«Айылҕаҕа ыалдьыттааһын. Салама ыйааһын сиэрэ-туома»
план-конспект занятия по окружающему миру (младшая группа) на тему
Цель работы - ознакомление детей национальному обычаю якутского народа, тем самым закрепляя бережное отношение детей к природе.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
olesova_v.s.docx | 14.6 КБ |
Предварительный просмотр:
Конспект занятия по экологии
Тема: «Айылҕаҕа ыалдьыттааһын. Салама ыйааһын сиэрэ-туома»
МБДОУ №13 «Кустук» с. Кобяй
Кобяйского улуса
Воспитатель млад/группы
Воспитатель высокой категории
Отличник народного образования РС(Я)
Олесова Варвара Спиридоновна
Стаж работы: 37
Соруктара: Саха сиэригэр-туомугар интэриэһи иитии, ыам ыйын, салама суолтатын үөрэтии, билиһиннэрии, тылларын сайыннарыы. Айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаны иитии.
Тэрилэ: Сылгы үрүҥ, хара кылыттан ситии, араҕас, маҥан, от күөх өҥнөөх таҥас кырадаһыннара, чороон, кытыйа, мас хамыйах, алаадьы, суорат, үүт, оҕолор өйүөлэрэ, скатерть, олбохтор, салфетка.
Барыыта:
Оҕолор иитээччилэрин кытта сатыы хааман «Көппөх» эбэ кытылынааҕы тыа саҕатыгар тиийэллэр. Оҕолору саламалаах баай хатыҥнара билбиттии көҕөрөн эрэр лабааларын оргууйдук далбаатыы көрүстэ.
Иитээччи: Оҕолоор, хатыҥмыт барахсан биһигини билэн далбаатыы көрүстэ дии. Оҕолоор, хатыҥмытын кытта дорооболоһуоххайыҥ (имэрийэллэр, кууһаллар).
Оҕолоор, ханнык дьыл кэмэ буолла? (сайын)
Бэсиэдэ:
Ньукуолун күнүттэн саҕалаан сайын саҕаланан, от-мас көҕөрөн барар. Кэҕэ этэр, көтөр-сүүрэр, чыычаах саҥата хойдор, түптэ сыта дыргыйар, сүөһүлэр мэччийэр, кулунчуктар хонууга тойтороҥнуу сырсар кэрэ кэмнэрэ үүннэ. Дьэ бу кэмҥэ былыр биһиги өбүгэлэрбит барахсаттар сайын кэлэн, күөххэ үктэммит үөрүүлэрин бэлиэтээн ийэ айылҕаларыттан уйгуну-быйаҥы, өҥ сайыны көрдөһөн баай хатыҥҥа салама ыйыыр үгэстээхтэр эбит. Маҥнай сылгы үрүҥ уонна хара сиэлиттэн ситии хаталлар эбит (көрдөрөбүн). Бу ситиибитин от күөх, араҕас, маҥан өҥнөөх таҥас кырадаһыннарын баайан киэргэттэххитинэ салама диэн ааттанар. Салама дьолу, уйгуну тардар быа. Хатыҥҥа салама ыйаатахпытына өҥ-быйаҥ сайын салаллыа. Дьэ билигин бары биирдии кырадаһыны ыла-ыла араас өҥнөөн баайан барабыт (ситиигэ баайаллар). Ситиибит киэргэнэн салама буолла (аатын чиҥэтэн ааттатыы).
Оҕолоор, саламабытын көннөрү хаамыынан тиийэн ыйаабат эбиппит. Битии хаамыынан тиийэн ыйыыбыт. Чэ эрэ, бары субуруһан турдубут (саламаларын устатынан тутан битии хаамыынан тиийэн улахан дьон көмөтүнэн ыйыыллар). Саламабытын баайдыбыт, аны сирбитин аһатыахпыт.
Хатыҥ аттыгар кырыска оҕолор күн хаамыытынан алаадьыны төгүрүччү тэлгэтэллэр. Төгүрүк ис өттүгэр үс сиринэн суорат кутабын, чороонтон хамыйаҕынан үүт сомсон ылан кырыска алҕыыбын:
Дойдум иччитэ
Аан Алахчын Хотун эбэбит!
Антах көрөн ымах гын,
Бэттэх көрөн мичик гын.
Уйгуну олохтоо,
Быйаҥы төлкөлөө,
Нарын-наскыл,
Күөгэл-нусхал! (2) – (хатылаан этэллэр)
Антах көрөн ымах гын,
Бэттэх көрөн мичик гын,
Нарын-наскыл,
Күөгэл-нусхал! (2) – (хатылаан этэллэр)
Оонньуу: «Түөрэх быраҕыы».
Күөх хонууга сырсан, оонньоон эттэрин – хааннарын тэнитэллэр.
Оонньуу кэнниттэн күөх кырыска скатерть тэлгэтэн өйүөлэрин таһааран олбоххо тула олорон аһыыллар. Аһаан бүтэн баран тахсыбыт бөҕү-сыыһы хаалларбакка суумкаларыгар укталлар.
Иитээччи: Оҕолоор, хатыҥмытыгар, эбэбит кытылыгар кэлэн ыалдьыттаан, сынньанан баран эрэбит. Хатыҥмытын кытта быраһаайдаһыахха, махтаныахха.
Оҕолор (иитээччилэрин кытта): Махтал, хатыҥчааммыт барахсан, биһигини сынньаппыккар, оонньоппуккар!! Эһиил көрсүөххэ диэри!!
Детсадка төннүү.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Август аена эш планы
Педагогик киңәшмә1. Җәй көне балаларны сәламәтләндерү эшенен үтәлеше буенча йомгаклау отчеты.2. Җәйге чорда балаларның тормышын һәм сәламәтл...
Конспект занятия по познавательному развитию с детьми второй младшей группы на тему: «Мое родное село Ачка»
Муниципальное бюджетное дошкольное образовательное учреждение Ачкинский детский сад №18 Конспект занятия по познавательному развитию с детьми второй младшей группы на тему:&laqu...
Конспект занятия для детей раннего возраста "Путешествие с куклой Айей"
Всестороннее развитие детей раннего возраста через призму регионального компонента...
Портфолио воспитателя Сарыкай Аяна Валериевна
Портфолио воспитателя Сарыкай Аяны Валериевны...
Тыал - айылҕа дьикти көстүүтэ
В презентации представлены фотографии исследования функции, роли ветра....
Визитная карточка Шоюнчап Аяна Седип-ооловна
https://www.youtube.com/watch?v=X3M3Db2HguE&t=1...
Ахсааңңа аһаҕас дьарык,(3-4 саастаах оҕолорго) Темата: «Сааскы айылҕа устун дьаарбайыы»
Сыала:1) Геометрическэй фигуралары, (үс муннук, түөрт муннук,төгүрүк), өңнөрү, үөһээ-аллараа, үрдүк-намыһах, кэтит синньигэс,5-кэ диэри ааҕыы үөрүйэҕи чиңэтии2) Оҕо кэтээн көрөр дьоҕурун, бол5омтотун ...