Сана Дьыл. "Аптаах чуораан"
методическая разработка (старшая группа)

Корнилова Анжелика Николаевна

О5о сааьыгар сеп тубэьиннэрэн, оноьуллубут сценарий. Кыра эрдэ5иттэн куьа5ан уонна учугэй диэн араарар уеруйэхтэрин сайыннарар былааннаах.

Скачать:


Предварительный просмотр:

МБДОУ “ЦРР – ДЕТСКИЙ САД №3 “Ньургуьун” с. Тойбохой МР “Сунтарский улус (район)” РС(Я)

Улахан белех о5олоругар ыытыллар

Сана дьылы керсер бырааьынньык сценарийа

“Аптаах чуораан”

Толордо:

Корнилова А.Н.

2022г.

Сана дьыллаа5ы сценарий

«Аптаах чуораан» 

Вед:  Утуе кунунэн, манна мустубут, тереппуттэр, ыалдьыттар! Барыгытын кэлэн иьэр 2023 сылынан итиитик-истинник э5эрдэлиибит! Сана уунэр сылга уерэххитигэр, улэ5итигэр ессе урдук ситиьиилэри ба5арабыт! О5олорбутун ытыс тыаьынан, уерэ – кете керсуе5ун.

(О5олор киэргэтиллибит залга музыканнан киирэллэр.Эрдэ ыйыллыбыт миэстэлэригэр тураллар, кыра хамсаныылаах ункуу ункуулууллэр. )

Хоьоон:

Мия:

Кэрэчээн харыйа

Налыччы киэргэммит

Араас да уотунан

Кулумнуу умайбыт.

Ча5ылый, ча5ылый

Куех Елка умайыый

О5олор кердерун

Эн миэхэ сырдатыый!

Ырыа «Сана дьыл» (бары)

 (олоппоско олороллор)

Вед: О5олоор бугун туох бырааьынньыгай? Сана дьыл! Саамай кууппут, кэтэспит куммут тиийэн кэллэ дии о5олоор. Эьигини барыгытын бу уерулээх кунунэн э5эрдэлиибит!

 Онтон ааспыкка Моруос о5онньорго онорбут открыткабытын тутан Моруос о5онньор наьаа уербут. Уонна биьиэхэ посылка ыыппыт. Арйын керебут дуо?

(Посылканы арыйаллар иьигэр

Сана дьыллаа5ы ба5а санааны толорор аптаах чуораан баар эбит ыытааччы Моруос суругун аа5ар).

Вед:  О5олоор эьиги ыыппыт э5эрдэ суруккутун керен уердум уонна бу эьиэхэ аптаах чуораан бэлэхтиибин туох эмэ кеме наада буолла5ына устэ тыаьатаарын! (ылын уурар)

Вед: О5олоор онтон бу харыйабыт уота то5о эрэ умайбакка турар эбит дии. Манна наьаа кырасыабай елкалар бааллар этэ ол елкаларбытын керен биьиги елкабыт керен уерэн, уотунан сандаарыа.      

( Кэрэчээн харыйа кыргыттар ункуулэрэ.)

ункуу кэннэ харыйа араас уотунан сандаара умайар.

Вед:. Харыйабыт уота умайда, заалбыт киэргэтиллибит, о5олор бары бааллар, онтон биьиэхэ ким Тиийбэтий. Моруос О5онньор! Чэ эрэ о5олоор Моруос о5онньорбутун ынырыаххайын эрэ!

О5олор бары: - Дед Моруос! Дед Моруос! Дед Моруос!

(Кутталлаах музыка тыаьыыр залга Королева киирэн кэлэр)

Королева: Хайа бу туох уеруутэ – кетуутэ буолла? Туох айдаана миигин аймаата, тымныы кыьынна сылаас тыына кэллэ?

Вед: Манна о5олор бырааьынньыктара, манна уеруу – кетуу, бырааьынньык. Сана дьылы керсееру муьуннубут.

Королева: Кутталлаах баайдык кулэр. Мин уеруу – кер буоларын олох себулээбэппин. Тымныы Моруос о5онньору заамакпар хаайбытым, быйыл бырааьынньык буолбат,  дии дии кулэ – кулэ тахса турар.

