конспект занятия по развитию мелкой моторики рук для средней группы "Эйэлээх до5оттор"
план-конспект занятия по аппликации, лепке (средняя группа) на тему
КОНСПЕКТ ОТКРЫТОГО ЗАНЯТИЯ ПО РАЗВИТИЮ МЕЛКОЙ МОТОРИКИ РУК ДЛЯ ДЕТЕЙ СРЕДНЕЙ ГРУППЫ
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
eyeleeh_do5ottor.doc | 44 КБ |
Предварительный просмотр:
МБДОУ «Детский сад № 1 «Мичийээнэ» с Кысыл-Сыр Намского улуса»
КОНСПЕКТ ОТКРЫТОГО ЗАНЯТИЯ ПО РАЗВИТИЮ МЕЛКОЙ МОТОРИКИ РУК ДЛЯ ДЕТЕЙ СРЕДНЕЙ ГРУППЫ
«Эйэлээх до5оттор».
Сыала: араас дьайымал нонуо о5о тарба5ын бытархай былчыннарын сайыннарыы.
Соруктара:
– геометрическай фигуралары билэллэрин чинэтии;
– о5о бэчиэннэ формаларын тутта уорэниитин ситиьии;
– хоьоон тылыгар соп тубэьиннэрэн, тарбахтары тэннэ хамсата уорэтии;
– корор, истэр, айар дьо5урун, илиитинэн тутан-хабан билэр уоруйэхтэри сайыннарыы;
– утуо санаа5а, аьыныгас буолууга итии.
Туттуллар матырыйаал: Чебурашка, крокодил Гена куклалара, мульмедийнай проектор, бэчиэнньэ тиэстэтэ, бэчиэнньэ формлара, слива, черешня унуохтара, пазл, улахан хайа5астаах о5уруо, сап, клей, влажнай салфетка, араас онноох геометрическай фигуралар, обруч, танаьынан оруллубут быа.
В.А: – Утуо кунунэн о5олоор. Бугун биьиэхэ кэлбит ыалдьыттары кытта эмиэ дорооболоьуохайын.
(о5олор ыалдьыттары кытта дорооболоьоллор).
Ааны тонсуйаллар. Сурук кэлэр, аа5абын.
В.А: – О5олор, биьиэхэ сурук кэллэ. Бу суругу Чебурашка уонна крокодил Гена ыыппыттар. Аа5абын дуо?
Дорооболорун о5олоор! Шапокляк биьигини, эьиэхэ кэлэн истэхпинэ муннаран кэбистэ. Биьиэхэ комолоьун!
О5олор, Крокодил Гена уонна Чебурашка, Шапокляк диэн кимнээх этэй?
(о5олор эппиэттэрэ – муьтик геройдара).
(слайда5а крокодил Генаны уонна Чебурашканы, Шаполкяк кордоробун)
В.А: – Крокодил Гена уонна Чебурашка биьигиттэн комо кордообуттэр. Биьиги кинилэргэ комолоьобут дуо?
(о5олор эппиэттэрэ).
В.А: – Шапокляк олус киитэрэй, кини биьиэхэ элбэх мэьэйдэри бэлэмнээбит буолуохтаах. Ону туоруурга биьиги бэлэмнээх буолуохпутун наада. Уьун айанна туруох иннинэ эрчиллии оноруохпут.
Физминутка.
Хааман, хааман кэлэрбэр,
Атахтарым иккиэлэр.
Дайбаан, дайбаан кэлэрбэр
Илиилэрим иккилэр.
Биир, икки, биир, икки,
Атахтарбыт хаамаллар.
Биир, икки, биир, икки,
Илиилэрбит дайбыыллар.
В.А: – О5олор, бастакы мэьэйбитигэр кэллибит. Синньигэс суолунан охтубакка хааман ьаран, обруч иьигэр икки атахпытынан ыстанан баран, тоттору обручтан ыстанан тахсабыт.
(о5олор мэьэци туруорууллар).
В.А: – О5олор, салгыы айанныаххайын. Корун эрэ о5олор, бу кимий?
(слайда5а кыыс костор кэлэр, о5олор эппиэттэрэр – Чебурашкалаах мультикка баар кыыс).
В.А: – О5олор, истиэ5ин эрэ, кыыс туох диирин.
(слайда5а кыыс санарар)
Кыыс: – Дорооболорун о5олоор. Хайа бу эьиги ханна баран иьэ5итий?
(о5олор эпиэттэрэ).
Кыыс: – Оо, о5олоор, крокодил Гена уонна Чебурашка аччыктаабыттара буолуо.
Кинилэргэ бэчиэнньэ буьаран бэлэмниибит дуо?
(о5олор эпиэттэрэ).
В.А: – Ол иннинэ тарбахтарбытын, Айтилина Дмитриевнаны кытта эрчиллиэ5ин.
(А.Д о5олорго тарбахтары эрчийии онотторор).
«Эйэлээх до5оттор»
Олорбуттар до5оттор,
уолаттар уонна кыргыттар.
до5ордууу буолбуттар
ахсаан аа5ан барбыттар
1, 2, 3, 4, 5
оссо биирдэ аа5ыахха
1, 2, 3, 4, 5
ахсаан аа5ан бутуоххэ.
