"В гостях у доктора Пробиркина"
план-конспект занятия по окружающему миру (старшая группа) на тему
Предварительный просмотр:
«Дьокуускай куорат» куораттаа5ы уокуругун оскуола5а киириэн ининээ5и саастаах о5олору иитэр- үөрэтэр үөрэх муниципальнай үбүнэн хааччыллар тэрилтэ № 14 «Журавлик» уһуйаана.
Улахан бөлөххө алтыһан оонньуунан үөрэтии дьарыгын былаана
«Учуонай Пробиркиҥҥа ыалдьыттааһын».
Толордулар: Румянцева Мария Юрьевна
Дьокуускай куорат 2014 с.
Уобаластара: тылы сайыннарыы, билии-көрүү, эт-хаан сайдыыта, социально-коммуникативнай.
Сыала: чөл олох маҥнайгы өйдөбүлүн оҕолорго тириэрдии.
Соруктара:
Үөрэтэр:
- Көрөр-истэр органнары ( харах, мурун, тыл) билиһиннэриини салҕааһын.
- О5о билиэн-көрүөн баҕатын, өйүн таһымын сайыннарыы.
- Көрөр-истэр органнар тустарынан билиитин хаҥатыы.
- Эксперимент көмөтүнэн оҕо билиини ыларын эрчийии.
- Ылбыт билиитин сөпкө быһаарарын ситиһии.
Сайыннарар:
- Кэпсэтэр дьо5уру сайыннарыы.
- Тыл саппааһын байытыы.
- Өйү сайыннарыы.
- Толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы.
Иитэр:
- Бол5омтолоохтук истэри иитии.
- Тулалыыр эйгэ5э, дьоҥҥо, бэйэ5э, харыстабыллаах сыһыаны иитии.
- Көрөр-истэр органнарга харыстабыллаах сыһыаны иҥэрии.
- Болҕомтолоохтук истэргэ иитии.
Ньымалара- слайд, тылынан, практическай.
Көрүҥнэрэ – бэсиэдэ, эксперимент, оонньуу, логичеcкай ырытыы.
Туттуллар матырыйаал – слайд, стакаҥҥа оҕуруот астара,фрукта( чеснок,апельсин, лук,шоколад,яблоко), яблоко, банан,моркуоп,шоколад, влажнай салфетка, колбалар,пробиркалар,микроскоп, шарфик.
Дьарык хаамыыта
Учуонай лабораторияҕа олорор.(Музыка тыаҺыыр). Оҕолор залга киирэн олороллор.
Учуонай: Дорооболоруҥ, оҕолор!
О5олор: Дорообо!
Учуонай: О5олор, эҺиги ити бэйэ бэйэҕитигэр доруобуйаны баҕардыгыт, Дорообо диэн тыл « Доруобуйаны ба5арабын» диэн суолталаах. Мин бэйэбин билиһиннэрэр буоллахха – Учуонай- Профессор Пробиркин диэммин. Бу мин лабораториям, мин манна научнай арыйыылаары оҥоробун. Бу билигин элбэх ыарыыттан эмтиир, харыстыыр эми айа сылдьабын. Миэхэ бааллар колбалар, микроскоп, лупа, уонна элбэх элбэх пробиркалар, ол иһин мин Профессор Пробиркиммын. М- да! Оннук!
Бу күннэргэ интернеттэн олус интириэһинэй сонуну биллим! Аан дойдуга туох да ыарыынан ыалдьыбат, кыра эрдэхтэриттэн доруобуйаларын харыстыыр уонна чөл олоҕу тутуһар дьоннор бааллар эбит. Чөл олох диэн тугун билэҕит дуо, оҕолор? (Оҕолор эппиэттэрэ). Саамай сөп, маладьыастар! Мин кинилэргэ баран хайдах кинилэр эмэ суох олороллорун билиэхпин баҕарабын. Бу бэйэтэ научнай арыйыы!
(слайд « харахчааннар дойдулара”).
Учуонай: Уой! Ким эрэ сибээскэ таҕыста. (Ааҕар) Харахчааннар дойдулара. Оҕолор, биһиэхэ харахчааннар дойдуларыттан сибээскэ таҕыстылар!
(музыка тыаһыыр, Харахчаан киирэн кэлэр).
Харахчаан: Дорооболоруҥ, оҕолор! Мин олус бэһиэлэй уонна эйэҕэс Харахчаан диэммин. Таабырынна таайын эрэ: Тоҥмот уулаах күөл баар үһү. Ол тугуй?
О5олор: Харах.
