Сценарий новогоднего утренника для средней группы "Сана дьыллаагы ыалдьыттар"
материал (средняя группа) по теме
Новогодний утренник для средней группы "Сана дьыллаагы ыалдьыттар"
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
yytaachchy.docsana_dyl.doc | 57 КБ |
Предварительный просмотр:
Ыытааччылар – Сысолятина В.А., Прокопьева Т.Г.
Хаарчаана – Артемьева Элеонора
Моруос о5онньор – Константинов К.Н.
Боро – Николаева В.И.
Снеговик – Жиркова Т.Н.
Куобах – Алексеева М.С.
Саьыл – Терентьева Е.В.
Эьэ – Охлопкова С.Л.
Фанфар тыаьыыр ыытааччылар киирэллэр
Ыытааччы 1:
Сана дьылы корсуьэ,
Ырыабытын ыллыыбыт,
Куох харыйа туруорар,
Хороводтаан дайабыт.
Тымныы Моруос о5онньор
Элбэх кэьии тутуурдаах,
О5олорут уордээри
Кэллэ ыраах дойдуттан.
Ыытааччы 2:
Сана дьылбыт са5аланна кэллэ!
Сана кыайыы, уеруу,
Сандаар кунэ ууннэ!
Симэх оhуор баайыммыт
Ёлкабыт бырааhынньыгар
Ытыс тыаhынан о5олорбутун керсуе5ун!
(Мааскалаах о5олор сиэттиhэн киирэллэр, олороллор)
Ыытааччы: -О5олор чуумпурдубут эрэ, туох эрэ тыаьыыр
Харыйа5а сотовай телефон тыаьыыр. Ыытааччы ылан истэр
Ыытааччы 1: - Аллоо, орто болох о5олоро истэбит.
Сотовай оператора: Эьиги харыйа5ытыгар чуораанчык баар, ону булан тыаhаттаххытына Хаарчаана уонна Моруос о5онньор эьиэхэ ыалдьыттыы кэлиэхтэрэ, бырааhынньыккытын киэргэтиэхтэрэ.
Ыытааччы 2: - О5олоор, биhиги харыйабытыгар чуораанчык ыйанан турар уhу. Ону булан тыаhаттахпытына Хаарчаана уонна Моруос о5онньор биhиги бырааhынньыкпытын киэргэтэ кэлэллэр уhу.
О5олор бары харыйаны тула чуораанчык кордууллэр
уонна ыйанан турарын булан ылаллар.
Ыытааччы 1: - О5олоор бары миэстэбитин булан олоруоххайын эрэ, чуораанчыкпытын тыаьатыахпыт, ким кэлэрин коруохпут
Тыаhаталлар. Хаарчаана кыыс киирэн кэлэр.
Хаарчаана: Утуо кунунэн о5олоор! Уой! Кыраhыабай, киэргэммит харыйа турар, наhаа учугэй о5олор бааллар эбит дии!
О5олор: Утуо кунунэн!
Хаарчаана: (снежинкалары кордорор) Бу туохтарый?
Оголор: Снежинкалар.
Хаарчаана: Бу снежинкалары кытта ункуулуохпун ба5ардым кырачаан кыргыттар, чэ эрэ туран ункулуо5ун.
2. «Хаар ункуутэ» кырачаан кыргыттар.
Хаарчаана: - О5олоор мин бугунну бырааьынньыкка эhиэхэ бииргэ оонньуур до5отторбун илдьэ кэллим эьиги ону таайдаххытына эрэ кинилэр костуохтэрэ.
1. Сайын бороц, кыЬын мацан баар уЬу.
О5олор: Куобах.
Музыканнан Куобахчаан тахсан кэлэр ойуоккалыы- ойуоккалыы.
О5олору кытта дорооболоhор.
Куобахчаан: Дорооболорун о5олоор!
Хаарчаана:
2. Тула оттубун корунэбин,
Туохтан эрэ дьиксинэбин,
Ойуур тыаларын кэрийэбин,
Албынныыры сатыыбын – диир баар уЬу.
О5олор: Саьыл.
Музыканнан Саhыл киирэн кэлэр о5олору кытта дорооболоьор.
