Технологическая карта занятия "Сэрии са5аланыыта"
план-конспект занятия (подготовительная группа)
Тиэмэтэ: “Сэрии саҕаланыыта”
Сыала: Оҕолорго Улуу сэрии туһунан өйдөбүлү биэрии
Соруга:
- Оҕо билиитин сайыннарыы , Улуу сэриигэ сэбиэскэй солдааттар хорсун быһыыларын үөрэтии , тылы сайыннарыы
- Сэриигэ баар идэлэри хатылааһын
- Оҕолор сэрии туһунан сөпкө толкуйдуулларын, саҥараларын сайыннарыы
- Кыайыы күнүн туһунан оҕолор төһө билэллэрин бигэтии
- Оҕо өйүн , тылын сайыннарыы
- Оҕо бэйэ хаачыстыбатын сайыннарыы: патриот, кырдьыгы көрөрү, үтүө киһи буоларын бигэтии
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
Технологическая карта "Сэрии са5аланыыта" | 29.79 КБ |
Предварительный просмотр:
ГБПОУ Вилюйский профессионально-педагогический колледж им. Н. Г. Чернышевского
Дошкольное отделение
Технологическая карта
Оҕону оскулаҕа бэлэмниир бөлөх
“Сэрии саҕаланыыта”
Оҥордо Сивцева Федора Александровна
421 группа устудьуона
Көрдө Бурнашова Евгения Егоровна
Бүлүү 2021
Тиэмэтэ: “Сэрии саҕаланыыта”
Сыала: Оҕолорго Улуу сэрии туһунан өйдөбүлү биэрии
Соруга:
- Оҕо билиитин сайыннарыы , Улуу сэриигэ сэбиэскэй солдааттар хорсун быһыыларын үөрэтии , тылы сайыннарыы
- Сэриигэ баар идэлэри хатылааһын
- Оҕолор сэрии туһунан сөпкө толкуйдуулларын, саҥараларын сайыннарыы
- Кыайыы күнүн туһунан оҕолор төһө билэллэрин бигэтии
- Оҕо өйүн , тылын сайыннарыы
- Оҕо бэйэ хаачыстыбатын сайыннарыы: патриот, кырдьыгы көрөрү, үтүө киһи буоларын бигэтии
Туттар тэрил: Улуу сэрии туһунан хартыыналар, байыанан идэлэр хартыыналара, сэрии кэмнээҕи ырыалар , хоһоон, таабырыннар, өс хоһооннор .
Үөрэтэр тыллар: сэрии,ветеран, наҕараада,кыраныысса ,фронт
Дьарык барыыта
Сүһүөхтэрэ | Иитээччи үлэтэ | Иитиллээччилэр үлэлэрэ |
| Оҕолоор, хатылыаххайын эрэ -Ийэ дойду диэн кимий? -Биһи олорор өрөспүүбүлүкэбит ким диэний? -Ханнык дойдуга олоробутуй? Саамай сөп ,оҕолоор. Биһи олорор сирбит ,дьиэбит, доҕотторбут баар оҕо уһуйаана, ийэн сылааһа, айылҕабыт, тыаҕа үүнэр отоннор бу барыта биһи Ийэ дойдубут буолар . | - иитээччи ыйытыыларыгар эппиэттииллэр |
| Билигин көрүн эрэ оҕолоор, манна сыыпаралар миэстэлэрин буккутан кэбиспиттэр. Билигин биһи маны сааһылаатахпытына биһиэхэ тыл тахсан кэлиэ. Оҥоруоххайын эрэ. -биһиэхэ ким диэн тыл тахыста? (кыраныысса) -Ким билэрий кыраныысса диэн тугун? -Саамай сөп оҕолоор. Кыраныысса эбэтэр государственнай кыраныысса диэн сокуон быһыытынан биһиги олорор дойдубутун атын сиртэн араарар сурааһын буолар. Кини исписээлнэй кыраныссатааҕы бэлиэнэн бэлиэтэнэр уонна харыстыыр кыраныысса сэрииһитэ баар буолар. -Тоҕо кыраныыссаны көмүскүүллэрэ буолуой? -Саамай сөп. Биһи дойдубутугар элбэхтэ атын дьон сэриилээн киирэн турардаах. Ол иьин