"Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо" П.Ойуунускай
учебно-методический материал

Владимирова Евдокия Николаевна

Уһуйаан оҕолоругар анаан кылгатыллыбыт олоҥхо сценарийа

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл 4.tunalgannaah_nuurdaah_tuyaaryma_kuo.docx36.64 КБ

Предварительный просмотр:

П.А.Ойуунускай

Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо

Олоҥхо-драма

Оруолларга:

Туйаарыма Куо

Ньургун Боотур

Саха Саарын Тойон

Сабыйа Баай Хотун

Үрүҥ Уолан бухатыыр

Күн Дьирибинэ бухатыыр

Симэхсин эмээхсин

Кыыс Кыскыйдаан

Уот Уһутаакы

Олоҥхоһут

Олоҥхоһут уонна Уот Уһутаакы оруолларын улахан дьон толороллор.

1 чаас.

Икки-үс моҥол ураһа көстөр.

Сэргэ, саламалар, олбохтор.

Олоҥхоһут:

Таалар налыы хонуулаах,

Талба нарын талахтаах,

Ыллыыр ымыы чыычаахтаах,

Ырыаһыт ыллам дьонноох

Таатта эбэ хотуҥҥа

Таалалаан үөскээбит,

Ойуур ууһа удьуордаах,

Ойуунускай оҕочоос

Суоһурҕанан олорон,

Сурдурҕаччы суруйбут,

Дьулусханнаах дьолуо маҥан халлаан

Дьураатыгар тура төрүөбүт,

Дьулусхан субуйа сүүрүк

Дьураа хара аттаах

“Дьулуруйар Ньургун Боотур’’ диэн,

Саас үйэ тухары

Саха хаан аймаҕар,

Кэнчээри ыччаттарыгар,

Кэрэ кэпсээн буолар

Отут суол олоҥхоттон оҥоһуллубут

“Туналҕаннаах Ньуурдаах Туйаарыма Куо”

Үс оонньуулаах олоҥхото.

 Былыргы үйэлэр быраман мындааларыгар, киһи аймах биирдиилээн биис уустарыгар арахса илигинэ, билиҥҥи сахалар төрүттэрэ – айыы аймахтара орто Аан ийэ дойдуга олорбуттар. Бу күн күөлэһийбит, от-мас торолуйбут ураты үчүгэй дойдута эбит.

Үөһэ таҥаралар уол оҕону төрөтөллөр. Уол оҕо омуннаах-төлөннөөх, дохсун-дуолан буолан биэрбит, ол иьин таҥаралар кинини тимир хайа үрдүгэр аҕыс кырыылаах таас остуолбаҕа кэлгийэн кэбиһэллэр. Ол уолбут дьон-сэргэ дьолун иһин охсуһар Дьулуруйар Ньургун Боотур эбит. Кинини таҥаралар орто дойдуга  алдьархай таҕыстаҕына онтон быыһыы-харыстыы эрэ аттанар түгэнигэр кини бу кэлгиэттэн босхолонуохтаах дииллэр.

Саха урааҥхай сайда турдун диэн таҥаралар орто дойдуга аан бастакы дьоннору Саха Саарын тойону, Сабыйа Баай хотуну түһэрэллэр. Кинилэр диэтэх дьон баһа-атаҕа биллибэт баайданан байан-тайан олорбуттара үһү.

(Сахалыы таҥастаах оҕолор Саха Саарын тойону, Сабыйа Баай хотуну арыаллаан киирэллэр, олордоллор).

Сабыйа Баай хотун уоллаах кыыс оҕолонор: уолга – Күн Дьирибинэ, кыыска – Туйаарыма Куо диэн ааттары биэртэлиир.

Дьоллоох олохпут тубуста

Дьол-соргу улаатта

Уйгу-быйаҥ тубуста

Уруй-айхал улаатта.

(“Саламалаах үҥкүү”)

Олоҥхоһут:

Олоҥхо буолан баран

Омуна суох буолуо дуо,

Аҕыйах хонон баран

Айан төрөппүт оҕолоро улааталлар.

Уоллара Күн Дьирибинэ

Улахан тиити төргүү мутугунан

Төбөтө көстөр уол оҕо туйгуна,

Бухатыыр ааттааҕа буолар.

Кыыстара Туйаарыма Куо

Чаҕыл-күлүм курдук,

Чараас-чараастык чыпчылыйбыт,

Миигэс-миигэстик мичилийбит,

Өгүрүк-төгүрүк көрбүт,

Долгун курдук субуруйбут

Тоҕус былас суһуохтаах

Туналҕаннаах Ньуурдаах Туйаарыма Куо диэн

Төрүөхтэн кэрэ кыыс буола улаатар.

Кини илиитин көрдөөннөр

Үтүө бухатыырдар

Күөн көрсөллөр, күрэс былдьаһаллар.

(“Бухатыырдар үҥкүүлэрэ”)

Олоҥхоһут:

Уолаттар-кыргыттар мустан дьиэрэҥкэйдии, атах тэпсэ, чохчоохойдуу оонньуу сырыттахтарына тыас дэлбэритэ барар, уот күлүпүчүйэр, буруо оргуйар. Бары хаһыытаһа-хаһыытаһа куоталлар.

Уот иһиттэн, буруо ортотуттан үс хос тимир килиэ куйахтаах, тимир наҥнаһын сэлээппэлээх, тимир олооччума этэрбэстээх, хахай тириитин хаалтыстаммыт соҕотох харахтаах, балларыттыбыт сылларыттыбыт сирэйдээх Уот Уһутаакы адаҥкыс гына түһэр.

