Петр Ильич Чайковскай
учебно-методический материал

Владимирова Евдокия Николаевна

Бэлэмнэнии болох оголоругар аралдьытыы сценарийа

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл kompozitor_p.i.chaykovskay.docx26.82 КБ

Предварительный просмотр:

Петр Ильич Чайковскай

             Улуу композитор уруут-урут 1840 сыллаахха ыраах хоту турар  Воткинск  куоракка торообутэ. Кинилэр дьиэ кэргэннэригэр  элбэх оҕолоохтор:  убайдаах, эдьиийдээх уонна икки бырааттаах,онон кини  уьус о5онон торообут  эбит. Кыьын бу куорат халын хаарынан бүрүллэн, утуйбут курдук турара, эргиччи уу чуумпу эбит. Кыра уол Петя түннүгүнэн хаар түһэрин сөбүлээн көрөр эбит. Түннүккэ  Тымныы кырыа оһуордарын түьэрбитин остуоруйа уруһуйдаммытын курдук көрөрө: дыбарыастар, манна олорор остуоруйа дьонноро: принцесса, король, хаар сибэккилэр, ойуурдар кини хараҕар көстөн кэлэллэрэ. Дьэ мантан ыла кини дууһатыгар кэрэҕэ иэйии тыллыбыта.

             Ийэлэрэ Александра Андреевна учугэй куоластаах этэ, мэлдьи ыллыыра. Кини эдэр сылдьан арфа диэн дьикти дор5оонноох музыкальнай инструменна оонньуура . А5алара Илья Петрович , идэтинэн хайа инженера этэ,ол да буоллар музыканы бэркэ ойдуур, таптаан истэр этэ. Онон о5олор кыра эрдэхтэриттэн музыканы истэ, таптыы, билэ улааппыттара.          Кыракый Петя 3-4 сааьыттан фортепьяна5а оонньуурга уорэммитэ. Уол кыра эрдэ5иттэн ырыаны, музыканы сэргии истэрэ, музыканы сэнээрэрэ улаатан истэ5ин аайы кууьурэн испитэ. Кини Уралга олорор нууччалар дохсун, киэн-куон ырыаларын дууьатыгар инсэлээхтик инэриммитэ. Кыра эрдэҕиттэн олус аhыныгас, кими да атаҕастаабат, хомоппот курдук сылдьар үтүө санаалаах эбит.

           Ийэлэрэ Петербург куоракка бара сылдьан   Фанни Дюрбах  диэн эдэркээн француз кыыьын а5алан о5олоругар гувернантка оностубута. Гувернантка  о5олору араастаан дьарыктыыра: француз тылын , ону сэргэ атын предметтэри уорэтэрэ, утуону –кэрэни кэрэхсииргэ араас учугэй ис хоьоонноох  остуоруйалары кэпсиирэ , хоьоон, остуоруйа  айарга куоталаьыннарара. Ити куоталаьыыларга Петя  уксун кыайыылаах тахсара,манньатын кыьыл онноох баанчыгы туоьугэр иилинэрэ. Кини ньээньэтэ кэпсииринэн Петя наhаа көрдөөх,булугас өйдөөх эбит. Ол гынан баран оҕолортон уратылаах: соҕотох хааллаҕына туох баар тыаhы-ууhу барытын сэргээн истэр эбит. Музыка истэрин олус сөбүлүүр, сороҕор үөрэр, сороҕор  хомойор. Кини төбөтүгэр араас тыас-уус, хантан кэлбитэ биллибэт мелодия куруук тыаьыы сылдьар эбит.Сороҕор Петя уолга ити барыта наhаа мэhэйдиир эбит.Ону маннык кэпсээнтэн билэбит: арай биирдэ дьиэлэригэр улахан бырааhынньык тэрийбиттэр, музыка элбэхтэ тыаhаабыт, элбэх араас үҥкүү үҥкүүлэммит.Петя сылайан эрдэ хоhугар киирэн сыппыт, ньээньэтэ киирэн көрбүтэ Петя оронугар ытыы сытар эбит. Ньээньэтэ дьиктиргээн ыйыппытыгар төбөтүн ыйан баран «төбөбөр наьаа элбэх музыка тыаhыыр, онон төбөм ыалдьар» диэбит.

