Сценарий театрализованного представления к Новому году
материал (старшая, подготовительная группа) по теме

Бурнашева Ольга Иннокентьевна

 

Представление на якутском языке

Мариша түүлэ

Саҥа дьыллааҕы представление сценарийа

Ааптар - Бурнашева О. И, «Чуораанчык» о5о садын иитээччитэ

 

Оруоллар: Мариша – атаах, ытанньах кыыс

Ийэ – Мариша ийэтэ

Звездочет (улахан киһи)

Сибэкки феялара – 3 кыыс

Гусардар уонна балерина

Фокусник уонна үҥкүүһүт кыргыттар

Рапунцель уонна колдунья (улахан киһи)

Смешариктар

Циркачтар

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл stsenariy_predst_2.docx21.62 КБ

Предварительный просмотр:

Мариша түүлэ

Саҥа дьыллааҕы представление сценарийа

Ааптар - Бурнашева О. И, «Чуораанчык» о5о садын иитээччитэ

Оруоллар: Мариша – атаах, ытанньах кыыс

Ийэ – Мариша ийэтэ

Звездочет (улахан киһи)

Сибэкки феялара – 3 кыыс

Гусардар уонна балерина

Фокусник уонна үҥкүүһүт кыргыттар

Рапунцель уонна колдунья (улахан киһи)

Смешариктар

Циркачтар

БАСТАКЫ  КӨСТҮҮ

Фоновай музыка. Ийэ кыыһын сиэтэн киллэрэр. Сыанаҕа ситэ киэргэтиллибэтэх харыйа, оонньуурдардаах хоппо, кыыс ороно, орон кэннигэр экран тураллар.

Ийэ. Мариша кыысчааныам,

Мариша чыычааҕыам,

Эн тоҕо уһун күн

Бу тоҕо ытыыгын?

Мариша. Ыы, онтон миигин детсадка

Саша уол саайбыта-а.

Ийэ. Мариша кыысчааныам,

Мариша чыычааҕыам,

Ыл, сыллыый, ытаан бүт,

Хараххын сотуохха,

Ытаан аны бүтүөххэ.

Мариша. Ыы, чупа-чупс биэрдэргин

                Баҕар тохтуом этэ мин.

Ийэ сиэбиттэн чупа-чупс ылан биэрэр. Кыыс ытыы-ытыы кэмпиэти эмэр.

Ийэ. Мариша кыысчааныам,

Мариша чыычааҕыам,

Саҥа дьылбыт кэллэ дии,

Елкабытын симиэххэ (хоппону ылар).

Көрүүй, бу хоппоҕо

Бааллар күндү таас дьиэлэр,

Дьиэлэргэ олороллор

Эн таптыыр доҕотторуҥ.

Арааһа бу шар дьиэҕэ

Олороро буолуо Дед Мороз

(кыһыл шары ылан ыйыыр).

Мариша (соһуйар). Кырдьык дуо? Ыы, көстүбэт (сыҥсыйар).

Ийэ. Онтон манна гусардар,

Күүстээх-уохтаах саллааттар

Харабыллыыр буолуохтаахтар

Балтыларын, балерина кыысчааны

(халлаан күөҕэ шары көрдөрөр, ыйыыр).

Мариша. Мин балеринам дуо? Көрүүм эрэ, суох дии.

Ийэ. Көрүүй, бу олорор аптаах киһи – фокусник.

        Аттыгар имигэсчээн үҥкүүһүт кыргыттар (оонньууру көрдөрөр, ыйыыр).

Мариша. Ханна. Ханна?. Көрдөр эрэ.

                Олох да көстүбэттэр.

Ийэ. Уой, оттон бу шарга

Эн таптыыр мультиккыттан

Смешариктар олороллор (оонньууру көрдөрөр, ыйыыр).

Мариша. Ыы, сымыйалаама.

Ийэ. Ытаамарыый, Мариша,

Истиий – Рапунцель ыллыыр,

Аптаах уһун суһуоҕа көмүстүү күлүмүрдүүр,

Кырдьаҕас колдуньяны эдэригэр түһэрэр (шар оонньууру иһиллээбитэ буолар, ыйыыр).

Мариша. Ыы, тугу-у да истибэппин!

Ийэ. Кылабачыгас бу шарга

Бааллар эбит циркачтар (ыйыыр).

Мариша. Циркачтар дуо? Кырдьык дуо?

Ийэ. Сулустардаах шарикка

Баара буолуо Звездочет,

Сулустары ааҕар-суоттуур,

Инникини билгэлиир (ыйыыр).

