Тема: Үүт хантан кэлэрий?
план-конспект занятия по окружающему миру (старшая группа) на тему

Готовцева Саргылана Алексеевна

Дьиэ кыыла туһатын туһунан билиилэрин чиҥэтии.  Улахан киһи үлэтигэр убаастабыллаах сыһыаны иитии, тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр интэриэстэрин тардыы, үрүҥ  ас киһи доруобуйатыгар туһатын өйдөтүү, чиҥэтии.  

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл zan3docx.docx17.91 КБ

Предварительный просмотр:

Тема: Үүт хантан кэлэрий?

(5-7 саастаах оҕолорго дьарык конспега)

Сыала: Дьиэ кыыла туһатын туһунан билиилэрин чиҥэтии.  Улахан киһи үлэтигэр убаастабыллаах сыһыаны иитии, тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр интэриэстэрин тардыы, үрүҥ  ас киһи доруобуйатыгар туһатын өйдөтүү, чиҥэтии.  

Дьарык хаамыыта.

- Бүгүн биһиги маҕаһыыммытыгар олус туһалаах үрүҥ ас эгэлгэтэ атыыга кэлбит. Ааттаталаан эрэ (иэдьэгэй, сыыр, арыы, сүөгэй, суорат, быырпах, кымыс, чөчөгөй, чохоон...)

Мин таабырыммын таайын эрэ:

Үрүҥ үрүйэ

Үксүбүтүгэр наада

Үрүҥ ас арааһын

Үгүстүк оҥоробут:

сүөгэй, суорат,арыы

Иэдьэгэй, сыыр минньигэһин –

Бары диэн сөбүлүүбүт

Бэл куоска Бааска сөбүлүүр! (ҮҮТ)

- Саамай сөп, үүт! Үүтү хантан ылабыт?

Таабырыҥҥа кини саспыт:

От аһылыктаах, үүт бэлэхтээх,

Иннигэр атырдьахтаах, кэннигэр сиппиирдээх (ынах)

- Саамай сөпкө таайдыгыт, ынах. Кини тыа кыыла дуо? (дьиэ кыыла) Тоҕо? (биһиги дьиэбит тэлгэһэтигэр олорор, биһиги кинини көрөбүт-истэбит) Кимиэхэ ынах - сүөһү дьиэтигэр баарый? (оҕолор кэпсээннэрэ)

- Ынах хайдах үүтү биэрэрий? (оҕолор эппиэттэрэ, быһаарыылара)

- Онтон элбэх үүтү хантан ылабыт? (оҕолор кэпсээннэрэ)

-Саамай сөп, улахан фермаҕа элбэх ынаҕы көрөллөр. Онно анаан үлэһиттэр ону барытын оҥороллор. Ынах аһын бэлэмнииллэр (от). Сайын от оттууллар. Кыһыҥҥыга бэлэмнииллэр. Кыһын хотоҥҥо тураллар, кинилэри уулаталлар, аһаталлар. Сайынын ынахтары бостууктар сыһыыга үүрэн аһаталлар, мэччитэллэр. Ыанньыксыттар күҥҥэ иккитэ эбэтэр үстэ ынахтарын ыыллар. Эбээлэргит, ийэлэргит ынаҕы ыылларын биирдэ эмит көрбүккүт дуо. Бу олус ыарахан үлэ. Онтон ферма ынаҕа элбэх ахсааннаах буолар, ол иһин анаан ыыр аппараатынан ынахтан  үүтү ыан ылаллар.

Онтон ынах-сүөһү доруобуйатын  ким көрөр? (бэтэрэнээр)

-Саамай сөп, бэтэрэнээр ынахтарга битэмиин суруйан биэрэр, доруобай буоллуннар диэн, элбэх үүтү биэрдиннэр диэн. Ынах оттон атын аһы эмиэ сөбүлүүр, араас састаабтаах уотурба, сиилэс эмиэ олус туһалаах, битэмииннээх астар буолаллар.

-Хас биирдии ынах биһиги курдук эмиэ ааттаах буолаллар.

