«Аптаах тарбахчааннар» куруһуок үлэтин сыллааҕы бырагырааммата
рабочая программа по конструированию, ручному труду (младшая группа)

Сыроватская Тамара Дмитриевна

Күнчээн» иккис кыра бөлөх  о5олоругар аналлаах

«Аптаах тарбахчааннар» куруһуок үлэтин сыллааҕы бырагырааммата

 

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл aptaah_tarbahchaannar.docx26.38 КБ

Предварительный просмотр:

Муниципальнай бюджетнай оскуола иннинээҕи үөрэх тэрилтэтэ

«О5о сайдар киинэ – 3 №-дээх «Катюша» о5о уһуйаана»

куораттаа5ы уокурук «Дьокуускай куорат»

                                                   «БИГЭРГЭТЭБИН»

                                                              Салайааччы_Павлова Г.В.

Бирикээс «___»__________2024 с.

                                                               №_____________________

«Күнчээн» иккис кыра бөлөх  о5олоругар аналлаах

«Аптаах тарбахчааннар» куруһуок үлэтин сыллааҕы бырагырааммата

Иитээччи: Сыроватская Т.Д.

Дьокуускай к., 2024-2025 үө.с.

Киирии тыл. Билиҥҥи бириэмэҕэ педагогтар, специалистар этэллэринэн оҕо эрдэтээҕи сайдыытын уобалаһа, ол эбэтэр: интеллектуальнай уонна өй- санаа сайдарын туһугар  илии хамсаныытыттан чуолаан тарбах хамсаныытыттан саҕалыахха наада. Оҕо мэйиитигэр, кини билэр дьоҕуругар, тыл үөскээһинигэр сүрүн оруолу оонньуур илиинэн хамсатан үлэлээтэххэ. Ол аата оҕо сайдарыгар илиитин эрчийиэн наада. «Источники творческих способностей и дарования детей – на кончиках их пальцев. Другими словами: чем больше мастерства в детской руке, тем умнее ребенок», - В.А. Сухомлинискай тыллара.

О5о сири-дойдуну манипуляция көмөтүнэн, ол эбэтэр араас предметтэри кытта дьайан, тутан-хабан, уратытын үөрэтэн айар дьоҕурун сайыннарар. Сүрүн көмөлөһөөччү буолар оҕо сайдыытыгар – кумаахыны кытта үлэ. 

Аттарыы - бу биир саамай судургу, умсугутуулаах уонна көдьүүстээх көрүҥэ буолар. Кумаахыны кытта оҕо дуоһуйан үлэлиир. Нетрадиционнай техника көрүҥүн быдан ордорор, тоҕо диэтэр нетрадиционнай матырыйааллары туһанар: хайдыбыт, бүк тутуллубут кумаахыны, ватнай дискалары, салфеткалары уо.д.а. матырыйааллары туһанар.

Араас матырыйаалы, инструменнары туһанан чинчийэр кыһалҕатын сайыннарар, үөрэр, ситиһэр иэйиитин тилиннэрэр, үлэ сатабылын уонна үөрүйэҕин сайыннарар. Оҕо оҥорбут аттарыыларын, үлэтин түмүгүн көрөн астынар, киэн туттар, үөрэр-көтөр иэйиитин сайыннарар. Кумаахыны кытта үлэ оҕоҕо тулууру, дьаныардаах буолууну, фантазияны уонна уус-уран амтанын үөскэтэр.

Программа сыала: оҕо илиитин сатабылын кыра мотуорун бөҕөргөтөн сайыннарыы, оҕо уонна улахан дьон холбоһуктаах ойуулуур- дьүһүннүүр айымньытын тэрийии.

Соруктара:

Үөрэтии

  • Сүрүн приемнарга үөрэтии (хайа тардааьын, имитээһин, комок оҥорооһун).  
  • Бэриллибит эйгэҕэ сатаан олорон үлэлиирин ситиһии.
  • Оҕо тылын-өһүн байытыы

Сайыннарыы

- о5о илиитин моторикатын уонна таба көрөрүн сайыннарыы.