Сибэккилээх шаригы

Ыйаа бэйэҥ, Мариша,

Олороллор бу дьиэҕэ

Сибэкки феялара.

Мариша (үөһэ ыйыы сатыыр).

Айыкка, тиийбэппин,

Сылайдым, ыйаабаппын!

(хоппоҕо бырахпыта буолар).

Ийэ. Оо, хаарыан шаригы

Алдьатан кээстиҥ дии. (дьиҥэр алдьаммат)

Мариша. Алдьаннын да хайаатын! (кыыһырар, өссө күүскэ ытыыр).

Ийэ. Ытаама, кыысчааныам,

Ытаама, чыычааҕыам,

Чэ, буоллун, алдьаннын,

Кэбиһиий, уоскуйууй.

Мариша. Сакалаат биэрдэргин

Уоскуйуом этэ син!

Ийэ. Сакалаат арааһа

Лааппыга эрэ баар.

Бу бардым, бу сүүрдүм,

Оҕобор аҕалыам.

Онтон эн, Мариша,

Ийэҕин кэтэһэ сытан ыл,

Сыттыккын көбүтүүм, суорҕаҥҥын көннөрүүм.

Кыыһын сытыарар, ыксаан барар. Мариша ытыыр, дьааһыйар, утуйар.

ИККИС КӨСТҮҮ

Дьикти тыас тыаһыыр. Елка кэнниттэн сибэкки феялара үөмэн тахсаллар. Уоттаах палочкалаахтар, биир феяҕа аптаах таастаах (лупа), иккискэ флейталаах.

1 фея. Феялар, тс-с (тарбаҕын уоһугар даҕайар). Хаарыан дьиэбитин Мариша алдьатан кэбистэ дии. Нэһиилэ елка лабааларын быыһыгар састыбыт.

2 фея. Күнду таас дьиэбитин аптаан оҥоруохха (палочкаларынан «аптыыллар». Шаригы ылан ыйыыр). Мариша тоҕо алдьаттаҕай? Урут наһаа үчүгэй кыыс этэ дии?

3 фея. Феялар, Мариша тоҕо наһаа атаах, ытанньах буолбута буолуой? Детсадка Саша охсубута диир да, бэйэтэ Сашаны түҥнэри анньыбыта. Воспитатель тылын олох истибэт, оонньууру алдьатар, оҕолору ытатар.

1 фея. Оннук, биһиги феялар барытын билэбит. Арба миэхэ аптаах таастаахпын ээ, онон көрүөххэ эрэ (Маришаҕа чугаһыыр, лупанан көрөр). Феялар, сэрэниҥ, сэрэниҥ! Уой, көрүҥ эрэ!

2 фея (лупанан Маришаны көрөр). Оо, паук Каракурт дии! Мариша көхсүгэр сыста сылдьар (экраҥҥа ооҕуй оҕус көстөр).

3 фея. Ол аата Каракурт паук Мариша үчүгэй санаатын, үтүө майгытын супту оборор буоллаҕа дии!

1 фея (лупанан көрөр). Педипальпаларынан кытаахтаан тутуспут, хелицераларынан оборор, сиир-аһыыр эбит. Мариша эрэйдээх, көмөлөспүт киһи-и!

2 фея. Феялар, елкаттан соседпытын Звездочету аптаах флейтаны үрэн ыҥырыахха (үрэр).

Дьикти тыас тыаһыыр. Звездочет елка кэнниттэн тахсар, подзорнай трубалаах.

Звездочет. Хайа, феялар, миигин тоҕо ыҥырдыгыт?

3 фея. Звездочет, Маришаны көр эрэ. Көмөлөһүөххүн сөп дуо?

Звездочет. Оо, олус кутталлаах Каракурт паук! (трубатынан көрөр). Кини буулаатаҕына оҕо эрэйдээх олох иэдэйэр. Дьэ эрэ, сулустарым, доҕотторум, кэпсээҥ эрэ, хайдах гынан Маришаны быыһыыбыт?

Экраҥҥа сулустар, онтон араас кэрэ сибэккилэр көстөллөр.

Звездочет. Сулустарым аан дойду араас сибэккитин арамаат сытын хомуйуҥ дииллэр.

1 фея. Сөп, ону биһиги, сибэкки феялара, көтө сылдьан начаас хомуйуохпут.

Экраҥҥа сулустар, онтон үөрбүт-көппүт дьон ытыстарын таһыналлара көстөр, ытыс тыаһа иһиллэр.

Звездочет. