“Дьоллоох түгэн” оонньуу.
занимательные факты по окружающему миру (старшая группа) на тему

Готовцева Саргылана Алексеевна

Оҕо төрөөбүт дойдутун туһунан билиитин кэҥэтии, тапталы иҥэрии.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл zan2_dollooh_tugen.docx15.69 КБ

Предварительный просмотр:

“Дьоллоох түгэн” оонньуу.

(Улахан саастаах оҕолорго тулалыыр эйгэҕэ дьарык)

 

Сыала: Оҕо төрөөбүт дойдутун туһунан билиитин кэҥэтии, тапталы иҥэрии.

Иитээччи төрөөбүт дойду туһунан хоһоон ааҕар. Оҕолор икки тэҥ хамаандаҕа арахсаллар. Музыка тыаһыыр.

Жеребьевка тардыы

Маҥнайгы түһүмэх «Ыраахтан-ыраах»

Ыйытыктар:

• Биһиги олорор дойдубут аата? (Саха сирэ)

• Айылҕа, тыа саамай киэргэлэ? (Мас)

• музыканы ким суруйар? (Композитор.)

• хоһоону ким суруйар? (Поэт.)

• сааскы маҥнайгы көтөр аата? (туллук.)

• тыа эмчитэ диэн ханнык көтөрү ааттыылларый? (тоҥсоҕой.)

• тыатааҕы ханна, хайдах кыстыырый? (арҕахха утуйар)

• Тииттэн тииккэ ойуоккалыыр ханнык кыылый? (тииҥ.)

• ханнык кыыл төбөтүгэр хара тыаны сүгэ сылдьарый? (тайах)

• кыһын, сайын сонун уларытар кыыл аата? (куобах)

Иккис түһүмэх «Дьээбэлээх хоппо»

Сорудахтар:

1. Өс хоһоону салҕаа.

• ойуурдаах куобах...(охтубат)

• сэнээбиккиттэн...(сэттэҕин ылыан)

• отонноотоххо...(оҥоойук туолар)

• норуот күүһэ...(көмүөл күүһэ)

• доҕор доҕорун...(алдьархайга хаалларбат)

2. Ыйытыктарга эппиэттээ:

• Олорор дэриэбинэбит үрэҕин аата? (Танда үрэх)

• Олорор дэриэбинэбитигэр баар музей ким аатын сүгэрий? (Иван Павлович Готовцев)

Дидактическай оонньуу «Сыыһаны көннөр»

Бэриллибит хартыыналартан туох туора, сыыһы киирбитин туорат. Холобур, Танда тэрилтэлэрин хаартыскаларын быыһыгар Ярославскай музей хаартыската...

Үһүс түһүмэх «Түргэн эппиэт»

Ыйытыктар:

• Сахабыт сирин киин куората? (Дьокуускай)

• Дьокуускай куоракка баар киинэ театрдарын ааттара? (“Лена”, “Киин”, “Азия”, “Синема-центр”)

• Светофор өҥнөрүн ааттаталаа уонна быһаар? (күөх-айаннаа, хаамп, араҕас-бэлэмнэн, кыһыл -тохтоо)

• Олорор дэриэбинэн тэрилтэлэрин ааттаталаа? (Медиапроектор көмөтүнэн)

• Нэһилиэкпит аҕа баһылыга кимий? (Егоров С.И.)

Төрдүс түһүмэх

Ыйытыктар, сорудахтар:

• Кыһыл кинигэ диэн тугу этэллэрий, туохха нааданый?

• Саха сирин көтөрдөрүн ааттаталаа.

• Биһиги дойдубут адьырҕа кыылларын ааттаталаа.

• Саха сирин үүнээйилэрин ааттаталаа. (хартыынаҕа)

Иитээччи. Биһиги оонньуубут түмүгэ кэллэ. Олус элбэҕи билэргитин кэпсээтигит. Төрөөбүт түөлбэҕитин таптыыргытын көрдөрдүгүт. Төрөөбүт дойду туһунан ырыата ыллыаххайын эрэ.

 


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Оонньуу нонуо дор5оону туруоруу

Проект аата:«Оонньуу ніІµі дор5оону туруруоруу» Проект автора: Толстякова Мария Степановна, «Кэнчээри» ОСК логопедаПроблемата: билгин араас дор±оону сыы¤а саІарар о±о ахсаана олус элбээтэ, ол кур...

«Хамсаныылаах оонньуу оҕо ситимнээх саҥатыгар дьайыыта»

Хамсаныылаах оонньуулар оҕо тыла-өһө сайдарыгар улаханнык дьайаллар. Маны таба туһаннахха, оҕо тылын-өһүн байытыахха сөп. Ситимнээх саҥатын эмиэ сайыннарыахха сөп. Оҕо бэйэтин дьайыытын саҥара-саҥара ...

Сонор оонньуу

Сонор оонньуу нөҥүө оҕо толкуйдуур өйүн сайыннарыы...

Бодоруһуу уонна оонньуу нөңүө оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо тылын сайыннарыы

Бодоруһуу уонна оонньуу нөңүө оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо тылын сайыннарыы...

"Ким до5ордоох, ол дьоллоох"

Конспект открытого  занятия для детей старшего докольного возраста...

"Ким до5ордоох - ол дьоллоох"

Конспект открытого занятия для детей старшего дошкольного возраста...