт саҥа уостуута
Ордьоот оҕонньор уолаттара
Онно – манна ойуоккаластылар.
Эмчиирэ эмээхсин кыргыттара
Элэҥнэһэн хааллылар.
Муҥур кийиит ньылбыйан,
Маттаҕа Буурайтан саһан
Эрбэһин быыһыгар кирийдэ.
Алаа Харах:
Маҕайыкаан аллаах
Бэлэһин кыһыытын
Тумсун тууһун
Көрөллөр – көрбөттөр!
Маннык Мардьааһайга
Маанылаах балтыбын
Былдьатан ыытар мин үһүбүн дуо?
Маттаҕа Боотур:
Һа-һа! Һо-һо! Көр да маны!
Буйааккыбыан, дайааккыбыан,
Бу маҕай аллаах миигин утары
Охсуһаары оҥостон
Ордьоллон турдаҕын.
Сиһин этэ сиппэккэ туран,
Буутун этэ буспакка сылдьан,
Холун этэ хойдубатах эрээри,
Хор, миэхэҕэ мордьойор.
Буйаакыа-а, дайааккыа-а,
Кыыһырдыбытын иһин
Кырбастаан ааһыам.
Үөхпүтүн абатыгар
Үөрэҕэстээн төннүөм.
Олоҥхоһут:
Итинник этэрин кытта
Икки иирээннээхтэр
Сытыы кылыс тиистэринэн
Сыыбырҕатыспытынан бардылар,
Боолтоор хара сутуруктарынан
Балталаспытынан бардылар.
Көҕүс тыаһа
Көҥдөй уһааттыы күүкүнээтэ,
Чабырҕай тыаһа
Тардыы чаанньыктыы чаҥкынаата,
Дьулай тыаһа
Чугуун хомордоохтуу чуҥкунаата,
Чэчэгэй тыаһа
Тимир солуурдуу тиҥкинээтэ.
Хамсалаах табах бастыҥа
Хапсыһалларын кытта,
Алаа Харах муҥнааҕы
Маттаҕа Буурай обургу
Кыайа тутан,
Охсоро уохтанан,
Тэбэрэ тэтимнэнэн,
Өлөрөөрү үтүөхтэппитигэр
Алаа Харах Маттаҕаттан
Аһара көтүөлүү сылдьан
Доҕорун Муҥурчайын ыҥырда.
Алаа Харах:
Хоойго сытар холоонноон хотунуом,
Тэллэххэ сытар тэҥнээх доҕоруом,
Көрө сытаҥҥын көмүскэспэккэҕин
Күтэр күүстээҕэр
Көмүллэтэн эрэҕин дии.
Айаккабын ньии,
Адьарай уола адьаһын бүтэрдэ,
Абыраа даа, доҕоруом!
Олоҥхоһут:
Муҥур кутурук
Муҥунан көрөн кэлэн
Алаа Харах муҥнааҕы
Атын сиргэ халбарыта
Анньан кэбиһэн баран,
Маттаҕа Буурайы кытта
Баалкаласпытынан барда.
Үрүт күүһүнэн кыаттардар да,
Сылбырҕатынан, сымсатынан,
Сыыһа оҕустарарынан
Уһулуччу бэрт буолан
Улуу дьаалыны
Томтор сиргэ
Туруйалаппытынан,
Аппа сиргэ
Аттаппытынан барда.
Хаһыытыы-хаһыытыы
Хайа сынньан,
Кылана-кылана кырбаан,
Үөгүлүү-үөгүлүү
Өлөрөн барда.
Маттаҕа Буурай:
Ар-дьаалыбын, ар-татайбын,
Айаккабын, абытайбын
Муҥур кутурук бэйэлээх
Бу хаьан кутуйаҕы кытта
Бодоруспута эбитэй.
Кутуйах муҥурдуун
Куомуннаспыттарын истибэккэ
Ыал буолар баҕатыгар
Ыт буолан эрдэҕим.
Сүллүкүүт-мүллүкүүт ийэм,
Сохсоруус-мохчоруус аҕам,
Быдан уххан быраһаайдарыҥ!
Олоҥхоһут:
Муҥур бэйэлээх
Маттаҕар Муҥнааҕы сайылаан,
Эрбэһин ойуур иһигэр
Элэстэтэн соһон илдьэн,
Этиттэн сиэн баран
Эргиллэн тиийэн кэлээтигэр
Үөрбүт-көппүт сирэйдээх
Ордьоот оҕонньор уолаттарынаан,
Эмчиирэ эмээхсин кыргыттарынаан
Алыс күүскэ илистибит
Алаа Харах убайдарын
Арыаллыы туран кэбиспиттэр.
Ордьоот:
Алаа Харах оҕоккобун
Адьас кыайа сыыспыт.
Сырсын эрэ, нохойдоор.
Отоһут тигээйилэри аҕалан
Оҕоккобун оһоро охсуҥ.
Алаа Харах:
Ол мин бааһым диэн...
Оһор ини, сотору.
Хата, кийииккит көрүҥ,
Хайдахтаах бухатыыр эбитий?
Киһи дуонуттан ааһыахпын
Кини кыайан-хотон быыһаата
Хайтах итиннэ махтанабын?
Хайаан иэһин төлүүбүт?
Быһата,
Таптаһар сүрэхтэр тардыһыыларын
Сиргэ-буорга тэпсимэҥ,
Сирэн-талан муҥнаамаҥ.