Уот Уһутаакы (өттүк баттанар, халлаан аннынан хантаҥнаан көрөн кэбиһэ-кэбиһэ):

Ар дьаалы! Аарт татай!

Саха Саарын тойон!

Сабыйа Баай хотун!

Туйаарыма Куо кыыскытын

Таҥара табатын курдук таҥыннаран

Сир симэҕин курдук симээн

Туттарыҥ эрэ.

Туттарбатаххытына

Аан Ийэ дайдыгытын аймыам,

Күлэ-күлэ күлгүтүн таптайыам,

Күдэҥҥэ көтүтүөм.

Һаа-һа-һаа,

Һаа-һа-һаа!

(өттүгүн таһынан күлэ-күлэ умса холоруктаан барар, буруо бурҕайар) .

Олоҥхоһут:

Саха Саарын тойон,

Сабыйа Баай хотун

Ураһаттан тахсан

Олбохторго олороллор.

Киһи эрэ буоллаллар

Киэҥ көҕүстэрэ кыараабыт,

Уһун санаалара татыарыйбыт.

Саха Саарын Тойон: (бар дьонун тула көрө-көрө)

Көр бу! Көр бу! Көр бу!

Көрдөр харахпыт дьүккэтин,

Көтүрдэр тииспит билэтин,

Туйаарыма Куо оҕобутун

Адьарай уолун айаҕар

Анньан биэрэбит дуо?

Айыы хаан аймаҕар

Халыҥ хахха буолуох

Ханна баар буолуой?

Күн Дьирибинэ: (тойук)

Дьэ-буо!

Аар тойон аҕаккаам,

Күбэй хотун ийэккээм,

Хайыахпытый,

Туйаарыма Куо балтыбын

Таҥара табатын курдук таҥыннарыҥ,

Барар кэмэ буолла,

Айыы хаан аймаҕын

Араҥаччылыырга анаммыт

Дьулуруйар Ньургун Боотуру

Үс төгүл эккирэтэн көрөн баран

Киэҥ хардыытын сиппэккэ төннөн түстүм.

Дьон саҥата:

Оо, үлүгэр эбит! Оо, сор эбит!

Олоҥхоһут:

Кэнники ураһаттан кыталык курдук кындыа маҥан кыргыттар Туналҕаннаах Ньуурдаах Туйаарыма Куону арыаллаан аҕалан ийэлээх аҕатын икки ардыгар туруораллар. Оҕолоро барахсан таҥас бүтэй этэ сандааран,эт бүтэй силиитэ дьалкыйан, ньуура туналыйан, сирэйэ сандааран, көрөртөн көрө сүөргү үчүгэй бэйэккэтэ – бар дьонугар чараас чараастык чапчылыйан, миигэс-миигэстик мичилийэн сүгүрүс гынна. Икки хараҕын уута уруускай чөмчүүк курдук мөлбөс гынна.

Туйаарыма Куо: (икки хараҕын уута субуруйда)

Күбэй хотун ийэккээм!

Аар Тойон аҕаккаам!

Адьарай аймаҕын алдьархайдаах айаҕар

Ананным буолбаат.

Айыы хаан аймахтарым,

Кыталык маҥан эдьиийдэрим,

Туруйа курдук убайдарым,

Быдан дьылларга бырастыыларыҥ!

(үс төгүл эргийэн сиргэ тиийэ сүгүрүс гынар, дьоннор хардары сүгүрүйэллэр)

Кимнээх буоламмын көмүскээн

Киһи оҥоруо баарай?

Аай-аайбыан, ыый-ыыйбыан,

Аанай туонай абам эбит!

Сабыйа Баай Хотун: (хараҕын уутун соттор)

Эддьин даа, биэбэйиэм!

Эддьин даа, көмүһүөм!

Күн уустара көмүскүөхтэрэ диэммин,

Айыы аймахтара аһыныахтара диэммин,

Оҕом барахсан

Орто дойдутугар эргийиэ диэммин

Эрэх-турах олоробун.

Олоҥхоһут:

Хаҥас диэкиттэн күрдьэхтээх уоту ыһан күдээриппитинэн торбос сонноох, онньунан барбыт быата соһуллубут этэрбэстээх, икки дьэс алтан ытарҕалаах быччаччы көрбүт Симэхсин эмээхсин өрө татыакалаан кэлэр. Дьон соһуйан өрө көрө түстүлэр.

Симэхсин эмээхсин: (өттүгүн охсуна-охсуна)

Алаатаҥ! Улаатаҥ!

Истиэхпин иһиттим,

Көрүөхпүн көрдүм даа!

Үс үүт бүтэйи

Үрдүнэн көтөөхтүүр

Үрүмэччи маҥан аттаах

Үрүҥ Уолан бухатыыр

Өгүрүк-төгүрүк үктэтэн иһээхтиир.

Ааҥҥытын астарыҥ,

Айахта туттарыҥ!

Сүрэҕим мөҕүстэ,

Сүһүөҕүм хамнаата,

Абытай-халахай,

Айакка-дьойокко!

(ытыһын таһынан өрө эккирээн иһэн этэрбэһин быатыттан иҥнэн умса баран түһэр).

Сабыйа Баай Хотун:

Эн эппэтэҕиҥ буоллун-

Иэйэхсит эттэҕэ буоллун!

Кыталык маҥан кыргыттар,

Туруйа дохсун уолаттар!

Ити күтүр өстөөҕү

Икки харахтаах көрбөт сиригэр

Илдьэн кэбиһиҥ!

Омук үтүөтэ иһэрэ буолуо-

Олбохто уура охсуҥ,

Тэһииннэ тутуҥ!

