Сценарий "Лучший младший воспитатель - 2024"
материал
Иитээччи ккөмөлөһөөччүтэ күрэх сценарийа
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
iiteechchi_komolohoochchute-2024.docx | 22.68 КБ |
Предварительный просмотр:
«Младший воспитатель - 2024» сценарийын торума
Ыытыллар күнэ: 12.12.2024, сарсыарда 11ч.
Буолар сирэ: «Сарыал» сынньалан киинэ
Тэрийээччилэр: “Күн туллуктара” оҕо саада
“Чороонноох үҥкүү» күрэҕи аһар
Фанфар тыаһыыр, ыытааччылар сценаҕа тахсаллар
1 ыытааччы: Нөрүөн нөргүй ыраахтан-чугастан тоҕуоруһа мустубут күндү ыалдьыттар, күрэх кыттыылаахтара, убаастабыллаах дьүүллүүр сүбэ!
2 ыытааччы: Чэбдик салгыннаах күммүт күндээрбит, ыраас хаар үктэллээх кырыа кыһын салаллыбыт кэмигэр, көхтөөх көрөөччүлэрдээх, талааннаах кыттааччылардаах дьоро күн үүммүтүнэн бука барыгытыгар ис сүрэхтэн эҕэрдэ!
1 ыытааччы:«Иитээччи көмөлөһөөччүтэ - 2024» улуустааҕы күрэҕи сэргээн, сэҥээрэн кэлбиккитигэр махтанабыт уонна бүгүҥҥү күрэхпитин аһыллыбытынан ааҕабыт.
2 ыытааччы: Бу күрэхпитигэр кыттыахтара кэскиллээххэ уһуйар кэрэмэс дьоннор, үйэлээххэ үөрэтэр үтүө аргыстар, сырдыкка эрэ угуйар эйэҕэс эдьиийдэр, санааны кынаттыыр, үрдүккэ көтүтэр иитээччи көмөлөһөөччүлэрэ.
1 ыытааччы: Эһиги дохсун ытыскыт тыаһынан доҕуһуоллатан күрэхпит кыттааччыларын сценаҕа ыҥырабыт.
(музыка тыаһыыр, күрэхтэһээччилэр биирдии-биирдии сценаҕа тахсаллар, экранна хаартыскалара кестер)
1. Большакова Валентина Константиновна – Ытык-Күөллээҕи “Туйаара” оҕо саада
2. Атласова Надежда Алексеевна – Ытык-Күөллээҕи “Күн туллуктара” оҕо саада
3.Ушницкая Мария Григорьевна – Чөркөөхтөөҕү “Аленушка” оҕону сайыннарар киин
4. Погодаева Анастасия Гаврильевна – Уус-Тааттааҕы “Харыйачаан” оҕо саада
5. Егорова Марина Алексеевна – Харбалаахтааҕы “Кэскил” оҕо саада
6. Петрова Алена Егоровна – Уолбатааҕы Владимир Ильич Ленин аатынан орто оскуола
7. Маркова Марфа Николаевна – Ытык-Күөллээҕи “Березка” оҕо саада
8. Габышева Людмила Лукинична – Алексей Елисеевич Кулаковскай аатынан Дьохсоҕон орто оскуолата
9. Герасимова Александра Федоровна – Ытык-Күөллээҕи “Сулусчаан” оҕону сайыннарар киин
10. Антоева Анна Алексеевна – Эдуард Карлович Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолата
11. Крылова Александра Николаевна – Хара-Алдан орто оскуолата
2 ыытааччы: Хайа баҕарар күрэх бастыҥнары быһаарар, чулуулары талар дьүүллүүр сүбэлээх буолар. Ол сиэринэн биһиги күрэхпитин дьүүллүөхтэрэ:
1.Христофорова Светлана Тимофеевна – Дьокуускайдааҕы медицинскэй колледж Тааттатааҕы филиалын салайааччыта
2. Сидорова Сардана Николаевна – улуус үөрэҕэриитин методическай арыаллааһынын отделын сүрүн специалиһа
3. Тистяхова Евдокия Дмитриевна – уһуйаан ветеран үлэһитэ
4. Осипова Валентина Романовна – «Лучший младший воспитатель” проект ааптара
5. Сергеева Лилия Андреевна – “Сарыал” культура уонна спорт сайдыытын киинин уус-уран салайааччыта
Күрэхпит үс түһүмэхтэн турар, хас биирдии түһүмэх биэстии баалынан сыаналанар.
1 ыытааччы: Тыл бэриллэр “Күн туллуктара” тэрилтэ салайааччытыгар Татаринов Иннокентий Николаевичка.
2 ыытааччы: Күрэхпит кыттааччыларыгар ситиһиини, кыайыыга дьулууру баҕарабыт. Бу күн эһиэхэ умнуллубат үтүө өйдөбүллэри аҕаллын диэн туран күрэхпитин саҕалыыбыт.
