Ийэлэр куннэрэ
материал (средняя группа) на тему

Филатова Наталия Аркадьевна

Аан дойду дьахталларын күнэ

Сыала: Ийэ саамай кунду киьи буоларын ойдотуу;

Ийэ оруолун туһунан – убаастабыл, ийэҕэ истин, сыһыаны иитии;

 

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл iyeler_kunnere_stsenariy_2.odt21.73 КБ

Предварительный просмотр:

Ийэ кунун сценарийа

(Музыка тыаһыыр, о5олор иккилии буолан сиэттиһэн киирэн олоппосторго олороллор.)

Ыытааччы: Үтүө күнүнэн күндү о5олор, ийэлэр, эйэ5эс эбээлэр! Биһиги бүгүн ийэлэр күннэрин бэлиэтээри муһуннубут.

Ийэттэн са5аланар киһи төрдө, аал уот, алаһа дьиэ. Кинини кытта биһиги саамай истиң, сырдык иэйиилэрбитин ситимниибит. Ийэбит мөссүөнүн хас биирдиибит сүрэхпитигэр илдьэ сылдьабыт. Ийэбит күүстээх тапталын уонна кыһамньытын уурбутун хаһан да умнуо суохтаахпыт. Билигин эьиэхэ сарсыардаанны зарядка (Танец «Зарядка)

         Күндүтүк саныыр, күн күбэй ийэлэрбитигэр, эбээлэрбитигэр анааммыт «Мин маамабын таптыыбын» диэн ырыаны ыллаан иһитиннэриэхтэрэ.

Хоьооннор:

1 о5о:  Ийэлээх буоламмын кун сирин кербутум!

Бу орто дойдуну! Нэлэмэн куех халлааны!

Мин ийэм кун курдук сып-сырдык санаалаах!

Эйэ5эс мичээрдээх, эдэркээн бэйэлээх!

Ийэбин таптыыбын, куннэ тэн,ниибин!

2 о5о: Учугэй киьи буоларгар

Еруу кини кыьанар,

арыт-арыт мехтер да,

Атаас иьигэр аьынар.

3 о5о: Аччыктыа5а о5ом диэн

араас аьынан аьатар.

Сыллаан уураан киэьэтин,

сылаас оронно утутар.

4 о5о: тахсан буорга киртиппит

танаскын еруу сууйар.

Сытыа5ын да ба5ардар

сылайан, хойут утуйар.

5 о5о: Ийэ диэн кунду киьи,

киниэхэ тэннээх ким баарый?

Ийэ диэн кун киьи,

кинини еруу харыстаа!!

Биьиги о5олорбут бары кыракый о5о буолан погремушканнан оонньоон кэлбиттэрэ. Онтукабытын санаан кэлэн биьиги о5олорбут погремушканнан ункуулээн кердеруехтэрэ: «муз.инструмент»

Оонньуу: «о5о5ун таай»

Ыытааччы: 5-6 кыыс олорор ийэлэр харахтарын сабабыт, уонна о5олору тебетуттэн сыттаан бэйэн о5о5ун таайыахтааххын.

Дьэ, маладьыастар, бары сөпкө таайдыгыт.

 Билигин эьиэхэ (музык. Номер) «ким бары ийэлээх»диэн ырыаны бэлэх уунуохтара.

Ыытааччы:     Кыыс о5о барахсан

Кыталык курдук

Нарын-намчы

Биһиги кыргыттарбыт

Күн күбэй ийэлэригэр анаан

Үнкүүлээн көрдөрүөхтэрэ «Матрешки»

Ыытааччы:    билигин аны таабырынна таайсыа5ың.

1.   Быалаах шариктары

Мээрэйдиэххитин ба5ара5ыт дуо?

Кинилэр наһаа үчүгэйдэр

Ийэ5ит шкатулкатыгар сыталлар (о5уруолар).

2.    Кустук араас өңүнэн

Күлүмүрдүү оонньуур

Ийэ кулгаа5ар иилинэр

Кыраһыабай киэргэл (ытар5а)

3.     Кини кытыытын

Хонуута дииллэр

Онно сибэккилээх

Төбө5ө кэтиллэр

Ийэ5э баар дииллэр (сэлээппэ).

4.       Уу кутуллан

Оһоххо ууруллар

Тумустаах, тутаахтаах

Аһыырга остуолга

Хайаан да ууруллар (чаанньык).

5.     Күнүһүн эбиэккэ

Тэриэлкэ5э кутуллан

Бастакынан иһиллэр

Ийэ буһарбат аһа (миин)

6.      Ырбаахыны, бүрүүкэни

Имиллибитин көннөрөр

Дьиэ5э-уокка туһалаах

Эрэллээх до5ор (өтүүк).

7.      Көбүөрү, диваны

Түргэнник ыраастыыр

Уһун шланга муннулаах

Быылы барытын оборор

Ийэ5э көмөлөөх (пылесос).

  Харахпытын сымната таарыйа о5олорбут учугэйкээн ункуулэрин керуеххэйин «губки бантиком»

Ыытааччы: эьиэхэ анаан Айнеста Павлова хоьоон.

                             Чээлэй күөх сибэкки

         Кэрэтин талан

         Ийэбэр бэлэхтиэм

         Истиңник иэйиэм

         Ийэкэм барахсан

         Мин биэрбит бэлэхпин

         Сүрэ5эр тутуо.

Ыытааччы: «Билигин бары экраны керебут» «Мин Ийэбэр тугу бэлэхтиэм этэй»

ити курдук о5олорбут ийэлэригэр ессе бэлэх ууналлар Ункуу «Топ - топ»

Биһиги ийэлэрбитин наһаа таптыыбыт, ийэ- саамай чугас, күн курдук киһи буолар. Эһиги баар буолаңңыт – олох сала5анар, таптал уонна махтал ананнын эһиэхэ.

Ба5арабыт эһиэхэ бар5а махтал тылларынан, сахабыт сирин алмааһыныы кытаанах бигэ доруобуйаны, сырдык ыраас тапталы, саппа5ырбат ыра санааны, үөрүү-көтүү аргыстаах уһун үйэлээх дьоллоох оло5у.

(Бэлэх туттарыы, хаартыска5а түһүү.)


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

«А5а дойдуну кемускээччилэр куннэрэ»

laquo;А5а дойдуну кемускээччилэр куннэрэ»...