Сценарий музыкальной постановки "Фонариктаах кыыс"
проект по музыке (старшая группа)
Онлайн-тренажёры музыкального слухаМузыкальная академия
Теория музыки и у Упражнения на развитие музыкального слуха для учащихся музыкальных школ и колледжей
Современно, удобно, эффективно
Предварительный просмотр:
Фонариктаах кыыс.
( музыкальнай остуоруйа)
Туттуллар тэриллэр :
-Хас биирдии оҕоҕо фонарик
Дорҕоон таһаарар музыкальнай инструменнар:
- Мас палочкалар (иккилии) – ааны тоҥсуйар тыас
-духовой гармоника- саһыл
-мас музыка тэриллэрэ- тииҥ
-шейкердар (фрукталар) – куобах
-барабааннар – эһэ
-флейта свистоктара – чыычаахтар
-пластмассовай бытыыккалар – тыал үрэр тыаһа
-металлофон 1 – кыыс ытыыра, кыыс үҥкүүтэ, сулустар
-металлофон 2– күн тахсыыта, киириитэ
Фонариктаах кыыс дьиэрэҥкэйдээн киирэн залы эргийэр уонна ортотугар тохтуур. Фонаригынан оонньуур.
металлофон тыаһыыр
Кыыс: Мин хараҥаттан куттаммаппын фонаригым сулус курдук тыгар,тулабын сырдатар. Үҥкүүлүүр.
металлофон тыаһыыр
Кыыс үҥкүүтүн көрөөрү ойуур быыһыттан куобах (фрукта- шейкер), эһэ
(барабааннар), чыычаах (оҕолор флейта свистогор оонньууллар) көрөннөр олус диэн үөрэллэр. Эмискэччи күүстээх тыал иһиирэр
оҕолор пластмассовай бытыыккаларга үрэллэр
кыыс фонаригын уота умуллан хаалар, тула өттө хабыс хараҥа буола түһэр. Кыыс чөҥөчөккө олорон ытаан барар
металлофон тыаһыыр
Кыыс: Уой, фонаригым уота умуллан хаалла. Ким мин фонаригым уотун уматан биэриэй? Ким миэхэ көмөлөһүөй? Кыыс ытыырын сулустар истэннэр кыыска сипсийэллэр.
Оҕолор металлофоҥҥа оонньууллар
Сулустар: Эн күҥҥэ бараҥҥын көрдөс, күн фонаригын уотун уматыа!
Кыыс санаарҕаабыттыы туттан айанныыр хааман иһэн дьиэни көрөр.
оҕолор фонаригынан кыыс барар суолун тыктаран биэрэллэр
Дьиэттэн саһыл тахсар.
духовой гармоникаҕа оонньууллар
Кыыс: Дорообо, саһыл!
Саһыл: Дорообо, ханна бардыҥ кыысчаан?
Кыыс: Күнү көрдүү баран иһэбин, фонаригым уота умуллубутун Күн эрэ уматар. Миигин күҥҥэ илдьэн биэриий – диэн кыыс саһылтан көрдөһөр.
Саһыл: Оо, солом суох, хата мин дьиэбэр киирэҥҥин сынньан, утуй.
Кыыс саһыл дьиэтигэр киирэн утуйар.
Саһыл: Кыысчаан, утуйан сынньанныҥ да?
Кыыс: Сынньанан.
Саһыл: Бу суолунан бар, күҥҥэ тиийиэҥ.
Кыыс Саһылга махтанар уонна суол устун хааман иһэн
оҕолор фонаригынан кыыс барар суолун тыктаран биэрэллэр
дьиэҕэ тиийэн кэлэр. Тоҥсуйар
оҕолор палачканнан сири тоҥсуйаллар
Тииҥ тахсан кэлэр
(мас музыка тэриллэригэр оонньооһун)
Тииҥ: Хайа кыысчаан, ханна бардыҥ?
Кыыс: Күҥҥэ фонаригым уотун уматтараары баран иһэбин. Миигин күҥҥэ илдьэн биэриий.
Тииҥ: Оо, мин үлэм элбэх, сотору кыһын кэлиэ. Хаһааспын хаһаанабын. Хата киирэн чэйдэ ис.
