«Ыт иччитин хайдах көрдөөбүтэ» инсценировка
материал по художественной литературе (средняя группа)

Павлова Октябрина Андреевна

«Ыт иччитин хайдах көрдөөбүтэ» инсценировка

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл instsenirovka_yt_ichchitin_haydah_kerdeebute.docx19.98 КБ

Предварительный просмотр:

«Ыт иччитин хайдах көрдөөбүтэ»

(ненец остуоруйата)

Оруоллары толороллор «Мичээр» группа иитиллээччилэрэ:

Ыт – Арылхан К.

Куобах – Николь Ф.

Бөрө – Юда М.

Эһэ – Оскар И.

Киьи – Игорь П.

Чыычаах – Эвелина В.

Кутуйахчаан – Нарияна Е.С.

Мэкчиргэ –Владик У.

Таба – Анжелика Д.

Кэпсээнньит:  Булуучээннээ5и «Чуораанчык» уьуйаан орто бөлөҕүн иитиллээччилэрин толорууларыгар «Ыт иччитин хайдах көрдөөбүтэ» диэн ненец омук остуоруйатын көрүӊ, истиӊ, сэргэ5элээӊ!

                                   (музыка, фон тыаьыыр)

Кэпсээнньит: Урут, хаьан эрэ, ыт тыа5а со5ото5ун олорбут эбит.

                   (музыканан ыт тахсан сүүрэр - көтөр) Ол курдук олорон ыт тэьийбэтэх. (ыт санаар5аабыттыы кэлэн олорор, санаар5ыыр)

Ыт: Со5отох сылдьар наьаа да куьа5ан эбит.. До5ор көрдүү барыыьыбын.

Кэпсээнньит: Ыт баран иьэр, баран иьэр, утары куобах иьэрин көрсөр.

Ыт: Үтүө күнүнэн Куобахчаан!

Куобахчаан: Үтүө күнүнэн!

Ыт: Иккиэн бииргэ олоробут дуо?

Куобах: Сөп, буоллун да5аны.

                     (Ыт куобахтыын музыканан ойуоккалаан хамсаналлар)

Кэпсээнньит: Ол курдук, ойуурга миэстэ булан, киэьэриитэ утуйардыы оӊостоллор.Куобах утуйан хаалбыт, оттон ыт утуйуон ба5арбатах…

                (Ол кэмӊэ музыканан чыычаах көтөн киирэр, тула көтөн хамсана түһэн  баран көтөн тахсар, ыт ол тыаьы истэн үрэн баргыйар, куобах соьуйан олоро биэрэр)

Куобах: То5о үрэ5ин? Иьиттэ5инэ бөрө кэлэн сиэн кэбиьиэ!

                       (Ыт куобахтан тиэрэ хайыьар, иьигэр саныыр)

Ыт: Куобах куттас, мөлтөх табаарыс эбит..Бөрө кимтэн да куттаммат быьыылаах, бөрөнү көрдүү барыыьыбын.

Кэпсээнньит: Ыт куоба5ыттан арахсар уонна бөрөнү көрдүү барар. Ойуур устун баран иьэр. Эмискэ бөрө иьэрин көрсөр.

Ыт: Үтүө күнүнэн, Бөрө, бииргэ олоруох эрэ!

Бөрө: Үтүө күнүнэн! Буоллун да5аны, до5ордоох көхтөөх буолуо.

                               (Музыканан хамсаныы)

Кэпсээнньит: Киэьэрэн барбыт, утуйардыы оӊостубуттар.Бөрө утуйбут, ыт эмиэ сыппыт.

            (Ол кэмӊэ кутуйахчаан музыканан киирэр, хамсана туьэр, сүүрэн хаалар, ол тыастан ыт уьуктар, үрэн баргыйар, бөрө уьуктар, аймана түьэр)

Бөрө: Тугу үрэ5ин? Эһэ кэлэн иккиэммитин өлөртүө!

                    (Ыт бөрөттөн тиэрэ хайыьар, иьигэр саныыр)

Ыт: Ити эьэттэн куттанар, Бөрө эмиэ куттас эбит. Эьэ - бухатыыр барыларыттан күүстээх быьыылаах.Эьэни көрдүү бардым.

Кэпсээнньит: Бөрөнү хаалларан баран, ыт эьэни көрдүү барбыт.Эмиэ ойуур устун баран испит.Барбахтаан иьэн, эьэни көрсүбүт.

Ыт: Үтүө күнүнэн, Эьэ – бухатыыр!

Эьэ: Үтүө күнүнэн!

Ыт: Эн биьикки бииргэ олоруох эрэ!

Эьэ:Дьэ сөп да5аны..бииргэ да олоруох.