Харахчаан: Саамай сөп! Мин олорор дойдубар харахтарын харыстыыр, көрүнэр дьон олороллор уонна үлэлииллэр. Харах туохха наадалааҕый? (оҕолор эппиэттэрэ). Маладьыастар! Храхтарбытын аргыый аҕай имэрийэн көрүөххэ эрэ. Туох баарый! ( оҕолор эппиэттэрэ) Сөп, хаас уонна кыламан. Туохха нааданый хаас уонна кыламан? (оҕолор эппиэттэрэ). Маладьыастар! Хаас уонна кыламан кыраһыабай эрэ буоларга буолбатах, хараҕы тыалтан, киртэн, көлөһүнтэн уонна ууттан харыстыыллар. Айылҕа биһиги харахпытын көмүскээн кыламаннаабыт уонна хаастаабыт, ол гынан баран биһиги бэйэбит харахпытын өссө харыстыах тустаахпыт.
(слайд)
- Кирдээх илиигинэн хараххын аалыма.
- Чугастан уонна өр телевизоры көрүмэ, компьютерга уһуннук олорума.
- Күн уотуттан хараххын харыстаан, хараҥа таастаах ачыкыта кэт.
- Хараххын уһуктаах малтан харыстаа.
- Сибиэһэй салгыҥҥа күүлэйдээ.
- Харахха туһалаах эрчиллиилэри, дьарыктары оҥор, ырааҕы көр.
Харахчааннар бэйэлэрин харахтарын харыстыыллар уонна араас эрчиллиилэри оҥороллор, биһиги эмиэ оннук эрчиллиилэри оҥоруохха. (наҕыл музыка тыаһыыр, Харах эрчиллиитэ ыытыллар).
Харахха эрчиллии «Тииҥчээн».
Харахчаан: Көнөтүк турдубут, илиибит өттүкпүтүгэр, көхсүбүт көнө. Харахпытын үөһээ, аллараа ( 5 төгүл) , онтон уҥа уонна хаҥас (5төгүл) оҥоробут. Аны харахпытынан эргитэбит (1-8 диэри ), харахпытын күүскэ күүскэ сабыахха онтон аһыахха!
Хайа, оҕолор эрчиллиини сөбүлээтигит дуо? Мин эһиэхэ сүбэлиибин: хараххытыгар араас эрчиллилэри оҥорун, харахххытын харыстаан, быраабыланы тутуһун, оччоҕуна эһиги харахтаргыт өрүү сытыы, доруобай буолуохтара. Эһиэхэ ыалдьыттаабыппыттан наһаа үөрдүм, көрсүөххэ диэри!
Учуонай: Ити харахха эрчиллии олус туһалаах эбит. О5олор, сарсыарда аайы детсадка о5олор эрчиллэллэрин көрбүтүм. Көрдөрөбүн дуо?
Музыка тыаһыыр. Физминутка. Иитээччи саҥарар, көрдөрөр.
Төгүрүччү туруохха
Сиспитин көннөрүөххэ
Уҥа,хаҥас көрүөххэ.
Илиибитин уунуохха
Онтон туора тутуохха
Уҥа, хаҥас түһүөххэ
Ойуоккалаан ылыахха.
( Музыка тыаһыыр. Мурунчаан киирэр).
Мурунчаан: Дорооболорун оҕолоор. Мин саамай интириэһинэй дойду олохтооҕо Мурунчаан диэммин. Мин бу дойду тойонобум, тоҕо диэтэргит мин олус үчүгэйдик сыты билэбин. Ким билэрий атыннык миигин өссө туох диэн ааттыахха сөбүй? ( о5олор эппиэттэрэ). Мурун. Саамай сөп- мурун.
Учуонай: Этиҥ эрэ оҕолоор, мурун туохха нааданый? Оонньуу сылдьан алҕас охтон түһэн муннугун өлөрүөххүн сөп, хаан кэлэр, аны ытырдар, киниэхэ анаан платок илдьэ сылдьыахха наада. Тыынары айахпытынан да тыыныахпытын сөп дии. Чэ этиҥ эрэ, туохха наадалааҕый,туох суолталаа5ый? ( о5олор эппиэттэрэ)
Мурунчаан: Маладьыастар о5олоор. Ким мунна сыты үчүгэйдик билэрий, миигин кытта ким күрэхтэһиэн баҕарарый?
Учуонай: Ураа - саҥа арыйыы. Үөрдэхпиин. Эксперимени наһаа сөбүлүүбүн.
(Намыын музыка) -Оонньуу « Сытынан бил». ( Чеснок, апельсин, луук, шоколад, яблоко, оҕурсу).
Мурунчаан: Маладьыастар о5олоор. Хайдах курдук эһиги муннугут сыты үчүгэйдик билэрий. Былыр былыргыттан дьоннор муннуларын харыстыыллар этэ. Тыалтан, тымныыттан.Маладьыас о5олоргут, чэ мин дойдубар бардым, көрсүөххэ диэри.
