Олоҥхоҕо олоҕуран кыра оҕо сиэрдээх майгытын түстээһин
статья на тему
“Олоҥхоҕо олоҕуран кыра оҕо сиэрдээх майгытын түстээһин” Ноговицына М.А., Антоновкатааҕы А. Г. Габышев аатынан оҕону сайыннарар киин иитээччитин дакылаата оҕону кыра сааһыттан олоҥхо нөҥүө сиэрдээх быһыыга-майгыга иитии, бэйэ үтүө аатын өрө тутуу туһунан сырдатыллыбыт. Манна Айыы үөрэҕин, Саха төрүт өйдөбүлүн, сиэр-майгы туһунан хайысхаҕа өр сылларга чинчийбит, үлэлээбит чинчийээччилэр: Афанасьев Л.А.-Тэрис, Д.М. Баппаҕай, Попова М.А., Павлов А.Н.-Дабыл уо.д.а. үлэлэриттэн туһаныллыбыт. Хас да сыл үлэ опытыттан көрдөххө уһуйаан үлэтэ олоҥхонон оҕону иитиигэ-сайыннарыыга араас ньыманан, тэрээһиннэринэн? Көрүҥнэринэн оҕоҕо өйдөнүмтүөтүк ылынарга үлэлиирэ көстөр. Былатыан Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун методист Ильинова Т.Л., иитээччи Афанасьева М.А. 2005 сыллаахха иитээччигэ, төрөппүккэ кыра оҕоҕо олоҥхону тиэрдиигэ олуктарынан наардаан тыырыллыбыт, көмө быһыытынан таһаартарбыт матырыйааллара олус туһалааҕа кэрэхсэнэр.
Уһуйаан сылын аайы олоҥхонон үлэ эйгэтин саҥарда, тупсара турар. Онно төрөппүттэри кытта ыкса ситимнээн, сүбэ-ама, конференция ыытан көрдөрөллөр-иһитиннэрэллэр. Оҕо сиэрдээх-майгылаах буола улаатарыгар дьиэ кэргэн төһүү күүс буоларыгар, уһуйаан методиһа уонна иитээччилэрэ араас тэрээһиннэри тэҥҥэ ыытар. Холобур, олоҥхо геройдарын олуктарынан уруһуйдар, илиинэн киэргэл оҥоһуктар уо.д.а.
Инникитин даҕаны уһуйааммытыгар олоҥхону өрүү өрө тутан кырачаан оҕолорбутугар билиһиннэрэ туралларыгар баҕарыам этэ.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
nogovitsyna._sierdeeh_maygy._nyurba.docx | 80.9 КБ |
nogovitsyna._sierdeeh_maygy._nyurba.pptx | 147.03 КБ |
Предварительный просмотр:
Ньурба улууһун үөрэҕириитин салаата
А.Г. Габышев аатынан оҕону сайыннарар киин
Олоҥхоҕо олоҕуран кыра оҕо сиэрдээх майгытын түстээһин
“Утум” тосхол чэрчитинэн (автор Т. Ильинова)
иитээччи Ноговицына М.А. үлэтин опыта
Антоновка 2016
ИҺИНЭЭҔИТЭ
Аннотация
Киирии тыл
Олуктар
- Киһи үтүө аата, майгыта олоҥхоҕо этиллиитэ, кэпсэниитэ
- Киһи олоххо анала
- Оҕо уһуйааныгар олоҥхоҕо олоҕуран кыра оҕо сиэрдээх майгытын түстээһин
- Олоҥхонон оҕону иитии олуктара
- Түмүк
- Литература
Сыһыарыылар
Аннотация
“Олоҥхоҕо олоҕуран кыра оҕо сиэрдээх майгытын түстээһин” Ноговицына М.А., Антоновкатааҕы А. Г. Габышев аатынан оҕону сайыннарар киин иитээччитин дакылаата оҕону кыра сааһыттан олоҥхо нөҥүө сиэрдээх быһыыга-майгыга иитии, бэйэ үтүө аатын өрө тутуу туһунан сырдатыллыбыт. Манна Айыы үөрэҕин, Саха төрүт өйдөбүлүн, сиэр-майгы туһунан хайысхаҕа өр сылларга чинчийбит, үлэлээбит чинчийээччилэр: Афанасьев Л.А.-Тэрис, Д.М. Баппаҕай, Попова М.А., Павлов А.Н.-Дабыл уо.д.а. үлэлэриттэн туһаныллыбыт. Хас да сыл үлэ опытыттан көрдөххө уһуйаан үлэтэ олоҥхонон оҕону иитиигэ-сайыннарыыга араас ньыманан, тэрээһиннэринэн? Көрүҥнэринэн оҕоҕо өйдөнүмтүөтүк ылынарга үлэлиирэ көстөр. Былатыан Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун методист Ильинова Т.Л., иитээччи Афанасьева М.А. 2005 сыллаахха иитээччигэ, төрөппүккэ кыра оҕоҕо олоҥхону тиэрдиигэ олуктарынан наардаан тыырыллыбыт, көмө быһыытынан таһаартарбыт матырыйааллара олус туһалааҕа кэрэхсэнэр.
Уһуйаан сылын аайы олоҥхонон үлэ эйгэтин саҥарда, тупсара турар. Онно төрөппүттэри кытта ыкса ситимнээн, сүбэ-ама, конференция ыытан көрдөрөллөр-иһитиннэрэллэр. Оҕо сиэрдээх-майгылаах буола улаатарыгар дьиэ кэргэн төһүү күүс буоларыгар, уһуйаан методиһа уонна иитээччилэрэ араас тэрээһиннэри тэҥҥэ ыытар. Холобур, олоҥхо геройдарын олуктарынан уруһуйдар, илиинэн киэргэл оҥоһуктар уо.д.а.
Инникитин даҕаны уһуйааммытыгар олоҥхону өрүү өрө тутан кырачаан оҕолорбутугар билиһиннэрэ туралларыгар баҕарыам этэ.
“Кустук” орто бөлөх иитиллээччитин Григорьев Володя ийэтэ
Григорьева Л.И.
Олунньу ый, 2016с
Үтүө ааты тутуһуу – үтүө майгы төрдө
(олоҥхо олуктарыттан оҕоҕо тиэрдии)
Киирии тыл
Олоҥхону аахтахха биир өттүнэн, Аан дойду дьоно биир сомоҕо буоларын, ол эбэтэр өйдөһүүнү, тулуйсууну, сөпсөһүүнү кэрэһэлиир өрүт элбэхтик көстөр. Олоҥхоҕо айыы аймаҕа бэйэ бэйэҕэ көмөтө, бэйэ бэйэни өйөһүүтэ, эйэлээх олоххо тардыһыыта сүрүн санаа буолар.
Саха норуота — киэҥ-холку көҕүстээх майгытынан-сигилитинэн , киһи аймах үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыһыытын өрө тутар олоҥхолоох. Омук бэйэтин үгэһинэн, бэйэтин кутунан-сүрүнэн, бэйэтин айылгытынан этэҥҥэ олоруохтааҕын туоһулуур оҥоһуулаах эбит.
Олоҥхо оҕону иитиигэ сырдык омоон, тобул санаа, бөҕө тирэх буолуон сөп. Ону биһиги учуонайдарбыт, чинчийээччилэр олоҥхо 10 сылын усталаах-туоратыгар чинчийэн-үөрэтэн “олоҥхо диэн дириҥ ис хоһоонноох национальнай идея” диэн саха дьон иннигэр бигэргэттилэр.
Саха ыччата куһаҕан дьаллыкка ылларбакка, чэгиэн-чэбдик киһи буолан, салгыы сириэдийэ сайдан, кэлэр кэнэҕэски кэскили түстээн, үгүстэн үгүс үйэлэргэ саха аатын ааттата турарын туһугар киһи быһыылаах киһини иитии ытык иэспит буолар. Онон сирдэтэн “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхоҕо олоҕуран оҕо сиэрдээх-майгытын иитиигэ бэйэ үтүө аатын өрө тутан, түһэн биэрбэккэ олоҥхо олуктарынан тиэрдиэххэ сөп.
Дакылаакка үлэ опыта кэпсэнэр. Дакылаат хас да олуктаах. Бастакы олук –киһи үтүө аата, майгыта олоҥхоҕо этиллиитэ, кэпсэниитэ; иккис – киһи олоххо анала, үһүс олукка – оҕо уһуйааныгар олоҥхоҕо олоҕуран кыра оҕо сиэрдээх майгытын түстээһин, үлэ опыта – олуктарынан. Төрдүһүнэн – сыһыарыылар киирдилэр.
- Киһи үтүө аата, майгыта олоҥхоҕо этиллиитэ, кэпсэниитэ
Үөрэҕи-билиини оҕоҕо иҥэриини арҕааҥҥы үөрэхтээхтэри үтүктэр биһиги иитээччилэрбит уонна үөрэтээччилэрбит кыайа-хото туталлар. Арай бу үчүгэй үөрэнээччилэрбит тоҕо куһаҕан, сиэрэ суох, ыар быһыылары оҥороллор диэни кыайан быһаарбаттарыттан олору оҥорооччу эдэдэрбит эбиллэн иһэллэр (Иван Каженкин “Бэйэ кутун сайыннарыы” ыстатыйатыгар).
Салгыы “...ханнык баҕарар билии киһиэхэ үгэһи үөскэттэҕинэ эрэ, киһини бэйэтин салайар кыахтанар. ...Ол курдук оҕоҕо уорар куһаҕан диэн өйдөбүл иҥэн сылдьар буоллаҕына, кэлин улааппытын кэннэ тугу эмэ уоруохха диэн санаа киирэн да кэллэҕинэ, бэйэтин тохтотунан уорумуон, ылымыан сөп” диэн Иван Каженкин этэр.
