Сценарий празднования якутского национального праздника
материал

Татаринова Туйара Евгеньевна

Данный сценарий был составлен к Году семьи, вы можете отредактировать

Скачать:

ВложениеРазмер
Microsoft Office document icon stsenariy.doc53 КБ

Предварительный просмотр:

«Дьиэ кэргэн сылыгар» аналлаах ыhыах сценарийа

(Ыhыах арыллыан иннинэ эрдэттэн сахалыы ырыалар иhиллэллэр).

(хомус  тыаhа дуорайар).

1 Ыытаччы:                             Самаан сайын салаллыыта

                                                 Укээр  куйаас  туhуутэ,

Урун  кунтэн  куус  ылан,

Оппут-маспыт ко5орор,

Ситэн-тупсан чэлгийэр.

Тэпсиллибит, чин,ээбит,

Тэрэгэн  айан  суолунан,

Дьаарбан ыhыах сиригэр,

Дьалаhытан  киирдибит !

2 . Ыраах – чугас сирдэртэн, кунду ыалдьыттарбыт, аймах – билэ дьоннорбут, биир дойдулаахтарбыт! Дьиэ кэргэн сылыгар аналлаах ыhыахпыт туhулгэтигэр кэлин, сылдьын, ыалдьыттаан !

                  (чыычаах саната, хомус тыаhа иhиллэр)

  1. А5ыс Айыы алтыhар,

То5ус Айыы то5уоруhар,

Уйгу ыhыах  кунугэр,

Аан тылын этээри,

Алгыс баhын сыалаары,

Арыалдьыттарын аргыстаспыт,

Алгысчыппытын айхаллыа5ын,

Уорэ – кото  уруйдуо5ун !

(алгысчыт, 9 туруйа, 8 кыталык кыыс киирэллэр. 1 кыыс кытыйа5а – алаадьылаах, 1 уол – чороонноох кымыстаах)

Алгысчыт:                               Аан ийэ дойдум,

Айылгыылаах далбарыгар ,

Аhыныгас санаалаах,

Айыым  дьонноро

Сир иhиттэри сириэдитэн,

Сылгы кымыhынан толорон,

Саха ыалы уруйдаан,

Соргулаах ыhыа5ы ыстыбыт!

Бырдьа Бытык Хатан тимиэрийэ,

Тойон эhэкээним,

Айах амсайбатах

Ардахтаах аспыт урдуттэн,

Айыы айма5ын алгыстаах астарыттан,

Айах тутан аhатта5ым буоллун !

Аhаа! Аhаа! Аhаа!

(уоту арыылаах аладьынан аhатар,  кымыhынан 3 диэки ыhар) .

                Бэттэх корон мичик гын,

                Антах корон кулум аллай!

                Уоhэттэн толколоох,

                Урун  Айыыларбыт,

                Айгыр – силик айыл5абытыгар,

                Уруйдаан  араначчылар !

                    Уруй!  Уруй! Уруй!

 

                  (тахсан бараллар)

Ыытааччы:  хоту – со5уру сура5ырбыт.

                     Уйгу – быйан ыhыахпыт,

                     Буолар кунэ болдьонон,

                     Бука бары тэринэн,

                     Дьаарбан ыhыах сиригэр.

                     Дьалаhытан киирдибит!

НОМЕР

- Ыллам ырыа арааьын,

Ылын, тардан кэбиьиэ5ин.

Дор5оон, тойук  кылыьа5ын,

Маннык куннэ, маннык кэмнэ,

Ама Ким ыллыа суо5ай,

Маннык утуо, маннык дьикти,

Сайынн,ыны туойбат буолуой?

НОМЕР

Саман сайын киэргэлэ-

Хатын мас лаглайан,

Сибэккилии сиэттиhэн

Ханыылаhан уунэ5ин,

Хатын маска тэнниибит.

Ханнык ба5ар кэрэни,

Хатын маска холуубут.

Сурдык утуо саннаны.

НОМЕР

- саргылаах сахабыт сирэ оруу чэлгийэ, сайда турарыгар, эhиги кэлэр колуонэ,  дьоннут- сэргэ5ит утуотун, дьарыгын, ыhыктыман, мэлдьи ытыктыы – харыстыы сылдьын!

