Сценарии открытых занятий
план-конспект занятия по обучению грамоте (средняя, старшая группа)
Сценарии открытых занятий
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
_dor5oonu_chuolkaydyk_san.docx | 22.53 КБ |
erieppe.docx | 19.77 КБ |
Предварительный просмотр:
Ь дор5оону чуолкайдык сан,арарга уорэтии
Сыала:
- Дьарыкка о5о интэриэьин тардыы,
- Ь дор5оону кытары билиьиннэрии.
- О5о сан,арар органын салгыы сайыннарыы,
- Тарбах моторикатын сайыннарыы
Дьарыктаныы барыыта
- Организационнай тугэн.
О5олоор, бугун,н,у дьарыкпытыгар биьиги ь доргоону истэ, сан,ара, араара уорэниэхпит.оссо тылга дор5оон миэстэтин була уорэниэхпит.
- Артикуляционнай гимнастика:
Дьарыкпыт иннинэ биьиги билигин кыратык уоспутун, тылбытын эрчийэ туьуохпут
- корун, эрэ, о5олоор, бастакы ойууга ба5а ойууламмыт. Кини уоьун ырбаччы туттубут. Ба5аны утуктуоххэйин, эрэ. Маладьыастар.
- аны иккис ойууга слон турар. Кини уьун хоботтаах. Слону утуктэн хобот он.оробут. маладьыастар.
- Чэйин, эрэ, оссо 4-тэ хатылыахха
- Аны билигин тылбытын лаппаакы курдук аллараа уоспутугар тэниччи уурдубут. Барыгыт киэнэ сатанна дуо? Маладьыастар.
- Билигин айахпытын киэнник астыбыт уонна тылбытын уоьээ, аллараа тиистэрбитин таарыйан хачыаллатабыт. 5-6 он,оробут. Маладьыастар.
- Остуолтан тууну, уоьунан буолбакка, бэлэстэн тахсар салгынынан урэн туьэрэ оонньооьун.
3. Сурун чааьа.
1. Дор5оон характеристиката:
Бугун биьиги ханнык дор5оону истэ, сан,ара уорэнэбитий? Ь дор5оону этэрбитигэр. муннубутунан салгыны тыынабыт уонна бэлэспитинэн куускэ салгыны таьаарабыт. Ь
2.Иитээччи кэпсиир: Эьээ кэллэ, эьээ Баьылай, кэьии а 5албыт, биьиги уордубут, куллубут: «Ьэ- ьэ- ьэ, ьы- ьы-ьы, ьи- ьи- ьи»
Эьээ тэлгэьэ5э киирдэ. Ынах киирбитин уурдэ. Хайдах уурбутэ болуой?» «ьай! Ьай!» Суолга ат турар эбит. Эмиэ уурбут: «ьат! ьат!». Баран испит.Олбуор ааныгар элиэ олорор, куурусса о5олорун кэтэьэр. Эьээ соьуйан «ьук!»диэбит уонна куттанан ургуппут: «ьуу! ьуу!». Олбуор аанын сапта уонна хатаата. Эьээбит дьиэ ааныгар кэллэ, сотоллор « ьо- ьо-ьо» (о5олор барытын хатылаан иьэллэр)»
Моьооччуктээх кэьииитин киллэрдэ. Кэьиитин остуол оонньуутун, биирдии бэйэ5итигэр хомулук- ойуу а5албыт. Туох ойуутун а5албытын тайын эрэ. Илиилэрбитин бэлэмнээтибит, мин эьиэхэ дор5оон быра5аттыам, эьиги ол дор5ооннору холбоон тыл таьаарыахтааххыт. Э- ь- э, с- а- ь- ы- л, о- ь- о- х. Ойууларбытын хомуйуоххайын эрэ
Чаьы, оьох. Быьах. Эьэ. Саьыл .
Туох ойуута та5ыста?
Бу тылларга ханнык дор5оон саьа сылдьарый? Бу тылларга ханнык дор5оон саьа сылдьарын быьаараллар.Ь дор5оону ордук чорботон сан,араллар. Ханна саспытын быьаараллар.
Ыьыах. Хомус тыаьа иьиллэр.туох ойуутай? Ыьыах диэн тугуй? Ыьыах сайын буолар.Туьулгэ5э мунньустан оонньууллар, оьуокайдыыллар, курэхтэьэллэр. Эьээ биьигини атын нэьилиэккэ ыьыахха илдьэр. Тэлгэьэ5э тахсабыт, аттаах тэлиэгэ турар. Эьээ ата. Тэлиэгэ5э олорсобут, аппытынан айанныыбыт, эьээ атын хайдах ьайдыыр?:ьат! ьат!ьат!
Ааллаах аппыт барахсан,
Сиэлэ сахсанныыр:
«Ьат ! ьат!