Кыра эрдэҕинэ оҕону атаахтатыы, бары баҕатын толоруу, көҥүлүнэн барыыга, туохха барытыгар аһара бара сылдьарга үөрэтии соннук өй-санаа оҕоҕо иҥэн хаалар. Бу киһи кэлин, улаатан да баран аһара туттан кэбиһэр кыахтанарын умнубаппыт буоллар кэлэр көлүөнэлэрбит киһилии өйдөөх-санаалаах, көрсүө, сэмэй буола улаатыахтара этэ диэн бэлиэтир И. Каженкин.
“Киһилии киһи атын дьон сыыһаларын көрөн, истэн үөрэнэр, онтон ыараханнык, эрэйдэнэн үөрэнэр киһи бэйэтин сыыһаларыттан үөрэнэр”, - диэн этии баар. Бу этии киһи үөрэҕи баһылааһына эмиэ икки араастааҕын уонна үөрэх киһиэхэ киирэн иҥиитэ эмиэ тус-туспа буолалларын арааран бэлиэтиир [4,16].
“Бэйэни өрө тутан бэйэҕэ үтүө сыһыаннаах буоллахха олоҕун онкула оҥоһуллар” - историк, муниципальнай сулууспа үөрэхтээх, «Тулаһы» общественнай түмсүү салайааччыта Александр Афанасьевич киһи олоххо сыһыанын, олох дьиҥ суолтатын өбүгэ үөрэҕин кытта ситимниир.- «Бастакытынан, бэйэҕэ сыһыан. Оҕону кыра сааһыттан бэйэтин санаатын ыйытан толкуйдата уонна саҥарда үөрэтиэххэ. Оҕо төһөнөн бэйэтин санаатын сатаан истэн, толкуйдаан этинэр даҕаны, соччонон сайдар, эрэллээх, быһаарыныылаах, олоҕор тирэхтээх буола улаатар. Өбүгэ үйэлээх үтүө үгэһигэр, төрүт тыыныгар оҕону иитэн сиэрдээх майгыны иҥэриэхпитин сөп. Оҕо аан маҥнайгыттан бэйэтигэр сөпкө сыһыаннаһарга, “мин-киһибин”, “мин айар-тутар айылгылаахпын”' диэн бэйэтин өйдүү, ылына үөрэннэҕинэ инники олоҕор бэйэтин салайынан, сааһыланан, сайдан барар. Ол аата бэйэҕэ сыһыан диэн буолар.
Иккиһинэн, киһиэхэ сыһыан. Оҕону, ыччаты биһиги бэйэбит холобурбутунан, сыһыаммытынан иитэбит. Эдэр төрөппүттэр ити сыһыан дириҥ өйдөбүлүн сөпкө ойдөөн, ийэ-аҕа буолар улахан эппиэтинэстээҕин уонна тус бэйэлэрэ эт-хаан, өй-санаа өттүнэн бэлэм буолалларыгар кыһаллыахтаахтар, бэйэ бэйэлэрин харыстаһыахтаахтар.
Үсүһүнэн, олоххо сыһыан. Олоххо араас түгэн буолар. Үчугэй да баар, мөкү да баар. Хайдах да түгэн буолбутун иһин бу түгэн тоҕо буолла, мантан тугу өйдүөхтээхпиний диэн толкуйу тобула, анаара уонна сөптөөх быһаарыныыны ылынара ордук. Хас биирдии дьайыы туохха тириэрдэрин ис иминэн булан оҥороро тоҕоостоох.
Олоххо буолар ыарахаттары киһи бэйэтин санаатынан кыайа үөрэннэҕинэ барыта кыаллар. Киһи бэйэтин дьайыытын, ол дьайыы туохха тиэрдиэн сөбүн толкуйдуон наада. Ол аата киһи бэйэтин иһиллэниэхтээх, ис дьиҥин анааран сөптөөх суолу тобулуохтаах диир “Тулаһы” общественнай түмсүү салайааччыта Александр Афанасьевич [12, А]
Сиэр-майгы
Киһи хайдах туттара-хаптара майгы диэн ааттанар. Ол майгы айыылары кытта сибээстээх буоллаҕына, сиэр-майгы дэнэр. Билигин биһиги сиэр-майгы диэн киһи туттар үгэһин уопсайынан ааттыыбыт. Саха өйдүүрүнэн, сиэр-майгы диэн олоҕу бигэргэтэр.
Сиэр диэн хаһан да халбаҥнаабат ирдэбил. Сиэрэ суох диэн ирдэбили кэһэр диэн өйдүүбүт. Саха сиэрдээх – ол аата ирдэбили билэр, тутуһар.
Уларыйар ис айылгыны майгы диэн ааттыыбыт. Майгы туох баар сыһыан өйүн үөскэтэр. Бу өй тас эйгэ көстөр бэлиэ өттүн үтүктэр, онон киһи майгыта буолан көстөр.
Киһи майгыта олох сиэриттэн тахсар. Сиэрэ-туома суох олоххо дьон майгыта сатарыйар. Сиэрдээх майгы диэн киһи бэйэтигэр ирдэбиллээх сыһыанын, өйүн-санаатын этэбит. Киһи диэн айылҕа үүнэр-тэриллэр күүһүн кэмнээх-кээмэйдээх биир туспа киэбэ, биир көстүүтэ. Киһи икки аҥартан турар: эр киһи (эрэт) уонна эпчи (эбэр иччи). Айылҕа үүнэр-тэриллэр күүһүн быһыытынан киһи таһымнаах. Таһыма маннык: киһи-хара, киһи киһитэ, Айыы киһитэ.
Киһи-хара. Айылҕа ортотугар олорон киһи бэйэтин харанар. Харанар диэн хараны, хараҥаны халбарытыы, үрүҥ гына оҥоруу, тупсарыы ааттанар. Маны сороҕор илиини харалааһын диибит. Киһи сирдээҕи олоххо бэйэтин хара көлөһүнүн тоҕон, өйүн-санаатын сынньан тус олоҕун туруктаах оҥостор. Бу таһымы аастахха, иккис таһымҥа тахсар. Оттон бу таһымы ааспатах киһи өйө-санаата тутах буолар.
Киһи киһитэ. Киһи-хара таһымын ааспыт киһи харысхас, көмүскэс буолар. Ону киһи киһитэ диэн ааттыыбыт. Киһи киһитэ диэн туора киһи туһун, дьон-сэргэ туһун, киһи аймах туһун саныыр-өйдүүр киһи.
Айыы киһитэ. Айар-тутар, үүнэр-тэриллэр дьоҕурдаах киһини Айыы киһитэ диибит. Бу киһи айылҕа үүнэр-тэриллэр өттүн харыстыыр, үксэтэр уонна үрдэтэр.
Саха киһитэ сирдээҕи олоххо тыынар тыыннааҕы ууһатааччынан, айылҕаны харыстааччынан буолар. Кини сир шарыгар саамай муус дойдуну иччилээбитэ. Киһи аймахха хоту сири дьиэ, дойду оҥостор түстээбитэ (М.А. Попова, А.Н. Павлов-Дабыл. Саха үгэһин төрүт өйдөбүлэ. Дьокуускай “Бичик”, 2000с.-9стр.)
- Киһи олоххо анала
Афанасьев Л.А. – Тэрис “Олоҥхолорго киһи анала” диэн ааттаах кинигэтигэр уоллаах кыыс анала кэргэннии буолуу диэн эбит. Бу анал Орто Дойду дьылҕатын кытта сибээстээҕин ыйар. “Анал бу өрүтэ олоҥхолорго барыларыгар баар. П. А. Слепцов - Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотугар Ньургун Боотур Үөһээ Дойдуга кэмэ кэлиэр дылы ап-чарай быанан кэлгиллэн турар. Ити курдук атын да олоҥхолорго эмиэ үйэ уларыйыар диэри сир-халлаан икки ардыгар ап-хомуһун көмөтүнэн хаалла сытар бухатыырдар баалларын туһунан ахтыллар. Бу холобурдар көрдөрөллөрүнэн, кэм-кэрдии аайы киһи анала уратылаһардаах эбит. Олоҥхолорго ойууланар бухатыырдар бэйэлэрин кэмнэрин сүрүн соругун толороллор. Онтон сүрүн соруктара диэн бэйэлэрин кэмнэригэр суоһаабыт абааһылары самнаран дьоллоох олоҕу оҥоруу буолар. Бу сорук аҥардас бухатыырдарга бэйэлэригэр эрэ туһааннаах буолбатах. Айыы дьонун үрдүкү соруктара диэн Орто Дойдуга олоҕу оҥоруу. Абааһылар бу үрдүк аналы суох оҥоро сатыыллар. Айыы бухатыырдара буоллаҕына Орто Дойдуга дьоллоох олох олохсуйарын иһин абааһылары үүртэлииллэр эбэтэр суох оҥороллор. Онон анал улаатан тахсар. Олоҥхоҕо кэпсэнэр анал бүтүн Орто Дойду төлкөтүн кытта сибээстээх буолан хаалар.” [2, 8]
3. Оҕо уһуйааныгар олоҥхоҕо олоҕуран кыра оҕо сиэрдээх майгытын түстээһин
Олоҥхо тас көрүүгэ эрэ айыы уонна абааһы бухатыырдарын охсуһуулара, сырыылара курдук ойууланар. Оттон олоҥхо дьиҥ ис суолтата киһитийиигэ туһаайыы буолар. Киһилии майгыга оҕону иитии аныгы олох сытыы мөккүөрэ олоҥхо эмиэ эргийэр киинэ, сүрүн идеята буолар. Киһи бастаан бэйэтин иһинээҕи куһаҕан өйүттэн-санаатыттан, кыдьыгыттан босхолонуохтаах диэн норуот муудараһа этэр. Атыннык эттэххэ, киһитийии мөккүөрэ бастакы миэстэҕэ турар эбит. Киһитийэри утарылаһыы содула ыар диэн олоҥхо үөрэтэр [10, 33]
Киһитийии диэн өйдөбүлү, олоҥхоҕо олоҕуран, сонуннук, оҕо интэриэһин тардар гына быһаарыахха сөп. Оччоҕо оҕо дьон ортотугар тапсан сылдьарыгар тус бэйэтин туругун сааһыланара улахан суолталааҕын өйдүүр. Ол аата оҕо кыһалҕалаах түгэннэргэ айыы дуу, абааһы дуу хабаанынан сылдьарын өйдүүр, быһаарынар. Олоҕу сыаналыыр, сыымайдыыр үөрүйэҕэ сайдар [10, 44]
Олоҥхо күннээҕи олох-дьаһах тутула, олохпут түннүгэ дэнэр тутулуга, дьон-сэргэ өйө-санаата буолла. Билигин олоҥхо дириҥ ис иччилээҕин, ураты салгыннааҕын, хайдахтаах да сайдыыга сирдиирин дириҥэтэн үөрэтии бара турар.
