Технологическая карта: Исидор Никифорович Барахов (Иванов)
материал
Исидор Никифорович Барахов (Иванов)
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
isidor_nikiforovich_barahov_ivanov.docx | 21.11 КБ |
Предварительный просмотр:
Дуллукутээ5и о5ону сайыннарар киин «Кустук» уьуйаан.
Исидор Никифорович Барахов (Иванов)
(Улахан бөлөх оҕолоругар аналлаах аһаҕас дьарык)
Иитээччи: Степанова Аида Владимировна
(1 категория)
2022 сыл
Дьарык сыала:
И. Барахов туһунан улахан бөлөх оҕолоругар билиһиннэрии
Соруга:
- И.Барахов кимин, тугун билиһиннэрии
- төрүт дойдубут историятыгар интириэһи тардыы
- оҕо өйдүүр, толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы
- таба быраҕарга үөрэтии
- оҕо уруһуйдуур, кырыйар үөрүйэхтэрин сайыннарыы
Туттар тэрил:
- интерактивная доска
-компьютер;
- дьарык ис хоһоонунан быыстапка;
- от, сибэкки гербарийдара;
- крокет;
- харандаас,туос лоскуйдара, кыптыый, кыыллар, көтөрдөр, дьиэ сүөһүлэрин шаблоннара;
Дьайымал тутула | О5о5о уеруйэ5и, сатабылы инэрии (олохсутуу) | Иитээччи дьайымала | О5о дьайымала | Туттуллар тэрил | Бириэмэтэ |
Киирии чааьа (бэсиэдэ) |
И.Барахов кимин, тугун билиһиннэрии. | - Утуе кунунэн. - Оҕолоор, төрөөбүт норуоттарын историятыгар өлбөт-сүппэт бэлиэни хаалларбыт, үйэлэргэ өлбөөдүйбэт дириҥ суоллаах-иистээх дьон баар буолаллар. Бэйэлэрэ суох буолбуттарын да иһин,оннук дьону норуот мэлдьи саныыр, сырдык ааттарын кэриэстиир кинилэртэн биирдэстэринэн төлөннөөх революционер, биллиилээх государственнай деятель, Саха АССР тэриллиитигэр сүдү кылааты киллэрбит Исидор Никифорович Барахов (Иванов) буолар. | Утуе кунунэн. | Слайда Исидор Никифорович Барахов туьунан. | |
Сурун чааьа (тэрээьиннээх улэ) | 1. И. Барахов туһунан быыстапка:
2. Гербарыйтан буклет. 3. Экономика5а сыьыаннаах улэтин истии. (Суоттааьын) | -О5олоор, керун эрэ бу Исидор Барахов туьунан кинигэлэр, хаьыаттар бааллар. Керуе5ун эрэ. -Оҕо эрдэҕиттэн Исидор аһыныгас, доҕотторун хаһан да атаҕастаабат, аҕыйах саҥалаах буола улааппыт. Сайын бээтэ санаатыттан араас үөннэри, сибэккилэри хомуйан, гербарий оҥорон, оскуолатыгар биэрэр эбит. Биьиги эмиэ Исидор курдук гербайынынан буклет оноруохпут. Исидор Барахов суоттаан, былааннаан 1923 с. онорбут дакылаатыгар тыа хаьаайыстыбатын ере кете5уу, кустарнай уонна ремесленнаэй производтсвоны сайыннарыы, “Саха ереспуубулктин промышленноьа, суола – ииьэ уонна инникитэ” диэн ыстатыйатыгар сиртэн хостонор баайдары суолу – ииьи тупсардахха толору кедьуустээхтик туьаныахха сеп диэбит. Биьиги суот суоттаан керуехпут. | О5олор Исидор Барахов кинигэлэрин, хаьыаттарын тутан хабан кереллер. О5олор от, сибэкки гербарийдарынан буклет онорон рамка5а угаллар. Исидор Барахов экономика5а сыьыаннаах улэтин истэллэр. Суот суоттууллар. Ейге суоттаабыт суоттарын, туспа сытар сыыппараах сэбирдэххэ, сепке уураллар. | Исидор Барахов туьунан кинигэлэр, буклеттар, хаьыаттар. Сэбирдэхтэр,от, клей, рамка, кыптыый. . Сыыппаралаах сэбирдэхтэр. | |
4.Тылга сыьыаннаах улэтэ. (Сахалыы доргооннору ааттаталааьын) | 1920-с сыллардаахха саха алпабыытын, саха тылын үөрэтиигэ, сайыннарыыга, үрдүк таһымҥа таһаарыыга, киниэхэ государственнай тыл анал туругун иҥэриини ситиһиигэ боччумнаах үлэни оҥорбута. «Тыллар тэҥ бырааптаах буолуулара» диэн ыстатыйаҕа тыллар бырааптарын, сахатытыы туһунан сиһилии суруйар, сахатытыы — нуучча тылын үтүрүйүү буолбатаҕын бэлиэтиир. О5олоор биьиги сахалыы алпабыыппыт хас дор5оонноо5уй? (40). 33 ьэ нууччалыы дор5оон онтон 7 тэ сахалыы доргоон. (Ҕҕ, Дд, Дьдь, Ҥҥ, Ньнь, Өө, Үү) | Сахалыы доргооннору бутэй, аьа5ас дор5оон диэн араараллар, ааттыыллар. | Сахалыы дор5ооннор, фишкалар бутэй, аьа5ас. | ||