- оҕо айар дьоҕурун уонна фантазиятын сайыннарыы.

Иитии

  • Оҕо интэриэһин искусствоҕа итии
  • Оҕо үлэҕэ тардыһарын ситиһии, ыраастык үлэлиирин ситиһии.
  • Оҕо коммуникативнай дьоҕурун кэҥэтии

Куруһуок нэдиэлэҕэ биирдэ буолар. 1 дьарык – 10 мүнүүтэ, иккис күн

аҥарыгар подгруппанан ыытыллар. Дьарык оонньуу курдук буолар.

Учебно-тематический план


 Тиэмэтэ

 Хос быьаарыы

Бала5ан ыйа

1

«Ардах кап-кап»

1) Потешка «Ардах ардах түс түс»

2) Ватнай палочка көмөтүнэн ( ураты ньыманнан) оҕолорго уруһуйдатыы «Таммахтар»


Халлаан күөх өҥнөөх гуашь, былыт, влажнай салфетка, ватнай палочка

2

«Күһүн».

1) Тарбах оонньуута "Күһүн"

2) Тарбахтарынан уруһуй «Күһүҥҥү ардах».

Былыт, күһүҥҥү хартыына, халлан күөх өҥнөөх краска, салфетка, оонньууга зонтик, музыка

3

«Күһүҥҥү сэбирдэхтэр».

1) Тарбах оонньуута «Күһүҥҥү сэбирдэхтэр».

2) Күһүҥҥү сэбирдэх көмөтүнэн суол хаалларан уруһуйдааһын

Кумаахы лииһэ, краскалар: кыһыл, араҕас, салфетка, киистэлэр. Сэбирдэхтэр.

4

«Күһүҥҥү сэбирдэхтэр».

1) Тарбахтар эрчиллиилэрэ "Күһүн"

2) Гербарийтан коллаж оҥоруута

Ватман, араҕас, саһархай, кыһыл өҥнөөх краскалар, биллэр мастар хаппыт сэбирдэхтэрэ.

Алтынньы ый

1

«Куурусса».

1) Нуучалыы «Вышла курочка гулять…». Ырыа тылын үөрэтии

2) быраҕыллар материалтан чоппуска оҥоруута

Тарбахтар театрдарын кытары билиһиннэрии

Пластилин, киндер шоколад араҕас өҥнөөх иһитэ, музыка

2

«Вышла курочка гулять»

1) «Вышла курочка гулять» ырыаны ыллааһын

2) Сэбирдэхтэн Чоппуска аппликацията

Альбом кумаахыта, сэбирдэх клей.

3

«Кууруссалаах чоппуусканы аһатыахха».

1) Тарбах оонньуута. «Бу мин»

2) Пластилинынан мозаика техникатынан аппликация

Шаблон курочки, цыплят или угощения, разноцветный пластилин (маленькие разноцветные шарики).

Куурусса, чоппууска уонна аһылыктарын шаблона, араас өҥнөөх төгүрүк пластилин шариктара

4

«Көтөрдөр тэлгэһэлэрэ»

  1. Тарбах оонньуута. «Бу мин»
  2. Аппликация «Бөтүүкчээн»

Маҕан дьүһүннээх одноразовай тарелкалар, кыһыл өҥнөөх кумаахы, клей.

5

«Көтөрдөр тэлгэһэлэрэ»

1) «Вышла курочка гулять» ырыа

2) «Көтөрдөр тэлгэһэлэрэ» бөлөҕүнэн аппликация

А3 форматтаах кумаахы, цветной кумаахы, клей

6

«Сорока-ворона».

1) Тарбах оонньуута «Сорока-ворона».

2) Обрывная аппликация «Каша».

Картон, бороҥ,араҕас өҥнөөх цветной кумаахы, клей , кисточка

7

«Сорока-ворона».

1) Тарбах оонньуута «Сорока-ворона».