Олоҥхоһут:

Сорохтор Симэхсин эмээхсини көтөҕөн таһаараллар, алта кыыс айах тутар чорооҥҥо кымыс кутан арыаллыы тураллар, сорох уолаттар тэһиин тута сырсаллар. Ат тыбыыран дьырылатар. Баһыттан атаҕар дылы үс хос үрүҥ көмүс кутуу куйахтаах, уҥуохтаах көнөтө, дьүһүннээх үтүөтэ, кырдьык даҕаны бухатыыр босуоннаах киһи оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ, уоллаах кыыска, бар дьоҥҥо үстэ сүгүрүйэр. Бары хоруйдаан сүгүрүс гыналлар, алта кыыс кэлэн айах туталлар.

Үрүҥ Уолан: (чороонноох кымыһын биирдэ айаҕар кутан кэбиһэр)

Дьэ-буо!

Саха Саарын тойон!

Сабыйа Баай хотун!

Эһиги үрдүк ааккытыгар кэлэн турабын!

Кимтэн кииннээх, хантан хааннаах

Киһи кэллин диэтэргит,

Дьулуруйар Ньургун Боотур убайдаах

Айталы Куо диэн аҕастаах,

Айыҥа Сиэр тойон аҕалаах,

Айыы Нуоралдьын Хотун ийэлээх,

Мүлдьүн бөҕө убайдаах,

Айыы Умсуур удаҕан аҕастаах,

Үс үүт күрүөнү үрдүнэн көстөр

Үрүмэччи маҥан аттаах

Үрүҥ Уолан бухатыыр кэлэн турабын.

Суол киһитэ сорукпун эттэххэ –

Туйаарыма Куо оҕоҕутун

Хотун ойох кэпсэтэ кэллим.

Биэрэр биэрбэт тылгытын

Биллэрэ охсуҥ эрэ.

(үҥүүтүгэр өйөнөн турар)

Саха Саарын тойон:

Ээ, сэгээр! Этиэххин эттэҕиҥ!

Эйиэхэ биэриминэ, кимиэхэ биэриэхпитий?

Сайаҕас санаалаах,

Олохтоох тыллаах киһи эбиккин,

Ол эрээри былыргы миигиттэн

Сүөм намыһах, тутум синньигэс эбиккин!

Сабыйа Баай хотун:

Аа, аҕаккабыт эрэйдээх!

Аныахха диэри киһиргиирэ хаалбат ээ!

Киһи кыбыстыах.

Үгүстүк көстүбэт үтүө киһи эбит.

Саха Саарын тойон: (торуоскатын күөрэҥнэтэр)

Аныаха диэри аччата сатыырыҥ бараммат,

Сирэй-харах аспыккын,

Сирэ-мыына олорбуккун,

Сирэйгин быһа охсуом ээ.

Сабыйа Баай хотун:

Улуу күтүөр, тохтоо-болҕой!

Омук үтүөтэ баарына,

Ол-бу буола олорума!

(Үрүҥ Уолаҥҥа)

Дьэ сэгэриэм, бэйэҥ көр,

Туйаарыма Куо оҕобут ити турар,

Сүрэҕиҥ сөбүлүүрэ биллин.

Үрүҥ Уолан:

Ээ, мин сөбүлүөн турабын.

Сабыйа Баай хотун: (тойук)

Туйаарыма Куо биэбэйиэм!

Киһи буолар кэскиллээх буолаҥҥын

Урааҥхай саха туйгуна,

Өлөр хаалар күҥҥэр

Өрүһүйэ кэллэҕэ.

Оҕом барахсан ойох барар киһи

Сүрэҕиҥ сөбүлүүрэ биллин.

Туйаарыма Куо:

Адьарай аймаҕын айаҕыттан

Абырыы кэлбит айыы оҕотун

Антах анньыам дуо?

Киһи гынаарай диэн үөрэ-көтө турабын.

(Үрүҥ Уолаҥҥа сүгүрүс гынар)

Үрүҥ Уолан: (үөрэр, үҥүүтүн тутар)

Көөр! Уруй-айхал!!!

Көөр! Нарын-наскыл!!!

Дьон: (хаһыытаһа түһэллэр)

Көөр! Уруй-айхал!!!

Көөр! Нарын-наскыл!!!

Олоҥхоһут:

Туйаарыма Куону сиэтэн аҕалан Үрүҥ Уолаҥҥа туттараллар, кинилэр сиэттиспитинэн бастыҥ ураһа  диэки баран истэхтэринэ дэлби барар тыас тыаһыыр, уот күлүмнүүр, кыыс саҥата часкыйар. Орто дойду көрүн-нарын ортотугар аллара дойду ааттааҕа Уот Уһутаакы обургу Туйаарыма Куону, Үрүҥ Уоланы сөрүү тутан илдьэ барда.

Дьон саҥата:

Һуу! Һуу! Бу туох үлүгэрэй.

Һуу! Һуу! Бу туох алдьархайай!

(төттөрү-таары сырсаллар)

Олоҥхоһут:

Үс саханы үөскэтэргэ,

Түөрт саханы төрөтөргө анаммыт

Саха Саарын тойон,

Сабыйа Баай хотун

Хаанынан ыһыытаһан ытаһа хааллылар,

Үөһэ дойдуга үөгүлэрэ билиннэ,

Аллара дойдуга айдааннара иһилиннэ.

Күн Дьирибинэ:

Аар тойон аҕаккаам!

Күбэй хотун ийэккээм!

Быдан дьылларга бырастыыларыҥ!