          Уол 5-6 сааьыгар сылдьан Фанни Дюрба5ы уонна тороппуттэрин  улаханнык куттаабыт. Уу – чуумпу саала5а сылдьан : «Мин кулгаа5ым иьигэр музыка оонньуур»- дии-дии ону-маны иьиллии сылдьар буолан хаалбыт. Дюрбах уолу онтон аралдьытаары  араас сууруулээх- котуулээх оонньуулары оонньотор эбит да сотору со5ус фортепиано аттыгар  баар буолбутун бэйэтэ да билбэккэ хаалар эбит. Петя  кулгаа5ар иьиллэр музыканы фортепьяно5а уьун куну быьа оонньуу сатыырын иьин, ийэтэ ардыгар о5отун  фортепьяно5а чугаьыырын бобор эбит, оччо5о  алталаах уолчаан туннук холуодатыгар сал5анан тахсан, туннуккэ уон тарба5ын саратан, дьоьуннаахтык туттан  «музыкалыыра». Биирдэ  наьаа куускэ «музыкалаан» туннук тааьын то5о охсон, кыракый тарбахтарын тааска быьан , айдаан бо5отун тарпыт. Уол музыканан дьарыктаныан наьаа ба5арарын иьин тороппуттэрэ биир музыкант дьахтарга уорэттэрэ сылдьыбыттар.

           Петя уон сааьын туолбутугар Петербургдаа5ы правоведение училищетыгар уорэттэрэ биэрбиттэрэ.Уорэ5ин бутэрэн баран юстиция министерствотыгар улэ5э киирбитэ. Училище кэнниттэн  улэлии да сылдьан, уорэнэр да кэмнэригэр Петр музыкаттан тэйбэтэ5э.Кэнники ол улэтин быра5ан музыкант буоларга кытаанахтык быьаарыммыта.  Кини  1861-66 сыллаахха Петербургскай консерваторияны бутэрбитэ уонна композитор буолбута.26 сааьыгар консерваторияны бутэрэн баран Москва консерваториятыгар улэлии кэлбитэ.

             Музыканы истэргэ , билэргэ омук тылын билэр наадата суох. Биһиги санаарҕабыллаах музыканы иһиттэхпитинэ санааргыахпыт, көрдөөх музыканы иһиттэхпитинэ үөрүөхпүт, чугас таптыыр дьоммутун ийэбитин, аҕабытын, эбээбитин, эһээбитин саныахпыт уонна кинилэргэ туох эрэ үчүгэйи оҥоруохпутун баҕарыахпыт. Музыка оннук күүстээх, киһини ыраас, үтүө санаалаах оҥорор.

           П.И.Чайковскай  элбэх племянниктардаах этэ, кинилэр эмиэ музыканан дьарыктаналлара. Ордук музыкаҕа дьоҕурдааҕынан Володя Давыдов диэн племяннига кинини үөрдэрэ. Киниэхэ уонна атын оҕолорго анаан «Детский альбом» диэн музыка суруйбута.Манна барыта оҕолорго аналлаах пьесалар, кинилэр олохторун көрдөрөр араас музыкалар, араас омук сирдэригэр сылдьан айбыт музыкалара киирэллэр. Бары пьесалар атын-атын характердаахтар, атын-атын геройдардаахтар.