(Музыка тыаһыыр)
1 ыытааччы: Күрэхпит бастакы түһүмэҕэ - «Я и мое кредо». Манна кыттааччылар 3 мүнүүтэ устата бэйэлэрин, үлэлэрин туһунан эһиэхэ сырдатыахтара, билиһиннэриэхтэрэ.
2 ыытааччы: Саха дьахтара өбүгэ саҕаттан туох баар үлэни барытын өрө тутан, бэйэтин нарын санныгар сүгэн кэллэ. Дьахтар эйгэтэ олус киэҥ. Ас астааһыныттан саҕалаан иискэ тиийэ диэн туран «Талантливая няня» иккис түһүмэхпитин саҕалыыбыт. Бу түһүмэххэ кыттааччылар уран тарбахтарынан бэлэмнээн аҕалбыт оҥоһуктарын 5 мүнүүтэ иһигэр туох материалы туттан оҥорбуттарын эһиги иннигитигэр кэпсиэхтэрэ, көмүскүөхтэрэ.
1 ыытааччы: Наҕыл, мындыр, булугас өйдөөх, кэскиллээх санаалаах иитээччи көмөлөһөөччүлэрин “Профессиональная деятельность” диэн үһүс түһүмэххэ сценаҕа ыҥырабыт. Эһиэхэ үстүү сорудахтаах кэмбиэр бэриллэр. Хас биирдии кыттааччы бу кэмбиэрдэртэн биири талан ылаҕыт уонна ыйытыылары ааҕан баран 3 ыйытыыга 2 мүнүүтэ иһигэр хоруй биэрэҕит.
2 ыытааччы: Күндү көрөөччүлэрбит, биир идэлээхтэрбит! Томороон тымныыны аахсыбакка биһиги тэрээһиммитин кэлэн көрбүккүтүгэр, сылаас ытыскыт тыаһын бэлэхтээбиккитигэр ис сүрэхтэн махтанабыт уонна “Күн туллуктара” оҕо тэрилтэтин үлэһиттэрэ бэлэмнээбит эҕэрдэ нүөмэрдэрин көрөргүтүгэр ыҥырабыт.
Эҕэрдэ нүөмэрдэр
- Дуэт толорууларыгар “Ийэкээм”
- Үҥкүүһүттэр бөлөхтөрүн толоруутугар «Кыайыы вальса”
- Андриан Павлов тыллара уонна матыыба “Сэгэриэм” толорор Анатолий Матвеев
Фанфар тыаһыыр
1 ыытааччы: Дьэ эрэ доҕоттоор бастыҥнары быһаарар кэтэһиилээх түмүк билиннэ. Наҕараадалары, анал ааттары туттарарга тыл бэриллэр дьүүллүүр сүбэҕэ.
Жюри күрэх түмүгүн иһитиннэрэр
2 ыытааччы: тыл бэриллэр “Күн туллуктара” оҕо саадын сүрүннүүр иитээччитигэр Иовлева Прасковья Романовнаҕа.
1 ыытааччы: Истиҥ истээччилэрбит, күндү көрөөччүлэрбит! Баҕарабыт түбүктээх үлэҕитигэр ситиһиилэри, дьолу, доруобуйаны. Саамай ыарахан, эппиэтинэстээх үлэни толоро сылдьар дьоммутугар эгэлгэ тыл үтүөтүн тиэрдэбит. Манан “Младший воспитатель – 2024» күрэхпит түмүктэнэр, көрсүөххэ диэри.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Консультация для младших воспитателей ДОУ "Взаимодействие воспитателя и младшего воспитателя в педагогическом процессе и повседневной жизни детей в ДОУ"
Консультация для младших воспитателей ДОУ "Взаимодействие воспитателя и младшего воспитателя в педагогическом процессе и повседневной жизни детей в ДОУ".Данная консультация раскрывает отличи...
Визитная карточка участника конкурса "Воспитатель -2024"
Визитная карточка...
План самообразования воспитателя 2024-2025 уч.г.
Повышение профессионального уровня, повышение эффективности реализации задач по физическому воспитанию дошкольников в условиях реализации ФГОС посредством подвижных игр....
Эссе: "Воспитатель 2024 года"
Рассуждения на тему каким может быть воспитатель в 2024 году (эссе)...
Эссе «Воспитатель 2024 года»
Размышления что будет 2024 году...
Мастер-класс «Использование кинезиологических упражнений в коррекционной работе с детьми с ОВЗ» в рамках проведения методического объединения молодых воспитателей (2024 г.)
Обогащение знаний молодых воспитателей по использованию кинезиологических упражнений в коррекционной работе с обучающимися ОВЗ...
Рабочая программа воспитателя (вторая младшая группа) 2024 - 2025
Рабочая программа воспитателя 2-ой младшей группы...