Айыы хаан аймаҕын

Аһынарга көмүскүүргэ оҥоһуулаах

Дьулуруйар Ньургун Боотур бухатыырга

Уот Уһутаакы суолун ирдэтэ бардым.

Олоҥхоһут:

Кустук курдук куоһаан,

Ох курдук оҥорон

Күн улууһун көмүскэтэ

Айыы аймаҕын араҥаччылата

Дьулусхан субуйа сүүрүк

Дьураа хара аттаах

Дьулуруйар Ньургун Боотур диэн

Буор сиргэ буулаҕатын булларбатах

Бухатыыр киһини киллэрбиттэрэ үһү.

Хайдах эрэ киһини

Халыҥ хахха оҥорон, үөһэ дойдуттан

Үтүмэхтээтилэр буолла диэтэргит,

Оҕо эрдэҕиттэн

Олорор буолуоҕуттан

Үөһэ дойдуга үөрэҕэс быстан

Үөрбэ оҥостон,

Үлтү кэһиэх буолан

Үөгүлээбит этэ диэммин

Оччугуй оҕо эрдэҕиттэн,

Ат буолуоҕуттан

Аллара дойдуну

Арбыйа оҥостон,

Атаҕынан дарбыйан

Айыыны оҥоруох буолан

Аартык аайы

Айаатыыр этэ диэммин

Эрдэ сылла этэн кэбистэҕим.

2 чаас.

Аллара дойду... Арҕаа соҕуруу өттүгэр Муус Кудулу байҕал уотунан өрө кырбаһа олорор. Хайа саҕа муустар көстөллөр. Хоту Илин диэки өһөх хаан курдук хайалар көстөллөр. Ханан да аана суох төп-төгүрүк тимир килиэ дьиэ эргичийэ олорор.

Уот Уһутаакы: (Үрүҥ Уолаҥҥа)

Аар-дьаалы! Аарт-татай!

Үрүмэччи маҥан аттаах

Үрүҥ Уолан күтүр өстөөх!

Үтүө дьахтар үөскээбитин

Былдьаһа сылдьыбыт буруйгар

Көрөр хараххын көрбөт оҥоруом.

(уоһун саба туттан өттүгүн охсунан күлэн алларастыыр).

Үрүҥ Уолан:

Эрэй-буруй элбии илигинэ

Эйэлэһэн кэпсэтиэх.

Эн даҕаны ытык ыал ыччата буоллаҕыҥ.

Кыскыйдааан Куо диэн

Адьарай аймаҕар аатырбыт балыстаах

Сурахтааҕыҥ.

Ойоҕум оннугар

Ол балтыгын миэхэ ойох биэр,

Онон тупсуох.

Уот Уһутаакы:

Өйдөөх киһи барахсан

Өлөн өһөн биэриэҥ дуо,

Мин да балтым үтүөкэн дьахтар,

Сириэҥ суоҕа, абыраныаҥ.

Олоҥхоһут:

Элбэх кэпсэтии суох буолла,

Эттэ да сокуон буолла.

Үрүҥ Уоланы кэлгиэтин төлө тарта,

Илиитин атаҕын босхолоон кэбистэ.

Айыы киһитэ уһуутуу-уһуутуу

Өрө тыыллаҥнаата,

Күүһэ-күдэҕэ эстибит,

Илиитэ-атаҕа хамнаппат гына көһүйбүт,

Онон охсуһа-этиһэ барбата.

Уот Уһутаакы: (умса холоруктаан үһүүрэн чыскыһытар)

Кыһыгырас оҕо

Кыптый Сарын, Кыыс Кыскыйдаан обургу

Омук үтүөтэ ойох ыла кэллэ,

Кэлэ оҕус!

Бардаргын да биэриэм,

Барбатаргын да биэриэм!

Олоҥхоһут:

Кулгаах сэргэҕэ истибэт буолуо дуо, этэн баран эҕирийиэх иннинэ, хоту халлаан түгэҕиттэн хара маҥаас суор таҥнары сурулаан түстэ, ол кэннэ дьиэни эргийэн күлүккэ түһээт тыас тыаһа дэлбэритэ ыстанна да уот тутум уһун тумустаах, дыыбыр-даабыр тыҥырахтаах, тоҕус ойуун тобугун уҥуоҕа илин-кэлин кэбиһэрдээх,түптэ кутурук, кураанах куолай, кыптыый сарын кытыгырас оҕо Кыыс Кыскыйдаан обургу иэҕэлик-уоҕалык, иһилик-таһылык үҥкүүлээн көрдөрөр.

(Кыыс Кыскыйдаан үҥкүүтэ)

Үрүҥ Уолан: (мичик гына-гына утары барар)

Харахпынан көрөммүн

Хайгыы санаатым

Сирэ саныахпын сирэйдээх үтүөтэ эбиккин

Сирэн-талан сирэйбин кытардыма

Үүрэн-үөҕэн ааппын алдьатыма,

Сөбүлүүргүн – сөбүлээбэккин биллэрэ тардыый.

Олоҥхоһут:

Адьарай кыыһа алыс сэгэйэн

Тыҥырахтаах бэрдэ Кыскыйдаан Куо

Уоһун-тииһин оҥоһунна,

Уодьас-хаадьас гынна,

Бэрт дэтэн мэтэс гынна.

Кыыс Кыскыйдаан:

Алаатаҥ-улаатаҥ!

Эйиэхэ тахсаары элбэҕи сирбитим,

Үгүһү көрбүтүм.

Үчүгэй эбиккин,

Сүнньүлүүн доргуйан

Сүһүөхтүүн дьалкыйан

Сөбүлүү санаатым

Иһиликпин-таһылыкпын.