В.А: – Билигин бары, салфетка ыламмыт илиилэрбитин соттобут, уонна тиэстэбитигэр бэчиэннэ формаларын баттаан, буьара ууруохпут.
(бэчиэннэ оноруута, буьара ууруу).
В.А: –Шапокляк олус киитэрэй, биьиги суолбутун булан короро буолуо. О5олоор, биьиги эмиэ киитэрэйдиибит дуо? Суолбутун биллэрбэт гына суолбутун киитэрэйдээн салгыы айанныаххайын.
Эьэ курдук – тилэхпит тас оттугэр хаамабыт,
Саьыл курдук – атахпыт тоботугар аргыый уктээн уомэн хаамабыт,
Куобах курдук – ойуоккалыыбыт.
Чыычаахтар буолан котуоххэйин, олорон эрэн аьыа5айын, туораах тонсуйуо5ун.
(кыыллары, чыычаахтары слайда5а кордоробун).
В.А: – О5олоор, корун эрэ, бу кимий?
(слайда5а хахай костор, о5олор эппиэттэрэ).
Хахай: – Дорооболорун о5олор! Ханна ыксаан иьэ5итий бу?
(о5олор эппиэттэрэ).
Хахай: – Оо, Шапокляк ол хайдах муннаран кэбиспитэй? О5олор, биьиги киниэхэ сибэкки дьорбото онорон ыытыаххайын. Оччо5о биьиэхэ биьиги до5отторбутун ханна муннарбытын этиэ дии саныыбын.
– О5олор, хахай эппитин курдук сибэкки онорон бэлэхтиэххэ Шапоклякка.
(геометрическай фигураларынан апплликация «Сибэкки дьорбото»).
Слайда5а Шапокляк костор. Сибэкки дьорбото туппут.
Шапокляк: – О5олор, дорооболорун! Эьиги Чебурашканы уонна крокодил Генаны кордуу сылдьар эбиккит дии. Мин кинилэри кытта ооньуохпун ба5араммын муннартаан кэбистим. Муннартыыр куьа5анын биллим, аны инник гыныам суо5а, сыыьабын билинэбин. Ол эрэн ханна муннартаабыппын умнан кэбистим. Арай бу сорудах баар. Ба5ар ол комолоьуо эьиэхэ.
(сорудахтар пазл оноруута, о5уруо тиьии, фрукта оцуохтарын наардааьын)
Шапокляк: – Маладьыастар, олус эйэ5эс о5олор эбиккит. Атас туьугар атах тостор диэн эьиги туьунан эппиттэр эбит. Геналаах Чебурашканы буллум, суолларын сопко ыйан биэрдим. Барыгытыгар махтал! Корсуоххэ диэри!
(слайда5а Чебурашка уонна крокодил Гена костоллор, ырыалара тыаьыыр)
(Чебурашкалаах, Гена киирэллэр).
Ч, Г: Дорооболорун о5олоор, ор да хаамтыбыт, эьиги комото суох олох да кэлиэ суох эбиппит. Биьиги эьиэхэ оонньуур кэьиилээх кэллибит.
В.А: – О5олоор, Чебурашкалаах Гена5а биьиги эмиэ кэьии бэлэмнээбиппит дии, бэчиэннэлэрбитин туттарыа5ын.
– Уонна о5олор, биьиэхэ бугун кэлбит ыалдьыттарбытыгар бэчиэнньэбититтэн бэрсэбит дуо?
(о5олор ыалдьыттарга бэчиэннэ кундулууллэр).
В.А: – О5олор, Чебурашка уонна Гена, Шапоклягы кытта оонньуу бараары ыксаатылар. Кинилэри атаарыа5ын. Кинилэр биьиэхэ оссо ыалдьыттыы кэлиэхтэрэ.
(Чебурашканы, крокодил Генаны атаарабыт).
В.А: – О5олор биьиги бугун тугу гынныбыт? Ким тугу собулээтэй? Сибэккилэрбитин ханнык фигуралартан онордубут? Хайдах онноохтэр этэй фигураларбыт?
Маладьыастар бары олус эйэлээх, кордоох. Чебурашка, крокодил Гена, шапокляк эьигиттэн олус уордулэр. Оссо да биьиэхэ ыалдьыттыы кэлиэх буоллулар. Чебурашкалаах Гена туох кэьии а5албытын коруо5ун.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Конспект занятия по развитию мелкой моторики рук в средней группе «Путешествие в сказку»
Конспект занятия по развитию мелкой моторики рук в средней группе «Путешествие в сказку»...
Конспект занятия по развитию мелкой моторики в средней группе детского сада "В гости К Белочке"
Конспект занятия поможет в игровой форме детям развить мелкую моторику рук....
Конспект занятия по развитию мелкой моторики рук для детей среднего дошкольного возраста «Путешествие в добрую сказку»
Развивать навыки речевого общения....
Конспект занятия по развитию мелкой моторики рук для детей средней группы «Путешествие в зоопарк»
Задачи:формировать представления детей о зоопарке, о представителях зоопаркаактивизировать словарь детейсовершенствовать координацию движенийразвивать мелкую моторику, согласованность движений пальцев...
Конспект занятия по развитию мелкой моторики рук для детей средней группы «Путешествие в зоопарк»
МДОУ детский сад №18 "Сказка"....
Конспект занятия по развитию мелкой моторики рук в средней группе "Путешествие в сказку"
Развитие мелкой моторики...