Технологическая карта дидактической игры "ТОК"
план-конспект занятия по развитию речи (старшая группа)

Павлова Октябрина Андреевна

«Толкуйдаа, оонньоо, кэпсээ» 

 

о5о тылын сайыннарар дидактическай оонньуу

 технологическай картата

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл t.o.k._did._oonnuu_tehkartata.docx22.29 КБ

Предварительный просмотр:

                                                          Министерство образования Республики Саха (Якутия)

МКУ муниципальный орган управления образования

Сунтарского улуса (района)

МБДОУ ДС «Чуораанчык»

«Толкуйдаа, оонньоо, кэпсээ»  

о5о тылын сайыннарар дидактическай оонньуу

 технологическай картата

        

                                                                                                   Айар бөлөх кыттааччылара:  Павлова Октябрина Андреевна,

                                                                                                                                                   Лобашкова Светлана Егоровна,

    Васильева Сардана Серафимовна

Бүлүүчээн с. 2022 с.

Иитээччилэр: Павлова Октябрина Андреевна, Лобашкова Светлана Егоровна, Васильева Сардана Серафимовна

Дидактическай оонньуу аата: Т.О.К. (толкуйдаа, оонньоо, кэпсээ)

Ыытыллар бөлөҕө: оскуолаҕа бэлэмнэнии бөлөх оҕолоругар

Ыытыллар кэмэ: сэтинньи 22 күнэ 2022 сыл

Тэрээһин көрүӊэ: бөлөҕүнэн

Сыала: Оҕо тылын, саңарар саңатын сайыннарыы.

Оонньуу сыала - соруга:

Үөрэтэр: Оҕоҕо тыл дорҕоонун, сүһүөҕүн састаабын ырытарга үөрэтии. Дорҕоон сурукка буукубанан бэлиэтэнэрин өйдөтүү.

Сайыннарар: Оҕо ситимнээх саӊатын, толкуйдуур дьоҕурун, өйгө тутар, өйгө оӊорон көрөр дьоҕурун, болҕомтотун,  кэпсиир үөруйэхтэрин сайыннарыы, тылын саппааһын  байытыы.            

 Иитэр: Бэйэ – бэйэҕэ көмөлөһөргө иитии, оонньууга көхтөөхтүк кыттарга оҕо интэриэһин тардыы.

Туттуллар тэриллэр: 6 мнемотехника таблицата, 15 араас  барамай ойуулаах карточкалар, 15 фетрынан оноһуллубут буукубалар, улахан поролонтан оноһуллубут кубик (кубик өрүтүн ахсын, барамай бэлиэтин көрдөрөр ойуу)

Көһүтүллэр түмүгэ: Оҕо кэпсиир үөруйэхтэрэ сайдар, тылга дорҕоон миэстэтин быһаарарга, дорҕоону чуолкайдык саңарарга, тыл сүһүөҕүн састаабын ырытарга үөрэнэр, саңаны, сонуну билэргэ бэлэм буолар, барытын сэргиир.

Дид/оонньуу тутула

Оонньуу этаптара

Иитээччи дьайымала

Оҕо дьайымала

Үөрэхтээһин уобаластарын дьүөрэлэһиитэ

Бириэмэтэ

Киирии чааһа

Соһуччу түгэн

Проблеманы туруорааһын

Үтүө күнүнэн о5олор!

Көрүң эрэ,  бу туох дьикти кубига турарый? Кубик өрүттэригэр ханнык   предметтэр ойууларын көрөҕүтүй?

Оҕолор, эһиги эһиил оскуолаҕа үөрэнэ бараҕыт дуо?  Оскуолаҕа бараргытыгар эһиги кэпсиир үөруйэххит сайдыбыт буолуохтаах. Тыл дорҕоонун, сүһүөҕүн састаабын ырытарга үөрэниэхтээххит. Ону барытын билэ5ит, сатыыгыт дуо, о5олоор? Ити үөруйэхтэри сайыннараргытыгар эһиэхэ    көмө буолуоҕа   «Толкуйдаа, оонньоо,  кэпсээ» диэн саңа оонньуубут. Үөрэнэ таарыйа оонньуубут дуо, о5олор?

Оҕолор коврикка сытар кубигы көрөллөр, иитээччи ыйытыгар эппиэттииллэр

(массыына, сибэкки, тураах, чааскы, пирамида, куобах)

О5олор эппиэттииллэр

«Оҕо билэр-көрөр дьоҕурун сайыннарыы»

 «Оҕо тылын-өһүн сайыннарыы»

 

       2    мүн.