Учуонай:.Мурун хайдах буоларый? ( көнө, токур,уһун,сынтаҕар,улахан,кыра,эмис, синньигэс...). Оҕолор ити тыллартан бэртээхэй хоһоон тахсан кэллэ.
Мурун.
Мурун хайдах буоларый?
Мурун араас буолар...
Коно, токур, сынтаҕар
Уһун, кылгас,улахан,
Эмис, орто, синньигэс.
( Музыка тыаһыыр. Тылчааннар дойдулара слайд. Тылчаан киирэн кэлэр.)
Тылчаан: дорооболоруҥ оҕолор, мин тылчааммын.
Оҕолор: Дорообо.
Тылчаан: Биһиги дойдубутугар тылларын харыстыыр дьон олороллор. Бу орган тугу билэрий оҕолор? Соп амтаны билэр.
(тыл схемата,слайд)
Тылчаан: О5олор, биһиги тылбыт олус интириэһинэй орган. Тылбытыгар элбэх, кып кыра төгүрүктэр бааллар, кинилэр көмөлөрүнэн араас амтаны билэбит. Кинилэр хас даҕаны бөлөххө арахсаллар. Ол бөлөхтөр көмөлөрүнэн амтаны араарабыт. Холобур- минньигэс, аһыы, туустаах, ньулуун. Ханнык саамай минньигэс астары билэҕитий? Туустаах? Аһыы?. (оҕолор эппиэттэрэ). Оттон амтаны барытын билэр гына тылчааннар тугу гыналлара буолуой? Саамай сөп эрчиллиилэри оҥороллор. Биһиги эмиэ эрчиллиитэ оҥоруохха.
Артикуляционнай гимнастика. ( музыка тыаһыыр).
Арай тылчааммыт таһырдьа тахсан күүлэйдиэн баҕарбыт. Тахсан үөһэ, көрбүт аллараа көрбүт, уҥа көрбүт, хаҥас көрбүт. Уонна төгүрүччү сүүрбүт. Мээчик тэбиэлээбит. Үөрүүтүттэн олбуорун маҥан кыраасканан кырааскалыан баҕарбыт, кырааскалаабыт. Уонна дьиэтигэр киирбит. Маладьыастар.
Учуонай: Эксперименна ыытыахха. Оонньуу « Амтанынан таай».
( о5олор сабыллыбыт харахтарынан араас амтаны таайаллар: яблоко, банан,морковь,шоколад, оҕурсу, апельсин)
Тылчаан: о5олор эһиги өйдөөтүгүт дуо тылбыт көмөтүнэн биһиги араас амтаны билэрбитин? (оҕолор эппиэттэрэ) Чэ, мин бардым оҕолор, көрсүөххэ диэри!
Учуонай: М-даа! Элбэх интириэһинэйи уонна бэйэбитигэр туһалааҕы биллибит. Оҕолор этиҥ эрэ эһиги тугу саҥаны биллигит? (Оҕолор эппиэттэрэ). Маладьыастар оҕолор миэхэ күүлэйдээбиккитигэр махтанабын. Көрсүөххэ диэри!
Музыканан тахсан бараллар.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
"В гостях у доктора Айболита". Развлечение ко Дню здоровья для детей младшего дошкольного возраста
Это развлечение для младших дошкольников я проводила на прощадке около детского сада. Этот сценарий можно адаптировать для музыкального зала. Праздник не требует предварительной подготовки с детьми....
Физкультурно-оздоровительный досуг "В гостях у доктора Совуньи" для детей средней группы
Программное содержание:развивать интерес к различным видам движений, подвижным играм и упражнениям, труду – двигательной активности, необходимой для здоровья.Формировать гигиенические прив...
«В гостях у доктора Айболита».
Создать условия для укрепления физического и психического здоровья детей, улучшая их двигательный статус.Продолжать развивать у детей двигательные качества, необходимые в данном движении (сила, коорди...
Конспект режимного момента “ Утра радостных встреч” “В гостях у доктора Айболита”.
Главной целью режимного момента является:поднять эмоциональный настрой и мышечный тонус.Основные задачи: – воспитывать желание быть здоровым, учить заботиться о своём здоровье. – ...
«У нас в гостях добрый доктор Айболит» Зимний спортивный праздник для старших групп, день здоровья
День здоровья. Зимний спортивный праздник. В роле Васи использована игрушка-Петрушка....
НОД "В гостях у доктора Пилюлькина"
формирование у детей навыка осознанного отношения к своему здоровью, расширение знания о болезнях, о строении организма, функциях отдельных органов....
Квест-игра "В гости к Капельке Пробиркиной или проделки Бабы Яги"
Знай, применяй и соблюдай!...