Аьагас дьарык "Аптаах тыа5а айан"
план-конспект занятия по математике (подготовительная группа)
Предварительный просмотр:
«Аптаах тыа5а айан»
Дьарыктаныы сыала-соруга:
- Нэдиэлэ куннэрин, ыйдары н хатылааьын, куну-дьылы кэтээн керуу.
- Геометрическай фигуралары, сыыппаралары хатылааьын: о5о толкуйдуур дьо5урун, тылын-еьун сайыннарыы.
- Дьарыкка интириэьи тардыы. Иитээччи быьаарарын, бол5ойон истэллэрин ирдээьин, харандааьынан сепке тутталларын ситиьии.
- Утуе сарсыарданан! Кенетук олордубут, бол5ойон истэбит.
- О5олоор, мин бугун уьуйаанна кэлэн баран, остуолбар сурук булан ыллым. Ол суругум эьиэхэ аадырастаммыт.бары бииргэ бу суругу аа5ыаххайын.
(Суругу аа5ар)
- Дорооболрун о5олоор! Мин эьигини аптаах остуоруйа ойуурбар ынырабын. Мин до5орум чыычаах кэпсииринэн, эьигини наьа бэьиэлэй, ейдеех, сыыппаралары билэр, билиигэ тардыьар наьаа учугэй о5олор уьугут. Билиигитин тургута, ыарахантан толлубат буоллаххытына мин эьигини кэтэьэбин.
Суругу суруйда Ойуур олохтоо5о.
- Чэ эрэ о5олоор, айаннаатыбыт да аптаах ойуурга?
- Барыахпыт иннинэ, билиибитин кэнэтэ таарыйа нэдиэлэ куннэрин хатылыаххайын.
- Бугун нэдиэлэ ханнык кунэ? (сарсын, ейуун)
- Нэдиэлэ5э хас кун баарый?
- Ханнык нэдиэлэ кунугэр биьиги еруубут?
- Маладьыастар нэдиэлэ куннэрин учугэйдик билэр буоллаххытына, билиини бэрэбиркэлиир тургутуктары этэннэ туоруохпут дии саныыбыт.
(Муусука тыаьыыр)
- Истэгит чыычаахтар ырыаларын? Сэбирдэхтэр сипсиьэллэрин? Биьиги ойуурга, аптаах ырааьыйа5а кэллибит. Керун эрэ о5олоор куобахтар сыыппаранан оонньуу сылдьаллар. Хас куобах оонньуу сылдьарый? Бастакы уонна уьус куобах ортотугар хаьыс кауобах туруохтаа5ый? Уьус куобах кэнниттэн ханнык куобах кэлэрий? Тердус уонна алтыс куобах ортотугар хаьыс сыыппаралар кэлэллэрий?
- Эмискэ бере тахсан кэллэ. Берену аахтахпытына, барыта хас кыыл буолла? Уон сыыппараны теттеру аа5ын эрэ.
- О5олоор , Беребут утуе саналаах бере эбит кини кобахтары кытта бииргэ оонньуон, сыыппыралары уерэтиэн ба5арар эбит. «Миигин кытта эмиэ оонньоон»- диэн кердеспут куобахтартан.
- Чэ сеп диэбиттэр куобахтар. «Садаачаны сепке суоттаатаххына оонньуохпут»- диэбиттэр куобахтар.
- О5олоор, биьиги бере садаача суоттууругар кемелеьуеххэйин. Кини хаьан даганы садааччасуоттаан кере илик эбит.
1 бастакы садаача: «Мин дьиэ кэргэммэр бааллар_-Ийэм Агам Эбээь Эьээм балтым уонна мин».
2 садаача: «Нэдиэлэ алтыс кунэ, ким диэн ааттанарый?»
3 садаача: «Эбээтэ Айаалга икки бирээньик биэрбит, Айта5а икки кэмпиэт, Ньургунна икки бирээнньик. Барыта холбоон хас бирээнньик биэрбитий?»
4 садаача: «Бэс маска 10 дьаабылыка ууммут. Биэьэ сиргэ туспут. Бэскэ хас дьаабылыка хаалбытый?»
- Маладьыастар о5олоор. Чэ береге кемелестубут. Салгыы бардыбыт. Уой , о5олоор бу ханнык остуоруйа5а кэллибит.
- Эбээлэрэ хаьыс турарый?
- Уьус ким турарый?
- Сиэннэрин Машенька уонна куоска ортотугар ким турарый?
-Саамай бутэьик ким турарый?
- Кутуйа хаьыс турарый?
