Сценарий конкурса "Мин ийэбинээн"
материал (подготовительная группа)
Предварительный просмотр:
Кулун тутар 8 кунугэр аналлаах конкурс "Мин ийэбинээн"
Буолар кунэ: 15.03.2019
Кыттааччылара: Подготовительнай группа кыргыттара ийэлэрин кытары
Туттар мал-сал: проектор, испиискэ, шарфик, кумаа5ы, остуоллар, еннеех харандааста, кыптыый, клей, цв кумаа5ылар
Кэрэ кэммит, сааскы кэммит
Тиийэн кэлбит бэлиэтин
Кэрэ анардарга – Кэрэ Куоларга
Анаммыт кунунэн айхаллыыбыт,
Ууммут кунунэн уруйдуубут!
- Утуо кунунэн кунду ийэлэр, эбэлэр, кэрэчээн кыргыттар, ыалдьыттар! Эьигини ааспыт Аан дойду кэрэ анардарын кунунэн итиитик-истинник э5эрдэлиибит! Чэгиэн-чэбдик бэйэлээх, уоруу-котуу энэрдээх, дьол-соргу тулалаах буолун диэн алгыыбыт!
Кулумнуу сандаарар куццэ мин
Тэцниибин таптыыр ийэбин,
Ол иьин, сурэ5им иэйиитин
Уостубат уйгутун аныыбын.
Эьигини, ийэлэрбитин айхаллаан.
- э5эрдэлииллэр биьиги группа уолаттара.
- Бугунну тэрээьиммитин «Мин ийэбинээн» куонкуруспутун са5алыырбытын конуллээн! Кыргыттарбыт ийэлэрин кытта олус кохтоохтук бэлэмнэн кэлбиттэр.
- Бугунну курэ5и дьууллуохтэрэ:
- Кычкина Антонина Сергеевна
- Дохунаев Петр Владимирович
- Докторова Нарыйа Ивановна
курэхпит 5 туьумэхтэн турар:
1 туьумэх - бэйэни билиьиннэрии
2 туьумэх - талаан кердеруутэ
3 туьумэх - открытка оноруута
4 туьумэх - минньигэс астаах хаьаайкалар
5 туьумэх - муода кердеруутэ
Кыттааччыларбытыгар ситиьиини ба5арабыт!
1 туьумэх. Бэйэни билиьиннэрии
Кэскилбитин тустэьэр,
Кэнчээрини кэнэтэр,
Кэлэр кэми киэргэтэр,
Кэрэчээнэ кыргыттарбытын, ийэлэрбитин
Дохсун ытыс тыаьынан
Корсуо5ун, до5оттоор!
- Сыана5а ынырыа5ын маннайгы нуемэрдээх кыттааччыларбытын.
- Керсуе5ун, иккис нуемэрдээх кыттааччыларбытын.
- Ытыс тыаьынан сыана5а керсуе5ун уьус нуемэрдээх кыттааччыларбытын.
Кыттааччыларбытыгар махтанан ессе куускэ таьынан биэриэххэ. Кыргыттарбыт тустарынан ессе элбэ5и-сананы биллибит.
Истиэ5ин о5олор толорууларыгар ийэ туьунан ырыа.
- Чэ эрэ, о5олоор, ийэ туьунан олус учугэй ырыаны ыллаатыгыт, ийэ туьунан кэпсэтэ туьуе5уц:
- Эн ийэ5ин ким диэн ыцыра5ын?
- Ийэц хара5а хайда5ый?
-Ийэц батта5а хайда5ый?
- Саамай учугэй киэргэлэ тугуй?
-Улэлээн кэлээт тугу гынарый?
- Наьаа учугэйдик тугу астааччыный?
-Эйиэхэ тугу субэлиирий?
-Ийэ5эр тугу кемелеье5ун?
-Ийэ5ин кытта тугунан дьарыктанаргын себулуугун?
-Ийэц эйиигин хайдах уьугуннарарый?
-Ийэц тугу сатыырый?
2 туьумэх. Талаан кердеруу.
Хас биирдии киьи дьо5урдаах, талааннаах буолар.
Сахам кыыhын таптыыбын
Сайа5ас, истин санаатын,
Сырдык-ыраас мичээрин,
Сытыары-сымна5ас майгытын
Сахам кыыhын таптыыбын
Улэ5э-уерэххэ дьаныарын,
Уерэ-кете сылдьарын,
Ункулуурун-ыллыырын.
3 туьумэх. Открытка оноруута
Биьиги билэбит кэрэчээн кыргыттарбыт илиилэригэр олус талааннаахтар. Билигин кыргыттарбыт ийэлэрин кытта 5 мунуутэ иьигэр кулун тутар 8 кунугэр аналлаах открытка
Оонньуулар:
- «Спичка-копьё» - ийэлэр испиискэ ата5ын быра5аллар, ким ыраа5ы бырахпыт кыайар.
- Мас - тардыьыыта, испиискэнэн
- «Художник» - хас да пара кыттар. Ийэлээх о5о харахтара баайыллар, иккиэн субэлэьэн уочаратынан сибэкки дьербетун уруьуйдууллар. Саамай учугэй уруьуй кыайар.
4 туьумэх. Минньигэс астаах хаьаайкалар
Кыыс о5о анала алаьа дьиэни араначчылыыр, аал уоту иччилиир диэн буолар. Онон кини ас астыырга кыра сааьыттан уорэниэх тустаах. Ол иьин билигин кыргыттарбыт ийэлэрин кытта ас астыахтара. Ас астыылларыгар оруобуна биэс мунуутэ бэриллэр. Астарын астаан баран булуудэлэрин аатын, туох-туох кутуллубутун хайдах астанарын кэпсиэхтэрэ. аьы астыырга, киэргэтэргэ 5 мунуутэ бэриллэр.