5.Крокет оонньуу быраабылатын быһаарыы оонньотуу. | Исидор лоп курдук тыллаах-өстөөх, көрсүө-сэмэй майгылаах, ис киирбэх сэбэрэлээх оҕо эбит. Кинигэни төһө да таптаан аахтар, табаарыстарын кытта оонньуу барарыттан аккаастаммат буолара. Кини баалкынан (сүөһү бэрбээкэйин кэккэлэччи туруоран баран быраҕаттаан) оонньууру ордук таптыыра. Биһиги эмиэ оннук оонньоон көрүөхпүт. Кеглилэри туруортаан таба быраҕарга куоталаһыы. | Хас биирдии о5о киэгилэни сепке бырага сатыахтаах. | Киэгилэлэр, кыра мээчиктэр. | ||
6.Туоска шаблон түһэрии | Исидор оҕо эрдэҕинэ туостан араас кыыллары, көтөрдөрү, дьиэ сүөһүтүн үүт-үкчү хайдах баарынан кырыйар дьарыктааҕа, уруһуйга улахан дьоҕурдааҕа үһү. -О5олоор туос луоскуйдарын тутан кердубут эрэ кытаанах ду? Сымна5ас ду? Кырыйан кердубут. -биьиги кумаахыга кыыллары туьэрэн баран кырыйыахпыт. | Оҕолор туоска шаблон көмөтүнэн араас кыыллары, көтөрдөрү, дьиэ сүөһүлэрин түһэрэллэр кырыйаллар. | Харандаас,туос лоскуйдара, кыптыый, кыыллар, көтөрдөр, дьиэ сүөһүлэрин шаблоннара. | ||
Тумук чааьа | О5олоор, бүгүн ким туһунан кэпсэттибит? - кини туох, хайдах киһи эбитий? - оҕо сылдьан тугу гынарын, хайдах оонньуурун сөбүлүүр эбитий? | О5олор эппиэттэрэ. |
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Технологическая карта организованной образовательной деятельности. Познавательное развитие. ФЦКМ, расширение кругозора. Технологическая карта по теме: « Кем я хочу быть»
Технологическая карта по теме: « Кем я хочу быть»...
Технологическая карта организованной образовательной деятельности. Познавательное развитие. ФЦКМ, расширение кругозора. Технологическая карта по теме: «Мама – самый верный друг»
Технологическая карта по теме: «Мама – самый верный друг»...
Технологическая карта организованной образовательной деятельности. Познавательное развитие. ФЦКМ, расширение кругозора. Технологическая карта по теме: «Профессия - военный»
Технологическая карта по теме: «Профессия - военный»...
Технологическая карта организованной образовательной деятельности. Познавательное развитие. ФЦКМ, расширение кругозора. Технологическая карта по теме: «Праздник вежливости»
Технологическая карта по теме: «Праздник вежливости»...
Технологическая карта организованной образовательной деятельности. Познавательное развитие. ФЦКМ, расширение кругозора. Технологическая карта по теме: «Дружат люди всей земли…..»
Технологическая карта по теме: «Дружат люди всей земли…..»...
Технологическая карта организованной образовательной деятельности. Познавательное развитие. ФЦКМ, расширение кругозора. Технологическая карта по теме: «Как содержать книги в чистоте и порядке» (исследовательская деятельность)
Технологическая карта по теме: «Как содержать книги в чистоте и порядке» (исследовательская деятельность)...
ТЕХНОЛОГИЧЕСКАЯ КАРТА ОБРАЗОВАТЕЛЬНОЙ СИТУАЦИИ Группа __подготовительная_________воспитатель Халикова В.В Тема ОС Лепка «Встреча Иван - царевича с лягушкой» Культурна практика Изобразительная
Культурно-смысловой контекстСоздание сюжета к сказке «Царевна-лягушка» из пластилинаЦельСоздание условий для формирования навыка детей изображать несложный эпизод сказкиЗадачи:ОбучающиеРаз...