"Тымныы огонньору быыьыыбыт". Сана дьыллаагы сценарий
методическая разработка (подготовительная группа)
Новогодний утренник
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
ulahan_beleh_ogolorugar_sana_dyllaagy_utrennik_stsenariya.docx | 31.18 КБ |
Предварительный просмотр:
УЛАХАН БЕЛЕХ ОГОЛОРУГАР САНА ДЬЫЛЛААГЫ УТРЕННИК СЦЕНАРИЙА
«ТЫМНЫЫ ОГОННЬОРУ БЫЫЬЫЫБЫТ»
Оголор залга суурэн киирэллэр.
1. Флешмоб «Новогодние игрушки»
(Ункуулээн баран елка тула тураллар)
Ыытааччы: Утуе кунунэн, кунду оголор, тереппуттэр уонна ыалдьыттар! Саргылаах Сана Дьыл кэлэн иьэринэн бука барыгытын ис сурэхтэн эгэрдэлиибит!
1 ого: Эргийдэ хоровод
Чуор ырыа дьиэрэйдэ
Сана дьылбыт сандаарда
Елкабыт киэргэйдэ!
2 ого: Кылбачыйар, килбэчийэр
Хас биирдии иннэтэ
Музыкабыт кутуллар
Елкабыт киэргэйэр
3 ого: Таьырдьа сур хатаннык
Чысхаан тыал иьиирэр
Айаннаан ол истэ5э
Дед Мороз елката.
2. Ырыа (елка тула туран) «_______________________» (музыканнан олороллор)
Ыытааччы: Сана дьыл ого аймах эрэ буолбакка, киьи бары таптыыр бырааьынныга. Сана дьыл ураты дьиктилээх, хайаан даганы элбэх ыалдьыттаах буолар. Истин эрэ о5олоор, ким эрэ иьэр.
Музыканнан Хаарчаана киирэр.
Х: Мин дьыбардаах кыьыны таптыыбын
Тымныыта суох сатаммаппын
Эьээм о5онньор бэйэтэ
Хаарчаана диэн ааттаабыта.
Ы: Дорообо, Хаарчаана!
Х: Дорооболорун, о5олоор!
Барыгытын кэлэн иьэр
Саргылаах Сана Дьылынан!
Эьигини керен олус уердум!
Бу уеруулээх бырааьынньыкка
Вальстаан эргийиэ5ин!
3. Сана дьыллаа5ы вальс
Х: О5олоор, онтон эьиги мин эьээбин Тымныы О5онньору кербетугут дуо? Кэлэр кэмэ уолдьаста, ынырыаххайын эрэ!
- Тымныы О5онньоор! (3 тегул)
Музыканнан Т.О. киирэр.
Т.о: Дорооболорун, бырааьынньыкка мустубут дьоьун ыалдьыттар, уеруулээх куннэ мустубут кунду о5олор! Сиэним Хаарчаана, дорообо! О5олоор, мин эьиэхэ былырыын кэлэ сылдьыбытым, быйыл улааппыккыт, тупсубуккут. Бу Антон. Бу Кира (и т.д.) Кэлин, харыйа тула туран ыллыа5ын, ункуулуе5ун!
4. Хоровод «___________________________»
Ы: Бугун манна муьуннубут
Киэргэммит саалага
Ол эрэн то5о эрэ
Елкабыт уота умайбат.
Х: Эьээ, кер эрэ, кырдьык харыйабыт уота умайбат эбит дии!
Т.о: билигин ону тургэнник кеннеруехпуут, харыйабыт суус араас уотунан сандаарыа! Чэйин эрэ о5олоор, бука бары этиэ5ин: «Биир, икки, ус харыйабыт уота умай!»
(Тыас-уус тыаьыыр, Хаар Королева киирэр).
Х: О5олоор, муус сурэхтээх Хаар Королевата кэллэ дии, тургэнник бары хараххытын симин, эьигини аптаабатын курдук!
Х.К: Миигин кэтэспэтигит дуу? Бырааьынньыккытыгар то5о ынырбатыгыт? Дьэ сэрэнин! Керуехпут хайдах бырааьынньыктыыргытын!
Елканы эргийэн тахсан барар
Х: О5олоор, бары учугэйдэргит дуо? Х.К. кими да аптаабата дуо?
Ы: Барыта этэннэ быьыылаах, о5олор да5аны, харыйабыт да5аны бары миэстэлэригэр бааллар.