Платон Алексеевич Ойуунускай (Слепцов) (11.11.1893—31.10.1939) —"Ньургун Боотуру", биир бастын, кэрэ олонхонон сыаналаан, араас варианнарын түмэн, чочуйан суду олоҥхону айан хаалларбыта.
Олоҥхо сүрүн идеятын айыы дьонун көҥүл, дьоллоох олохторун, төрөөбүт дойдуну абааһы биистэртэн араҥаччылааһын буолар. Көстөрүн курдук, Ньургун Боотур бары өстөөхтөрүн кыайыыта, эйэлээх олоҕу төрүттээһинэ олоҥхо идеята сырдыгын, норуот бары хараҥа күүстэри кыайарга хаһан баҕарар эрэллээҕин туоһулуур. Ньургун охсуһуута барыта күн сирин көмүскэлигэр ананар буолан, бу олоҥхо Ийэ дойдуга таптал тыыныгар иитэр.
- Олоҥхонон оҕону иитии олуктара
Олоҥхого Айыы дьоно сиэрдээх майгыны тутуһаллар, үтүө үгэһи үксэтэллэр. Сырдык күүс уонна хараҥа күүс мөккүөрүгэр Айыы дьоно сырдык санааны, көҥүл олоҕу, үтүө быһыыны тутуһаллар, оттон Абааһы өттө хараҥа күүскэ сүгүрүйэр, куһаҕан кэмэлдьини тарҕатар.
Саха өйдөбүлүн биир сүрүн уратыта: эр киһи уонна дьахтар сыһыана. Кинилэр ытыктаһаллар, өйдөһөллөр, тугу барытын сүбэлэһэн оҥороллор. Бу өйдөбүл киһи олоҕун устата салҕанан барар сайдыы биир кэрдииһэ буолар. Айыы киһитэ сиргэ үчүгэй өй-санаа олохсуйарыгар кыһаллар. Олоҥхо өйдөбүлүгэр олоҕуран, санаатын сааһылыыр, өйүн сытыылыыр, толкуйун тобулар.
Олоҥхоҕо ойууланар икки утарыта турар күүс тыла-өһө эмиэ ураты, уратылаах. Кинилэр өйдөрө-санаалара, майгылара-сигилилэрэ тылларыгар-өстөрүгэр эмиэ көстөр. Абааһы киһитэ чабыланар, киһиргиир тыла куһаҕан, сыыһа диэн өйдөбүлү оҕоҕо иҥэрэргэ көмөлөһөр. Айыы киһитин уус-уран тыла кими баҕарар умсугутар, кэрэҕэ сирдиир. Дьоһун тыл олоҕу түстүүр.
Олоҥхоҕо айыы дьонун араҥаччылыыр аналлаах бухатыыр хайаан да этин-сиинин эрчийэрэ, уһаарыллара сиһилии ойууланар. Бухатыыр онуоха анал үөрэҕи барар. Олоҥхоттон илии-атах оонньуутугар, эт-хаан эрчиллиитигэр, бэйэ этин-сиинин хатарынарга үгүс ньыманы булан, физкультураҕа, спортка уларыйыылары киллэриэххэ сөп.
Сахалыы көстүүлээх киэргэтиилээх тутуу оҥоһуутун билэллэр. Ураһа, балаҕан, уорук , холомо оҥоһууларын арааран өйдүүллэр. Уол оҕолору тутуу үөрүйэхтэригэр үөрэтиллэр. Олоҥхоҕо үрһҥ ас үрдүктүк тутуллар. Үрүҥ ас аналлаах иһитэ-хомуоһа тус-туспа ааттанарын билэллэр. Кымыс иһиитин сиэрин-туомун тутуһаллар. Өбүгэ аһын уратытын билэллэр.
Үтүө сиэри-туому билиэхтээх. Оҕо олох кыра сааһыттан сиэри-туому толоруу судургу өттүн билэр, өйдүүр гына иитиллэр. Судургу сиэри-туому толороллор. Дьыл кэмигэр сөп түбэһиннэрэн таҥныы культуратын үөрэтии. Сахалыы таҥас кыаллар өттүн бэйэлэринэн оҥорторуу. Идэ үгүс сыранан, элбэх дьарыгынан ситиһиллэрин олоҥхоттон эмиэ булуохха сөп. Булчуту, ууһу дьарыктыыр, бухатыыр киһини уһуйар үгүс ньыманы булан, саҥа таһымҥа таһааран, аныгы олоххо сыһыарыахха, идэҕэ дьарыктааһын, уһуйуу технологиятын оҥоруохха сөп.
Былатыан Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун олуктарыгар үтүө майгы көстүүлэрэ
( бэйэ аатын түһэн биэрбэт, ытыктаһыы, кыаммакка-кырдьаҕаска көмөлөһүүү, бэйэ бэйэни өйөнсүү, быыһааһын, кэргэни убаастыы, күндүгүргэтэ санааһын)
Чугас киһини, кэргэни убаастыы, күндүгүргэтэ санааһын:
- Үрүҥ Уолан ус абааһы кыргыттарын албастарыгар киирэн биэрбитигэр Айыы Умсуур удаҕан Айына сиэр тойонтон үс кыһыл көмүс баттахтарыттан биирдэстэрин ылаары көрдөспүтүгэр тойон киһи кыккыраччы аккаастыыр. Айыы Нуоралдьын хотун ону истээт төрөппүт оҕотун былдьатымаары ытыыр-соҥуур саҥатын истэн Айына сиэр тойон санаата уларыйар:
“...Бу даа эмээхсин аһыйбыта буолан
Аймаммытын көр эрэ!
Олор! Ол-бу буолума!
Хотуктаар, кэлиҥ! Олоруоххут дуо?!
Хотун ийэҕит өлөөрү гынна дии...
Аспыттан аччыгыйын талаҥҥыт
Аргыай аҕай туура тардыҥ!”
– инньэ диэбитин кэннэ үс кыыс оройун төбөтүттэн бастыҥ баттаҕын ойо тардан ылан Айыы Умсуур удаҕаҥҥа ууналлар.
Тапталлаахха бэйэни эрэнии тылын Туйаарыма Куо Үрүҥ Уолаҥҥа этэр:
“...Үс үүт күрүөнү
Үрдүнэн көстөр
Үрүмэччи маҕан аттаах
Үрүҥ Уолан доҕоруом!
Көҥдөй уоругар,
Көмүс уйатыгар,
Киэҥэр кистээн
Киһи гыныа диэн,
Иэримэ дьиэни
Иччилиэм диэммин,
Иитэр сүөһүнү
Күрүөлүөм диэммин
Күн-айыы оҕотугар –
Үс бараа күлүккэр
Үҥэн-сүктэн эрэбин!”.
Салгыы бэйэ аатын түһэн биэрбэт, бэйэтин убаастыыр быһыыларын, бэйэни өрө тутар майгылара көстөр:
- Кыыс оҕо Кыскыйдаан Куо куһаҕан көрүҥнээҕин билинэн, эргэ тахсыбыт бухатыырыгар кэрэ көстүүлэнээри дэгиэ тыҥырахтарын токур муннун сайбыттараары албаска киирэн биэрэр:
“...Аа, аньыа-ньы! Алаата оҕолоор!!!
Аата айманыах сир бараннаҕа?!
Тыҥырахтаах диэннэр
Тылга-өскө сылдьыах кэриэтин,
Тумустаах диэннэр
Туора көрүллэ сылдьыах кэриэтин,
Саныахха эрэ кэрэх –
Сарбыйан кэбиһиэх”...
...Сымара хара тааска
Сыстас гына түһэн,
Чуучугуруур туус тумсун
Чуур-чаар соппохтоото...
Эрэ буолуохсут
...уһуутуу түһэн баран
Уһун сула турба батаһынан
Моҕой курдук түллэҥнээбит
Моонньоох баһын
Быта курдук
Быһа охсон кээспитэ...
- Ньургун Боотур Кытай Бахсылааныга кэлбит олугар Куоҕалдьыма Куо көрсө түспүт бухатыырыгар имэҥнээбит баҕа санаатын быһа түһэн үөхпүт оҕонньор саҥата:
“Үөннээх өттүк, үөһээ тур!
Үтүө киһи үөҕүүтүгэр барыахпыт,
Саат-суут буолуоҕа!”
- Ньургун Боотур уонна Уот Уһутаакы отут хонугу быһа кыргыһаллар. Икки бухатыыр сылайан сынньанарга быһаарыналлар, Уот Уһутаакы:
“Аар дьаалы!!! Ыарт-татай!!!