               (Ыт Эьэни кэнниттэн батыьар, мастан мүөт булан, ону сииллэр)

Кэпсээнньит: Күн устата ити курдук олорбуттар, киэьэрбит. Эьэ утуктаабыт.Утуйардыы оӊостубуттар.

            (Ол кэмӊэ музыканан мэкчиргэ көтөн киирэр, «ьуу-ьуу!» дии дии тула көтөр, ыт үрэн баргыйар, эьэ уьуктар, соьуйар, куттанар)

Эьэ: Айдаарыма! То5о үрэ5ин? Киьи истэн кэлиэ, биьигини өлөртүө.

                    (Ыт эьэттэн тиэрэ хайыьар, иьигэр саныыр)

Ыт: Ээ, эьэ  эмиэ хоргус эбит. Киьини көрдөөтөххө сатаныыьы.

Кэпсээнньит: Ыт эьэттэн эмиэ куотар. Тыаны тилийэ суурэр – киьи ханна да суох. Кэмниэ кэнэ5эс ыт ойуур са5атыгар олорон сынньаммыт. Ити кэмӊэ түбэьэ киьи тыа5а мас кэрдэ тахсыбыт. Онно, дьэ, ыт киьини көрсүбүт. Ыт киьиэхэ сүүрэн тиийэр уонна этэр:

Ыт: Үтүө күнүнэн!

Киьи: Үтүө күнүнэн!

Ыт: Эн биьикки бииргэ олоруох эрэ!

Киьи: Чэ, буоллун, барыах.

Кэпсээнньит: Киьи ыты дьиэтигэр илдьэ барбыт. Киэьэ буолбут, киьи утуйбут.

              (Музыка тыаьыыр. Ол кэмӊэ дьиэ аттынан таба сүүрэн ааһар, ыт үрэн баргыйар, киьи хамныыр эрээри уьуктубат, ыт өссө күүскэ үрэр, киьи уьуктар, ытыгар үөгүлүүр)

Киьи: Ээй, ытым, аччыктаабыт буоллаххына аьаа! (ытын аьатар) Киьи утуйарын мэьэйдээмэ! (киьи баран хос сытан утуйан хаалар)

Кэпсээнньит: Онуоха ыт ах барар, аьаан баран, утуйан хаалар. Онтон ыла ыт киьиэхэ хаалбыт уонна күн бүгүнүгэр диэри киьини  иччи оӊостон бииргэ олороллор эбит.

       Манан остуоруйа бүтэр, ким бол5ойон сэргээн истибит маладьыас!

Кэпсээнньит: «Ыт иччитин хайдах көрдөөбүтэ» диэн ненец омук остуоруйатын орто бөлөх о5олорун толорууларыгар көрдүгүт. Оруолларга оонньоотулар:

Ыт оруолун толордо – Арылхан К.

Куобах оруолун толордо –Николь Ф.

Бөрө оруолун толордо – Юда М.

Эьэ оруолун толордо – Оскар И.

Киьи оруолун толордо – Игорь П.

Чыычаах оруолун толордо – Эвелина В.

Кутуйахчаан оруолун толордо – Нарияна Е.С.

Мэкчиргэ оруолун толордо – Владик У.

Таба оруолун толордо – Анжелика Д.        

         

(Кэпсээччи оруолларынан о5олору ааттаталыыр, о5олор биир биир тахсан сиэттиьэн иьэллэр, тумугэр көрөөччүлэригэр бокулуоннууллар)

 


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

8 марта «О5олор хайдах Федора5а көмөлөспүттэрий» (на якутском языке)

сценарий утренника по мотивам сказки "Федорино горе" для детей ст., подг. групп...

Дьайымал кэнспиэгэ "Тыал хайдах урэрий"

Тыал хайдах уоскуурун опыт комотунэн чинчийэн оголорго билиьиннэрии...

Конспект занятия в разновозрастной группе с 5 до 7 лет по теме Инсценировка сказки «Три поросенка» в обработке С. Михалкова.о 7 лет по теме Инсценировка сказки «Три поросенка» в обработке С. Михалкова.

по теме: Инсценировка сказки «Три поросенка» в обработке С. Михалкова.Цель: Формирование ценностного отношения к дружбе, развитие эмоциональной сферы детей.Приорит...

Хара5ы хайдах харыстыахха

Киьи хара5ын мелтееьунун биир сурун «буруйдаа5ынан» буолар эбит харах сылайыыта. Киьи хара5а куннэ олус элбэх хамсаныыны онорор. Бу хамсааьын хар...

Инсценировка для детей 5-7 лет «Уж сколько раз твердили миру...» (инсценировка по мотивам басни И. А. Крылова «Ворона и Лисица») (старшая группа)

Инсценировка для детей 5-7 лет «Уж сколько раз твердили миру...» (инсценировка по мотивам басни И. А. Крылова «Ворона и Лисица»)Действующие лица:РассказчикВоронаЛисицаНа авансц...