Сүрүн чааьа

Түмүк чааһа

Оонньуу 1 барыйаана

Оонньуу 2 барыйаана

Оонньуу 3 барыйаана

Рефлексия

Чэйиң эрэ, оҕолор, кубигы төкүнүтүң эрэ…

Нарыйаана, эйиэхэ ханнык ойуу түстэ?

(Куобах)

Куобах туһунан тугу билэргин кэпсээ. Ыарырҕатар буоллаххына, бу мнемотаблицаны көмөлөһүннэр.

Денис, кубигы төкүнүт эрэ…ханнык ойуу түбэстэ? (массыына)

Массыына диэн тыл ханнык дорҕоонтон саҕаланарый? (М)

Сөп, маладьыас! Бу коврикка сытар ойуулартан М дорҕоонтон тахсар предмети булан биэр.

Алияна, кубигы быраҕар уочарата кэллэ…

Ханнык ойуу түбэстэ? (Чааскы) Алияна, бу Чааскы диэн тыл хас сүһүөхтэн турарый? (икки)

Сөп, маладьыас! Аны бу коврикка сытар ойуулартан икки сүһүөхтээх тыллары бул уонна сүһүөххэ арааран бэрэбиэркэлээ.

Оҕолор, саңа оонньубутун сөбүлээтигит дуо? Оонньуубут аата туох диэн этэй? Оонньуу ханнык түгэннэрин сөбүлээтигит? Туохха ыарырҕаттыгыт? Бу оонньууну элбэхтик оонньоотоххутуна саңарар саңаҕыт, кэпсиир үөрүйэххит сайдыаҕа, санааҕытын сааһылаан саңарар дьон буолуоххут. Көрсүөххэ диэри о5олор!

Оҕо кубик өрүтүгэр түспут ойуутун этэр уонна бу предмет  туһунан мнемотехника көмөтүнэн кэпсиир. Ыарырҕаттаҕына доҕотторо көмөлөһөллөр.

Оҕо кубигы төкүнүтэр, кубик өрүтүгэр түспут ойуутун көрөн, бу тыл ханнык дорҕоонтон саҕаланарын этэр уонна коврикка сытар ойуулартан М дорҕоонтон тахсар тыллаах предмети булан биэрэр. Ыарырҕатта5ына оҕолор көмөлөһөллөр.

 

Оҕо кубигы төкүнүтэр, кубик өрүтүгэр туспут ойуутун көрөн, бу тыл хас сүһүөхтэн турарын ытыһын таһынан көмөлөһүннэрэн этэр (Чаас - кы) уонна коврикка сытар ойуулартан икки сүһүөхтээх тыллары бэлиэтиир ойууну булан биэрэр. Ыарырҕатта5ына оҕолор көмөлөһөллөр.

Оҕолор эппиэттииллэр, туохха ыарырҕаппыттарын, оонньуу ханнык түгэннэрин сөбүлээбиттэрин кэпсииллэр.

«Оҕо тылын-өһүн сайыннарыы»

«Оҕо билэр-көрөр дьоҕурун сайыннарыы»

«Оҕо тылын-өһүн сайыннарыы»

«Оҕо билэр-көрөр дьоҕурун сайыннарыы»

   6 мүн.

   

 1 мүн.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Технологическая карта дидактической игры в подготовительной группе

Технологическая карта дидактической игры в подготовительной группе на тему: «Назови предыдущее и последующее число и букву»...

Технологическая карта дидактической игры «Окно наблюдений за явлениями природы»

В данной методической разработке представлено поэтапное изготовление игрушки-самоделки «Окно наблюдений за явлениями природы» для детей раннего возраста....

Технологическая карта дидактической игры «Волшебные кольца»

Игра по ТРИЗ  для расширения и углубления экологической культуры детей старшего дошкольного возраста....

Методическая разработка : Технологическая карта дидактической игры "Насекомые"

Дидактическая игра "Насекомые" для детей с 3 лет. Развивающая игра направлена познакомить ребёнка с окружающим миром, способствует развитию речи, памяти, мышления....

Технологическая карта. Дидактическое пособие- мягкий развивающий куб.

Дидактический  материал: Мягкий развивающий куб....

Технологическая карта дидактической игры «Волшебный бубен» для детей среднего дошкольного возраста.

Технологическая карта дидактической игры «Волшебный бубен» для детей среднего дошкольного возраста/...

Технологическая карта дидактическое пособие «Анатомический фартук»

Дидактическое пособие «Анатомический фартук» для детей старшего дошкольного возраста, предназначено для ознакомления дошкольников со строением организма человека и его органами. Играя дети...


 

Комментарии

Павлова Октябрина Андреевна

Мне нравится