...Дьулуруйар Ньургун Боотуру
Утуйа сыттаҕына
Уоран өлөрдөхпүнэ –
...Муус Кудулу байҕал
Аҕа тойоно буолан
Айыллан үөскээбит
...Уот Солуонньай оҕонньор
Умсары көрдүн...
...Сиикэй тыймыыт тылым
Сымыйанан эппит буоллахпына –
...Чороччу хатан
...Эппэт кэлэҕэй буолуум...
...Биир тыл! Бигэ санаа!” - диэн андаҕайан баран “икки илиитин тиэрэ быраҕан иттэнэ дарас гына” түһэр да утуйан хаалар: Ньургун Боотур:
“...Адьарай ааттааҕын,
Хара түөкүнү
...Сип-сибилигин
...Уһун турба батаспынан
Хайҕахтаах хара быарын
Хайа баттааммын,
...Үөн-көйүүр үскэйэ оҥордохпуна –
Үйэттэн-үйэ тухары
Үс биис үтүөлэрэ
Үөҕүү оҥостуохтара буоллаҕа...
...Оннук буолуом кэриэтин
...күөн көрсөн,
Күрэс былдьаһан,
Туруга тутуһан тураммын
Халыҥ тириибин хайыттаран
Хара хааммын тохторуом,
Уһун уҥуохпун
Урусхал оҥотторуом...” – диэн отут күн утуйбатар да эппит андаҕар тылын толорор.
- Ол кэннэ аҕатын биир салаа баттаҕыттан оҥоһуллубут кыһыл көмүс ситими Үрүҥ Уолан бэйэтигэр сөрөнөн, биэстэ эринэн тутуһан тахсан истэҕинэ, аллараттан Тимир киһи кэлэн тутуһан, илдьэ тахсарыгар, быыһыырыгар көрдөһөр-ааттаһар. Ону истээт Үрүҥ Уолан үтүө киһи көрдөһүүтүн ылымматаҕына бэйэ аата сүтүө диэн илдьэ тахсар:
“Үтүө киһи барахсан
Үүннээх-ыҥыырдаах
Үтүө тылын ылымматахпына –
Үөһээ-аллараа
Үс биис үтүөлэрэ
Үөҕүү оҥостуохтара” - дии санаан
“Тахсыһыах буоллаххына тахсыс эбээт” – диэтэҕэ.
Аһыныгас буолуу көстүүтэ: Күн Дьирибинэ Ньургун Боотуртан түөрт уон түөрт Лөҥкү бухатыырдары быыһыырыгар көрдөһөр, онуоха:
“Көр-даа бу!! Көр-даа бу!!!
...Айыы-хаан аймаҕын
Араҥаччылыы киирэн бараммын,
Күн-өркөн ууһун
Көмүскүү киирэн бараммын
Ол үс күлэр ньүкэн
...Хап гынар хаайыытыгар
Хаайыллан сыппыт,
Сырдыгы көрбөккө
Сыкырыыр тыыннара быстаары
Сытар барахсаттары,
...Көхсүлэрэ эрэ
Көбүөхтүү сытар дьону
...Өрүһүйэ киирэн баран
Өлөттөрүөм кэриэтин
Өллөрбүн өллүм,
Умса түһэммин
Урусхал буолларбын буолуум... ”
Айталыын Куо дьоҥҥо эрэнэр, убаастыыр, аһынар сыһыана:
Сортол Тоҥус:
“...Аҕыс былас суһуохтаах
Айталыын Куо эдьиийим!
Таба кыылбын таһыйар
Тайах маспын ылан кулу диэн
Көрдөһө олоробун! – диэн
Көхсө бөкчөҥнөөтө,
Чохох курдук кэтэҕэ
Чохорооннуу түстэ,
Тобук курдук сүүһэ
Тобугар охсулунна...
Аҕыс былас суһуохтаах
Айталыын Куо барахсан
Аһыммыт киһи быһыытынан
Чараас-чараастык чапчылыйан,
Миигэс-миигэстик мичилийэн,
Өгүрүк-төгүрүк көрөн,
Үөмэр-чүөмэр үктэнэн,
Таба кыылы үүрэр
Тайах маһы ылаары
Нөрүс гынарын кытта –
Төбөтүн оройо чуҥкунаата,
Икки кулгааҕын тыаһа
Илбис кыыһа иэрийбитин курдук
Өрө куугунуу түстэ...”
Үрүҥ Уолан быыһаммытын кэннэ эдьиийэ Айыы Умсуур удаҕан харыстаан-көмүскээн: “Уот Уһутаакы суолун булуоҥ суоҕа, эрэйиҥ элбиэ”-диэн төнүннэрэ сатыыр да, Үрүҥ Уолан бухатыыр:
“Төннүөм кэриэтин
Төбөм уҥуоҕа төкүнүйэн түһүөҕэ,
Умса түһэммин
Уһун уҥуоҕум урусхал буолуоҕа...
Төннүбэппин диэтим даа, төннүбэппин!” – диэн өһөс санаатыгар өрө тахса турар.
Үрүҥ Уолан абааһы бухатыырыгар тутуллан сытан, кини балтын Кыыс Кыскыйдааны ойох ылыам этэ диэн хамса быатын курдук хам эриллэн сытарыттан быыһанаары албыннаан көрдөрөһөр:
“...тоҕус ойуун хоолдьугун уҥуоҕа хоруоҥка симэхтээх,
Аҕыс ойуун сыҥааҕын уҥуоҕа сыалдьыйа симэхтээх,
Тоҕус удаҕан тобугун уҥуоҕа
Кылыргыы охсуллар кылдьыылаах симэхтээх,
Аҕыс удаҕан илиитин тарбаҕа
Илин-кэлин кэбиһэрдээх,
Куйаар илбис, Куо-Чамчай,
Кыыс оҕо Кыскыйдаан Куо диэн
Алыс ааттаах балыстаах сурахтааҕыҥ...
...ол балтыгын ойоҕум оннугар ойох кулу!
Уруута-тарыыта тэрий!” – диэн абааһы кыыһын ыҥыртаран көрсө түһээт, быһыытын-таһаатын тута сирээт атыннык туойар:
“Быардаах эрэ быстыан курдук
Быһыы-таһаа быакайыктанан түһэн,
Онон-манан уһаан-кылгаан
Уҥуохтаах үтүөтэ, олус бэрдэ эбиккин.
...Сөбүлүү көрдүм, сөпсүү санаатым,
Сөбүлүүр-сөбүлээбэт тылгын биллэрэ тардыый!”.
Абааһы кыыһа сөбүлэспитин, убайдаатар убайа балтын көмүскээн, сэрбэнэ таарыйа:
“...Үрүмэччи маҥан аттаах Үрүҥ уолан обургу
Үөһээннэн көттөҕүнэ –
Өҕүрүйэн ылаҥҥын, оҥолдьуйа олороор.
Уолугун үүтүнэн уһуктаах тумсугунан
Тобулу охсоҥҥун
Тойон болуо сүрэҕин тообурҕаччы обороор...” – диэн сэрэтэн этэр.
Оҕо уһуйааныгар олоҥхоҕо олоҕуран кыра оҕо сиэрдээх майгытын түстээһинин, төрөппүттүүн ситимнээһинин араас тэрээһиннэри кытта, маны тэҥэ, оҕо көҥүл кэмигэр оонньуулларыгар эйгэ тэрийэн ыытабыт:
- Уйулҕа оонньуута (тренинговые игры) – сиэрдээх бодоруһуу, алтыһыы;
- Урамньы оонньуута – олоҥхо персонажтарын омооннорун ылынан оонньооһун;
- Уруһуйдатыы – билсибит олоҥхо олуктарынан өйдөөбүттэрэ;
- Тыл-остуол, өркөн өй оонньуулара (сиэр-майгы өттүнэн) – “Таай, бу ханнык герой этиитэй?”, “Утарыта тылы салгыы эт”, “Өлүүкэттэн бүтүнү таһаар”, “Ханнык олук көстүүтэй?” уо.д.а;
- Оруоллаах оонньуу – “Айыы бухатыыра уонна абааһы бухатыыра”, “Уус киһи”, “Толбоннурар суһуохтаах Туйаарыма Куо”, “Сандалы тардыы”, “Ыһыах”.
Хамсаныылаах оонньуу – “Боотурдар күрэхтэрэ”, “Олоҥхо дойдулара”, “Дойдуларын буллар”, “Бухатыырдар киирсиилэрэ”.
Олуктаах түгэни быһаартарыы – “Арай эн Айыы бухатыыра эбиккин...”, “Тоҕо дойду олохтоохторо күөн көрсөллөр?”, “Кини оннугар хайдах гыныаҥ этэй?”, “Айыы уонна абааһы бухатыыра доҕордуу эбиттэр”.
Ырыа-тойук (Колесов) – “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону кэпсииригэр олуктарынан ырыаны-тойугу истии, оһуокай, тойук тылларын этии, сахалыы музыка инструменнарыгар оонньоон иһитиннэрии.
Үҥкүү-битии – “Саха үҥкүүтэ”, “Оһуор ойуу”, “Бухатыырдар күөн көрсүүлэрэ”, “Олоҥхо кыталыктара, хотойдоро”
Сээркээн Сэһэн сэһэргэһиитэ (философические, этические беседы) – олоҥхо олуктарынан
Түмүк
Билинни кэмҥэ оҕону хайдах иитэбит диэн үгүс дьон иннигэр турар сүдү сорук. Билиҥҥи ыччат, чуолаан улаатан эрэр оҕо, тас эйгэ, атын омук сабыдыалын дөбөҥнүк ылынар. Дьиэ кэргэҥҥэ норуот үгэстэрин тилиннэрэн, ону тутуһуннаран, билиҥҥи кэмҥэ сөп түбэһиннэрэн оҕону иитэрбит буоллар, бэйэбит олорор мутукпутун кэрдиниэ суох этибит.
