"Хаарчаана". Сана дьыллаагы сценарий
методическая разработка (младшая группа)

Попова Наталья Владимировна

Новогодний утренник

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл haarchaana.docx27.58 КБ

Предварительный просмотр:

«ХААРЧААНА» КЫРА БӨЛӨХ ОҔОЛОРУГАР

САҤА ДЬЫЛЛААҔЫ УТРЕННИК СЦЕНАРИЙА

Оруоллар:

Ыытааччы

Тымныы оҕонньор

Хаарчаана

Оҕонньор

Эмээхсин

Сулустар

Куобахтар

Хаар киһилэр

Туттуллар тэриллэр: (дьиэ, кылабачыгас хаардар, бүрүйэр таҥас, күөс, «Бурдук», «Саахар», «Туус» диэн суруктаах коробкалар, конфетти, хамыйах, биэдэрэ, оонньууга хаардар)

Оголор музыканан сиэттиьэн киирэн елка иннигэр полукруг тураллар.

Ыытааччы:

Утуе кунунэн, кунду тереппуттэр уонна убаастабыллаах ыалдьыттар!

Ургэл сулус илдьиттэнэн,

Ара5ас сулус аргыстанан,

Еруу кудэн минэлэнэн,

Кыыдаан дьыбар кымньыыланан,

Сана дьылбыт кэлэн иьэр,

Сана саргы уунэн иьэр!

Оголоор, бугун биьиэхэ бырввьынньык – сана дьыл! Керун эрэ, саалабыт иьэ хайдах курдук киэркэйбитин. Биьиэхэ араас дьикти оонньуурдаах харыйа ыалдьыттыы кэлбит. Ол гынан баран харыйабыт уота того кулумнуу умайбатый? Харыйаттан кердеьуеххэйин: «Биир, икки, ус, харыйабыт уота чагылый»!

Оголор хатылыыллар, харыйа уота умайар.

Ыытааччы: Чэйин, бырааьынньыкпытын сагалыаххайын!

Хоьооннор (Аля, Арина)

Что за праздник у ворот?
Новый год, Новый год!
Кто подарки нам принес?
Это Дедушка Мороз!
Скажем громко: «Раз, два, три,
Ну-ка, елочка, гори».
Дружно встанем в хоровод,
Вместе встретим Новый год!

Новогодний праздник
Лучше всех на свете!
Любят этот праздник
Взрослые и дети!
Пусть веселым будет
Каждый гость сегодня!
Счастье пусть прибудет
В санках новогодних!

Ырыа «Сана Дьыл» (ырыа кэнниттэн оголор олороллор)

Ыытааччы: Олус да учугэйдик ыллаатыбыт, хоьоон аахтыбыт, харыйабыт истэн уердэ буолуо. Оголоор, сотору куутуулээх ыалдьыппыт Тымныы огонньор кэлиэ, кэьиитин агалыа. Оттон бу кэрэчээн харыйабыт эмиэ остуоруйа кэьиилээх кэлбит эбит, чуумпуран олорон керуеххэйин.

- Арай биирдэ олорбуттара эбитэ уьу огонньордоох эмээхсин.

Огонньор: О-хо-хо!

Эмээхсин: Э-хэ-хэ!

Огонньор: Чункуйдун дуо, эмээхсиэн?

Эмээхсин: Чункуйдум огонньоор!

Огонньор: Онтон таьырдьа оголор оонньуу сылдьаллар, ырыа ыллыыллар, керерге олус да учугэй!

Эмээхсин: Биьиги сиэннээхпит эбитэ буоллар кини эмиэ оголору кытта оонньуо-керулуе этэ…

Огонньор: Таьырдьа тахсан керуеххэ! (зал кытыытыгар баран олороллор).

Ыытааччы: огонньордоох эмээхсин таьырдьа тахсыбыттара – оголор уеруу-кетуу беге, ырыа ыллыыллар, ункуулээн тэйэллэр эбит.

- Чэйин эрэ, хаар киьилэр, ункуулуеххэйин эрэ!

Хаар киьилэр ункуулэрэ

Ыытааччы: Хаар киьилэр ункуулээн тэлээрэн хаар бегетун ытыйан барбыттар.

Огонньор: Эмээхсиэн, кер эрэ, бу кылабачыгас хаарынан бэйэбитигэр сиэн кыыста оноруохха.

Эмээхсин: Бу да огонньор ону-маны кэпсээн…

Огонньор: Оттон боруобага боруок суох, багар туьа тахсыа…

(Огонньордоох эмээхсин хаары чемехтууллэр, танаьынан буруйэллэр)

Огонньор: Олус да элбэх хаар туспут, оголоор, кэлэн оонньоон!