Х: Эьээ, кердун? Х.К. бырааьынньыкпытын сатаан алдьаппата. Чэ, харыйабыт уотун сандаардыах, бырааьынньыкпытын сал5ыах!
Т.О: Ханнык бырааьынньык? Тугу этэ5ин? Эн кимниний? Туох куьа5ан сиригэр кэллим бу? Тугу гына сылдьабыный манна?
Ы: Т.о. Хайдах эрэ буолбут.
Х: Оо, Х.К. аптаан кэбиспит дии эьээбин! Сурэ5ин мууска кубулутан барда, хайдах буолабыт?
Т.о: Мин ыраах Хаар Муус дойдутугар бардым, миигин онно кэтэспиттэрэ ыраатта. Миигин хаьан да5аны кердеемен!
Тахсан барар.
Ы: Т.О. суох хайдах Сана дьылы керсебут? Хайдах буолабыт?
Х: Мин кинини батыьан барыам, хайаан да тептеру а5алыахпын наада! О5о-аймах киниэхэ таптала ханнык ба5арар мууьу уулларыа5а! О5олоор, эьиги миэхэ кемелеьерге бэлэмнит дуо?
Ы: Кемелеьен бе5е буоллага дии! Т.О. быыьыырга бэлэммит!
Ы: Ити курдук Хаарчаана Т.О. кердуу айаннаабыт. Ол баран иьэн кими керсубутэ буолуой?
Сибэкки Феята Хаарчаналыын киирэллэр.
Х: Наьаа да да кырасыабай сир! Ханна кэллим бу?
Ф: Мин сибэкки Феятабын.
Кэрэни, сырдыгы себулуубун
Сибэккилэрбин таптыыбын
Хас биирдиилэрин биэбэйдиибин.
Манна куруук сылаас, сырдык,
Куьа5ан санаа тумнан ааьар.
Эн наьаа да тонмуккун
Олорон иттэ тус,
Биьиги эйиэхэ ункуубутун бэлэхтиэхпит.
5. Сибэккилэр ункуулэрэ.
Х: Эьиэхэ наьаа да учугэй! Ол эрэн мин барар кэмим тиийэн кэллэ.
Ф: Манна хаал, биьиги эйигин араначчылыахпыт!
Х: Уерууну кытары хаалыам этэ, ол эрэн мин эьээбин хайаан да быыьыахпын наада. Керсуеххэ диэри, утуе санаалаах Фея!
Ы: Хаарчаана сал5ыы айаннаабыт.
Тураахтар тахсаллар.
Клара: Кар-кар! Иэдээн! Сана дьыл чугаьаан эрэр! Мин кырасыабай былааччыйам биир да суох!
Карл: Эн син биир кыраьыабайгын сэгэриэм!
Клара: Эн тугу да ейдеебеккун! Миэхэ сана былааччыйа наада!
Хаарчаана киирэн кэлэр.
Клара: Оо, мин бу курдук симэ5и ба5арар эбиппин. Миэхэ наьаа барсыа этэ!
Карл: Утуе кунунэн, кыысчаан!
Х: Дорооболорун! Эьиги манна Т.о. кербетугут дуо?
Клара: Кини ба5ар принц уонна принцесса Сана Дьыллаа5ы баалыгар баара буолуо.
Х: Мин онно хайдах тиийэбин?
Карл: Биьиги эйигин сирдээн биэриэхпит.
Клара: Эн миэхэ танаскын бэлэхтиир буоллаххына!
Х: Уерууну кытта бэлэхтиэм этэ да5аны, хайдах о5олору бырааьынньыга суох хаалларыахпыный? Танаспын барытын биэрдэхпинэ дьиннээх Хаарчаана буолбат буолла5ым дии!
Клара: Кар! Кар! Кошмаар! (Ытыыр, Карл уоскутар)
Х: Уоскуй Клара! Эйиэхэ анаан ырыа ыллыыбыт дуо?
Клара: (хара5ын уутун соттор) Миэхэ ессе ким да5аны ырыа бэлэхтии илик!
Х: О5олоор, Клараны уердуеххэ эрэ, ырыата ыллыахха!
6. Английскай ырыа «____________________»
Клара: Баьыыбаларын о5олоор! Наьаа уердум!
Карл: Тургэнник замокка бара охсуохха!
Ы: Карл уонна Клара Хаарчаананы замокка илдьибиттэр. Онтон бу бириэмэ5э замокка….
Менуэт музыкатынан принц уонна принцесса тахсаллар (а5ыйах хамсаныы онороллор)
Принц: Принцесса, эн бу ункууттэн сылайбатын дуо?