Хас биирдии ыал иитии боппуруоһугар бэйэтэ тус – туспа ньымалаах буолар. Оҕо хайдах киһи буолан улаатара дьиэ кэргэн культуратыттан тутулуктаах, кыра оҕо сааһыттан дьиэ иһигэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ, тулалыыр эйгэҕэ хайдах сыһыан олохтоммута улахан суолталаах.
Олоҥхоҕо үтүө-мөкү өрүттэри оҕолор истэ-билэ улааталлар, оонньууларыгар туһаналлар. Сиэрдээх буолууга хайаан да күннээҕи олоххо олоҥхоттон быһа тардан холобурдаан ылар түгэннэрэ баар буолааччы. Бэйэ-бэйэҕэ истиҥ сыһыаҥҥа, үтүө санаалаах буолууга, сайаҕас майгылаах буола улаатарга кыра оҕоҕо олоҥхону тиэрдии олус туһалаах.
Онон, олоҥхо нөҥүө оҕо үтүө санаа, сиэр, быһыы-майгы хаһан да, туохха да кыайтарбата, туохтааҕар да киһи үтүө аата үйэлээҕэ, куһаҕаны оҥорбут куһаҕанынан эргийэрин билэ-көрө улаатар.
Туһаныллыбыт литература
- Афанасьев Л.А.-Тэрис. Оҕону сиэргэ-туомҥа уһуйуу.Уч.-мет. литература. Якутск, ЦКиИ им. А. Кулаковского Мин. Культуры РС(Я),-1992г.
- Афанасьев Л.А.-Тэрис. Олоҥхолорго киһи анала. Кут-сүр түмсүү. Дьок.-2000с.
- Баппаҕай Д. М. Киһитийии.-Дьок.: Бичик, 2012с.
- Бэйэ кутун сайыннарыы. Иван Каженкин. //“Туймаада” хаһыат. №3, 01.11.2012с.
- Винокуров Н. Е. – Урсун. Умнуллубат урукку: ыстатыйалар, суоллааҕы бэлиэтээһиннэр.-Дьок.: Бичик, 2015с.
- Ильинова Т.Л., Афанасьева М.А. Дьулуруйар Ньургун Боотур. Кыра оҕоҕо олоҥхо олуктара. Ньурба.-2005с.
- Ильинова Т. Л., Афанасьева М. А. Олоҥхо абылаҥа. Кыра оҕоҕо олоҥхону ылыннарыы. Ньурба.-2005с.
- Ларионов В.Р. Саха – Айыы киһитэ: ыччакка, ким Саха-Айыы киһитэ буолуон баҕалаахха көмө кинигэ.-Дьок., “Кудук” ХЭО АБДь, 1998с.
- Омук айымньытынан көмүскүүр аналлаах. Федор Николаев. //“Туймаада” хаһыат. №221, 18.09.2014с.
- Поликарпова М. Е. Олоҥхо педагогиката: учууталга көмө пособие; Саха Респ., үөрэҕин м-вота.-Дьок.: Бичик, 2009 с.
- Попова М.А., Павлов А.Н.-Дабыл. Саха үгэһин төрүт өйдөбүлэ. Дьок.-Бичик, 2000с
- Интернет-ресурсы:
А)Sakhalife
Б) Kopilkaurokov
В)Yakutiafuture.ru
СЫҺЫАРЫЫ 1
Сиэр-майгы диэн Айыы ирдэбилэ буолар. Айыы суолун тутуспут киһи аньыыны оҥорбот. Оттон Айыылары кэлэппит киһи - киһи аатыттан ааһар. Кини быыһанар суола биир: Айыылары билэн, айылгытыгар чугас буолуу.
Киһи дьон-сэргэ ортотугар сиэрдээхтик сылдьар. Ол хайдах туттарга-хаптарга, саҥарарга-иҥэрэргэ, тылга-өскө көстөр.
Туттуу-хаптыы:
-тулаҕын болҕойон көр. Көстөн турар сыыһаны хатылаама;
-болҕойон иһит. Дьон кэпсэтэрин, кэпсэлин саҥата суох истэ үөрэн;
-тыына үөрэн. Тыыммыт салгыныҥ муннугунан эриэ-дэхси барар. Айаххынан эҕирий.
Саҥарыы:
-саҥарар тылыҥ дорҕоонун бастаан бэйэҥ иһит;
-саҥаҥ дорҕоонун туора киһи хайдах ылынарын кэтээн көр;
-ыраастык саҥар. Тылын булкуйар, быһыта тыытан саҥарар киһи бигэ туруктаах буолбат.
-саба быраҕан, быһа кулаан, холуона суох саҥарыма. Кэпсээниҥ табыллыа суоҕа.
Тыл-өс: тыл барыта тус олохтоох, оруннаах. Тылга өй уонна толкуй күүһэ баар. Тыл киһи кутун-сүрүн, уйулҕатын, сүргэтин көрдөрөр. Лоп-бааччы тыл-өс – киһи чэгиэн-чэбдик буолуутун бэлиэтэ. Тыл тылга киирис. Бигэ киһи кэпсэтэр киһитин кытта өйдөһөн тыл тылга киирсэ сатыыр.
Кэпсэтии киһи саныыр санаатын, билиитин, хайдах иитиллибитин, сайдыытын көрдөрөр. Кэпсэтии сахалыы толкуйга, саҥаҕа тирэҕирэр.
-болҕойон иһит;
-тылгын кыан;
-мээнэ сэмэлээмэ, өһүргэтимэ;
-бэйэҥ тускунан кэпсэнимэ;
-орооһума;
-өтө көр;
-сыаналыы үөрэн;
-ааспыты санат;
-санааҕын тут;
Уйан сиргин биллэримэ.
Саха омук ытык билиитэ
Тоҕус сүрүн тосхоллоро:
1. Тулалыыр эйгэҕэ ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыы, айылҕаны харыстааһын – тыыннаах буолар төрүт үгэс.
2. Ийэ тылы билии, оҕону ийэ тылга үөрэтии, төрүт итэҕэлгэ уһуйуу – саха омук салҕанар бэлиэтэ.
3. Үөрэхтээх, үлэлээх буолуу – үүммүт үйэ булгуччулаах ирдэбилэ, уйгугун уһанар сатабылынын.
4. Үлэҕэ эппиэтинэстээх сыһыан, сатабыллаах буолуу – олоҕун уйгутун уһаныы.
5. Ыал буолуу, алаһа дьиэни тэринии, оҕону төрөтүү уонна иитии ытык иэһин, туохха да тэҥнэммэт, сатаан сыаналаммат, сүрэххэ саамай чугас ытык өйдөбүллэр.
6. Дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө сыһыан, эйэҕэс, сэмэй буолуу – сайдыыга тиийэр сүрүн ураты.
7. Сөпкө аһааһын, хамсаныы, эти-сиини эрчийии – уһун үйэлэнии мэктиэтэ.
8. Арыгы – эстии-кэхтии, эрэй-муҥ төрдө буолар. Арыгы биһиги аспыт буолбатах.
9. Түмсүүлээх буолуу, төрөөбүт дойдуга муҥура суох таптал – уһун дьылҕаланыы аартыга.
Тоҕус сүрүн соргу:
1. Ырааһы, сырдыгы, кэскиллээҕи эрэ санаа.
2. Сэнэнимэ, сэнээмэ.
3. Таҥнарыма, түһэн биэримэ.
4. Тулуурдаах буол.
5. Түмсүүлээх буол.
6. Дьулуурдаах буол.
7. Таптаа, таптат.
8. Эрэн, итэҕэй.
9. Махтан, сыаналаа.
Маны бил уонна тутус:
-Саха омук түҥ былыргы омук.
-Саха омук үйэлэр устата муспут дириҥ билиилээх, дириҥ итэҕэллээх омук.
-Өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрэ биһиги итэҕэлбит буолар.
-Саха итэҕэлэ - Айыы итэҕэлэ.
-Олоҥхо саха омук кэс тыла буолар.
-Олонхоҕо этиллэринэн:
"Саха киһитэ
Арҕаһыттан тэһииннээх
Айыы хаан аймаҕа,
Көхсүттэн көнтөстөөх
Күн улууһун киһитэ" буолар.
-Саха киһитэ Айыы итэҕэлин тутуһан айар-тутар, сиэрдээх майгылаах, туому толорор, айыы суолун тутуһар.
-Саха буоларгынан киэн тутун. Саха омук аатын өрө тут. Саха омук кэскилин туһугар туруулас.
-Өбүгэлэриҥ үтүө үгэстэрин ытыктаа, бил, тутус.
-Өбүгэлэрбит этэллэринэн киһи Үс куттаах: Ийэ кут, Салгын кут, Буор кут.
Үс куткун бил, харыстаа, сайыннар.
СЫҺЫАРЫЫ 2
Сээркээн сэҺэн сэҺэргэҺиитэ
СэҺэргэҺии тэрээһин быһыытынан да, тэрээһин кэнниттэн да ыытыаллыан сөп. Сэһэргэһиигэ оҕо тулалыыр эйгэни, киһи быһыытын-майгытын билсиигэ элбэх билиини ыларын таһынан оҕо бэйэтин билиниитэ (самосознание) сайдар. Оҕо бэйэтин саастыылаахтарын, улахан дьону кытта кэпсэтэ үөрэнэр үөрүйэхтэрин сайыннарар, маны таһынан оҕо кэпсэтиигэ кыттыһар, бэйэтин санаатын быһаарар, этэр, туора киһи санаатын истэ үөрэнэр буола улаатар. Сэһэргэһиигэ оҕо улахан киһилиин бэйэтин тэҥнээҕин курдук сананар. Иитээччи оҕону кытта сэһэргэһии кэмигэр бэйэтин оҕо сааһын, бастакы ситиһиилэрин - үөрүүлэрин, баҕа санаатын саныыр. Оччоҕо оҕо тугу барытын сатыыр иитээччитэ хаһан эрэ эмиэ кини курдук кыра сылдьыбыт, кини курдук эмиэ үөрбүт, хомойбут эбит диэн, онон кини эрэ бу оҕо үөрүүтүн, санаарҕабылын тэҥҥэ үллэстиэн сөп эбит диэн толкуйдуур. Бу маннык толкуйдааһын кэмигэр оҕо икки, улахан киһи икки ардыгар дьиҥнээх доҕордуу сыһыан үөскүүр.