Оонньуу «Хаары хомуй»

Эмээхсин: Огонньоор, кэл эрэ… Кер эрэ, хаарбыт хамсыыр дии.

(танаьы арыйаллар, Хаарчаана тахсан кэлэр)

Огонньор: Олус да кэрэ кыысчаан!

Эмээхсин: Бу биьиги сиэммит дуо? Тугун бэрдэй!

Огонньор: Ким диэн ааттыыбыт сиэммитин?

Эмээхсин: Хаартан чочуллан оноьуллубутун иьин Хаарчаана диэн ааттыахха!

Хаарчаана: Дорообо эбээ! Дорообо Эьээ! Мин эьиэхэ кемелеьуем, дьиэни-уоту хомуйуом, уу баьан агалыам, чэй еруем.

(Биэдэрэ ылан уу баьа барар)

Ыытааччы: Хаарчаана уу баьа барбыт. Арай кербутэ оголор оонньуу сылдьаллар эбит.

Хаарчаана: Тула бары уерэллэр-кетеллер, арай миигин ким да ынырбат…

Ыытааччы: Оголоор, Хаарчаананы хороводка ынырыаххайын!

Хоровод «Кыракый харыйа»

Хаарчаана: Эьигини кытта оонньуу сылдьар олус да учугэй эбит. Ессе оонньуохха, мин эбээлээх эьээбиттэн кенуллэтэн кэлиэм.

(биэдэрэтин ылан дьиэгэ барар)

Хаарчаана: Эбээ, эьээ, оголору кытта оонньуу барарбын кенуллэн!

Огонньор: Оголору кытта баран оонньоо, оонньоо.

Эмээхсин: Сэрэнэн сырыт, ыраах барыма, мунан хаалыан. (Илиилэринэн сапсыйан быраьаайдаьаллар).

Хаарчаана: Ер да хаамтым, доготторбуттан хаалан хааллым. Ау! Ау! Ким да суох… Арай уеьэ халлаанна сулустар кулумнууллэр. Сулусчааннар, сулусчааннар, халлаантан туьэн миэхэ кемелеьун, суолбун сырдатын!

Сулусчааннар ункуулэрэ.

Хаарчаана: Сулусчааннар, дьуегэлэриэм, кетен кэлэн абыраатыгыт даганы, куттаммытым ааста… Дьиэбин хайдах булабыный? Хайа диэки барабыный?

Ыытааччы: Хаарчаана, куттаныма! Манна тыага кыыллар бааллар, кинилэри ынырыахха. Куобахчааннар, кэлин, Хаарчаанага кемелеьун!

Куобахчааннар ункуулэрэ.

Хаарчаана: Куобахчааннар, мин дьиэбэр хайдах барабыный?

Куобахчааннар: Оол онно тыа сагатыгар муус дьиэ баар. Онно бар.

Хаарчаана: Ол дьиэгэ ким олороруй?

Куобахчааннар: Тымныы огонньор.

Ыытааччы: Хаарчаана. Ыксаа, Тымныы огонньор оголорго бараары хомунан эрдэгэ буолуо.

Хаарчаана: Сулустарынан сырдатан ол дьиэни кердуу бардым.

Ыытааччы: Ол кэмнэ огонньордоох эмээхсин сиэннэрин сутэрэн кердуу барбыттар.

Огонньор: Сиэммит кыыс Хаарчаана, ханна бааргыный? Ау!

Эмээхсин: анны биьиэхэ ким уу агалар, ким ырыа ыллыыр?

Ыытааччы: Долгуйуман, долгуйуман! Истэгит дуо, чуораан тыаьыыр, ким эрэ айаннаан иьэр. Арааьа Тымныы огонньор быьыылаах. Бары ынырыагын эрэ кинини! (оголор ыныраллар, Тымныы огонньор Хаарчааналыын киирэллэр)

Тымныы огонньор: Эьэ-ьээй! Дорооболорун!

Огонньордоох эмээхсин: Тымныы огонньор, махтал, Хаарчаананы агалбыккар! Хаарчаана, оголору кытта хаалан бырааьынньыктаа! (тахсан бараллар).

Тымныы огонньор: Саргылаах Сана дьыл салаллан иьэринэн бары оголору, ыалдьыттары эгэрдэлиибин! Чэйин эрэ оголоор, керу кегулуттэн тутуогун!