Кыыс тииҥ дьиэтигэр киирэн чэй иһэр, махтанар.
Тииҥ: Чэ, бу суолунан бар, Күн ол диэки олорор.
Кыыс салҕыы суол устун баран иһэр
(оҕолор фонаригынан кыыс барар суолун тыктаран биэрэллэр)
Хайаҕа тиийэн кэлэр. Хайа кэнниттэн Күн тахсар.
(металлофон тыаһыыр)
Кыыс: Дорообо Күн, фонаригым уотун баһаалыста уматан биэриий.
Күн: Үтүө күнүнэн, кыысчаан! Миэхэ чугаһаа, күлүмүрдэс сардаҥабыттан эйиэхэ бэрсиэм.
(металлафон тыаһа).
Кыыс чугаһаабытыгар Күн фонаригын уотун уматан биэрэр уонна хайа кэннигэр киирэн хаалар
(металлафон тыаһа).
Кыыс үөрэн үҥкүлүүр
(оҕолор металлафоҥҥа оонньууллар)
Күҥҥэ махтанар уонна төттөрү айанныыр. Төннөн иһэн көрбүтэ Тииҥ санаарҕаан дьиэтин таһыгар олорор.
(мас музыка тэриллэригэр оонньооһун)
Кыыс: Тииҥчээн, туохтан хомойдуҥ?
Тииҥ: Уотум баран хаалла, кыайан үлэлээбэккэ олоробун.
Кыыс: Мин эйиэхэ көмөлөһүөм! (лампа уотун уматар)
Кыыс Тииҥҥэ көмөлөһөн баран салҕыы айанныыр. Ол баран иһэн суолга Саһыл ытыы олорорун көрөр.
(духовой гармоника тыаһа)
Кыыс: Хайа, саһыл, тоҕо ытаатыҥ?
Саһыл: Эһэҕэ ыалдьыттыы баран иһэн мунан хааллым.
Кыыс: Мин эйиэхэ көмөлөһүөм, суолгун сырдатыам.
Кыыс Саһылга суолун фонаригынан сырдатан Эһэ олорор сиригэр илдьэн биэрэр.
(барабааннар тыастара)
Кыыс үөрэ – көтө дьиэрэҥкэйдиир.
(Металлофон тыаһа)
Кыыс: Оҕолоор, мин фонарикпын Күн уматан биэрдэ. Фонаригым уота итиэннэ хаһан да умуллубатын, куруук суолбутун сырдата турдун. Чэйиҥ, туруҥ, фонарикпытын уматан бары бииргэ үҥкүүлүөххэйиҥ!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Сценарий музыкально-театрализованного досуга в старшей группе (Познавательная деятельность, ознакомление с окружающим миром, музыкальное занятие)
Цель занятия приобщить дошкольников к русским народным праздникам через различные виды деятельности...
Сценарий музыкальная сказка «В гости к медвежонку» музыкальный руководитель Павлова Марина Валерьевна
Музыкальная сказка для всех возрастных групп....
Разработка музыкального сценария "Музыкально-поэтические картинки". "Весна" для детей дошкольного возраста от 4 до 7 лет.
quot;Музыкально-поэтические картинки" из цикла "Времена года" "Весна"...
Сценарий музыкального развлечения «Музыкальная эстафета»
Сценарий музыкального развлечения «Музыкальная эстафета» для детей средней группы....
Сценарий музыкального развлечения "Музыкальный ринг"
Сценарий развлечения для детей и родителей...
Сценарий музыкальной викторины «Музыкальный эрудит» по творчеству П.И.Чайковского с использованием современных образовательных технологий/
В сценарии для детей старшего дошкольного возраста использованы: педагогическая технология ознакомления детей старшего дошкольного возраста с музыкой П.И. Чайковского и информационно-коммуникаци...
Сценарий музыкально-оздоровительного досуга «Путешествие с Айболитом». (с использованием элементов музыкальных здоровьесберегающих технологий и участием родителей).
На мероприятии использованы следующие элементы здоровьесберегающих технологий : • Психогимнастические упражнения. • Валеологические песенки-распевки (вокалотерапия – пение). • Дыхательная гимнастик...