Вед: О5олоор дьэ хайдах буолабыт? Тугу гынабыт? ….(толкуйга туьэр)

Вед: О5олоор быйыл биьиэхэ туох сыла этэй? Куруолук сыла этэ дии. Аптаах чуорааммытын тыаьатан куруолугу кемелеьуннэрэ ынырабыт дуо?  

(ыйанан турар чуорааны баран тыаьатар, аанна ким эрэ тонсуйар аптаах ырыа тыаьыыр Кролик киирэн кэлэр)

Кролик: Того миигин ынырдыгыт о5олоор, туох буолла?

(О5олор эппиэттэрэ.)

Кролик: Ээ мин ити Королеваны билэбин, кини муус сурэхтээх, ол иьин мэльдьи кыыьыра сылдьар. Биьиги дэлби ункуулээн ыллаан, оонньоон  биэриэххэ. Оччого кини муус сурэ5э ууллан хаалыа.

Вед: Оо кырдьык да5аны, биьиги ункуу, ырыа, хоьоон бе5е билэбит. Куруолук эн биьиэхэ кэлбиккэр махтал уонна биьиги о5олорбут хайдах ыллыылларын, ункуулууллэрин кер. О5олоор билигин «Куобахчаан» диэн ырыабытын ыллыаххайын эрэ.

Ырыа : «Куобахчаан»

Вед: Биьиэхэ ессе хоьоон этээччи о5олор бааллар, тахсыахтара (Тимур, Динара, Таня, Каролина, Айыллаана, Артемий.)

Тимур:        

Туннукпутун туун кэлэн,

Туулунэн ким киэргэттэ.

Таьырдьаны керуехпутун

Кулуктэтэн кэбистэ.

Ити Моруос кырдьа5аспыт

Куруусуба бэрдин баайбыт

Онтукатын биьи диэбит

Туннугэр ыйаан кэиспит.

Таня:

Ждали праздника мы долго

Здравствуй, зимушка зима!

Здравствуй, праздник, здравствуй елка!

С Новым годом, детвора!

Каролина:

Саргылаах Сана дьыл

Салаллан кэллэ дии,

Киэргэллээх харыйа

Кэьиилээх эбит дии

Саьыллар, тииннэр,

Куобахтар, берелер

Эьэлэр, тайахтар

Эйэлээх да буолтар.

Вед: Манна биьиэхэ наьаа учугэй куобахтар бааллар, куобахчааннар ункуулээн кердеруеххут дуо?

(Куобахчааннар ункуулэрэ)

Кролик: Наьаа да маладьыас о5олор эбит.

Вед:  Санта Клаус уолаттар эьиэхэ анаан ункуулэрин бэлэхтиэхтэрэ.

Королева киирэн кэлэр: О5олор эьиги туохтан да куттаммат, наьаа уерунньэн о5олор эбиккит, эьиги уеруугутун керен мин муус сурэ5им ууллунна. Тымныы моруос о5онньору босхолоотум, миигин бырастыы гынын.

 Вед: О5олоор , Королеваны инник куьа5ан быьыыламмытын бырастыы гынабыт дуо? Королева о5олор эйигин бырастыы гыннылар уонна биьигини кытта бырааьынньыкка сырыт, уер- кет ункуулэс. 

Вед: О5олоор Тымныы Моруос о5онньорбутун дьэ ынырабыт дуо? Дед Моруос, дед моруос.

Т.О. -Дорооболоруҥ, оҕолоор! Саҥа дьылынан, саҥа дьолунан!!!

Мин эһиэхэ ыраах-ыраах Хоту дойдуттан Хаарчаана кыыспынаан айаннаан кэллим. Эһиги төһө улааппыккытын көрөөрү, төһө элбэх ырыа-хоһоон үөрэппиккитин истээри ыксаан кэллим.

Хаарчаана: Утуе кунунэн кунду о5олор, ыалдьыттар!

Сана дьылынан! Сана дьолунан!

Харыйа мас до5ордоох

Кыырпах хаар аргыстаах

Тымныы о5онньор сиэнэ

Хаарчаана диэн буолабын.

Бу аарыма харыйа аттыгар

Биьиэхэ анаан ырыата дьиэрэтин

Хоьоонно доргуччу аа5ын

Ункууну – битиини ке5улэтэ тутун

О5онньору уонна миигин уердун.