Ырыа «Тымныы огонньор»

Тымныы огонньор: Олус учугэйдик ыллаатыгыт! Ункуулээммин ууллаары гынным.

Ыытааччы: Оголоор, Тымныы огонньорбут ууллаары гыммыт, бары бииргэ кинини уруегун! (Оголор урэллэр). Тымныы огонньор, ыраахтан кэлэн сылайбытын буолуо, олорон сынньан, оголор эйиэхэ хоьоон аагыахтара.

Хоьооннор.

Бу биьиги елкабыт

Симэнэн турар

Елкабыт бутуннуу

Кулумнээн кестер

Куех елкаттан

Кемус ардахчаан туьэр

Оо олус учугэй

Елкага сылдьар!

Ытыспытын таьынабыт

Ырыа ыллыыбыт

Ункуулээн сайбайа

Тула сырсабыт.

Эргийдэ хоровод

Чуор ырыа дьиэрэйдэ

Сана дьылбыт сандаарда

Елкабыт киэркэйдэ1

Кылбачыйар килбэчийэр

Хас биирдии иннэтэ

Музыкабыт кутуллар

Елкабыт киэргэйэр.

Таьырдьа сур хатаннык

Чысхаан тыал уьуурэр

Айаннаан ол истэгэ

Дед мороз елката!

Туннукпутун туун кэлэн

Туулунэн ким киэргэттэ?

Таьырдьаны керуехпутун

Кулуктэтэн кэбистэ?

Ити Моруос кырдьагаспыт

Курусуба бэрдин баайбыт

Онтукатын биьиги дьиэбит

Туннугэр ыйаан ааспыт

Учугэйиэн, дьиннээх талан,

Оьуор-дьаргаа туьэрбит

Уустук-ураннык ойуулаан

Онорор да буолар эбит!

Саргылаах сана дьыл

Салаллан кэллэ дии

Киэргэллээх харыйа

Кэьиилээх эбит дии!

Кунду куех харыйа

Кер-оонньуу аргыстаах,

Кунду куех харыйа

Кулумнэс киэргэллээх!

Тымныы огонньор: Оголор маладьыастар! Ырыа-хоьоон арааьын билэр эбиккит! Онтон мин эьигини кытта ооньуохпун багардым.

Оонньуу «Тоноруом»

Ыытааччы: Тымныы огонньор, онтон оголору тугунан эбит кундулуен дуу?

Тымныы огонньор: Мин билигин оголорго тургэнник улааттыннар диэн аптаах хааьы буьарыам. Миэхэ улахан куес, туус, саахар, бурдук наада.

(Остуолга киллэрэн уураллар. Тымныы огонньор «хааьы» буьарар: булкуйар, хамыйагынан конфетины баьан ылан урэр, хаппахтыыр).

Тымныы огонньор: Таак, хааьыбытыгар хаар тиийбэт эбит, хаар кутуом. Дьэ, хааьыбыт сотору бэлэм буолуо, кэтэьэ туьуеххэ наада.

Ыытааччы: Хааьы буьарын кэтэьэ таарыйа унккугэ туруоххайын эрэ оголоор!

Флешмоб «Новогодние игрушки»

Тымныы огонньор: Чэйин эрэ, керуеххэйин, теье бэрт хааьыны буьарбыт эбиппиний? (хааьытын булкуйар, подарок таьаарар).

Тымныы огонньор: Оголоор, керун эрэ, хаарбыт подарок буолан тахсыбыт! (подарок тунэтиитэ)

Тымныы огонньор: Барар кэмим тиийэн кэллэ, эьиил кэлэрбэр ессе улаатан керсеерун! Барыгытын сана дьылынан, сана дьолунан! Керсуеххэ диэри!


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Сана дьыллаа5ы сценарий «Диснейленд» алыптаах дойтута

Оруолларга:Микки Маус Минни Маус Куhа5ан санаалаах Королоева Хаарчаана Белоснежка Гномиктар Русалкалар Феялар Аладдин Восток красавицалара Принцессалар Пахохонтос Индеецтар Питер Пэн Пираттар...

Сценарий новогоднего утренника для средней группы "Сана дьыллаагы ыалдьыттар"

Новогодний утренник для средней группы "Сана дьыллаагы ыалдьыттар"...

Сценарий "Сана Дьыллаагы утренник"

Сана Дьыллаа5ы утренник сценарийаОруоллар: Хаар ки4и                  Ведущий...

Сана дьыллаа5ы сценарий «Оонньуурдар Сана дьылы керселлер»

Сана дьыллаа5ы сценарий «Оонньуурдар Сана дьылы керселлер»...