Айаннатан иьэбит»
Ыьыахха кэллибит. (Хомус тыаьа).Туьулгэ5э киирдибит. О5олор «Оьуор»ун,куутун толороллор.
4.Физпауза:
Ьыттыа- ьыттыа, иитии куйаас,
Ьыттыа- ьыттыа, куйаас туспут.
Ьыттыа- ьыттыа илгэ сайын,
Ьыттыа- ьыттыа сайын кэлбит
5.Олбохторго олордубут. Туьулгэ ортотугар ураьа турар, ураьа иннигэр сэргэ баар,салама ыйаммыт, сахалыы иьит тардыллыбыт. Онтон бу тугу гына сылдьар дьонуй? (Оьуохайдыы)
– Ь дор5оон бу тылларга саьа сылдьар. Ь дор5оонноох тылы иьиттигит да, ытыскытын «тэс» гыннарын, суох буолла5ына, нэлэс гыннарын. Ураьа, оьуокай , сэргэ, салама, иьит, чороон.аны миэстэтин быьаарабыт. Ь дор5оон ханна саспытый?
- Оьуохайдыаххайын:
- Оьуо- оьуо оьуокай!
Оьуокайдыыр оьуокай!
Эьиэ- эьиэ эьиэкэй!
Эьиэкэйдиир эьиэкэй!
6.Тумук:
- хайа, о5олоор бугунньу дьарыкпытыгар ханнык дор5оону биллибитий? Ь дор5оон саспыт тылларын ааттаталаан эрэ. Тугу гынныбытый? Маладьыастар о5олор. Эьиги бугун,н,у дьарыкка кохтоохтук, учугэйдик кыттынныгыт.
Предварительный просмотр:
Остуоруйа алыптаах дойдутугар айан- нуучча норуотун остуоруйата «Эриэппэ».Орто болох.
Сыала- соруга: Уорэтэр: нуучча остуоруйатын «Эриэппэ» чинэтии, уус- уран тылыгар кэрэхсэбили уоскэтии; Иитэр: билбит уорэппит остуоруйаларын чинэтии, остуоруйалар геройдарын холобурдарыгар дьон майгытын быьаарарга холонуу, кыыллары, котору- суурэри харыстааьын, торообут дойду айылгатын таптааьын; Сайыннарар: ого толкуйдуур, бэйэ санаатын этэр,айар толкуйдуур, араас дьогурун сайыннарыы, остуоруйаны кэрэхсээн истэллэрин когулээьин, остуоруйа кистэлэннэрин арыйыы. Ураты суолталаах тыллары киллэрии, быьаарыы.
Саха ос хоьоонун огону иитии ньыматын быьыытынан туьаныы.
Оголоор, остуоруйаны собулээн истэргитин билэбин. Ханнык остуоруйалары билэгитий? Бугун эмиэ остуоруйа алыптаах дойдутугар айанныахпыт.
! чааьа: Этюд «Аптаах хонуу»
Хонууга хайдах курдук учугэйий. Барыта куп- куох. Сибэккилэр ууммуттэр, лыахтар котоллор. Сибэккилэр тоболорун хамсаталлар, ханнык сибэккилэрий? Аптаах хонууга остуоруйа геройдара, кыыллар мунньустан оонньууллар, ыллыыллар, ункулууллэр уонна бэйэ- бэйэлэригэр остуоруйа кэпсэтэллэр.онуоха сибэккилэр остуоруйа истэллэрин наьаа собулууллэр эбит.Оголоор, эьиги кыраьыабай сибэкки буолуоххутун багарагыт дуо? Ханнык сибэкки буолуоххутун багарагытый? Кун оссо да тахса илик, сибэккилэр утуйа сыталлар, кинилэр мип- минньигэстик утуйа сыталлар. Арай «Дзинь» кун бастакы сарданата тыкта, кини Туйаана- сиэккини тоботуттэн имэрийдэ, онтон Ньургуйаана- сибэккини, Ваня- сибэккини, ити курдук Кун сибэкки- оголору барыларын имэрийдэ(тоболоруттэн имэрийии). Сибэкки- оголор бары уьугуннулар- харахтарын корон кэллилэр. Уна кордулэр, ханас кордулэр,уоьэ- аллараа кордулэр. Онтон уорэн мичилийдилэр. Хайдах курдук кунтэн уордулэр. «Динь, динь, динь», «тик- так,тик- так» уорэн ыллаабыттар. Сибэккилэр сиик таммагынан сууннулар. Ып- ыраас буоллулар. Кун диэки хайыьан эттилэр: «Дорообо кунчээн, дорообо сарсыарда, учугэй да кун ууммут». Сибэккилэр уорбуттэр- коппуттэр , ункуулээбиттэр, остуоруйа истиэхтэрин багарбыттар. Бугун эмиэ биьиги остуоруйа кэпсэтиэхпит, кэпсии уорэниэхпит.