2) Төгүрүк уонна төгүрүк аҥаарыттан аппликация «Сорока»


Төгүрүк уонна төгүрүк аҥаара цветной кумаахы

Сэтинньи ый

1

«Дьуоска уонна тииҥчээннэ ыалдьыттыахха»

1) Гимнастика «Күһүҥҥү ойуур»

2) Аппликация «Ёжик»


Альбом кумаахыта, сиэмэ, клей, сэбирдэх

2

«Мишка - косолапый ».

1) «Мишка косолапый» хоһоон истиитэ

2) «Эһээ миискэ». Чай кыырпахтарынан уруһуйдааһын

Эһэ трафарета, клей, чай кыырпахтара, салфетка, музыка, эһэ ойуута

3

«Маҥнайгы хаар».

1) Гимнастика "Маҥнайгы хаар"

2) «Үтүлүкчээн» ватнай палочка ньыматынан уруһуй

Кыһыл уонна араҕас өҥнөөх гуашь, маҕан өҥнөөх үтүлүк, влажнай салфетка, ватнай палочка.

4

«Маҥнайгы хаар».

1) Тарбах оонньуута «Как на горке снег…».

2) «Кыһыҥҥы дьиэ» мааннай хааһыннан нетрадиционнай уруһуй

Дьиэ шаблона, клей, мааннай курууппа, дьиэлэр хартыыналара, салфетка музыка

Ахсынньы ый

1

«Кыһын»

1) Тарбах гимнастиката «Тыал»

2) Уруһуй «Кыһыҥҥы дьиэ»

Кыһыҥҥы дьиэлэр шаблоннара, краска, клей, вата,

2

«Кыһыҥҥы оонньуулар»

1) Тарбах гимнастиката «Хаар киһи»

2) «Хаар киһи» ватнай дискалартан аппликация

Ватнай дискалар, маҕан уонна халаан күөх сырдыга цветной картоннар, клей

3

«Харыйачаан».

1) Тарбах оонньуулара «Шарик»

2) Обрывная аппликация «Елочка».

Харыйалар шаблоннара, кыһынны харыйалар ойуулара, цветной кумаахы, клей

4

«Харыйачаан».

1) Тарбах гимнастиката «Харыйа»

2) Харыйа хоһоон, уруһуй

А4 кумаахы , харыйа трафарета, цветной харандаас, музыка

Тохсунньу ый

1

«Тииҥчээн»

1) Тарбах гимнастиката "Тииҥчээн"

2) "Шишка" тестопластиканнан

Туустаах тиэстэ, шишка формата, дьиҥнээх шишка.

2.

«Белка»

1) Пальчиковая гимнастика "Белка"

2) Аппликация "Белка"

Цветная бумага, клей

3.

«Ымыылар»

1) Тарбах гимнастиката "Ымыылар"

2 Аппликация "Ымыы чыычаах"

Презентация "Кыстыыр көтөрдөр". Ымыы ойуута, цветнай кумаахы, клей

4.

«Кыһыҥҥы оонньуулар»

1) Тарбах гимнастиката «Кыһын»

2) Аппликация «Хаар киһи дьиэ кэргэнэ»

Ватнай диска, маҕан картон, халлаан күөх кырааска, клей

Олунньу ый

1

«Хаар»

1) Тарбах гимнастиката "Хаар"

2) "Хаардаах харыйа" Нетрадиционнай техника ньыматынан уруһуй

Харыйа шаблона, клей, мааннай хааһы курууппата, краскалар

2

"Кыһын"

1) Тарбах гимнастиката "Кыһын"

2) Аппликация "Кыһыҥҥы тиэргэн"

Дьиэ шаблона, клей, фломастердар, вата

3.

«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр»

1) Тарбах гимнастиката «Тутуу»

2) «Машина» спичка корбкаларыттан тутуу

Цветной кумаахыттан полоскалар, спичка коробката, клей

4.

«Кыһынны тыал»

1) Тарбах гимнастиката «Кыһын»

2) Артикуляционнай гимнастика Тыал

Кумаахыннан оҥоһуллубут корабликтар

Кулун тутар

1.

«Ийэбэр сибэкки»

1) Гимнастика «Сибэкки»

2) Бөлөҕүнэн үлэ "Сибэккиилээх корзина"

Ватман, корзина, клей, оҕолор илиилэрин суолунан сибэкки

2.

