проект "Саха эйгэтин тэрийии"
проект (средняя группа)
Предварительный просмотр:
Подписи к слайдам:
«Мин+төрөппүттэрим+иитээччилэрим-биир ситим » Соморсуннаа5ы « Чэчир » Оҕо сайдар киинин бырайыга » Мин Төрөппүттэрим Иитээччилэрим
Бырайыак сыала : Чөмчук саастаах о5о сайдыытыгар иитэр-үөрэтэр ү лэ5э сайыннарар эйгэни тэрийиигэ оҕо , төрөппүттэр уонна иитээччилэр биир ситим буолалларыгар көҕүлээһин . Бырайыактыыр үлэни сайыннарыы. Соруктар Бырайыгы оҥорорго үөрэтии, чинчийии үлэтэ ; Бырайыактары педсоветка к өмүскээһин бырайыгы олоххо киллэриигэ үлэ
э + Саха ооньуурдара Билиҥҥи сайдыылаах кэмҥэ оҕону кыра сааһыттан олоххо бэлэмнииргэ, Ө йун – санаатын дириҥэтэргэ, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарарга сахалыы остуол ооньууларын сөргутуу.
Ытык (Иэрэгэй)
гэ Саха эйгэтин тэрийиигэ КустукчааНнбелеххе бааллар Эбээ бэлэҕэ диэн ааттаах мастан оноьуллубут Кэскил Прудецкай авторскай сахалыы остуол оонньуулара: саьаан, биэс ойбон, ленские столбы , эрэйии, отонньуттар (бу оонньуулары төрөппуттэр иитээччини кытта субэлэьэн атыылаьан ылбыттара). Ону таьынан хас биирдии оҕоҕо олбох тигэн аҕалбыттара кээмэйэ 30*30, 6 иэрэгэй – куөрчэх оно һуллуохтаах , 7 т өрөппут кыттыһан сахалыы домино эбэтэр карточкалары онорон аҕалыахтаахтар
Саха мас ооньуулара киэн эйгэҕэ тахсаллар . Бизнес – инкубатор резидиэнэ Кэскил Прудецкай « Масигра » диэн устуудьуйа мастарыскыай тэринэн сахалыы мындыр онньуурдары онорор
Хайаны дабайыы ооньуу өйү – толкуйу сытыылыырын таьынан , киьи илиитин – атаҕын эмиэ эрчийэр .
Отонньуттар
Т ас кістµµтµнэн тупса±ай, о±о доруобуйатыгар куттала суох сайыннарар тэриллэр. О±о тарбахтарын былчыІнарын, болҕомтону сайыннарарга анаммыт оонньуулар.
Талаҕынан оонньуур ынахтар
Сыала былыргы өбүгэлэрбит оонньууларын сэргэхситии, харыстааһын, саха фольклорун оҕолорго оонньуу нөҥүө тириэрдии, малга харыстабыллаах сыһыаны үөскэтии. Хас да оҕо оонньуон сөп. Саҥарар саҥаны сайыннаран, кэпсэтэр дьоҕуру көҕүлээһин. Матырыйаала талах маһы кэрчиктээн быһан, кыһан оҥоруу. Оонньуу барыыта оҕо илиитигэр тутан олорон саҥардар, хамсатар, кэпсиир.
Хабылык
Бу оонньуур 1 см кэтиттээх, 9 см усталаах, 4 мл халыҥнаах буолар. Хабылыгынан оҕолор эрэ буолбакка улахан дьон эмиэ оонньууллар. Хабааччы киһи хабылыгы барытын биир ытыһыгар сааһылаан мунньар уонна сэрэнэн үөһээ өрө быраҕар. Хабылыктар остуолга түһүөхтэрин иннинэ илиитин көхсүн тоһуйан биэрэр. Ол кэнниттэн өссө үөһээ өрө быраҕар уонна ытыһынан хабан ылар. Төһө маһы хаппытынан аахсар. Ким төһө элбэх хабылыгы хаппыт киһи кыайыылааҕынан тахсар.
Күүгүнэтэр
Өбүгэлэрбит биир сөбүлүүр оонньууларынан күүгүнэтэр буолар. Күүгүнэтэри талаҕынан, мамонт, таба муоһунан оҥоруохха сөп. Икки кырыытын ортотунан үүттүүллэр, үүттэринэн сөбүгэр суон сабы угаллар, сабы төбөтүн холбуу баайаллар.
Быа аҥар төбөтүн хаҥас илии эрбэҕэр иилэн, икки төбөтүн уҥа илии ортоку тарбаҕар кэтэрдэн баран быаны мөлтөтө-мөлтөтө ууннары тардыллар. Оччоҕо сап төттөрү-таары хатыллан күүгүнэтэн эргийэр, араас дьикти, кэрэ дорҕоонноох тыастар тахсаллар.
Күүгүнэтэри дэбигис эрийэн уонна киһи сэргиир араас дорҕооннору таһаарбыт оҕолор хайҕаналлар.
Тыксаан
Хас да киһи остуолу тула олорон уочаратынан оонньууллар.
Тыксааны барытын бииргэ мунньан хомуйан ылыллар, остуол үрдүгэр ыһа түһэриллэр. Ити кутуу дэнэр. Бу оонньууга ыспыт киһи тыксаана таптаҕына таппыт тыксаанын ылар. Атын тыксааны хамсатыа суохтаах.
Таппыт тыксаанын ылар уонна салгыы оонньуур. Өскөтө кини сыыстаҕына эбэтэр тыксааны хамсаттаҕына оонньуурун тохтотор, уочараттаах киһи саҥалыы кутар. Итинник тыксаан бүтүөр дылы оонньонуллар. Элбэх тыксааны ылбыт киһи кыайыылаах буолар.
Эрийии
Бу оонньуу тарбах үлэтин сайыннарар, сүһүөхтэри үлэлэтэр. Икки оҕо оонньуур.
Икки талах маһы кыһыйан ортотугар быалыыбыт, быа ортотугар сап баайабыт. Күрэхтэһээччилэр икки өттүттэн быаны эрийэллэр, ким урут ортоку бэлиэҕэ тиийбит ол киһи кыайыылаах тахсар.
Маннык сахалыы оонньуулар оҕо билэ – көрө сатыыр, тарбах көмөтүнэн тута – хаба үөрэнэр баҕатын сайыннараллар, тулуурдаах, дьулуурдаах буоларга көҕүлүүллэр, санаатын сайа этэригэр көмөлөөхтөр.
Болҕомтоҕут иьин махтал!!!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Т.Е.Сметанин айымньыларыгар оонньуу туонатын тэрийии
Суруйааччы айымньыларын үөрэтиигэ, сырдатыыга оҥоһуллубут оонньуулар...
Сайдар кииннэ о5о дьайымалын тэрийии технологическай карталара.
План конспект разновозрастной группе составлен на якутском языке....
Сайдар кииннэ о5о дьайымалын тэрийии технологическай карталара.
Аьа5ас дьарык хаамыыта...
Сайдар кииннэ о5о дьайымалын тэрийии технологическай карталара.
Аьа5ас дьарык...
Сайдар кииннэ о5о дьайымалын тэрийии технологическай карталара.
Открытое занятие...