Принцесса: Сурэ5элдьээмэ Принц, ункуулээн ис, сотору Сана дьыл баала са5аланыа.
Принц принцесса ата5ын уктуур
Принцесса (кыыьырар) Туксу! Слон курдуккун эн! Сатаан ункуулээбэккин!
Принц: Наьаа да5аны сылайдым бу ункууттэн!
Хаарчаана киирэр
Х: Дорооболорун до5оттоор!
Принцесса: Дорообо! Арааьа мин кими кытта ункуулуурбун биллим! (Хаарчаана5а чугаьаан истэ5инэ принц быьа туьэр, Хаарчааналыын эргийэллэр).
Принц: Суох, кини миигин кытта ункуулуур!
Х: Этиьимэн до5оттоор, хата оонньуута оонньуохха!
Оонньуулар
1.
2.
3.
4.
Х: Эьигинниин олус да учугэй, бэьиэлэй. Т.о. туьунан умна сыстым дии! Принц, принцесса, эьиги Т.о. кербетеххут дуо?
Принцесса: Суох, кэлэ сылдьыбатага.
Принц: Хаарчаана, мин кини салааската оол диэки ойуур са5атынан кетен ааспытын кербутум.
Х: Баьыыбаларын! Мин сал5ыы айаннаатым, керсуеххэ диэри!
Ы: Ити курдук Хаарчаана аптаах ойуур диэки айаннаабыт. Арай онно…
Атаманша уонна кини кыыьа киирэллэр.
Атаманша: Кер эрэ, чыычаа5ым о5ото: бу кемус, кунду туулээх арааьа – барыта эйиэхэ!
Кыыьа: Ээ, надоел буолла барыта! Тугу эрэ атыны ба5арабын!
А: Ба5ар ханнык эмэ тыыннаах кыылы эбэтэр кетеру ба5арарын буолаарай?
К: Суох! Истибэккин да? Тугу эрэ атыны диибин! (харыйа кэннин енейер) Меьееччуккэр туох баарый?
А: Ээ манна туохха да туьата суох кыыс баар.
К: Дьэ бу туох эрэ интэриэьинэй буолаарай? Эн киэр буол мантан! Кини миэнэ!
Х: Кыысчаан, баьаалыста ыыт миигин, мин эьээбин Т.о. кердуу сылдьабын.
К: Ессе учугэй! Тугуй, ол мин бырааьынньыга суох хаалабын да?
Х: Оччо5уна бу эн атын о5олору бырааьынньыга суох хааллараары гына5ын да?
К: Ха-ха-ха! Ол миигин тарбаабат!
Х: Эн дьиннээх бырааьынньык диэн тугун билэ5ин дуо?
К: Бырааьынньык диэн халааьын, уорааьын!
Х: Суох! Ол бырааьынньык буолбатах! Бырааьынньыкка ыллыыллар-туойаллар, уерэллэр-кетеллер, бэйэ-бэйэлэрин э5эрдэлииллэр.
К: Миигин хаьан да5аны ким да5аны э5эрдэлии илик.
Х: Ону билигин биьиги кеннеруехпут, эйигин э5эрдэлиэхпит!
К: Чэ буоллун. Ол эрээри себулээбэтэхпинэ сэрэн!
Х: О5олоор, тахсан Сана дьыллаа5ы хоьооннору аа5ын эрэ!
Хоьооннор.
1 о5о: Бу биьиги елкабыт
Симэнэн турар
Елкабыт бутуннуу
Кулумнээн кестер
2 о5о: Куех елкаттан
Кемус ардахчаан туьэр
Оо, олус учугэй
Елка5а сылдьар!
3 о5о: Ытыспытын таьынабыт
Ырыа ыллыыбыт
Ункуулээн сайбайа
Тула сырсабыт.
К: (ытыахча) Чэ бар, айка! Баран сал5ыы эьээ5ин ду кимнин ду кердее! Чэ бара о5ус, кыыьыра иликпинэ!
Х: Баьыыба! Ол эрээри ханна барарбын билбэппин.
К: Мин эн эьээ5ин тус хоту табаны бултуу сылдьан Хаар Королева саарыстыбатыгар кербутум. Ыл, бу табалары, кинилэр эйигин киниэхэ тириэрдэн биэриэхтэрэ.
Х: Баьыыба, кыысчаан! Керсуеххэ диэри!
