“Көмүс хатырыктаах - собо”.
план-конспект занятия по рисованию (подготовительная группа) по теме
Ойуулуур-дьүһүннүүр сатабылы сайыннарыыга оҕону кытта тэрээһин
(6-7 саастаахтарга)
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
"Көмүс хатырыктаах собо" 6-7 саастаах оҕолорго уруһуй тэрээһинэ | 17.07 КБ |
"Көмүс хатырыктаах собо" тэрээһин технологическай картата | 17.85 КБ |
Предварительный просмотр:
Ньурба улууһун үөрэҕириитин салаата
“Көмүс хатырыктаах - собо”.
Ойуулуур-дьүһүннүүр сатабылы сайыннарыыга оҕону кытта тэрээһин
(6-7 саастаахтарга)
А. Г. Габышев аатынан оҕону
сайыннарар киин иитээччитэ
Ноговицына Марианна Алексеевна
2018 с.
Ойуулуур-дьүһүннүүр сатабылы сайыннарыыга оҕону кытта тэрээһин
“Көмүс хатырыктаах - собо”.
Бэлэмнэнии бөлөх (6-7 саас)
Иитээччи Ноговицына М.А.
Сыала: художнигы, кини үлэтин билиһиннэрии; муҥхалааһыны билиһиннэрии, ойуунан кэпсиир сатабылын, уруһуйдуур дьоҕурун сайыннарыы; оҕо тылын байытыы (муҥхалааһын тэрилин: куйуур, түөрэй, кыл хамыйах, сүүр, анньыы, көмүс хатырыктаах).
Тэрилэ: экран, проектор, флешка, Андрей Васильевич Чикачев балыгын хартыыналара, А. Вивальди “Времена года” циклыттан “Зима” композицията, дэриэбинэ эр дьонун муҥхалааһынын хаартыскалара, 3 араас кээмэйдээх тыыннаахтыы собо, магнитофон, лиис, киистэ, гуашь, салфетка, уу кутар иһит, клеенка, өрбөх.
Инники үлэ: балык арааһын, собо туһунан сэһэргэһии, художник А. Чикачеву билиһиннэрии, хартыыналарын көрүү, кини выставкатыгар сылдьыы, “Күөгүлээһин” хамсаныылаах оонньуу.
Төрөппүттүүн үлэ: оҕоҕо күөл балыга арааһын, муҥхалааһын туһунан кэпсээһиннэрэ, муҥхаҕа оҕону илдьэ сылдьыылара, муҥхалааһын тэрилин оҥорторуу, собо туһунан планшет, альбом оҥорторуу.
Туһаныллыбыт литература:
- Федоров И.Г., Васильев П.К. Өбүгэбит олоҕо-дьаһаҕа. Уклад жизни народа саха. Дьокуускай. Бичик.-2012с.- с. 74, 78, 81, 83.
- Лепчикова Л.П., Татаринова Х.К., Иванова Г.Н. Саха фольклора. Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго. Дьокуускай.-1993с.- с. 31.
- Интернет ресурсатыттан:
Чикачев А.В. хартыыналара.
Тэрээһин хаамыыта:
I киирии түһүмэх:
Иитээччи оҕолору тэрээһиҥҥэ көҕүтэр, экран иннигэр ыҥырар.
- Иит.: –Оҕолор, мин диэки чугаһааҥ. Таабырын таайсыахпыт. Болҕойуҥ!
-Кынаттаах да көппөт, айахтаах да саҥарбат баар үһү.
О.: - Балык!
Иит.: –Саамай сөп. Бүгүн биһиги биир балыгы уруһуйдуохпут. Уруһуйдуоххутун баҕараҕыт?
О.:- Сөп! Баҕарабыт!
Иит.: –Оччоҕо өссө биир таабырыммын таайан көрүҥ. Таабырыным таайыыта ханнык эрэ балык буолар:
-Быыкайкаан сүөһү сүүс көмүс манньыаты сүгэ сылдьар үһү.
О.: -Собо!
Иит.: - Аптаах экраҥҥа чугаһааҥ эрэ.
- Иитээччи экраны холбоон хартыынаны көрдөрөр:
Иит.: -Бу – Андрей Васильевич Чикачев Саха сирин биир биллиилээх художнигын “Баҕа санаа” диэн хартыыната.
Ыйытыылар:
-лаапчаана, кутуруга хайдахтарый? (кылгас, чараас, хаптаҕай).
-хайыыта ханан баарый? Хайдаҕый? Хайдах өҥнөөҕүй? (төбөтүн икки өттүнэн, халыҥ, хараҥа)
-харахтара хайдаҕый? (кыралар, төгүрүктэр)
-хатырыктара хайдаҕый? (кытаанах, элбэх, көмүс хатырыктар).
-ханан сырдык өҥнөөҕүй? (аллара өттө).
Иит.: -Уһун унньуктаах тымныы кыһыммыт тиийэн кэллэ. Саха киһитэ кыһыҥҥыга хаһаанан сиир аһын, булдун булунар. Хартыынаҕа кыһын саҕаланыыта эр дьон күөлгэ муҥхалыы сылдьаллара көстөр.