(чачыгырыы күлэн баран өттүгүн охсуммутунан эргичийэр, киэргэлэ бурал-халыр гыналлар)

Уот Уһутаакы: (балтын сирэйин тоҥсуйа-тоҥсуйа)

Дьэ, хотуой!

Киһигин көрбүтүнэн мэлитээйэҕин.

Эппит тылбын умуннаргын эрэ

Эккиттэн-хааҥҥыттан иэстиэм.

(күтүөтүгэр)

Дьэй,  эрэ, күтүөт оҕо,

Кэпсэтиини кэстэххинэ

Күҥҥүттэн матыаҕыҥ.

Урууга-тарыыга аһыыр аспытын

Була-тала, бултуу бардым.

(часкыйбытынан барар)

Олоҥхоһут:

Үс үүт бутэйи

Үрдүнэн көтөөхтүүр

Үрүмэччи маҥан аттаах

Үрүҥ Уолан бухатыыр

Өлөн тиллибит курдук сананна,

Өлбөт сүбэтин булунна.

Кыыс оҕо Кыскыйдаан Куоҕа

Тыл-өс этэн,

Тыылла-хабылла турдаҕа.

Үрүҥ Уолан:

Аан Ийэ дайдыбар

Айаннаан тиийэр күммэр,

Уон дэгиэ хара тыҥырахтаах,

Улуу күтүрү ойох ылбыт диэн

Айыы хаан аймахтара

Атыҥырыы көрөллөрө буолуо.

(санньыйбыта буолар)

Олоҥхоһут:

Куйаха күүрүөҕүнэн куһаҕан хатан часкыыр иһилиннэ. Кыыс оҕо хатаннык саҥаран ыһыллан турда.

Кыыс Кыскыйдаан:

Аа-аньыаньы, алаата оҕолоор.

Аата, айманыах сир бараннаҕа.

Тыҥырахтаах диэннэр

Тылга-өскө сылдьыах кэриэтин,

Тумустаах диэннэр

Туора көрүллүөх кэриэтин,

Саныахха эрэ кэрэх

Сарбыйан кэбиһиэххэ.

Тумус буоллар – туура сытыйдын.

Тыҥырах буоллар – тыыра сытыйдын.

Улахан сиэтин!

(бокуойа суох эрин сиэтэн илдьэн сымара тааска илиитин уурбахтыыр, тумсун сыһыарбахтыыр)

Үрүҥ  Уолан:

Хайа доҕор, халты туттаммыт

Хааныҥ тохтон өлөн хаалаайааҕын?!

Кыыс Кыскыйдаан:

Саҥарба-саҥарба,

Сарбый-сарбый.

Үрүҥ  Уолан:

Кыайбат суолбар кыһайдыҥ даҕаны,

Өлбөт мэҥэ уута өрүһүйээ ини, оҕолоор.

(кэннинэн тэйэн баран дьиэрэҥкэйдээн кэлэн батаһынан ойоҕун баһын быһа охсор)

Уот Уһутаакы обургуттан

Уоран талаан киллэрбит

Туналҕаннаах Ньуурдаах

Туйаарыма Куо доҕорбун

Өлүү айаҕыттан таһаарыам.

Олоҥхоһут:

Инньэ диэн баран иккитэ-үстэ хардыылаан эрдэҕинэ, төбөтүн оройо төйө түһүөр диэри тыас тыаһа дэлби ыстанна да Уот Уһутаакы обургу Үрүҥ Уолан барахсаны ханна да хамсаабат гына хам эрийэн ылан нохтолоох сүрэҕин, уу субай хаанын уу курдук ыймахтаата, уһуутуу түһэн баран хааннааах дьабадьытын хардары-таары салбанна, саталаах соҕустук саҥарда.

Уот Уһутаакы:

Уот Уһутаакы уон тарбаҕыттан

Халты харбатан,

Хаанынан ытатан

Туйаарыма Куо барахсаны

Былдьаан-талаан бараары

Гыммытын көр эрэ.

Олоҥхоһут:

Көмүскэс сүрэхтээх күн аайы оҕото күнэ туллан өлүөх курдук үстэ тыын киллэрэн үөһүн таттаран, үөгүлүү быластаан, хабырына-хабырына хаанынан ытаан, энэлийэ быластаан эймэнийэ сыппыта үһү.

 Үрүҥ Уолан:

Дьулуруйар Ньургун Боотур убайым,

Ир суолбун ирдээҥҥин

Адьарай уолун айаҕыттан абырыаҥ баара дуо?

Айан үөскэппит аҕалаах ийэм,

Айталы Куо эдьиийим,

Тойон убайым Ньургун Боотур,

Туналҕаннаах Ньуурдаах

Туйаарыма Куо доҕорум,

Быдан дьылларга

Быралыйа бырастыыларыҥ!

Олоҥхоһут:

Үөһэ диэкиттэн сүллэр этиҥ ньиргиэрдээх

Саллар чаҕылҕан дапсыырдаах

Тыас иһиллэрин кытта

Дьулусхан субуйа сүүрүк аттаах

Дьулуруйар Ньургун боотур илэ бэйэтинэн

Дьирэс гына түһэр.

Ньургун Боотур:

Көр даа бу! Көр даа бу!

Айыы хаан аймахтарын

Атаҕастаабыт үһүгүн, нойоон, хара түөкүн!

Күлэ-күлэ күлгүн таптайыам,

Аал уоккун умуруоруом,

Алаһа дьиэҕин алдьатыам,

Тымыргын баттыам,

Тыыҥҥын иһиллиэм.