бүгүн биһи Аҕа дойду Улуу сэрии туһунан дойдубутун харыстаабыт хорсун саллааттар тустарынан үөрэтэн ааһыахппыт. Аҕа дойду Улуу сэрии Бэс ыйын 20-с , 1941 сыллаахха саҕаламмыта. Чиччик өстөөх биһиэхэ сэриини биллэрбэккэ аата, эмискэччи саба түспүтэ. Фашистар түргэнник кыайарга эрэниилээх, туох баар баай сирдэри ылаары, дьону хара үлэһит оҥостоору санаммыттар. Ол эрэн биһи дьоммут дойдуну харыстаары чыыста бары кыраттан улахан киһиэхэ дыары сэриигэ ыстаммытар. Бу кэмнэргэ нууччаллыы биллэр ырыа тахсыбыта. “Вставай, страна огромная” Кылгастык истэн ааһырыахын. -Онтон оҕолоор, эһи санааҕытыгар сэрии диэн тугуй? -Этэллэр ди, кутурҕан бэйэтэ сыттаах буолар диэн. Сэрии буолаҕына уот уонна күл сыттаах. Сэрии диэн аһыы көлөһүн , киһи кэтэһэр уонна эмиэ да кэтэспэт суруга . Сэрии диэн эдэр киһи алдьаммыт олохо, туолбатах эрэлэ. Бүтүн Россия үрдүнэн бу сэрии кими да туора ааспатаҕа . Сыл аайы Кыайыы күнүгэр биһи чугас дьоммутун,эьээлэрбитин,эбээлэрбитин ахтан ааһабыт, тыыннаах хаалбыт ветераннарбытын эҕэрдэлиибит. Бу кыргыһыы уһун 4 сылы быһа ааспы.Биһи саллааттарбыт бэйэлэрин дойдуларын эрэ босхолообоххо , атын таһынааҕы дойдулары эмиэ сэриилээн босхолоон тураллар. Биһи саллааттарбыт Берлин куоракка Германия столицатыгар тиийбиттэр. Уонна саамай тутаах Рейхстаг дьиэҕэ тиийэннэр сержант Михаил Егоров уонна младшай сержант Кантария Кыайыы знамятын иилбиттэр. Кыайыы знамята-уоту уонна хорсун быһыыны көрдөрөр. Ыам ыйын 9 күнүгэр 1945 сыллаахха сэрии бүппүтэ. Субу күн киһи барыта сөбүлүүр бырааһынньыга Кыайыы күнэ буолбута. Бу сэрии туохтаахар да алдьархай, элбэх киһи олохун былдьаабыт буолар. Ол иһин бу сэрии геройдуругар анаан дойдубут иһинэн араас памятник бөҕөтө баар. Билигин боппуруоска эппиэттээн сэргэхсийэ түһүөххэ. -Муора сэрииһитэ ханна сулуупалыырый? -Саллааттар бары тугу көмүскүүллэрий? -Сиргэ сытар, үктэннэххэ эстэр ,тугуй? -Ханнык кыыл арыт эмиэ сулууспалыан сөбүй? -Уолаттар улаатан баран бары ханна сулууспалыы баралларый? -Гусеница атахтаах айанныыр баар үһү, тугуй ол? Өс хооннордо корүөххэйин эрэ ханныктар баар эбиттэрий -Муос муоска, тиис тиискэ, туйах туйахха. -Өхтөөхтөн охтума, саалаахтан самныма. -Элбэхтэн элбэх охтуо, аҕыйахтан аҕыйах охтуо -Икки адьырҕа эһэ биир арҕахха кыстаабаттар. | Оҕолор сыыппаралары сааһылыыллар. -тахсыбыт тылы ааҕааллар -эппиэттииллэр -ииттээччи ыйытыытыгар хоруйдууллар -ырыаны истэллэр -эппиэттииллэр -морской флокка -Ийэ дойдуну -буомба -ыт -армия -танка -Өс хоһооннору тэнээ хатылыыллар |