Аптаах хонууга остуоруйабытын учугэйдик кэпсээтэхпит аайы сибэкки «уорэр».
2 чааьа: Таабырын:
Ким ааммытыгар ньаагыныырый,
Аьын, эрэ тургэнник!
Кыьын таьырдьа олус тымныы
Туох дьиэгэ киирэ охсуон багарарый?
Куоска: Дорооболорун, оголоор! Куоска туьунан остуоруйа билэгит дуо, оголоор ( «Куоска, саьыл уонна ботуукчээн», «Эриэппэ»). Таабырын: «Туун буолла да, хачыгыратар баар уьу..»(кутуйах).куоскабыт туутэ хайдах онноогуй? Тоьо улаханнарый? (хара,манан; кыра, улахан) куоска уонна кутуйах ханнык остуоруйага корсуспуттэрэй? Бу олус интэриэьинэй остуоруйа. Остуоруйа ханнык тыллартан сагаланарый? Истиэххитин багарагыт дуо?
«Эриэппэ»остуоруйаны кэпсээьин.
Бастаан огонньор буорга тугу олордубутуй? Сиэмэтэ хайдах эбитий? Онтон сиэмэттэн туох уунэн тахсыбытый? Эриэппэбит хайдах улааппытый?
Эриэппэни ким бастаан тарпытый? Туура тардан ылбыт дуо? Огонньор хайдах эбитий? Куустээх, улахан эбит дуу?
Огонньор кими ыцырбытый? Эмээхсин эриэппэни хайдах тарпытый?
Эмээхсин кими ыцырбытый? Сиэн кыыс хайдах эбитий?
Огонньор, эмээхсин уонна сиэн кыыс эриэппэни туура тардан ылбыттар дуо?
Сиэн кыыс кими ынырбытый? Ыт …..
(Ким саамай куустээх, улахан эбитий?) Онтон ким саамай кыра, эбитий?
Онтон кутуйах суох эбитэ буоллар, эриэппэни туура тардан ылыахтара этэ дуо?
Ол аата кыра да комо наада , олус туьалаах эбит. Сахалыы ос хоьоонунан тумук оноруохха соп: «Кыра да куус- улахан кодьуус». Ол аата бары бииргэ комолоон туура тардан ылбыттар!
Оонньуу: «Куоска уонна кутуйах»
3 чаааьа: Сибэккилэрбитин уордэ таарыйа биьиги билигин остуоруйа кэпсиэхпит.
Оголор остуолга сытар хартыыналары ылан, биирдиилээн кэпсииллэр. Хас кэпсээн буттэхтэрин аайы сибэккилэрбит «уорэллэр».
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Сценарий открытого занятия "В гостях у Карлсона"
Образовательные задачи: Ø обобщить знания и представления детей об электричестве;Ø Расширить представления о том, где «живет» электричество и как оно помогает человеку, познакомить д...
Сценарий открытого занятия в образовательной области "Безопасность" для детей старшего дошкольного возраста "В Гостях у Карлсона"
Образовательные задачи: Ø обобщить знания и представления детей об электричестве;Ø Расширить представления о том, где «живет» электричество и как оно помогает человеку, познакомить д...
Сценарий открытого занятия в образовательной области "Безопасность" для детей старшего дошкольного возраста "В Гостях у Карлсона"
Образовательные задачи: Ø обобщить знания и представления детей об электричестве;Ø Расширить представления о том, где «живет» электричество и как оно помогает человеку, познакомить д...
Сценарий открытого занятия "Давайте весело дружить"
Игровое занятие с педагогом-психологом....
"МАСТЕРСКАЯ ЗДОРОВЬЯ" сценарий открытого занятия по самомассажу (2 младшая группа)
«МАСТЕРСКАЯ ЗДОРОВЬЯ». Сценарий открытого занятия (показывают дети младшего возраста).Цель:С помощью массажа способствовать заметному улучшению общего состояния, приливу бодрости и работоспособн...
СЦЕНАРИЙ ОТКРЫТОГО ЗАНЯТИЯ ПО ПОДГОТОВКЕ К ГРАМОТЕ И РАЗВИТИЮ РЕЧИ В СРЕДНЕЙ ГРУППЕ ДЕТСКОГО САДА
ЗАГАДКИ. ПАЛЬЧИКОВАЯ ИГРА...
Сценарий открытого занятия для родителей по обучению детей Речевому этикету. "Уроки вежливости"
ГБОУ детский сад № 1244РЕЧЕВОЙ ЭТИКЕТ Вежливый ручеекДети стоят парами друг за другом, держась за руки поднятые вверх. Ведущий проходит сквозь них, выбирая себе пару, и становяс...