Олоҥхоһут:

Диэн тыл этэн тыылла-хабылла түстэ, үөгүлүү түһэн баран үс төгүл өрө чиччигинээн тыыллан дагдас гына түстэ, эриэн кыыл этэ тириитэ ибилитэ бара сыыста, иҥиирин тыаһа кычыгыр гына түстэ.

Дьулуруйар Ньургун Боотур обургу кыбдьыгырыы түһэн кыланан ылла да, адьарай уолун тоҕус бэгэччэгинэн охсон кэбистэ да, анараата аһара охсон биэрдэ.

Хахай хаана хааннанан

Хаһыытаһа түһэн баран

Хап курдук саайыстылар,

Аллара дойду айманан дьалкыйда,

Үөһэ дойдуга үөгүлэрэ иһилиннэ,

Орто дойдуга охсуһуулара билиннэ.

3 чаас.

Уот Уһутаакы дьиэтин иһэ. Дьиэ оройуттан тимир кирилиэс түспүт. Тоҕус кырыылаах тимир оһох умайа турар. Дьиэ тула килиэ  хара ороннор тураллар. Дьиэ хаҥас өттүгэр хаппахчы ааныгар Туйаарыма Куо илиитэ-атаҕа хандалыланан, көхсүттэн хараҕыланан олорор.

Туйаарыма Куо: (ытыы-соҥуу олорор)

Ыый-ыыйбыын, аай-аайбыын

Ытаабатах бэйэм ытыы олордоҕум.

Айыы хаан аймаҕын

Алдьаттарыам иннигэр

Алыс үчүгэй буолан

Айыллыбыт эбит буоллаҕым,

Урааҥхай саха удьуорун

Умсаттарыам иһин,

Ураты үчүгэй буолан

Үөскээбит эбит буоллаҕым.

Убайдаатар убайбыт

Дьулуруйар Ньургун Боотур

Үөһэттэн өҥөйдөр

Өлүү айаҕыттан

Өрүһүллүөхпүт эбитэ дуу, суоҕа дуу.

Олоҥхоһут:

Тимир кирилиэс устун, үҥүүтүгэр тайахтанан Ньургун Боотур кэлэр. Үс хос көмүс куйахтаах, кураахтаах бэргэһэлээх, тиһиликтээх этэрбэстээх Туйаарыма Куоҕа сүгүрүс гынна. Айыы хаан аймаҕар алыс аатыран айыллыбыт, күн өркөн улууһун күндү дьүһүннээх көмүс күөрэгэйин хайдах эбитий диэн хараҕынан көрбүтэ – этиэхтэн кэрэ эт бүтэй уҥуоҕа көстөр, уҥуох бүтэй силиитэ дьалкыйан көстөр, хара саһылы ылан суруйа охсубут курдук, субурхай сурааһын хаастаах, килбик киис кэрэ түүтүн кэккэлэппит курдук кылбалдьыйар кыламаннаах, уулаах отон уутунан суруйа соппут курдук уурбут-туппут уостаах, тоҕус былас долгун суһуохтаах, кыталык курдук кылбалдьыйбыт, куба курдук долгулдьуйбут, кырдьык даҕаны айыы хаан аймаҕар аатырыан аатырбыт, суол ахсын сураҕырыан сураҕырбыт кыыс оҕо кылааннаах үтүөтэ сайыҥҥы күн сардаҥатын курдук сандааран турар эбит, күһүҥҥү күн күлүмнүүрүн курдук күлүмүрдээн турар эбит.

Ньургун Боотур:

Көр бу! Көр бу! Көр бу!

Туналҕаннаах Ньуурдаах Туйаарыма Куо,

Эн бэйэлээх суолгун солоон

Үрүҥ Уолан обургу

Чэгиэн этин сэймэктэтэн

Хара хаанын тохторон сытарын истэн

Кэлэн отут түүннээх күнү мэлдьи

Охсустум да

Уот Уһутаакы обургу

Уйадыйбытын көрбөтүм.

Дьэ, хотуой, Уот Уһутаакы кэллэҕинэ

“Ньургун Боотур обургу

Эриэн ыт курдук элэк гынна,

Күөрт ыт курдук күлүү гынна

Эйигин тутан ылан

Кулут оҥостуом, куһаҕаммын ыраастатыам” –

Диэтэ диэн этээр, сэрэтээр.

Олоҥхоһут:

Онуоха орто дойду кыһалҕаны көрбүт кыыс оҕото барахсан үөрбүт-көппүт курдук үҥэн–сүктэн сүгүрүйдэҕэ үһү.  

Туйаарыма Куо:

Уруй–айхал буоллун.

Уруй–туску буоллун.

Айыы–хаан аймаҕын

Көмүскэс сүрэхтээх

Күүстээх оҕотугар сүгүрүйдэҕим буоллун!

Иэйэхситиҥ эҥэрдэстиҥ,

Алдьархайыҥ аччаатын!

Ньургун Боотур:

Уот Уһутаакы обургу киирдэҕинэ

Туох иһин туртаҕар ньуурдаммыккыный,

Аһыныар диэри аймаммыта буолаар,

Сүрэҕин долгутаар,

Сүһүөҕүн хамсатаар.

Өйгүн–төйгүн булунан олорор.

Мин киһи сиик буолан симэлийиэм,

Хаһан кэлэрбин бэйэм билиэм.