Саhыл: Дорооболорун о5олоор!
Хаарчаана:
3 Саамай куустээхпин,
Ар5ахха кыстыыбын,
КыЬынын утуйабын – диир баар уЬу.
О5олор: Эhэ.
Музыканнан Эhэ киирэн кэлэр о5олору кытта дорооболоhор.
Эhэ: Дорооболорун о5олоор!
Хаарчаана: Маладьыастар.
Ыытааччы 2: О5олор, бары туран ыалдьыттарбытын кытта хоробуоттуо5ун ырыабытын ыллыа5ын!
3. «Елка тула хоровод»
О5олор олороллор
Ыытааччы 1: - О5олор истин эрэ, ким эрэ иьэр быьылаах.
(музыканнан Боро киирэн кэлэр, ырдьыгыныыр)
Боро:- Олус кыраьыабай харыйа симээбиттэр, бэйэлэрэ киэргэммиттэр уонна миигин бырааьынньыктарыгар ынырбатахтар! (Ырдьыгыныыр)
Ыытааччы 2: Эн Боро о5олору куттаама!
Боро: - Оччо5о мин эhиги харыйа5ыт уотун суох гынабын! Уонна до5отторгутун уртэлээн кэбиьиэм.
Харыйаны урэр уонна кыыллары эккирэтэн ууртэлиир,
кулэ-кулэ тахсан барар.
Ыытааччы 1:- О5олоор до5отторбут бары куттанан куотан хааллылар дии ойуурга. Хайдах кинилэри тоттору ынырабыт?
Хаарчаана: Ээ, Хаар киhини ынырыахха кини тыалга, буур5а5а бэриммэт тулуурдаах.
Чуораанчыгы тыаьаталлар. Хаар киhи киирэн кэлэр.
Хаар киhи: Дорооболорун о5олоор!
Хаарчаана: - Хаар киhи биhиги эйиигин суhал комо5о ынырдыбыт. Силлиэ5э, буур5а5а бэриммэт диэммит.
Хаар киhи: Ол туох буоллугут?
О5олор: - Боро кэлэн до5отторбутун куттаан ууртэлээн кэбистэ. Харыйабыт уотун ылан барда.
Хаар киhи: Мин эhиги до5отторгутун булан а5алыам эрээри кимнээ5ин билбэппин ээ.
Экраанна кыыллар хартыыналара биирдиилээн костор.
Хаар киhи: Мин бу кыыллары билэбин, хата Моруос о5онньор кэлиэн иннинэ а5ала
охсуохха.
Тахсан барар.
Хаарчаана: О5олоор, мин Харыйа туhунан наhаа элбэх хоhоону билэбин. Эhиги хоhоон билэ5ит дуо?
О5олор: Билэбит!
Хоhоон толороллор «Монтаж».
Хаар киhи кыыллары кытта киирэн кэлэллэр.
Ыытааччы 2:- Оо, Хаар киьи до5отторбутун булан а5алла дии. Билигин Хаар киьи уолаттары кытта ункулуохтэрэ.
Ункуу «Хаар киьилэр».
Хаар киьи уолаттары кытта «Хаар киьилэр» - ункуулууллэр.
Музыка тыаhыыр тыал иhиирэр.
Ыытааччы 1: Сиккиэр тыал быыhынан Тымныы Моруос о5онньор торуоскатын тос- тос охсон кэлэн иhэр о5олоор.
Моруос о5онньор, боро киирэн кэлэллэр, Моруос О5онньор дорооболоhор.
Моруос о5онньор: - Дорооболорун о5олоор! Сана Дьылынан эhиэхэ ыраах Хоту дойдуттан кэhиибин а5аллым. Сиэним Хаарчаана до5отторунаан кэлэннэр аралдьыппыттар, маладьыастар. Хата бу аара суолга Борону корсон салааскабын соhон комолосто. Бу ыыппыт харыйабын наhаа учугэйдик киэргэппит эбиккит дии. Уота то5о тыкпатый, оонньооботуй?
О5олор: Ити Боро харыйа уотун ылан барбыта.
Моруос о5онньор: Оо, Боро то5о о5олор елкаларын уотун ылан бардын?