Орто бөлөх оҕолоругар ордук билиигэ-көрүүгэ туһаайыллыбыт сэһэргэһиилэр ордук көдьүүстээхтэр. Маннык сэһэргэһии анал ойуулар, иллюстрациялар, предметтэр, схемалар көмөлөрүнэн ыытар табыгастаах. Бу сэһэргэһии ордук интэриэһинэйдик, өрө күүрүүлээхтик барарыгар, оҕо болҕомтотун тардарга, кини ылыныытыгар, өйүгэр хатыырыгар туһалаах. Сэһэргэһии кэмигэр түгэниттэн көрөн эбии сорудаҕы киллэрэн биэрэххэ сөп, ол курдук ханнык эмэ түгэни оонньоон көрдөрдөххө аҥардас кэпсэтииттэн түргэнник сылайар оҕолор, күүрүүлэрэ намтаан биэрэр, оччоҕуна сэһэргэһиигэ холкутук, интэриэстээхтик олорон кытталлара сэрэйиллэр.
Сэһэргэһии кэмигэр хас биирдии иитээччи оҕо санаатын тулуйан истиэхтээх, кини саҥатын быһыллыа суохтаах. Иитээччи эрдэттэн бэлэмнээбит ыйытыыларын бытааннык биэриэхтээх. Маннык сэһэргэһиигэ оҕо дуоһуйууну ылара ситиһиллиэхтээх.
Сэһэргэһии кэмигэр оҕо бэйэтин олоҕун түгэннэриттэн туһаныы сэһэргэһиини ордук өйдөнүмтүөтүк, ис хоһоонноохтук ыытылларыгар көмөлөөх. Сэһэргэһии кэмигэр ыйытыыны иитээччи эрэ биэрбэккэ оҕо эмиэ ыйытыы биэрэрэ сэҥээриллэр.
6-7 саастаах оҕолорго бэйэлэрин олохторуттан түгэннэри ылан сэһэргэһиилэр бараллара тоҕоостоох. Маннык сэһэргэһии көрдөрөр-иһитиннэрэр матырыйааллар туттуллубаттара наадалаах, тоҕо диэтэххэ сэһэргэһиилэр дьоннор сыһыаннаһыыларыгар, кинилэр иэйиилэригэр анаан барар. Бэйэ опытыгар олоҕуран ыытыллар сэһэргэһиилэр араас темаҕа анаан барыахтарын сөп. Оҕолор олохторугар дьиҥнээх буолбут түгэннэргэ, кинилэр интэриэстэригэр, атын дьоннуун алтыһыыларын опытыгар олоҕуран ыытыллар сэһэргэһиилэр бараллара наадалаах. Маныаха сүрүн болҕомто дьоҥҥо, дьоннор сыһыаннаһыыларыгар, кинилэр оҥорууларыгар (поступки) туһаайыллыахтаах. Көрдөрөр-иһитиннэрэр тэрилгэ тирэҕирбэккэ, аҥардас тылынан эрэ сэһэргэһии барара оҕо оскуолаҕа үөрэнэ барарыгар, кини инники олоҕор да улахан суолталаах.
Сэһэргэһии 10-15 мүн. уһуо суохтаах, маныаха оҕо истэ үөрэнэрин, быһа түһэн саҥарарын, онно-манна аралдьыйбатын ситиһиллиэхтээх. Сэһэргэһии ис хоһоонун оҕо ылыныытыгар сөп гына былааннанар наадалаах.
Олуктаах түгэни быһаарыыга, ырытыыга – түгэни аһара күүркэтии оҕону куттуон сөп. Ол иһин түгэнтэн тахсыыга аҕыйах буолан баран, оҕоҕо тиийимтиэлээх көрүҥнэри аҕалыы туһалаах. Оччоҕо, ханнык эмэ түгэни оҕо инники олоҕор туһаныан сөп.
Биһиги олоҥхону үөрэтэрбитигэр олоҥхоҕо олоҕуран Сээркээн Сэһэн сэһэргэһиитэ диэни ыытабыт. Бу маннык сэһэргэһии оҕо олоҥхону ылыммытын өйһгэр хатаабытын кэннэ ыытыллар. Сүрүн соруга - олоҥхоҕо олоҕуран бэйэҕэ, дьоҥҥо, олоххо сөптөөх сыһыаны, көрүүнү үөскэтии. Самалык соругу олоҥхо ханнык өрүтүн ылан сэһэргэһэртэн ситимнэнэн туруорунабыт.
Сэһэргэһии олоҥхоҕо баар кэрэ уонна мөкү көстүүлэр, сиэр-майгы тула барар. Бу сэһэргэһии оҕо үчүгэйи-куһаҕаны өйдөөн арааран эрдэҕинэ, 5-6 сааһыттан саҕаланан барара ордук тоҕоостоох. Кыра оҕолуун 3-4 сааһыттан ойуу, анал оонньуур көмөтүнэн олоҥхо ис хоһоонун ылыннарыыга, билиитин хаҥатыыга биирдиилээн кэпсэтиэххэ сөп.
Сээркээн Сэһэн сэһэргэһиитэ оҕо күннээҕи олоҕор тирэҕириэхтээх, кини уйулҕатын хамсатыахтаах. Сэһэргэһии иитээччи иэйэн туран өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытар; аат харата буоллун-хааллын ыытахха оҕону олоҥхоттон тэйитэххэ сөп. Оҕону бэлэмнээн, сэһэргэһии иннигэр араас өруттээх үлэ ыытыллар. Холобур, оҕо көҥүл оонньуутугар, дьарыктарга, урамньы бары көрүҥэр, оҕо күннээҕи олоҕунан санаа атастаһыыга иитээччи олоҥхо түгэннэрин киллэрэр.
Сэһэргэһии хас да түһүмэхтээх буолар – киирии, сүрүн, түмүк. Ыйытыылары иитээччи эрдэттэн торумнанан, өйүгэр хатаан оҕолуун холкутук сэһэргэһэр. Ыйытыылар оҕоҕо тиийимтиэ судургу буолуохтаахтар. Оҕоттон хоруйдууругар толору этии ирдэниллибэт, кини бэйэтин санаатын, көрүүтүн этэрэ, оҕо сэһэргэһии сүнньүнэн бэйэтэ ыйыталаһара сэҥээриллэр.
Сээркээн Сэһэн сэһэргэһиитин ыытарыгар иитээччи методическай ирдэбиллэри тутуһар. Ол курдук маннык сүбэлэргэ тирэҕириэн сөп:
1. Оҕо саҥатын быһыллыбат, көннөрүүнү киниэхэ бүтэһиккэ этиллэр;
2. Сэһэргэһии көхтөөхтүк, холкутук барар эйгэтин тэрийиллэр;
3. Ыйытыынан эрэ муҥурдаммакка санатыһыыны, ыйыыны-кэрдиини эмиэ тутуһуллар.
4. Оҕо ис-иһиттэн бэйэтэ ыйыталаһар баҕатын ситэ-хото туһаныллар.
5. Оҕону сэһэргэһии сүнньүн тутуһуннара үөрэтиллэр.
6. Сыыйа оҕо сэһэргэһии түмүк оҥорорун ситиһиллэр.
7. Оҕону бэйэтин көрүүтүн, сыһыанын этэргэ көҕүтүллэр.
«Дьулуруйар Ньургун Боотур»
олоҥхоттон “Үс дойду оҥоһуллуута”
олук тутулун оҕоҕо ылыннарыы.
Тэрээһин соруга:
Пропп-карталар көмөлөрүнэн оҕо олоҥхо ис хоһоонун ситимнээн кэпсиир ситиһиитин чиҥэтии.
Тэрилэ:
Пропп-карталар, ыраастаныы сиэрин толорор тэрил (дөйбүүр, чуораанчык, чыыппаан, туос, сиэл, таҕаан, тимир поднос), оҕо ахсаанынан олбохтор.
Дьарык хаамыыта:
- Киирии түһүмэх:
а) ыраастаныы сиэрэ-туома:
Олоҥхо хоһун ааныгар иитээччи хас биирдии оҕону дөйбүүрүнэн ыраастыыр уонна киниэхэ тус бэйэтигэр анаммыт тыллары этэр.
Иит: -(килбик кыыска «Зоя кыбыстыбат, килбигийбэт», уолга «Тимур эр санаалаах», ыһыллаҕас уолга «Айаал болҕомтолоох», хабыр майгылаах оҕоҕо «Айсен эйэҕэс-сайаҕас»). Оҕо алтан чуораанчыгы тыаһатан киирэр.
б) Эҕэрдэлэһии:
Иит: (уҥа илиитин сүрэҕэр туһаайан туттар): Аламай күн сыламынан!
Оҕолор: (илиилэрин сүрэхтэригэр тутан тоҥхос гыналлар): -Аламай күн сыламынан!
в) Аал уоту уматыы( оҕону дьарыкка туһаайыы).
Оҕолор олбоххо төгүрүччү олороллор. Иитээччи уот уматар, сиэл уура-уура «Аал уоппут күлүмнүү умай, сылааскынан сыдьаай, биһиэхэ ыраас санааны, үтүөнү-кэрэни тосхой! Биһигини олоҥхо дойдутугар тускулаа!»