- Бу остуоруйа туохха уерэтэрий? (эйэлээх буоларга, бэйэ-бэйэ5э кемелеьерге!)
- Уой, о5олоор, керун эрэ. Тиин тахсан кэллэ дии.
- Утуе кунунэн Тиинчээн.
_ Утуе кунунэн мин эиьгиттэн эмиэ тургутан керуехпут багарабын. Таайын эрэ мин таабырыммын: «Сэлээппэлээх, бэргэьэлээх ойур устун ыьыллыбытым, мин кыьынны хаьааспар хомуйабын, мунньабын»
- О5олоор, миэхэ тэллэй хомуйарбар кемелеьун эрэ.
- Махтал о5олоор!
-Чэ сал5ыы бардыбыт. Хайдах эрэ харанарда халлааммыт, тымныйбыт курдук. Уой, мин дьиэ кердум. Дьиэбит буолла5ына куурусса атахтардаах, бу дьиэ5э ким олороруй?
- Бу дьиэ5э ким олороро буолуой? (о5олор Дьэгэ-Бааба)
- Эьиги санаагытыгар Дьэгэ –Бааба хайдах керуннээ5э буолуой?
- Туохха миэхэ кэллигит?
- Биьиги куулэйдии сылдьабыт.
- мин тыабар куулэйдиири себулээбэппин.
- Буруйгутугар сорудах толоро5ут. Кыайан толорботоххутуна илдьэ хаалыам! (кулэр)
- Бастакы соруда5ым. Итинтэн 6 палочканы ыланныт дьиэтэ онорун эрэ.
- Икки палочканы туора уурун, 4 палочкаттан былаахта онорун.
- Аны 4 муннукта онорун.
- Чэ, аны 3 муннукта онорун.
- Тыый барытын сатаатыгыт дии…
- (Дьэгэ-Бааба): Маладьыастар о5олоор! Хайгыыбын эьигини, наьаа ейдеех о5олор эбиккит.
- Дьэгэ- Бааба куерсуеххэ диэри
- Салгыы бардыбыт.
- Сибэккилээх алааска хонууларга кэллибит. О5олоор, бу сибэккилэргэ ханнык геометрическай фигуралар баалларый?
- Хас ус муннук баарый? Хас туерт муннук баарый? Хас ньолбуьах баарый? Ха скене муннук баарый?
(Хаххан кетен кэлэр)
- О5олоор, эьигини керен уердум. Мин аптаах тыабар эьигини мин ынырбытым. Эьигини тургутан керееру гынабын.
- 4 сыыппара иннигэр ханнык сыыппара турарый? Оччо харыйата уруьуйдаан.
- ус сыыппара кэнниттэн хас сыыппыра кэлэрий? Оччо сибэккитэ уруьуйдаан.
-Ус сыыппыра5а икки сыыппыраны эптэххэ хас буоларый?
- Биэскэ биэьи эптэххэ?
- Хаххан, о5олор эн тургутуккун толордулар.
- Хаххан: - О5олоор маладьыастар! Эьиги чахчы ейдеех, талааннаах, утуе санаалаах о5олор эбиккит. Миэхэ кэлэн ыалдьыттаан барбыккытыгар махтанабын уонна кыракый кэьиибин биэрэбин. Керсуеххэ диэри!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Открытое занятие на тему "Олонхо дойдутугар айан"
Открытое занятие для детей старшей группы....
«Олоҥхо дойдутугар айан»
конспект открытого занятия в средней группе...
«Золушканы кытта Мультляндия дойдутугар айан» - дьарык технологическай картата
(Улахан бөлөх оҕолоругар электроннай хартыына көмөтүнэн ситимнээх саҥаны сайыннарыыга эрчийии технологическай картата)...
Конспект занятия по ФЭМП "Фребель арыытыгар айан"
Конспект-занятия по ФЭМП "Фребель арыытыгар айан"...
Технологическая карта совместной образовательной деятельности "Куех алааска айан".
У каждого народа есть различные игры и игрушки, которые отличаются по виду и свойством материала. У нашего якутского народа имеются игрушки, вырезанные из тальника, дерева, бересты и конского волоса. ...
Настольная игра "Алгыстаах айан"
Оҕо тылын-өһүн, быһаарар, кэпсиир дьоҕурун сайыннарарын таһынан саха төрүт малын-салын билэригэр олус туһалаах оонньуу.Бу ооньуунан детсадка бөлөх иһигэр, дьиэҕэ дьиэ кэргэни кытта оонньуохха сө...
Аьагас дьайымал конспега
Комо матырыйаал...