(сүтэн хаалар)

Олоҥхоһут:

Эмискэ этиҥ этэр, күөх уот субуруҥнуур, орон анныттан уот садаҕа моҕой былтас гынар, иккис орон анныттан уот кугас эһэ былтас гына түһэн күп-күөҕүнэн көрүтэлиир, сытырҕалаан баран часкыйбытынан сүтэн хаалар, онтон дьиэ ортотугар уот өрө умайан тахсар, ыһыахтана-ыһыахтана ытылла олорор. Тоҕус былас суһуохтаах Туналҕаннаах Ньуурдаах Туйаарыма Куо барахсан уолуйбута буолан уоһун хамсатан, айаҕын муҥунан аймана түһэр.

Туйаарыма Куо:

Ыый-ыыйбын, аай-аайбын,

Адьарай ааттааҕар

Анаммытым да иһин,

Айыы хаан аймахтара

Атаҕастаан барбыттара абатын,

Саатар эрдээхпин диэн

Эйэргэһэрин көрбөтүм,

Бу айылаах буолуом кэриэтин

Биилээх быһахха

Батары түһэн өлбүтүм ордук буолсу.

Олоҥхоһут:

Кыыс оҕо барахсан кылана түһэн баран ойон туран быһаҕын килбэс гыннарар, хандалытын тыаһа өрө кылыгырыы түһэр, Уот Уһутаакы обургу уҥуоҕа хамнаан, сүрэҕэ тэбэн чахчы дьүһүнүнэн, илэ бэйэтинэн кыыс иннигэр бэрис гына түстэ да быһахтаах илиитин харбаан ылар.

Уот Уһутаакы:

Аар дьаалы, аарт татай!

Алтан далбарайым,

Уордайбыккын уҕарыт,

Абарбыккын аралдьыт.

Үрүҥ Уолан обургу

Кыыс Кыскыйдаан Куону

Ойох ылыах буолан баран

Өлөрбүтүн көрөн баран

Үрүҥ тыынын иһиллээн эрдэхпинэ

Ньургун Боотур обургу кэлэн

Орулуур отут хонук устата

Охсуһа оонньоон баран

Хааннаах андаҕары биэрэн

Утуйбуппут эбээт.

Туйаарыма Куо:

Аллара дойду ааттааҕа буолан баран

Акаарыгынан алдьаныах эрэйдээххин.

Ньургун Боотуру эмиэ тоҕо сынньаттыҥ?

Манна кэлэн эйигин кулут оҥостуом,

Куһаҕаммын хомуттарыам диэн

Сирэйбин-харахпын саатырта.

Сирдээн эрэ тимирбэтим.

Уот Уһутаакы:

Кырдьык-кырдьык,

Кылбардыырым оҕото

Көмүскэһэр эбит ээ.

Туйаарыма Куо:

Ээ, эрбин көмүскээбэккэ

Кими көмүскүөмүй.

Көһүтэрбэр көхсүм кыараата,

Кэтэһэрбэр кэтэҕим көһүйдэ.

Уот Уһутаакы: (уоһун саба туттан күлэн алларастыыр)

Аарт-татай! Алаата оҕолоор!

Алтан түөстээх далбарайым

Ахтыбыт да, көһүппүт да эбиккин.

(үҥүүтүн, батыйатын кэннигэр эһэр)

Ньыгы-ньыгы ньыгыйыкпын,

Сылаас сырайгыттан сыллаан көрүүм,

Сүрэҕим долгуйдаҕа сүрүкэтин.

Олоҥхоһут:Инньэ диэн, сүрэҕэ тэбэн, сүһүөҕэ хамсаан Уот Уһутаакы куйаҕын уһулан кэбистэҕэ.Илиэһэй бэрдэ инньэ гынарын кытта орто дойду бухатыыра ойон кэлэн Уот Уһутаакыны уһун батаһынан тобулу анньан таһаарда. Аллараа дойду аҥаарыйар ааттааҕа соһуйан үөһүн таттарда, иҥиирин таттарда, өрө мөхсөн таҕыста.

Ньургун Боотур: (абааһы уолун хам үктээн туран) 

Айыы аймаҕын аһары алдьаппыт

Аньыыҥ-хараҥ туолан ситиһэн эрэбин.

Кэриэс тылгын кэпсээн

Өлүөҥ иннинэ бырастыылаһа тарт.

Олоҥхоһут: Уот Уһутаакы обургу уотунан өрө мэҥийбэхтээтэ, өлөн эрэрэрэ аанньа буолуо дуо, хааннааҕынан хардырҕаата, үөһүн таттаран үрүҥүнэн-харанан көрдө, иҥиир-ситиитин тартаран иһин түгэҕиттэн эҥсэлийдэ, симэһиннээҕинэн силлээтэ, хааннааҕынан хаахтаата, ыксаабыт киһи быһыытынан ынчыктаата, сарылаан эрэр курдук саҥаран сатарыттаҕа үһү.

Уот Уһутаакы:

Кыайарын кыайдыҥ да,

Кыһыылаахтык кыайдыҥ.

Ити ньыламан маҥан

Албаһыгар киирэн өлөн эрдэҕим.

Быдан дьылларга

Быралыйа бырастыыларыҥ!

(Ньургун Боотурга)

Үтүө киһи буоллаҕыҥ,

Үгүстүк эрэйдээбэккэ

Салҕаан биэр эрэ.

Ньургун Боотур:

Көр даа, доҕоллоор!

Бу буола сытан тумсун тууһун көрүҥ эрэ,

Дьэ, күн-ый ыһыаҕа оҥордоҕум.

(Үҥүүтүн төлө охсон кэннигэр илгэр, батыйатын сулбу тардан ылар)

Туйаарыма Куо: (хаһыытыы түһэр)

Тойон убайым, тохтоо болҕой.

Иккиһин оҕустаххына

Иккиһин тиллэн кэлиэ.