7. Табалар ункуулэрэ
Ы: Табалар Хаарчаананы тыаллаагар тургэнник хаар-муус дойдутугар тириэрдибиттэр. Бу бириэмэгэ Хаар Королеватын саарыстыбатыгар….
Хаар Королева тахсар, кэнниттэн Тымныы о5онньор батыспыт.
Х.к: Мин саарыстыбабар уугэй дуо?
Т.о: Учугэй.
Х.к: Эйиэхэ сана дьыл бырааьынньыга наада дуо?
Т.о: Ончу наадата суох, миэхэ манна эн дыбарыаскар олус учугэй.
Хаарчаана киирэн кэлэр
Х: Эьээ, эйигин дьэ буллум дии!
Х.к: Тохтоо! Чугаьаама! Муус кыырпа5ар кубулутан кэбиьиэм!
Этин тыаьыыр
Т.о: Уу, туох эрэ туеспэр итийэр!
Х: Эьээ, миигин быыьаа!
Т.о: Оо, сиэнчээним!
Х.к. торуоскатын былдьаан ылар, Х.к диэки туьаайар
Х.к: Хайдах эрэ буоллум! Арааьа ууллан эрэбин быьыылаах!
Куотар
Х: Эьээ, эйигин ер да кердеетум! Сана Дьыл буолан эрэр, о5олор эйигин кэтэьэн ахан олороллор!
Т.о: Хаар королева миигин аптаанбарытын умна сырыттым, миигин бырастыы гынын о5олоор!
Х: Бырааьынньыкпытын сал5ыахха, о5олор кэьиигин куутэллэр.
Т.о: Ээ, кэьиим ба5ас элбэх. Бэйи эрэ, харыйабыт уота суох турар эбит дуу?
Чэйин эрэ, бары бииргэ этиэ5ин: «Биир, икки, ус харыйабыт уота умай!
Х: То5о ба5ас учугэйэй, харыйабыт уота суус араас уотунан сандаарда! Чэйин эрэ, остуоруйа дойдутун ыалдьыттара, ункуулээн тэйиэ5ин!
8. Т.о. оонньуулар
9. Ункуу «Мульти-пульти»
10. Хоьооннор
11. Ырыа «________________________»
Т.о: О5олорум маладьыастар! Олус улааппыккыт, сайдыбыккыт! Эьигиннин керсеммун уеруум уксээтэ, санаам кенньуердэ. Мин билигин барар кэмим кэллэ, ессе да элбэх о5олору э5эрдэлиэхтээхпин. Ырыаларгыт, хоьооноргут иьин улахан баьыыба! Эьиил ессе улаатан керсеерун!
Ы: Т.о, онтон о5олор кэьиигин кэтэьэн олороллор дии.
Т.о: Ээ, кырдьык да5аны. Бэйи эрэ онтон ол кэьиилэрбин ханна уурдум этэй?
Х: Мин билэбин! (Харыйа кэннигэр бараллар, улахан текунук хаары соьон киллэрэллэр)
Т.о: Оо, бу Хаар королева подароктарбын тонорон кэбиспит дии! Ириэриэххэ наада. Чэйин эрэ о5олоор, миэхэ эьиги кеме5ут наада. Бары бу хаар чеме5е уулларын курдук куускэ уруеххэ. Биир, икки, ус!
(Уот умуллар, «хаар» ууллар, подарок тунэтии)
Т.о: Сана Дьылынан! Сана дьолунан!
Керсуеххэ диэри!
Х: Керсуеххэ диэри! (тахсан бараллар)
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Сана дьыллаа5ы сценарий «Диснейленд» алыптаах дойтута
Оруолларга:Микки Маус Минни Маус Куhа5ан санаалаах Королоева Хаарчаана Белоснежка Гномиктар Русалкалар Феялар Аладдин Восток красавицалара Принцессалар Пахохонтос Индеецтар Питер Пэн Пираттар...
Сценарий новогоднего утренника для средней группы "Сана дьыллаагы ыалдьыттар"
Новогодний утренник для средней группы "Сана дьыллаагы ыалдьыттар"...
Сценарий "Сана Дьыллаагы утренник"
Сана Дьыллаа5ы утренник сценарийаОруоллар: Хаар ки4и Ведущий...
"Хаарчаана". Сана дьыллаагы сценарий
Новогодний утренник...
Сана дьыллаа5ы сценарий «Оонньуурдар Сана дьылы керселлер»
Сана дьыллаа5ы сценарий «Оонньуурдар Сана дьылы керселлер»...