2. Пропп-картанан олоҥхо тутулун таһаарыы:
Иит: -Оҕолор, олоҥхо уонна остуоруйа туох уратылаахтарый?
Оҕолор: Олоҥхо тойуктаах буолар, остуоруйа кэпсэнэр. Олоҥхоҕо үс дойду баар, остуоруйаҕа – биир.
Иит: -Олоҥхоҕо ханнык дойдулар баалларый? Онно кимнээх олороллоруй?
Оҕолор: Үөһэ дойду – күлэр күөх салгыннаах, үрүҥ илгэ үктэллээх. Онно айыылар олороллор.
Ойон тахсар күннээх, охтон баранар мастаах – Орто дойду баар. Онно сахалар олороллор.
Буспатах балык миинин курдук борук-сорук халлааннаах Аллара дойду баар. Онно абааһылар олороллор.
Иит: «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоттон быһа тардан бэлиэлэринэн ууран кэпсиэхпит.
Оҕолор бэлиэлэринэн үлэлээн бараллар. «Олоҥхоһут» бэлиэтин үөһэ ортоку уураллар. Аллара түһэн хаҥастан уҥа «Үөһэ дойдуну, Орто уонна Аллара дойдуну» уурталыыллар.
Оҕолор Үс дойду олохтоохторун олоҥхо тылларын туһанан кэпсииллэр:
Оҕолор: Үс киис кыыл тириититтэн тигиллибит үрдүк нуоҕай бэргэһэлээх, үүт-аас бэйэлээх Үрүҥ Аар Тойон. Кини хоойго сытар холоонноох доҕоро Адьына Сиэр Хотун. Өссө улуу ойууннар уонна айыы намыһын удаҕаннар, айыы бухатыырдара.
Ону кытта Үөһээ дойду абааһылара.
Иит.: Онтон Орто дойдуга кимнээх олороллоруй?
Оҕолор:Саха Саарын Тойон, Сабыйа Баай Хотун, кинилэр уоллара күүстээх-уохтаах Күөнэ көҕөччөр аттаах Күн Дьирибинэ бухатыыр, кыыстара тоҕус былас суһуохтаах туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо.
Иит.: Аллара дойдуга кимнээх олорбуттарай?
Оҕолор: Сүүһүн ортотугар соҕотох харахтаах, абыр-табыр ардьаа тиистээх абааһы уола Уот Уһутаакы. Ону кытта кини балтылаатар балта түптэ кутурук, тутум тэллэх Кыыс Кыскыйдаан.
Сынньалаҥ - хамсаныылаах оонньуу: «Үс дойду олохтоохторо».
- Бэлиэлэринэн олоҥхо түһүмэхтэрин кэпсээһин:
Иит.: Арай биирдэ Орто дойдуга туох быһылаан буолбутуй?
Оҕолор: Сүүһүн ортотугар соҕотох харахтаах, абыр-табыр ардьаа тиистээх абааһы уола Уот Уһутаакы туналҕаннаах ньуурдаах, тоҕус былас суһуохтаах Туйаарыма Куону уорбут (оҕолор кэпсии-кэпсии бэлиэлэрин ууран иһэллэр)
Салгыы бэлиэлэринэн кэпсииллэр:
Оҕолор: Күүстээх-уохтаах Күөнэ көҕөччөр аттаах Күн Дьирибинэ балтын быыһаары абааһы уолун албаһыгар киирэн биэрэр.
Үс үүт бүтэйи үрдүнэн көстөр Үрүмэччи маҥан аттаах Үрүҥ Уолан бухатыыр туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куону быыһыы барар да эмиэ албаска түбэһэн өлөн хаалар.
Оҕолор: Орто дойду олоҕо сатарыйаары гыммытыгар Үөһээ дойдуттан Уруҥ Аар Тойон Дьураа хара аттаах Дьулуруйар Ньургун Боотуру айыы дьонун араҥаччылыырга, күн дьонун көмүскүүргэ анаан түһэрбиттэр. (оҕолор кэпсэллэрин түһүмэҕин аайы бэлиэлэри ууран иһэллэр)
Оҕолор: Дьураа хара аттаах Дьулуруйар Ньургун Боотур Аллараа дойдуга тиийэн абааһы уолун Уот Уһутаакыны кытта күөн көрсүһэр, күрэс былдьаһар да тэбис –тэҥҥэ эрийсэллэр, сылайан сүүс сүүстэриттэн өйөһөр буолаллар. Дьулуруйар Ньургун Боотур аҕаһын Айыы Умсуур удаҕаны, Уот Уһутаакы балтын Кыыс Кыскыйдааны көмөҕө ыҥыраллар. Айыы Умсуур удаҕан Ньургун Боотурга аптаах кымньыыны биэрэр. Ону ылан Ньургун Боотур Уот Уһутаакыны үлтү сынньар. Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куону босхолуур, кини аналлааҕын Үрүҥ Уоланы өлбөт мэҥэ уутунан тилиннэрэр.
Кинилэр аан ийэ дойдуларыгар эргиллэн кэлэллэр. Тоҕус түүннээх-күн уруу ыһыаҕа буолар.
Тэрээһини түмүктээһин: умса ууруллубут бэлиэлэртэн ылан түбэспит түгэни кэпсииллэр.
Үрүҥ Уолан үс абааһы кыргыттарын албаhыгар киирииитэ
(«Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоттон быhа тардан туруоруу)
Оонньуур дьоно:
- I олоҥхоһут
- II олоҥхоһут
- III олоҥхоһут
- Үрүмэччи сүүрүк ат
- Үс айыы кыргыттара
- Үрүҥ Уолан
- Айыы Умсуур удаҕан
- Айыҥа Сиэр Тойон
- Айыы Нуоралдьын Хотун
- Тимир киһи
I олоҥхоһут:
Аҕыс иилээх-саҕалаах
Атааннаах мөҥүөннээх
Аан Ийэ дайдытыттан
Арахсан баран
Үс үүт күрүөнү
Үрдүнэн көстөр
Үрүмэччи маҥан аттаах
Үрүҥ Уолан
Тус арҕаа диэки
Туһаайа тутан баран
Ойутта-көтүттэ,
Оргуйа хаалла.
Үс күннүк сиртэн
Үллэҥниирэ көстүбүт,
Алта күннүк сиртэн
Аргыара биллибит.
Муус Кудулу байҕал обургу
Холоруктуу ытыллар
Хомуһуннаах дьайыгар
Хоту өттүгэр
Кэннинэн-иннинэн
Кэлбэт-барбат гына
Кэтиллэ тустэҕэ
Үс үүт күрүөнү үрдүнэн көстөр
Үрүмэччи сүүрүк барахсан
Аҕа тойонугар
Сахалыы кэпсээн
Саҥа саҥара турбут эбит.
Үрүмэччи сүүрүк ат:
- Анньаһа!!! Анньаһа!!!
Аҕыс уон аҕыс
Ааһар былыт албастаах
Адьарай кыргыттара
Үс айыы кыргыттара буоланнар
Үс өттүгүттэн айах тутуохтара
Айах туппут астарын
Аһыыр буолаайаҕын
Алаһа бараан дьиэлэрин
Аанын аһаайаҕын
Үксэ дьүүлэ биллибэт
Үлүгэр буолуоҕа
Ахсаана биллибэт
Алдьархай тахсыаҕа
II олоҥхоһут:
Үс үүт күрүөнү
Үрдүнэн көстөр
Үрүмэччи маҕан аттаах
Үрүҥ Уолан
Улуу дойду уһугар
Ууннаран-оҕустаран кэлбитэ
Арыы тыа курдук
Араҕас чэчир анньыллыбыт
Көҥдөй көмүс уорук
Күннүк сиртэн ыла
Күлүмүрдээн көстүбүт
Сиэллээх сэттэ сэлэ
Сириэдийбит сирэ буолла.
Үс айыы кыргыттара киирэллэр
1 кыыс:
Үрүмэччи маҥан аттаах
Үрүҥ Уолан убайбыт
2 кыыс:
Кытыылыыр кытыт биэбит
Көөнньөрүүлээх кымыһын
3 кыыс:
Дьоллоох чорооммут үрдүн
Тойон убайбыт, чугуйан аас
Бары бииргэ:
Алгыстаах айахпыт үрдүн
Амсайан аас-
I Олоҥхоһут:
диэн, күн диэки өттүнэн
Күөйэ хааман кэллилэр.
II Олоҥхоһут:
Бастыҥ ороҥҥо
Баадаһыйан тиийэн
Олоро түспүтэ
Ороно ортотунан
Дьөлө ыстанан түстэ
Дьөлөрү үтүгэн айаҕа
Аһыллан аппас гына түстэ.
III Олоҥхоһут:
Айыы киһитэ барахсан
Аллараа дойду диэки
Төбөтүн оройунан
Түҥ-таҥ түһэн
Оройо чуугунаан
Кулгааҕа куугунаан
Курулаан-харылаан
Түптүр үтүгэн түгэҕэр
Түһэн хаалбыта үһү.
Айыы кыргыттарын таҥаһын устан быраҕаллар, үс адьарай кыргыттара айахтарын атан күлэн алларастыыллар.
(Абааһы кыргыттарын үҥкүүтэ)
Адьарай кыргыттара бары:
Уот Уһутаакы
Улуу дьаалы
Аҕыс уон аҕыс
Ааһар былыт албаһын
Айыы оҕото барахсан
Хайа өттүнэн
Халты көтүө эбитэй.
II Олоҥхоһут:
Үрүмэччи сүүрүк барахсан
Тоҕус халлаан
Домньута буолбут
Аҕыс халлаан
Арчыһыта буолбут
Айыы Умсуур удаҕаҥҥа
Аат ааттаан амалыйа турбута үһү.