Оонньуулар: сурукка суруллубуту кердеруу
5 туьумэх. Мода кердеруутэ
Танара табатын курдук таннаннар,
Сир симэ5ин курдук симэнэннэр
Талбыт курдук кэрэлэр
Тыллан эрэр кэрэчээнэлэрбит,
Сахам Айыы Куолара,
Сахам сырдык аанньаллара.
Конкурспут бутэhик саамай кырасыабай эппиэттээх туhумэ5эр дьэ тиийэн кэллибит. Билигин керуеххут кыыс ийэтинээнкэрэ платьеларын кэтэн наскылдьыйа, долгуннура хаамалларын. Бу туhумэххэ биhиги кыргыттарбыт бижутериялара, баттахтарын оноhуута платьеларыгар теhе барсарын, онно барсар гына туттан-хаптан хаамалларын биhиги убаастабыллаах дьууллур субэ, керееччулэр септеех сыанабылы биэриэхтэрэ диэн кэтэhэбит.
Баhыыбаларын! Бугун биhиэхэ бу кэрэчээн кыргыттарбыт ийэлэрин кытары кэрэ-бэлиэ умнуллубат киэhэни бэлэхтээбиттэрин иhин керееччулэр ааттарыттан махталбытын тиэрдиэххэйин. 5 туhумэх тухары кыттааччыларбыт сурдээ5ин долгуйбуттара, сылайбыттара буолуо, ол гынан баран убаастабыллаах дьууллуур субэ быhаарыытын, кимнээх кыайыылаах буолбуттарын долгуйа куутуеххэйин.
Дьууллуур субэ тумугу таьаарыар диэри биьиги о5олорбут эбээ туьунан ырыаларын бэлэх уунуохтара.
7. Тумугу таьаарыы, на5араадалааьын.
Дьэ бугун биhиги кыргыттарбытыттан, ийэлэрбититтэн сехтубут-махтайдыбыт. Бииртэн биир мааны танастаах, бэрт имигэстик туттан-хаптан, нарын куоластарынан, дьоhуннаахтык хамсанан, лыах курдук эргичийэн, таайтарардыы керен-истэн, кулэн-уерэн мичилийэн сцена5а тахсыбыттарын керен астынныбыт, уердубут-кеттубут.
Тумук – э5эрдэ тыл биэрэбит дьууллуур субэ5э.
Саха кэрэ дьуhуннээх кыыhа, мындыр ейдеех дьахтара, кини килбик таптала, еhуллубэт ейе, кууhэ-уо5а, былыр-былыргыттан олонхо5о туойуллара, кэпсээннэ кэпсэнэрэ, ырыа5а ылланара, хоhоонно хоhуллара. Ол тухары кини куруутун кэрэни эрэ тустуурэ, кэрэни эрэ ыралыыра, кэрэни эрэ айара.
Быйылгы сааскы сырдык куннэр кэрэ кыргыттарбыт, ийэлэрбит биhиги харахпытын сымнаттылар, сурэхпитин сылаанньыттылар, сургэбитин кетехтулэр.
Кунду керееччулэр, бугунну конкурс кыттыылаахтарыгар, кун кубэй ийэлэрбитигэр, убаастабыллаах дьууллуур субэ5э истин махталбытын тиэрдиэххэйин, дохсун ытыс тыаhын аныаххайын!
Аныгыс керсуеххэ диэри!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
СЦЕНАРИЙ ВЫПУСКНОГО ПРАЗДНИКА В ДЕТСКОМ САДУ. Мы предлагаем вашему вниманию интересный и веселый сценарий выпускного праздника для ДОУ. «Фильм! Фильм! Фильм!»
Сценарии выпускного праздника. Интересный, увлекательный, с любимыми героями сказок....
« Чудо от доброго сердца» сценарий музыкального кукольно-драматического спектакля по мотиву сказки Ганса Христиана Андерсена «Дюймовочка» ,автор сценария — Савиных Ольга Сергеевна.
Уважаемые коллеги и родители! Представляю Вашему вниманию сценарий, по которому был поставлен спектакль с детьми старших групп. Драматургическая эклектика дала возможность раскрыть свои таланты каждом...
Сценарий музыкальной сказки-импровизации для детей 5-го года жизни "Курочка Ряба", сценарий новогоднего утренника для малышей "В гостях у Умки"
Разработка сценария музыкальной сказки -импровизации"Курочка Ряба" может быть использована к весеннему праздничному развлечению 8 марта. В сценарии использован музыкальный материал по программе ...
Сценарий организованной деятельности детей II младшей группы. Мир природы. Тема: «Помощники» Интеграция образовательных областей: «Познание», «Художественное творчество», «Коммуникация», «Физическая культура» Сценарий организованной деятельности дете
Программные задачи. Научить детей классифицировать овощи и фрукты и дать понятие, где они растут.Закрепить понятие: широкий, узкий.Развивать речь детей, мышление, внимание и память. Активи...
Сценарий физкультурного досуга для детей старшего дошкольного возраста «Если очень захочу — в космос скоро полечу!» Аксинья Попова Сценарий физкультурного досуга для детей старшего дошкольного возраста «Если очень захочу — в космос скоро полечу!» Сценар
Сценарий физкультурного досуга для детей старшего дошкольного возраста «Если очень захочу — в космос скоро полечу!»Аксинья Попова Сценарий физкультурного досуга для детей с...