Иитээччи оҕолорго ынах макетын көрдөрөр уонна:

-Оҕолор, биһиги ынахпытыгар аатта биэриэххэ (оҕолор этиилэрэ)

МААНЫКАЙ.

-Мааныкайбыт туһунан хоһоонно ааҕыахха:

Мааны, мааны Мааныкай

Маанылааммын таптыыбын

Сыһыы устун сылдьаҥҥын

Сымнаҕас от булаҥҥын

Тото-хана аһаа дуу

Толору үүттээх кэлээр дуу

Киэһэ ыамҥа кэтэһиэм

Кэллэххинэ киллэриэм

Сылаас үүтү солуурга

Сырылаччы ыам мин

Сырылатан куруускаттан

Салбана, тото үүт иһиэм

Оччоҕо биһи оҕолор

Куруук доруобай  булабыт

Бу барыта Мааныкай

Биһиэхэ биэрэр үүтүттэн!  (С.Аммосова)

- Үүт олус иҥэмтэлээх битэмииннэрдээх. Ферма үүтэ ханна барара буолуой? (үүт оҥорор заводка) Манна үүттэн үрүҥ ас арааһын оҥороллор. (иэдьэгэй, сүөгэй, чөчөгөй, сыыр, чохоон, суорат). Онтон ханна барара буолуой? (маҕаһыынна).

- Эһиги төрөппүттэргит эһиэхэ маҕаһыынтан ханнык үрүҥ астары атыылаһалларый? (оҕолор эппиэттэрэ)

- Бүгүн биһиги ынах үүтүн туһунан олус элбэҕи биллибит. Ол эрээри үүтү биэрэр атын дьиэ кыыллара эмиэ бааллар эбит. Коза, верблюд, биэ. Ол туһунан биһиги аныгыскы сырыыга кэпсэтиэхпит.

Бука бары доруобай буолун!


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Домашние задания для родителей по лексическим темам. Тема «Транспорт". Тема "Посуда".

Предлагаемые задания помогут расширить словарный запас ребенка, сформировать грамматический строй речи, развить внимание, вербальную память, логическое мышление....

Тема: «Времена года. Осень».Тема: «Времена года. Зима».Тема: «Времена года. Весна».

Формирование представлений детей о времени года (зима).Формирование представлений детей о времени года (весна).Формирование представлений детей о времени года (осень)....

2020-2022 гг: Тема по самообразованию №1 за 2020г; Тема по самообразованию № 2, 3 за 2021 г; тема по самообразованию № 4 за 2022 г.

                ГБОУ Школа №1400 8ДКМладшая  группа № 2Воспитатель- Фролова Елена Владимировна Тема по самообразованию 2020-2021 уч. год. ...

Тема недели: Птицы осенью Конспект НОД по ознакомлению с окружающим миром на тему: «Почему не все птицы улетают на юг? Как птицы к зиме готовятся?» (РК) Тема : Птицы Алтая осенью»

Тема недели: Птицы осенью Конспект НОД по ознакомлению с окружающим миром на тему: «Почему не все птицы улетают на юг? Как птицы к зиме готовятся?» (РК) Тема : Птицы Алтая осенью» Цель: закрепить ...

Игра на тему "Космос" в 1 младшей группе №1 «Медвежата» Конспект игры-путешествия для детей 2-3 лет. Тема: «Космос» Тема: Путешествие в космос. 20.10.2021 г.

Игра на тему "Космос" в 1 младшей группе №1 «Медвежата»Конспект игры-путешествия для детей 2-3 лет. Тема: «Космос»Тема: Путешествие в космос.Цель: сфо...

АНАЛИЗ ТЕМЫ ПО САМООБРАЗОВАНИЮ ЗА 2021-2022 УЧЕБНЫЙ ГОД по теме по теме «Развитие эмоционального интеллекта у детей дошкольного возраста»

Еще пару лет назад об эмоциональном интеллекте никто и не говорил. А сегодня в том, что понимание своих и чужих эмоций, целей, желаний - необходимое умение, нет никаких сомнений....