«Марш деревянных солдатиков»- Уолаттар саамай сөбүлүүр оонньуургут тугуй? Саллааттар.Оонньуур саллааттарынан  уолаттар былыр- былыргыттан сөбүлээн оонньууллар. Былыр оонньуур саллааттары олово диэн тимир матырыйаалтан онороллоро.Г.Х.Андерсен остуоруйатыгар баар «стойкий оловянный солдатигы» өйдүүгүт дуо? Ɵссө мастан эмиэ олус кыраhыабай күөх мундирдаах, саалаах саллааттары эмиэ оҥороллоро. Маннык саллаатар Чайковскай племяннигар эмиэ бааллара, ол иhин маннык музыканы айбыта.

 «Игра в лошадки» Уолаттар оссо атынан оонньуулларын собулууллэр, ол курдук убайа Коля наар атынан оонньуурун собулуурэ . Аттара арааьынай буолуон соп: качалка аттар, паалка тоботугэр оноьуллубут аттар, эбэтэр собуоттанар  аттар.

 «Болезнь куклы», « Новая кукла» .Эдьиийэ , кыыс буоларын быьыытынан , наар кукланан оонньуура, эмтээн , буобэйдээн тахсара.

«Полька»

«Нянина сказка»

Оҕолорго анаан икки балет суруйбута. «Щелкунчик» уонна «Спящая красавица». Бу остуоруйалары барытын музыка кэпсиир, балетка ким да санарбат, барытын ункуунэн кэпсииллэр. Балет барарын тухары вальс оонньуур, арай араастаан уларыйан- тэлэрийэн иьэр.  

                П.И.Чайковскай  14 операны, 3 балеты  ( «Лебединое озеро»)уонна  элбэх симфоническай айымньылары,9 фортепиано5а аналлаах концертары, 80-тан тахса романстары уонна о5олорго аналлаах  айымньылары айбыта.  Кини айанныырын наьаа собулуурэ,элбэх омук дойдутугар сылдьыбыта, уонна ол дойдулар тустарынан элбэх музыка айбыта.

              Кини композитор эрэ буолбатах, оссо  оркестрга дирижер, Московскай консерватория5а преподаватель этэ. Кэнники Московскай консерватория5а кини аатын биэрбиттэрэ. Консерватория иннигэр кини памятнигын туруорбуттара. Ол памятник тула элбэх хатын мастары олордубуттара, то5о диэтэххэ кини  «Во поле береза стояла»нуучча народнай ырыатын бэйэтин айымньытыгар киллэрбитин иьин. Оссо Москва куоракка кини аатынан кэнсиэртиир саала баар. 4 сылга биирдэ Москва5а Петр Ильич Чайковскай аатынан Аан дойдутаа5ы конкурс ыытыллар, онно Аан дойду бастын аатырбыт пианистара, скрипачтара  музыканнара кэлэн кытталлар.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Конспект занятия,посвященного дню рождения Петра Ильича Чайковского, для детей подготовительной группы

Данный конспект можно использовать как развлечение для детей старшего дошкольного возраста...

Музыкальное занятие "Творчество Петра Ильича Чайковского".

Интегрированное музыкальное занятие, образовательные области: Художественно - эстетическое развитие, социально - коммуникативное развитие, физическое развитие, познавательное развитие....

Петр Ильич Чайковский

Тематическое занятие по творчеству композитора П.И. Чайковского для детей подготовительной группы....

Конкурс знатоков «Что мы знаем о Петре Ильиче Чайковском»

Сценарий конкурса поможет, в необычной форме, отследить знания детей  о жизни и творчестве всемирно известного музыканта и композитора Петра Ильича Чайковского....

КОНСПЕКТ НОД на тему: музыкальная гостинная «Детский альбом Петра Ильича Чайковского» старшая группа

-        Познакомить детей с творчеством П.И. Чайковского.-        Развивать эмоциональную отзывчивость на музыку.-...

Петр Ильич Чайковский «Детский альбом»

материал может быть использован на занятиях по музыке и музыкальных развлечениях в ДОУ...

Презентация "Музыкально-образовательный проект по творчество Петра Ильича Чайковского"

Презентация "Музыкально-образовательный проект по творчество Петра Ильича Чайковского"...