Эмчиирэ:
Эчи, оокком барахсан
Этэ-тыына турдаҕын.
Эйиигин быыһаабыт барахсанныын
Илии тутуһан уураһыҥ.
Ийэ киһи буоламмын
Иэйэн туран сүгүрүйэбин,
Итэҕэллээх кийииппитигэр.
Ордьоот:
Оҕолорбут дьоллорун холбоон
Оһуокайдаан унаарытыаҕыҥ.
Оонньуу араас көрүҥүн
Оноотуттан тутуоҕуҥ.
Эмчиирэ:
Эдэр дьоммут кэскиллэрин
Энээрбититтэн ылсыһаммыт
Эһиэкэйдээн энээритэммит
Эриэн түүнү эргитиэҕиҥ.
Күүдээх кыыс:
Ардай аһыылаах ууһун
Адьырҕатыттан, Маттаҕаттан
Алаа Харах убайбын,
Ону кытта миигин
Быыһаан ылбытын туһугар
Быардаан туран махтанабын,
Сайаҕас санаалаах саҥаспар
Сааһым тухары сүгүрүйүөм.
Олоҥхоһут:
Үөрүү-көтүү төлөнүттэн
Үтүө тыллар тахсаннар
Улуу хотун Муҥур
Уйадыйа быһыытыйда,
Уодаһыннаах санаата
Уҕарыыр сибикилэннэ.
Муҥур:
Эмчиирэ эмээхсин, иһит
Ордьоот оҕонньор, өйдөө.
Алаа Харах, эрэн.
Эппит тылгытын төлөрүппэт
Эрэл дьон буолуохтааххыт.
Онон ыал буоллум диэн
Олус күүскэ долгуйдум.
Ол гынан баран
Мин ийэлээхпин, аҕалаахпын,
Мантан ыраах олороллор.
Онно тиийэн, кырдьыгынан
Олойдуу кэпсээн биэриэм.
Сөһүргэстээн үҥэн-сүктэн
Сөбүлэҥнэрин ылыах тустаахпын.
Кыппайка түһэн кылбаарыыта
Ойон-көтөн кэлиэҕим,
Онно биирдэ уруу тэрийиэхпит.
Олоҥхоһут:
Ордьоот удьуора бука бары
Олус диэн үөрдүлэр-көттүлэр,
Кийииттэрэ этэҥҥэ эргиллэригэр
Кичэйэн туран алгыс эттилэр.
Сыттана сытан сиэн
Сыл тахсарга санаммыт
Муҥур обургу мускуллан,
Иннинэн-кэннинэн имиллэҥнээн
Ойуоккалаан хаалла.
Эрбэһин иһигэр
Элэс гынна.
Маттаҕа Боотуру кирэн,
Манна хонно саһан.
Аламай күн тахсан
Алаарыччы сырдаппытыгар,
Маттаҕатын этин
Маҕыалыы сыттаҕына,
Эмискэ үлүгэр үрдүгэр
Эриэн кынат сарбас гынна,
Дэгиэ тыҥырах харбаан ылла.
Маанылаах кийииппитин
Маттаҕалары майыардары
Кый үрдүккэ таһаарбыта.
Тэйиччи илдьэн кийиитин
Тиит төргүү мутугар тиниктээн кэбиспитэ.
Оҕонньор кутуйах Ордьооло,
Эмээхсин кутуйах Эмчиирэ,
Кытыгырас кыргыттар,
Обугурас уолаттар
Мүлчүргэннээх олохторун
Манан кэпсээн бүтэрдим.
Айылҕабыт барахсан
Аһылыкка анаабыт
Абыраллаах астарын
Кутуйахтар биистэрин,
Көтөр-сүүрэр барыта,
Оҕо аймах олоччута,
Улаханныын кытары
Олус диэн аччатан,
Күндү түүлээх барахсаны,
Көтөр-сүүрэр харамайы,
Аһыыр астарын аҕыйатан
Эстэр суолга киллэрдибит.
Онтон ыксаан этэбин,
Ордьооттооҕу харыстаан!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Занятие по математике в средней группе "Дойди до конца"
Занятие проводилось в средней группе по теме "Закрепление счёта от 1до 5". Занятие построено в сооветствии с ФГТ. Используется интеграция с образовательными областями: познание (конструирование), комм...
Конспект занятия по ФЭМП в средней группе «ДОЙДИ ДО КОНЦА»
Счёт в пределах 5, закрепление понятий: большой, маленький, длинный, короткий, лево, право....
Игра путешествие Зоопарк "Орто Дойду"
закрепление разговорных слов и животных на якутском с рускоязычными детьми...
Аан дойду дьахталларын кунун бырааьынньык сценарийа
laquo;Кустук» Улахан б8л8хСыала соруга: Оголорго бырааьынньык настрайыанньатын 8р8 к8т8гуу, бастын сааскы бырааьынньык кунунэн ойдотуу, уорэтии. Ийэгэ уонна кэрэ анаардарга убаастабы...
спортивная квест-игра "Зоопарк Орто Дойду"
цель: создавать условия для развития познавательных способностей через движения, посредством квест-технологии; развивать умение ориентироваться в помещении детского сада, умение действовать в коллекти...
игра-путешествие "Зоопарк Орто Дойду"
цель: закрепить знания о животных Якутии; воспитывать бережное отношение к природе родного края; развивать интерес к народным играм...