| Бу курдук өстөөх утары кыра оҕоттон саҕалаан улахан киһиэхэ дылы кыттыыны ыланнар бу алдьархайдаах сэриини кыайан турабыт. Ол иһин сыл аайы ыам ыйын 9 күнүгэр Кыайыы күнүн бэлиэтиибит. Бу бырааһынньыгы биһи хайдах ылааччыбытый оҕолоор? Бу курдук бары эйэлээхтик олорон хоһоонно истиэххэйин эрэ Кэриэстээҥ, бука бары Улуу Кыайыы күнүн үөрүүнэн көрсөбүт Сэрииһиттэр мустаммыт, Сүрэхпит ырыатын дуораччы ыллыыбыт Өстөөҕү самнараммыт. Ахтыаҕыҥ, доҕоттоор, аргыардаах күннэри Ааспыт ыар хонуктары, Ол уордаах сылларбыт уот кутаа күөннэрин Туораспыт буойуттары. Кыргыс толоонугар охтубут доҕорбутун Биһиги умнубаппыт, Кинилиин үлэҕэ, үөрүүгэ куруутун Эр санаалаах хаамсабыт. Бүгүҥҥү эриэккэс олоҕу көрбөккө Охтубут буойуттары Сүһүөххэ тураҥҥыт уһун үйэлэргэ Кэриэстээҥ, бука бары. Уруйу этиэҕиҥ кыайыыга аҕалбыт Коммунист партияҕа, Үөрүүлээх бу күҥҥэ көтөҕөр бакаалбыт Ананнын Ийэ сиргэ! Дьэрэ,оҕолоор билигин дьарыктпытын түмүктүү таарыйа Кыайыы күнүгэр аналлаах ырыаны истиэххин эрэ . | -оҕолор эппиэттииллэр (байыаннай ырыалары истэбит, хоһоон үөрэтэбит, киинэ көрөбүт, ветераннары эҕэрдэлиибит, парад буолар, сибэкки уурабыт). -болҕойон хоһоону истэллэр -оҕолор сэргэхсийэ таарыйа ырыаны истэллэр . |
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Технологическая карта организованной образовательной деятельности. Познавательное развитие. ФЦКМ, расширение кругозора. Технологическая карта по теме: « Кем я хочу быть»
Технологическая карта по теме: « Кем я хочу быть»...
Технологическая карта организованной образовательной деятельности. Познавательное развитие. ФЦКМ, расширение кругозора. Технологическая карта по теме: «Мама – самый верный друг»
Технологическая карта по теме: «Мама – самый верный друг»...
Технологическая карта организованной образовательной деятельности. Познавательное развитие. ФЦКМ, расширение кругозора. Технологическая карта по теме: «Профессия - военный»
Технологическая карта по теме: «Профессия - военный»...
Технологическая карта организованной образовательной деятельности. Познавательное развитие. ФЦКМ, расширение кругозора. Технологическая карта по теме: «Праздник вежливости»
Технологическая карта по теме: «Праздник вежливости»...
Технологическая карта организованной образовательной деятельности. Познавательное развитие. ФЦКМ, расширение кругозора. Технологическая карта по теме: «Дружат люди всей земли…..»
Технологическая карта по теме: «Дружат люди всей земли…..»...
Технологическая карта организованной образовательной деятельности. Познавательное развитие. ФЦКМ, расширение кругозора. Технологическая карта по теме: «Как содержать книги в чистоте и порядке» (исследовательская деятельность)
Технологическая карта по теме: «Как содержать книги в чистоте и порядке» (исследовательская деятельность)...
Технологическая карта по сенсорике "Разрезные картинки"
Технологическая карта по сенсорике "Разрезные картинки"...