 НОМЕР

(биллэриитэ суох, 5. Монолог «Ытанньах кыыс» О5о ытыыра иhиллэр)

Ыытааччы:

Чыыбы - чаабы  чабыр5а5ы,

Чобуо – чопчуо санаран.

Чэйин эрэ о5олор,

Этэн – кэпсээн биэриэ5ин!

                        6 Чабыр5ах

Сирэм куоххэ сибэкки

Сиэдэрэй да сиэдэрэй,

Сиртэн тэйэн кун диэки,

Субу котуох, оо бэрдэй.

Э5эрдэ ырыа    7 «Току-току. Ньэм» - 

Илиилэрбит кынаттар.

Атахтарбыт туйахтар.

Онно ой, манна ой,

Оро кот оро дай,

Ункуулууру  са5алаа!  

                           8 «Булчут ункуутэ»

-Дьиэ – кэргэни араначчылаан,

Уунэр колуонэни иитэн,

Сурэ5ин сылааhын анаабыт.

Кун – кубэй ийэбит.

.«Ийэ5э махтал»

Нарын – намчы кыргыттар,

Оргууй уктээн киирдилэр.

Сана куну корсоллор.

Уорууну уллэстэллэр

10 «Кубалар»

 «Булунчаана» болох о5олорун толоруутугар  11 «э5эрдэ ункуутэ»

 

- О5олор хатан куоластарыгар кэлэр  кэм саната иhиллэр, о5олор сырдык мичээрдэригэр ыраас сана кыыма са5ыллар, кинилэр баар буоланнар тулабыт киэркэйэр, олох сал5ана турар…

Фольклорнай болох толоруутугар  12 . «Попурри» 

Илиилэртэн сиэттиhэн,

Эhиэкэйдээн биэриэ5ин,

Ыраас  чэбдик салгынна,

Уорэ – кото ункуулуо5ун!

          13 ункуу   «Туундара уоруутэ»    (улэьиттэр)

Тэйиэккэлиир дьиэрэнкэй.

Дьикти. Кэрэ. Бэhиэлэй,

О5о сааска дэлэгэй,

Оонньоон хаалар учугэй!

  Ункууhуттэр толорууларыгар  14 «Полька»

- сууруктээх урэ5и кэрийэн, чыычаахтыын тэннэ сырсан, сибэкки арааhын бэрийэн, урдук систэртэн дуу, алаас са5атыттан дуу . ыраах – чугас о5о-сааhым оргууй а5ай одуулаhар!

                               

                                      15 «куорэгэй» 

- уйгуулаах ыhыахха.

Уоруубун уллэстэн,

Мин эмиэ хоhуйуом.

Мин эмиэ чоргуйуом!

                                16 Хоhооннор

О5о саас уоруутэ киэн толооннорго уксээтин,

Аар хатын систэргэ ин,эрсийдин,

Урдук хайалары дабайан

Урдээн  , сайдан , кууhурэн,

Хоту  дойдубутун  симэттин !

                                17 «Хотугулуу  ункуу»  

- Аам-даам тымныылаах,

  Алыс элбэх буур5алаах,

  Иилэн ылбат тибиилээх.

  Кыыданнаах кыhыны туораан.

  Сайа5астай салгыннаах,

  Самаан сайынна уктэннибит !

(биллэриитэ суох   18 «Сахам сирэ»

( иккис куплетка сахалыы танастаах о5олор тахсаллар)

Ыhыах  2  чааhа

                  «уhун суhуох» конкурс сценарийа

Ыытааччы :   Кыыс кэтэhэр ыhыа5ы

                       Сана танас кэтээри.

                       Дьахтар кэтэhэр ыhыа5ы

                       Сана ытар5а кэтээри,

                       Эмээхсин кэтэhэр ыhыа5ы.

                       Сана ылаат баанаары,

«Уhун суhуох» курэ5ин уорэ-кото са5алыыбыт.  Конкурспут дьууллур субэ комиссията :

         

Оhуор солко охсуллар

Уhун суhуох сууллар

Нарын – намчы кыргыттар

Оhуор уктээн киирдилэр.

Дохсун ытыс тыаhынан корсобут «Уhун суhуох» конкурс кыттыылаахтарын!

                   (Музыка тыаьыыр . Кыргыттар киирэллэр)

Кырачаан  кыргыттары кытта билсиьиэ5ин.