Мууһу уһун уктаах анньыынан дьөлөллөр, ойбон оҥороллор. Кыл хамыйаҕынан кыра мууһу баһаллар. Ойбоҥҥо түөрэйи ууран баран куйуурунан булкуйаллар. Балыгы сүүрүнэн хостоон киэҥ сиргэ куталлар (муҥхалааһын тэриллэрин көрдөрө-көрдөрө).
- Сынньалаҥ: “Балык айаҕа”.
Иит.: -Оҕолор, балык ууга олорор. Кини саҥа, дорҕоон таһаарар дуу?
О.: -Суох.
Иит.: -Балык курдук дорҕоону таһаарбакка уоспутун хамсатыаҕыҥ (аһаҕас дорҕооннору тыастаахтык таһаарбакка уоһу хамсатыы).
II сүрүн түһүмэх:
Иит.: -Билигин эһиги собону уруһуйдааҥ, кырааскалааҥ, лаапчааннарын, хайыытын, хараҕын, кутуругун, көхсүн эбии уруһуйдаан биэрээриҥ.
Иит.: -Уруһуйдуох иннинэ киистэни сөпкө тутан уруһуйдуурга эрчиллэбит: киистэ угун үс тарбахпытынан сөпкө тутан ууга угабыт, иһит кытыытыгар уутун ыгабыт, талбыт өҥмүтүн булан киистэ төбөтүнэн сымнаҕастык, даҕайан сотобут, туруору тутан уруһуйдуубут. Собобут сырдык, хараҥа кугас өҥнөөх буолар эбит. Саҕалаатыбыт.
(иитээччи хас биирдии оҕону кэрийэ сылдьан көхсүн көннөрөр, олоппоһун чугаһатар, киистэни тутарга көмөлөһөр, сүбэлиир. Уруһуй кэмигэр экраҥҥа муҥхалыы сылдьар дьон, оҕолор хаартыскалара барар, А. Вивальди “Времена года” циклыттан “Зима” композициятын магнитофоҥҥа холбуур, остуолга оҕолор үлэлээбитинэн бараллар).
III. Түмүк түһүмэх:
Иит.: -Ханнык дьыл кэмэ тиийэн кэллэ?
О.: -Кыһын.
Иит.: -Киһи-аймах күөлгэ билигин хайдах балыктыыр эбитий?
О.: -Муҥхалаан.
Иит.: -Ханнык тэриллэри муҥхаҕа тутталларый?
О.: -Куйуур, илим, кыл хамыйах, сүүр.
Иит.: -Ким уруһуйун кэпсиир?
1-2 оҕо тахсан үлэтин туһунан кэпсиир.
Иит.: -Маладьыастар! Балык этин куруук сиир оҕо доруобай буолар. эһиги балык сиир кэмҥитигэр айдаарбакка, ыксаабакка олорон, уҥуоҕун хомуйан, сэрэнэн аһаарыҥ! Уруһуйбутун бөлөхпүтүгэр ханан ыйыыбыт? (уруһуйга тэрээһин түмүктэнэр, оҕо үлэтин хайгыыр, көмөлөһүннэрэн бөлөххө ыйыыр).
Предварительный просмотр:
Анал тэрээһин технологическай картата
Тэрээһин түһүмэхтэрэ | Иитээччи дьайыыта | Оҕолор дьайыылара | Күүтүллэр түмүк | Бириэмэтэ |
I Киирии түһүмэх Тэрээһиҥҥэ оҕолору киллэрии | Оҕолору тэрээһиҥҥэ көҕүтэн экран диэки ыҥырар Оҕо интэриэһин тардыы: балык, собо туһунан таабырын таайтарар. | Оҕолор тэрээһиҥҥэ киирэллэр. Таабырыны таайаары хоруйдарын толкуйдууллар, таайаллар. | -Оҕолор тэрээһиҥҥэ киирэллэр. -собо балык туһунан билиилэрин чиҥэтэллэр | 1 мүн. 2 мүн. |
А. Чикачев “Баҕа санаа” үлэтин экраҥҥа көрүү | Экраҥҥа А.В. Чикачев хартыынатынан собо туһунан кэпсии-кэпсии ыйытар: -лаапчаана, кутуруга, хайыылара, харахтара, хатырыга хайдаҕый | Оҕолор иитээччини болҕойон истэллэр. Иитээччи ыйытыытыгар толору хоруйу биэрэллэр. | Художник өссө биир үлэтин билсэллэр Көмүс хатырыктаах собо туһунан билиилэрин хаҥаталлар | 2 мүн. |
Муҥхалааһын туһунан ойуунан кэпсэтии | Муҥхалааһын туһунан хаартыскаҕа эр дьон, оҕо, муҥхалааһын тэрилин көрдөрөр | Оҕолор тэрили көрөн өйдүүллэр, ыйытыы биэрэллэр | Муҥхалааһын тэрилин салгыы билсэллэр | 2 мүн. |
Сынньалаҥ: “Балык айаҕа” | Дорҕоон таһаарбакка уоһун хамсатар | Уоһу имитэн, дорҕоону таһаарбакка хамсатан үтүктэллэр, эрчиллиини оҥороллор. | Дорҕоону саҥарарга уоһу чуолкайдык хамсатан эрчиллэллэр | 1 мүн. |