Боро: онтон о5олор миигин сана дьылаа5ы бырааьынньыктарыгар ынырбатахтара дии, ол иьин кыыьыран елка уотун илдьэ барбытым. Аны итинник гыныам суо5а, бырастыы гынын!
Моруос о5онньор: О5олор, Борону бырастыы гынабыт Дуо?
О5олор: Бырастыы гынабыт.
Моруос о5онньор: - Боро аны елка уотун тытыа суо5а. Мин оссо кыраhыабай араас уоттаах гына аптыам. 1.2.3. Харыйа уота умай, кулумурдуу сандаар, оонньоо!
Ыытаачы 1: -Моруос о5онньор, уhун суолу айаннаан сылайбытын буолуо. Бу олоппоско олорон о5олор хоhооннорун, ырыаларын иhит.
1. Ырыа «Манан хаар» (кыргыттар)
2.Монтаж
Ыытааччы 2: - Биьиги билигин Моруос о5онньор туьунан ырыа ыллаан иьитиннэриэхпит. (Моруос о5онньор ортотугар турар)
3. «Тымныы чысхаан о5онньор» ырыа оонньуу
Моруос о5онньор: - Учугэй да5аны ырыалары, хоьооннору иьиттим, сылайбытым ааьан хаалла. Миигин уонна Хаарчаананы кытта хаар котутэ оонньуоххутун ба5ара5ыт дуо?
4. оонньуу «Хаар котутуу» (материал(ткань), кумаа5ы снежинкалар)
Моруос о5онньор: - Наhаа маладьыас о5олор эбиккит. Ырыа, ункуу, хоhоон бо5ону
билэр эбиккит сэргээн иhиттим.
- О5олор мин оссо эьиэхэ биир ыалдьыты илдьэ кэллим, кэлэр сылбыт бэлиэтин корсуо5ун!
Ботуук киирэн кэлэр
Ыытааччы 1: О5олор бу кимин билэ5ит дуо?
О5олор: Ботуук.
Ботуук э5эрдэ тыла.
Ботуугу кытта флешмоб
Моруос о5онньор: Ыраах сиртэн соhон а5албыт кэhиибин тунэтин эрэ до5отторуом.
Боро подароктары салааскага соьон киирэр
Кыыллар, хаарчаана, хаар киhи, ботуук подарок тунэтэллэр.
О5олор: Баhыыба Моруос о5онньор!
Моруос о5онньор: Эhиил улаатанныт оссо элбэх ырыалаах, хоhоонноох, ункуулээх корсоорун о5олоор. Корсуоххэ диэри о5олоор!
Моруос о5онньор тахсан барар.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Сценарий новогоднего утренника в средней группе "Новогодние игрушки"
В утреннике участвуют взрослые (Ведущая, Снегурочка, Дед Мороз и Баба Яга) и дети: мальчики - снеговики, петрушки и зайчата, - и девочки: снежинки, конфетки, куколки. В утреннике активно у...
СЦЕНАРИЙ НОВОГОДНЕГО УТРЕННИКА В СРЕДНЕЙ ГРУППЕ «НОВОГОДНИЕ ПРИКЛЮЧЕНИЯ»
сценарий для проведения нового года для детей в ДОУ....
Сценарий Новогоднего утренника для средней группы «Чудеса у Новогодней елки»
Сценарий Новогоднего утренника для средней группы "Чудеса у Новогодней ёлки"...
Сценарий новогоднего утренника для средней группы "Новогодний переполох"
У нас утренник прошёл на ура! тКот Базилио по словам родителей "гвоздь" программы....
Сценарий новогоднего утренника в средней группе на тему "Новогодние приключения"
Сценарий новогоднего утренника в средней группе на тему "Новогодние приключения"...
Сценарий новогоднего утренника в средней группе «Баба Яга и кот Баюн на новогоднем празднике»
Сценарий новогоднего утренника в средней группе «Баба Яга и кот Баюн на новогоднем празднике» ...
Сценарий Новогоднего утренника для средней группы детского сада Сценарий праздника «Чудеса у Новогодней елки»
Сценарий Новогоднего утренника для средней группы детского сада Сценарий праздника «Чудеса у Новогодней елки»...