«Ийэбэр сибэкки»

1) Гимнастика «Сибэкки»

2) Суолу хаалларан Сибэккии уруһуйа

Одноразовай вилкалар, краска, кумаахы

3.

«Тарбахтарбыт дорооболоһоллор»

1) Тарбах гимнастиката «Тарбахтарбыт дорооболоһоллор»

2) Аппликация "Ньургуһун"

Цветной кумаахы, картон, клей

7

«Дьоллоох дьоннор»

1) Пальчиковая гимнастика «Дьоллоох дьоннор»

2) Пластилинография Таммахтар

Кытаанах картон, таммах ойуута, пластилин, салфетка

Муус устар ый

1

«Мы делили апельсин»

1) Тарбах гимнастиката «Мы делили апельсин»

2) Нетрадиционнай техниканнан уруһуй «Сааскы халлаан»

Альбом кумаахыта, ватнай палочка, кырааскалар

2

"Сатабыл"

1) Тарбах гимнастиката "Биһиги сатыыбыт"

2) Тестопластиканнан тугу баҕарбыттын оҥорор көҥүл дьарык

Туустаах тиэстэ, формочкалар

3

"Сатабыл"

1) Тарбах гимнастиката "Биһиги сатыыбыт"

2) Бастакы бу иннинээҕи дьарыкка оҥорбут оҥоһуктарын киэргэтии ,кырааскалааһын

Фигуралар, кырааскалар

4.

«Тарбахчааннар»

1) Тарбах гимнастиката «Тарбахтарбыт турбуттар»

2) Бөлөҕүнэн үлэ "Аквариумҥа балыктар»

Коробканнан оҥоһуллубут аквариум, балыктар шаблоннара, цветной кумаахы, клей

Ыам ыйа

1.

«Көрсүһүү»

1) Тарбах гимнастиката «Тарбахчааннар көрсүбүттэр»

2) Саптан аппликация "Чоппууска" 

Картон, шаблон, араҕас өҥнөөх сап

2.

«Мин дьиэ кэргэним»

1) Тарбах гимнастиката «Мин дьиэ кэргэним»

2) Бөлөҕүнэн үлэ "Улахан дьиэ кэргэн"

Ватман, кырааска, цветной кумах, пластилин, цветной кумаахы, шаблоннар

3.

«Мин дьиэ кэргэним»

1) Тарбах гимнастиката «Мин дьиэ кэргэним»

2) Аппликация "Ыт оҕото"

Цветной картон, кумаахы, клей

4.

«Биһиги»

1) Тарбах гимнастиката «Биһиги тарбахтарбыт»

2) Бөлөҕүнэн үлэ "Биһиги группабыт "Чуораанчык»

Сыл бүтэһигэр түмүк


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Курить или не Курить (открытое занятие)

Государственное  казенное  образовательное  учреждение  для  детей – сирот  и детей, оставшихся  без попечения родителей, специальная (коррекционная) школа -  и...

Курить или не Курить (открытое занятие)

Государственное  казенное  образовательное  учреждение  для  детей – сирот  и детей, оставшихся  без попечения родителей, специальная (коррекционная) школа -  и...

Булчут үлэтин билиһиннэрии

Булчут үлэтин билиһиннэрии...

Перспективный план занятий по ручному труду «Уран тарбахчааннар»

№ТемаУчебно-воспитательные задачиОборудование Дата1ЦветокПознакомить детей с флористикой.Учить детей работать с хрупким материалом. Развивать художественный вкус детей, творческие способности.Сух...

“Кыра саастаах о5олорго сиэр-туом үөрэ5э” (6-7 саастаахтар, бэлэмнэнии бөлө5ө) эбии үөрэхтээһин үлэлиир бырагырааммата

Үлэ сыала: о5o толкуйдуур дьо5урун, кини этнопсихологическай уратытытын учуоттаан, төрүт үгэскэ, бэйэ норуотун үгэhин сыhыаран үөрэтии. О5о5о төрөөбүт ийэ тылын, норуотун сүрүн-кутун, сиэрин...