Ньургун Боотур: (чинэрис гына түһэр)

Аарт-татай, алаатыгар оҕолор,

Алдьархай айаҕар киирэ сыспыппын ээ.

Уот Уһутаакы: (өлөрүнэн хаһыытыыр)

Һоо! Сорум эбит.

Иккиһин турбутум буоллар

Эриссиэм хааллаҕа.

Ээ! Эн хааллаҕыҥ, мин өллөҕүм.

(өрө түллэҥнээн өлөн барар).

Ньургун Боотур:

Дьэ, хотуой,

Туналҕаннаах Ньуурдаах Туйаарыма Куо!

Хандалыгыттан халбарыттаҕым буоллун,

Түрмэҕиттэн төлөрүттэҕим буоллун.

Айыы оҕото дойдугар тахсан

Алаһа дьиэни иччилээ,

Көмүс уйата тутун.

(хандалыны турута тыытар)

Туйаарыма Куо:

Уруй! Уруй! Уруй!

(үстэ сүгүрүс гынар уонна Үрүҥ Уолаҥҥа барар, соһуйар)

Тойон убаай, тохтоо болҕой эрэ.

Үрүмэччи маҥан аттаах

Үрүҥ Уолан доҕорум

Хааһа хараҕа хамсаабат буолбут.

Олоҥхоһут:

Орто дойду дуолана үҥкүрүс-күөлэһис гынан үс уһуктаах тумустаах күүдээх буолан хаппахчы хаҥас өттүн супту түһэн субурус гынан хаалла, өр-өтөр буолбата, өлбөт мэҥэ уутун өрө күлүмнэтэн таһааран үрүмэччи маҥан аттаах Үрүҥ Уолан үрдүгэр тойон убай барахсан тобуктаан туран эрэн өлбүтү тириэрэр өлбөт мэҥэ уутунан бааһын умунуохтаата, аҕыйах таммаҕы айаҕар кутан биэрдэҕэ.

Ньургун Боотур:

Утуйбут буоллаҕына уһугуннарыахпыт,

Өлбүт буоллаҕына тилиннэриэхпит

Аата, оҕолоор,

Айманыах сир аҕыйаатаҕа.

(Үрүҥ Уолан үрдүгэр тобуктаан олорор)

Күн айыы оҕото

Үрүҥ Уолан оҕокком

Утуйбут буолларгын уһуктарыҥ кэллэ,

Өбүт буолларгын өндөйөрүҥ буолла.

(Үрүҥ Уолаҥҥа өлбөт мэҥэ уутун айаҕар таммалатар, этигэр сотор)

Үрүҥ Уолан: (соһуйбут курдук олоро түһэр)

Уорт-татай оҕолоор?

Утуйбутум эбитэ дуу...

(ойоҕун, убайын көрөн ойон туран сүгүрүс гынар)

Тоҥ суолбун тордообут

Тойон убай – уруй буоллун!

Холоонноох доҕорум

Хотун ойоҕум

Айхал буоллун!

(үһүөн уураһан-сыллаһан үс төгүл “уруй” хаһыытаһаллар)

Олоҥхоһут:

Дьэ, ити курдук

Дьураа хара аттаах

Дьулуруйар Ньургун Боотур

Үрдүк сурахтаммыт,

Үтүө ааттаммыт.

Тоҕус быластаах суһуохтаах

Туналыйар Ньуурдаах Туйаарыма Куону

Үрүмэччи маҥан аттаах

Үрүҥ Уолан бухатыыры

Дьонугар – сэргэтигэр төнүннэрбит.

Оонньуу-күлүү оройо аһыллыбыт,

Көр-нар көҕө үктээбит,

Кыыс оҕо кылааннааҕа кыттыспыт,

Уол оҕо уһуктааҕа мустубут

Дэлэгэй ыһыах тэриллибит

Улуу ыал уһун буруолара унаарыйбыт.

Бу урууга-тарыыга

Олоҥхолоон оҕонньор олоҥхолообут,

Ааттаах чабырҕахсыт

Дьүһүйэн чабырҕахтаабыт.

Оҕо-уруу өттө

Оонньууну батыспыт,

Оһуохай айбыт,

Дьиэрэҥкэй тэппит,

Үҥкүү дьиэрэйбит.

Үөрүү-көтүү үксээбит,

Уруй-айхал этиллибит,

Алгыс ырыата ылламмыт,

Оһуохай оонньуу саҕаламмыт.

Оһуохай:

Оһуо-оһуо оһуокай,

Эһиэ-эһиэ эһиэкэй,

Чэйиҥ-чэйиҥ чээкийдэр,

Чэчир курдук тэнийэн,

Кытыан курдук кыттыһан

Кындал хонуу үрдүгэр

Үллэр көмүс буоруттан

Күнү көрсө эргийэн

Көтөн-мөҥөн киириэххэ.

Тэтим-чэгиэн эрдэххэ

Тэйэн-тэбэн киириэххэ.

Оһуо-оһуо оһуокай,

Эһиэ-эһиэ эһиэкэй,

Тоҕус былас суһуохтаах,

Тунал күлүм дьүһүннээх

Туйаарыма оҕобут

Туспа дойду ньууругар,

Көбүөр көмүс буоругар

Көтөн-сүктэн барыахтаах,

Саха аатын ааттатан

Саргы дьаалы улааттын.

   


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Рабочая программа Fasion-студия "Туйаарыма - Куо" на 2020-2021 учебный год

Fashion-студия «Туйаарыма-Куо» - это симбиоз театра и моды, режиссуры, сценографии и хореографии с модой, подиумом, нестандартным восприятием осмыслением тенденций в одежде; когда костюм н...