«А5а дойдуну кемускээччилэр куннэрэ»
план-конспект занятия (младшая группа)
«А5а дойдуну кемускээччилэр куннэрэ»
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
byraaynnyk_stsenariya._a5a_doydunu_kemuskeechchiler_kunnere.docx | 22 КБ |
Предварительный просмотр:
Кыра белех о5олоругар «А5а дойдуну кемускээччилэр куннэригэр» аналлаах бырааьынньык сценарийа.
Биьиги моряк буолуохпут
Муора устун устуохпут,
Ленкор хараабыл хайытар
Долгуннарын се5уехпут.
Вед: Утуе кунунэн кунду о5олор! Бугун биьиги «А5а дойдуну кемускээччилэр куннэрин» бырааьынньыгар муьуннубут! «А5а дойдуну кемускээччилэр» диэн биьиги а5аларбыт, эьээлэрбит, убайдарбыт буолаллар. Биьиги уолаттарбыт улааттахтарына эмиэ «А5а дойдуну кемускээччи» аатын сугуехтэрэ.
Кунду дьоммутун, а5аларбытын, эьээлэрбитин, убайдарбытын бырааьынньыгынан э5эрдэлээн туран «Мин моряк буолуом» диэн ырыа бэлэхтиирбитин кенуллээн…
Ырыа «Мин моряк буолуом»
Вед: Чэйин эрэ, о5олоор! Айан келелерун туьунан таабырынна таайыа5ын…
- «Сапсыммат эрээри,
Салгынна тэлээрэр,
Кетере сур тыастаах,
Кыната сулустаах» (Семелует)
- «Туерт келуеьэ атахтаахпын,
Тургэн, сыыдам сырыылаахпын.
Дьону, таьа5аьы таьабын,
Дьонно туьалаах келебун» (Массыына)
3. «Муора5а, ерускэ
Долгуннуун тустар,
Уу урсунан
Айанныы устар» (Хараабыл)
Вед: Муора5а, ерускэ айанныы устар моряктар эрчимнээх ункуулэрин керуе5ун, тэннэ ункуулээн тэйиэ5ин!
Ункуу «Матросскай ункуу»
Вед: « Биьиги моряк буолуохпут
Муора устун устуохпут,
Ленкор хараабыл хайытар
Долгуннарын се5уехпут»
Моряктар хорсуннар, сымсалар, тургэннэр…О5олорбут 2 хамаанда5а арахсан моряк буолан араас тургутууну ааьыахтара, курэхтэьэн сымсаларын, тургэннэрин, хорсуннарын кердеруехтэрэ.
1 хамаанда аата «Чайка» - капитан П. Ванесса
2 хамаада аата «Бригантина» – капитан Олеся Н.
Хас туьумэх аайы кыайбыт хамаанда5а дьаакыр ойуутун ууран иьэбин, хайа хамаанда элбэх дьаакырдаах, ол кыайар.
1сорудах «Бескозырка5ын кэтэн, суур»
Моряк хамаанда бэрилиннэ да5аны тургэнник таннан бескозыркатын кэтэн палуба5а тахсан стройдыахтаах.
2сорудах «Ким тургэнник дьаакыры таьаарар?»
Хараабыл айанныырын тохтотор туьугар моряктар ууга дьаакыры быра5аллар, оччо5о хараабыл тохтуур, биир сиргэ турар. Онтон дьаакыры уеьэ таьааран хомуйдахтарына, хараабыл айанна турунар.
3сорудах «Экипаж дьоннорун быыьыыбыт»
Хараабылынан айаннаан истэххэ араас быьылаанна тубэьиэххэ сеп. Ол курдук хараабыл тэстэн ууга тимириэн сеп, аара айаннаан иьэр дьон ууга туьуехтэрин сеп, олору моряктар ууга тимирбэт, ууга дагдайа сылдьар куруугу быра5ан биэрэн быыьыыллар эбит.
4сорудах «Моряктар балыктыыллар»
Моряк хараабылга улэтэ наьаа ыарахан эбит, ол иьин кини куустээх – уохтаах буоларын туьугар доруобуйатыгар туьалаах аьылыгынан аьыахтаах. Хараабыл поварын «кок» диэн ааттыыллар. Билигин о5олор балыктаан аьылыктарын бэлэмниэхтэрэ.
Вед: Дьэ, манан моряктарбыт курэхтэрэ тумуктэннэ. Кыайыылаах хамаанда о5олоругар уонна курэхтэьиигэ кехтеехтук кыттыбыт о5олорго медаль кэтэрдэбит. Барыгытын минньигэс приз тунэтэбит.
Манан «А5а дойдуну кемускээччилэр куннэрин» бэлиэтиир бырааьынньыкпыт тумуктэнэр, ессе тегул а5аларбытыгар, эьээлэрбитигэр, убайдарбытыгар бар5а махтал буоллун!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
А5а дойдуну комускээччилэргэ аналлаах аралдьытыы
А5а дойдуну комускээччилэргэ аналлаах аралдьытыы...
Ийэлэр куннэрэ
Аан дойду дьахталларын күнэСыала: Ийэ саамай кунду киьи буоларын ойдотуу;Ийэ оруолун туһунан – убаастабыл, ийэҕэ истин, сыһыаны иитии...
Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн аналлаах аралдьыйыы сценарийа. Бэлэмнэнии бөлөх уолаттар күрэхтэhиилэрэ.
Аҕа дойдуну көмүскээччилэркүннэринэн аналлаахаралдьыйыы сценарийа.Бэлэмнэнии бөлөх уолаттар күрэхтэhиилэрэ....