Оҕону кыра сааһыттан поэзияҕа сыһыарыы
статья по художественной литературе по теме

Попова Марианна Алексеевна

Оҕо төһөнөн эрдэ кыра сааһыгар поэзияны билсэ улаатар да, оччонон үчүгэй. Ийэ оҕотун иһигэр илдьэ сылдьар кэмигэр кэрэ айымньыны дорҕоонноохтук ааҕан иһитиннэрэр да, оҕоҕо төрөөн баран салгыы ааҕа, иһитиннэрэ сылдьыахтаах. Оҕо бастакы ыйдарыгар оҕо хоһооннорун буолбакка, төрөөбүт тылынан саха поэттарын классиктарын айымньылары ааҕыахтаах. Маннык хоһооннор оҕо кэрэ саҥатын, кэрэни сыаналыырын, тэтими билэ улаатарыгар сайдыы кыаҕын биэрэр. 

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл ogonu_kyra_saahyttan_poeziyaga_syhyaryy.docx15.41 КБ

Предварительный просмотр:

Оҕону кыра сааһыттан поэзияҕа сыһыарыы

Ийэ тыл киһини сайыннарар кыаҕа улахан, хас биирдии тыла киһини кынаттыыр, дириҥ, мындыр толкуйдуур, бастыҥ сиэрдиир сүдү күүстээх. Биһиги өйбүт-санаабыт дириҥэ-чычааһа, культурабыт үрдүгэ-намыһаҕа, дьоҥҥо-сэргэҕэ эйэҕэспит эбэтэр толооспут этэр тылбытыттан, саҥарар саҥабытыттан көстөр. Онтон оҕо биһиги саҥабытын үтүктэн тылланар, биһиги тылбытыгар үөрэнэн улаатар. Тылы таба туттуу, сөпкө саҥарда үөрэтии, тулалыыр эйгэтин харыстыы, таптыы үөрэтии уус-уран айымньы күүһүнэн барар. Бу манна үс сүрүн ньыма баар – ааҕыы, кэпсээн иһитиннэрии, нойосуус үөрэтии.

Холобур, хоһоон киһини тардар күүстээх, тыыннаах тыллаах, сөҕүмэр дьайар күүстээх. Хоһоону үөрэтэргэ оҕо тыла сайдарын таһынан долоҕойо, сиэрэ-майгыта сайдар, иэйиилээх буола улаатар. Хоһоон тэттик кээмэйдээх, чэпчэки тыллаах-өстөөх буоллаҕына оҕолор хоһоону таптыыллар, сөбүлээн истэллэр уонна астынан ааҕаллар. Нойосуус үөрэтэргэ оҕо хас да соругу толорор:

-туох туһунан этиллэрин өйдүүр;

-туох кэнниттэн туох кэлэрин быһаарар;

-тыллары сөпкө чуолкайдык саҥарар;

-дорҕоонноохтук ааҕар.

Хоһоону бырааһынньыктарга эрэ анаан үөрэтии көдьүүһэ кыра. Кэмиттэн кэмигэр үөрэттэххэ, ааҕан иһитиннэрэ сырыттахха, оҕо тыла-өһө, өйдүүр дьоҕура сайдар, быдан иэйиилээх буолар. Ол да иһин биллиилээх методист Е. Тихеева: “үчүгэй хоһоон син биир музыка курдук” диэн этэн аһарбыта.

 Икки-үс саастаах оҕо тылы сөпкө, чуолкайдык саҥарарыгар хоһоон оруола улахан. Кинилэр кылгас, чэпчэки хоһоону үөрэ истэллэр, үтүктэ сатыыллар.

Хоһоону кырачааннарга ааҕарга чуолкайдык, ыксала суох, ыллаан эрэр курдук, арыый улахан куолаһынан, киһини тардар гына ааҕыллыахтаах. Маны сэргэ көрдөрөн үөрэтэр тэриллэр: хартыына, оонньуур, мнемокарта, остуол театра – туттуллара наада, оччоҕо оҕо сүргэтэ көтөҕүллэр, үөрэр-көтөр, киһи тылын үтүктэр.

К. И. Чуковскай иккилээх оҕону “улууканнаах лингвист” диэн ааттыыр уонна ол туһунан маннык суруйбута: “Өскөтө кыра оҕо тыл уобараһын итиччэ үлүгэр түргэнник иилэ хабан өйдөөбөтө эбитэ буоллар, улахан дьон ону-маны үөрэтэ сатаан эрэйдэниилэрэ барыта халтайга хаалыа этэ”. Кырдьык, иккититтэн үһүгэр диэри саастаах оҕо, тыл уобараһын түргэнник иилэ хабан өйдүүр буолан, сөҕүмэр элбэх тылы билэр, иитээччи тылыттан кыра хоһооннору, күппүлүөттэри үтүктэн саҥара үөрэнэр.