Ыытааччы: Тымныы о5онньор, о5олор эйиэхэ анаан ырыа хоьоон бе5е уерэппиттэрэ манна олороннут иьит.  

(Ырыа «Тугутчаан»)

Вед: О5олор маладьыастар билигин биьиги о5олорбут хоьоон аа5ан иьитиннэриэхтэрэ.

(Нарыйаана, Артур,Алиса, Эрэл, Дайаана, Ангелина, Сайынаара)

Нарыйаана:

Кэрэчээн харыйа налыччы симэммит

Кэллэ дии, кэллэ дии, Кэрэ кэм – сана дьыл.

Учугэй, учугэй уеруу- кер буолара,

Учугэй, учугэй Сана дьыл кэлэрэ.

Артур:

Кыппай хаар

Кыыдамнаата, кун уотугар кулумнээтэ.

Хаар ньуура Толбонура, Дьэрэкээн симэхтэннэ.

Эрэл:        

Намылыйар лабаа5ар киэргэл бэрдин эринэн        

Килбэчийэр киистэ5эр кемус дуйу бурунэн

Кыраьыабай бэйэкэн

Кынтайаахтыы лаглайан кунду алмаас онунэн

Кулумурдуу тура5ын.

Сайынаара:

Закружился хоровод

Льются песни звонко

Это значит – новый год

Это значит – елка.

Т.О:  Маладьыас да о5олор, билигин кыратык оонньуу оонньуохпут «Морозко» диэн ааттаах. Музыка тыаьаатага эьиги ункуулуугут, онтон торуоскабынан сиргэ о5устахпа тонон хаалыахтааххыт.

Вед: Тымныы о5онньор биьиги о5олорбут эьиэхэ ессее биир ырыаларын бэлэхтиэхтэрэ

«Елочка».

Ырыа: «Елочка»

Вед: О5олоор биьиги ессее биир ункулээх этибит дии «Зима – красавица»

Ункуу «Зима – красавица»

Вед: О5олоор онтон билигин бары тегуруччу туран сана дьыллаа5ы хороводка туруо5ун. Тымныы О5онньор, Хаарчаана эьиги эмиэ биьигини кытта эмиэ кыттыьын.

Т.О. Бадаарак түҥэтиэн иннинэ.

        - Дьэ, оҕолорум, улааппыккыт

        Элбэх ырыа-хоһоон билбиккит.

        Мин эмиэ эһиэхэ кэһиилээх кэллим,

        Оҕолорбор бадаарак аҕаллым!

   (түҥэтэр)

(Кэьии тунэтиитэ)

Т.О: - Оҕолоор, барар кэмим кэллэ. Атын оҕолорго салҕыы айанныам. Эһиил хайаан да кэлиэҕим, улаатыҥ, саҥа сылга бары дорулбай буолуҥ, үөрэ-көтө сылдьыҥ! Көрсүөххэ диэри!

Вед: Сана дьылы уерэ – кете керсун!

Оччого уунэр сыл эьиэхэ

Элбэх уерууну бэлэхтиэ

Саргыланнын сана дьылбыт!

Уруйданнын сана дьолбут!

Аныгыскы сылга керсуеххэ диэри!


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Исследовательский проект "Сани мои сани"

Цель: формировать у детей культуру безопасного поведения на улице в зимний период времени....

"Саный-саный уйныйбыз".

Урта яшьләрдәге төркем балалары белән санау-уен эшчәнлеген үзләштерү....

Дидактическое пособие "У Сони и Сани Синие Сани"

методические рекомендации к лэпбуку для детей 5-7 лет...

Презентация "Чуораан сибэкки"

Презентация для детей -ознакомление с окружающим миром...

Сана дьыллаа5ы сценарий «Оонньуурдар Сана дьылы керселлер»

Сана дьыллаа5ы сценарий «Оонньуурдар Сана дьылы керселлер»...

"Ах вы, сани мои, сани..." (поход в лес)

Поход - одна из эффективных форм активного отдыха детей и взрослых. Педагогу поход помогает решить не только физкультурно-оздоровительные задачи, но и образовательные (познавательные, речевые, во...