II Сүрүн түһүмэх: -уруһуй быраабылатын санатыһыы -экраҥҥа муҥхалааһын хаартысканы холбооһун -А. Вивальди “Времена года” циклыттан “Зима” композиция холбонор -собону уруһуйдааһын | -киистэни сөпкө тутарга быраабыланы көрдөрөн санатар: -киистэни үс тарбаҕынан тутан ууга угуу; -иһиккэ ууну ыгыы, -киистэ төбөтүнэн кыраасканы баттааһын; -туруору сымнаҕастык тутан уруһуйдааһын, -оҕоҕо туттаран көрдөрөр -нэһилиэк эр дьонун, оҕолорун муҥхалааһынын хаартыскатын холбуур. -уруһуй кэмигэр композицияны холбуур, художник чуумпуга айан уруһуйдуурун тиэрдэр. -Иитээччи хас биирдии оҕоҕо көмөтө | -Иитээччини сэргээн, болҕойон көрөллөр. -иитээччилиин киистэни тутарга быраабыланы саныыллар, уруһуйдууллар. -иитээччигэ көмөлөһүннэрэллэр -оҕолор экраҥҥа муҥхалааһын хаартыскатынан собону көрөллөр -чуумпуга композицияга уруһуйдууллар, уоскуйаллар, кэрэ дорҕоону сэргииллэр -Уруһуйдуур, өҥү дьүөрэлиир, иитээччигэ көмөлөһүннэрэр, үлэтигэр кыһаллар | Уруһуйдуур сатабылы сайыннараллар Киһи-аймах дьарыктарыгар өйдөбүл үөскээһинэ Классическай музыканы, кэрэ эйгэни сэргээһин Уруһуйдуур, өҥү дьүөрэлиир сатабыла сайдааһына; оҥорбут үлэтин сыанабыла тупсар | 1 мүн. 2 мүн. 15 мүн. |
III Түмүк түһүмэх. | -оҕо дьон-аймах кыһыҥҥы идэтин өйдөөһүнүн чиҥэтэн ыйытар. -муҥхалааһыҥҥа ханнык тэриллэри өйдөөбүтүн ыйытан билиитин чиҥэтэр; -1-2 оҕону уруһуйунан кэпсэтиннэрэр. -собо киһи доруобуйатыгар туһатын, балык сиир кэмҥэ быраабыланы санатар. -оҥорбут үлэни көрдөрүүгэ таһаарарга көмөлөһүннэрэр. | -муҥхалааһын туһунан билиитин хаҥатар. -тэрили билиитин чиҥэтинэр. -уруһуйдарын туһунан кэпсээн ситимнээх саҥатын сайыннарар, иитээччи ыйытыытыгар толору хоруйу биэрэр, уруһуйуттан дуоһуйууну ылар. -балык этэ киһи доруобуйатыгар туһатын өйдүүр. -иитээччигэ көмөлөһөр | -дьон-аймах үлэтин, художник үлэтин сэргииллэр; -бэйэтин үлэтин кэпсии үөрэнэр, ситимнээх саҥаны сайыннараллар; бэйэ-бэйэни истэргэ, убаастыы үөрэнэллэр. | 4 мүн. |
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Как помочь ребенку и себе преодолеть негативные эмоции? Как научить ребенка владеть собой?
Многие взрослые, не говоря уже о детях, не могут описать, что творится в их душе, чем они недовольны. А ведь если человек умеет оценить свое душевное состояние, будет легче и окружающим, и ему с...
Что делать,если ребенок не хочет убирать за собой игрушки?
Многие родители не хотят мириться с таким положением, когда дети, поиграв с игрушками, отказываются затем убирать их. Кое-кто из родителей считает, что ребенок может делать все, что он желает, а...
Конспект-занятия по волеологии "Что представляет собой сердце?"
Конспект – занятия по волеологии«Что представляет собой сердце человека?»Программное содержание:познакомить детей с самым важным органом человека – сердце. Сформировать первоначальное представле...
Педагогический проект "Учимся ухаживать за собой"
Краткосрочный педагогический проект«Учимся ухаживать за собой» (для детей младшей группы)Сохранение и укрепления здоровья детей через формирование культурно-гигиенических нав...
Консультация для родителей "Захватив с собою мяч".
Игровые упражнения для работы с детьми в дошкольном учреждении и для домашней практики...
Как научить ребенка владеть собой
В данной статье предлагаются игры, направленные на регуляцию эмоционально-психического напряжения детей. Эмоциональное отношение ребенка к окружающей действительности «вырастает» из его пр...
Жить в мире с собой и другими.
Повышение психолого-педагогической компетентности родителей в вопросах формирования толерантного сознания у детей....