Оҕоҕо уус-уран айымньы уран тылларын тиэрдиигэ оҕо баай ис хоһоонноох билиилээх-көрүүлээх буолар даҕаны, оччонон кини уран тылы чугастык улгумнук ылынар.

Оҕону поэзияҕа тоҕо эрдэттэн үөрэтиэхтээхпитий?

Оҕону эрдэ поэзияҕа сыһыарбатахха, кини сабыллан, бүтэйдэнэн хаалар, умсугуйан туран аахпат буолар.

Поэзияҕа бааллар:

  1. Үтүө-мөкү өрүттэр этиллиилэрэ;
  2. Бэйэттэн астыныы дьикти күүһэ (Уран тылынан уһуктар, иэйиитэ тыллар, ону атын киһиэхэ тиэрдэр, бэйэтэ астына олорор).

Төһөнөн ис санааҥ эйгэтэ баай буолар да, оччоҕо эн олоҕуҥ эгэлгэ өҥнөрүнэн оонньуур. Поэзия кэрэ дорҕоон (музыка) курдук киһи күннээҕи олоҕун байытар, киэргэтэр. Онтон уран тыллары саҥарар саҥабытыгар туттубат, кыбыппат буоллахпытына, биһиги тылбыт кэхтэр, саҥабыт биллэ мөлтүүр, тэҥҥэ алтыһар дьон-сэргэ ортотугар тиийбэт буолабыт.

Оҕо кыра сааһыттан поэзияны сэргии, таптыы улаатарын туһугар, төрөппүттүүн үлэлэһиэхтээхпит. Онно киниэхэ, төрөппүккэ, поэзияҕа сыһыаннаах интерактивнай оонньуулары, салоннары, тематическай көргө-нарга айымньыны оҕотун кытта тэҥҥэ кыттан, аахсан  кытыарыахтаахпыт. Холобур, “Поэзия студията” диэн көрсүһүү тэрээһинигэр олохтоох поэттары, библиотека, кулууп үлэһиттэрин ыҥырыахха сөп. Кинилэр онно деловой оонньуулары, интерактивный ньымалары, ИКТ туһанан тэрээһиҥҥэ кэлэн ыыталларыгар бэлэмнэнэллэр. Ийэ тыл баар буоллаҕына – норуот баар. Онтон ийэ тылбыт симэлийдэҕинэ норуот кэхтэр.

Уус-уран тыл үтүөтүн ылынарга,сүрэххэ-быарга киллэрэргэ поэзия көмөлөөх. Поэзияҕа поэтическай тыл норуот сүрэҕин чопчутун тута, норуот үгэстэрин иҥэринэ сылдьар.

Омук культуратын тутаах өһүөтүнэн кини уус-уран тыла буолар.

Оҕо төһөнөн эрдэ кыра сааһыгар поэзияны билсэ улаатар да, оччонон үчүгэй. Ийэ оҕотун иһигэр илдьэ сылдьар кэмигэр кэрэ айымньыны дорҕоонноохтук ааҕан иһитиннэрэр да, оҕоҕо төрөөн баран салгыы ааҕа, иһитиннэрэ сылдьыахтаах. Оҕо бастакы ыйдарыгар оҕо хоһооннорун буолбакка, төрөөбүт тылынан саха поэттарын классиктарын айымньылары ааҕыахтаах. Маннык хоһооннор оҕо кэрэ саҥатын, кэрэни сыаналыырын, тэтими билэ улаатарыгар сайдыы кыаҕын биэрэр.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

О5о ыллыыр уеруйэ5ин кыра сааһыттан сайыннарыы

О5о ыллыыр уеруйэ5ин кыра сааһыттан сайыннарыы...

Олоҥхоҕо олоҕуран кыра оҕо сиэрдээх майгытын түстээһин

“Олоҥхоҕо  олоҕуран кыра оҕо сиэрдээх майгытын түстээһин” Ноговицына М.А., Антоновкатааҕы А. Г. Габышев аатынан оҕону сайыннарар киин иитээччитин дакылаата оҕону кыра сааһыттан олоҥхо нөҥүө сиэрд...

Кыра о5о5о санарар сананы сайыннарарга театр комото.

О5о тарба5ын быччынын, санарар санатын сайыннарарга театр араас корунун туьаныы....

«Кыра баhаарынньыктар» улахан бөлөх о5олоругар баhаартан сэрэхтээх буолууга аналлаах аралдьыты сценаарыйа

laquo;Кыра баhаарынньыктар» улахан бөлөх о5олоругар баhаартан сэрэхтээх буолууга аналлаах аралдьыты сценаарыйа.Сыала: о5олорго «Баьаарынньык» идэтин кытта салгыы билиьиннэри, баьаар...

Аьа5ас дьарыктаныы 2 кыра белех о5олоругар

Аhа5ас дьарыктаныы 2 кыра белех о5олоругар. Темата: Фольклор кыра жанрдара.Сыала: О5олорго остуоруйа комотунэн фольклор кыра жанрдарын уорэтии. Норуот кэпсээнинэн  о5олорго учугэй санааны ти...