Үрүмэччи сүүрүк:
Ыый-ыыйбын!!! Аай-аайбын!!!
Үрүҥ Уолан барахсан
Үрүҥ тыынын өллөйдөө диэммин
Үҥэн-сүктэн көрдөһөн эрэбин.
(Айыы Умсуур удаҕан үҥкүүтэ)
I Олоҥхоһут:
Иэйбит-туойбут саҥата
Айыы Умсуур удаҕан
Икки сэгэй кулгааҕар
Иирэ дьиэһийэн аастаҕа.
Аҕыс халлаан арчыһыта буолбут
Айыы Умсуур обургу
Чоҥкунуур чой улаан дүҥүрүн ылан,
Куорчахтаах куо-куйах дылбыҥаа
Таҥаһын ылан
Таҥнан баран
Аҕатыгар-ийэтигэр
Аттаммыта эбитэ үһү.
Айар тойон аҕатын
Аатын ааттаан
Амалыйа туойбут.
(Оҕонньордоох эмээхсин олороллор):
Айыы Умсуур:
Аар тойон аҕаккам
Күбэй хотун ийэккэм
Үрүҥ Уолан оҕоҕут
Түптүр үтүгэн
Түгэҕэр түһэн
Алын өттө
Алта илии
Ардаҕырбыт үһү.
Үрүт өттө
Үс илии
Түүнүгүрбүт үһү.
Үрүҥ Уолан үйэтэ буолбут
Үһүс баттаххын
Туура тардан кулу
Биэрдэргин даа ылыаҕым
Биэрбэтэргин даа ылыаҕым!
Айыҥа Сиэр тойон:
Бу балай маҥаас тылын кыһыытын!
Аны былдьаан ыларыҥ баар эбит ээ!!
Үс баттахпыттан
Биирдэрин даҕаны
Биэриэм суоҕа…
Дьылҕа тойоҥҥо
Чыҥыс хааҥҥа эт
Өрүһүйүө буоллар
Өрүһүйдүн.
(Айыы Нуоралдьын хотун оҕонньорун диэки өрө көрөн баран, үс саҕа буолан ытыы былаастаан ыллыы-туойа турда)
Айыы Нуоралдьын хотун
Оҕонньоор!! Оҕонньоор!
Оҕом барахсан
Умса түспүт сураҕыттан
Уһун олоҕу олорбот гына
Уйадыйбыт быһыылаах
Мин дьахтар буоламмын
Оҕом барахсаны
Уон ый хонугун
Усталаах туоратыгар
Испэр илдьэ сылдьаммын
Иринньэх бэйэтин
Икки эмиийин үүтүнэн аһатаммын
Сүрэҕим хамсаата…
(эмээхсин таһырдьа тахсаары гыммытын оҕонньор дьөгдьөһүтэн аҕалан олордон кэбистэ. Үрдүк нуоҕай бэргэһэтин төлүтэ тарта, төбөтүн тарбанна)
Айыҥа Сиэр тойон:
Бу даа эмээхсин
Аһыйбыта буолан
Аймаммытын көр эрэ
Олор! Ол-бу буолума!!
Хотуктаар кэлиҥ! Олоруоххут дуо!!
Хотун ийэҕит өлөөрү гынна дии
Аспыттан аччыгыйгын талаҥҥыт
Аргыый аҕай тура тардыҥ.
(биир кыыс туура тардар, 2 кыыс эмээхсини уоскуталлар)
Олоҥхоһут:
Тоҕус халлаан домньута буолбут
Аҕыс халлаан арчыһыта буолбут
Айыы Умсуур удаҕан
Түҥүрүн туппутунан
Быакайа эккирээн
Бытырыыһа дьиримнээн
Тиҥинээн-таҥынаан
Тиийэн кэлэн
Дом-дом туойда
Күрбэ иин үрдүгэр
Күөгэйэ көттө.
Айыы Умсуур:
Айан төрөппүт
Аар тойон аҕаҥ
Үс киһи
Үйэтин үйэлэммит
Алгыстаах аһын
Аҕалан тураммын
Алҕаан-арчылаан
Кыһыл көмүс ситим оҥорон
Кылапачытан-кылыгыратан
Түптүрүҥ түгэҕэр
Түһэрэн эрэбин
Бэйэҕин сөрөнөн
Биэстэ эринэн
Тутуһан көр.
Быаны эринэн тахсан истэҕинэ Тимир киһи кэлэн эриллэ түһэр.
Тимир киһи:
Үрүмэччи сүүрүк аттаах
Үрүҥ Уолан убайым
Миигин илдьэ таҕыс
Мин бу дойдуга түспүтүм
Тохсус сыла буолла.
Үрүҥ Уолан:
Үтүө киһи барахсан
Үүннээх ыҥыырдаах
Үтүө тылын ылымматахпына
Үөһээ, аллараа, дойдуга
Үс биис үтүөлэрэ
Үөҕүү оҥостуохтара
Тахсыһыах буоллаххына
Тахсыс эбээт.
(Үрүҥ Уолан Тимир киһини илдьэ тахсар. Үөрүү үҥкүүтэ).
Предварительный просмотр:
Подписи к слайдам:
1. Үтүө ааты тутуһуу – үтүө майгы төрдө (олоҥхо олуктарыттан оҕоҕо тиэрдии ) Аан дойду дьоно биир сомоҕо буоларын, ол эбэтэр өйдөһүүнү, тулуйсууну, сөпсөһүүнү кэрэһэлиир өрүт олоҥхоҕо элбэхтик көстөр. Олоҥхоҕо айыы аймаҕа бэйэ бэйэҕэ көмөтө, бэйэ бэйэни өйөһүүтэ, эйэлээх олоххо тардыһыыта сүрүн санаа буолар. Саха норуота — киэҥ-холку көҕүстээх майгытынан-сигилитинэн , киһи аймах үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыһыытын өрө тутар олоҥхолоох .. Олоҥхо оҕону иитиигэ сырдык омоон, тобул санаа, бөҕө тирэх буолуон сөп. Ону биһиги учуонайдарбыт, чинчийээччилэр олоҥхо 10 сылын усталаах-туоратыгар чинчийэн-үөрэтэн “олоҥхо диэн дириҥ ис хоһоонноох национальнай идея” диэн саха дьон иннигэр бигэргэттилэр
Саха ыччата куһаҕан дьаллыкка ылларбакка, чэгиэн-чэбдик киһи буолан, салгыы сириэдийэ сайдан, кэлэр кэнэҕэски кэскили түстээн, үгүстэн үгүс үйэлэргэ саха аатын ааттата турарын туһугар киһи быһыылаах киһини иитии ытык иэспит буолар. Онон сирдэтэн “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхоҕо олоҕуран оҕо сиэрдээх-майгытын иитиигэ бэйэ үтүө аатын өрө тутан, түһэн биэрбэккэ олоҥхо олуктарынан тиэрдиэххэ сөп О нон
Киһи үтүө аата, майгыта олоҥхоҕо этиллиитэ, кэпсэниитэ Иван Каженкин:
“Киһи олоххо сыһыанын, олох дьиҥ суолтатын өбүгэ үөрэҕин кытта ситимниир”
Сиэр-майгы Сиэр - диэн хаһан да халбаҥнаабат ирдэбил. Сиэрэ суох диэн ирдэбили кэһэр диэн өйдүүбүт. Саха сиэрдээх – ол аата ирдэбили билэр, тутуһар Уларыйар ис айылгыны майгы диэн ааттыыбыт. Майгы туох баар сыһыан өйүн үөскэтэр. Бу өй тас эйгэ көстөр бэлиэ өттүн үтүктэр, онон киһи майгыта буолан көстөр
2. Киһи олоххо анала
3. Олоҥхоҕо олоҕуран оҕо сиэрдээх майгытын түстээһин
4. Олоҥхонон оҕону иитии олуктара
О лоҥхо дьоһун тыла олоҕу түстүүр: Абааһы киһитэ чабыланар, киһиргиир тыла куһаҕан, сыыһа диэн өйдөбүлү оҕоҕо иҥэрэргэ көмөлөһөр Айыы киһитин уус-уран тыла кими баҕарар умсугутар, кэрэҕэ сирдиир. Дьоһун тыл олоҕу түстүүр
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
О5о ыллыыр уеруйэ5ин кыра сааһыттан сайыннарыы
О5о ыллыыр уеруйэ5ин кыра сааһыттан сайыннарыы...
Оҕону кыра сааһыттан поэзияҕа сыһыарыы
Оҕо төһөнөн эрдэ кыра сааһыгар поэзияны билсэ улаатар да, оччонон үчүгэй. Ийэ оҕотун иһигэр илдьэ сылдьар кэмигэр кэрэ айымньыны дорҕоонноохтук ааҕан иһитиннэрэр да, оҕоҕо төрөөн баран салгыы ааҕа, иһ...
Кыра о5о5о санарар сананы сайыннарарга театр комото.
О5о тарба5ын быччынын, санарар санатын сайыннарарга театр араас корунун туьаныы....
«Кыра баhаарынньыктар» улахан бөлөх о5олоругар баhаартан сэрэхтээх буолууга аналлаах аралдьыты сценаарыйа
laquo;Кыра баhаарынньыктар» улахан бөлөх о5олоругар баhаартан сэрэхтээх буолууга аналлаах аралдьыты сценаарыйа.Сыала: о5олорго «Баьаарынньык» идэтин кытта салгыы билиьиннэри, баьаар...
Аьа5ас дьарыктаныы 2 кыра белех о5олоругар
Аhа5ас дьарыктаныы 2 кыра белех о5олоругар. Темата: Фольклор кыра жанрдара.Сыала: О5олорго остуоруйа комотунэн фольклор кыра жанрдарын уорэтии. Норуот кэпсээнинэн о5олорго учугэй санааны ти...