             (аттарын ааттаталыыр - кыргыттар тахсан иьэллэр)

- Билигин  кыргыттарга  ыйытыы  биэрибит :

…………………… эн ахсаанна олус билиилээххин. Сатаан аа5а5ын, Уонна  олус учугэйдик ункуулуугун, олортон ханнык ункууну собулээн ункуулугун?

- Ункуулуургэ ким уорэтэр?

……………………… эмиэ ункуулургун олус собулуугун , уонна быйыл оскуола5а киирэр улахан киhи буоллун. Иллэн кэмнэр тугу гынаргын собулуугун?

- Ийэ5эр тугунан комолоhо5ун?

………………………………….., быйыл эмиэ оскуола5а киирэ5ин.

Эн саамай собулуур занятиян ханныгый ?

………………………………….., эмиэ собулээн ункуулуур, ыллыыр, ахсаан суоттуур, быйыл оскуола5а барарга 100% бэлэм.

- …….., эн саамай  ырыаhытын кимий ?

- Оскуола5а бардаххына детсааккын ахтыан дуо ?

……………………… кыра да буоллар олус элбэх ырыаны, хоhоону билэр. Детсаакка ыытыллар тэрээhиннэргэ кохтоохтук кыттар. Барыны бары интириэhиргиир, билэ – коро  сатыыр.

…………………, хас саастааххыный ?

- Собулуур остуоруйан ханныгый ?

Корбуккут курдук кыргыттар бары олус элбэ5и билэллэр, дьиэ5э – уокка  кыра хаhаайкалар.

- Билигин  кыргыттары  оссо биирдэ  хъаамтаран  ылыа5ын,

       (музыка тыаhыыр. Кыргыттар тогуруччу хаамаллар)

Саамай  долгутулаах. Куутуулээх тугуннэ тиийэн кэллибит.

Уhун суhуох кыайыылаа5ын тутумнаан быhаарарга сцена5а ынырабыт быйыл детсад иhинэн ыытыллыбыт «Урун Уолан» курэх кыайылаа5ын Барабанскай Юраны .

- Урун  Уолан  бухатыыры  уруйдуу  корсобут, уhун суhуох кыайыылаа5ын  долгуйа  куутэбит!  

Урун Уолан биирдиилээн кыргыттарга  чугаhыыр, имигэс ытыhынан суhуохтарын мээрэйдиир.

Суьуох хас тутум буоларын тэннэ аа5абыт.

                 ( суьуох кээмэйдиир )

Уhун суhуох кыайыылаа5а баhаарылынна. Дохсун ытыс тыаhынан корсуо5ун «Уhун суhуох» - 20_  сыл кыайыылаа5ын ______________ .

Сцена5а  таhаараллар  кыайыы  коронатын, лентатын .

Урун Уолан кыайыылаах  кыыска  коронаны кэтэрдэр чиэhи биэрэбит.

Кыайыы  лентатын  кэтэрдэр »…………………………………..   

- Конкурс кыттыылаахтарыгар сэмэй бэлэх туттарыллар. Ба5арыа5ын о5олорбутугар элбэх уоруулээх тугэни, дьоллоох о5о сааhы !


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Празднование тувинского национального праздника "ШАГАА"

Обучение детей, посредством игры, тувинским национальным играм....

Сценарий спортивного развлечения «Якутские национальные игры»

С ранних лет необходимо приобщать детей к культуре и традициям народа Саха через нетрадиционные народные игры. Предлагаю вашему вниманию спортивные национальные игры народов Саха для развития у р...

Тематический день посвященный празднованию национального праздника «Цаган Сар»

Тематический день посвященный празднованию национального праздника «Цаган Сар»...

Сценарий якутского национального праздника "Ысыах"

План-конспект сценария якутского национального праздника "Ысыах"...

Сценарий празднования 8 марта «Праздник Бантиков» младшая группа

Сценарий празднования 8 марта«Праздник Бантиков»...

Сценарий развлечения, посвященного национальному празднику «День народов Севера»

Действующие лица:Взрослые: Оленевод.Оформление зала. На центральной стене изображена зимняя тундра: олени, полярная сова, песец, белая куропатка, макет ненецкого чума, собаки около них.Оборудование: п...

Сценарий утренника посвященного национальному празднику « Цаhан Сар»

Цель: Знание обычаев и традиций встречи праздника Цаhан Сар.Задачи: Закрепить знания детей о традициях празднования праздника.Вызвать желание участвовать в празднике, создать радостную...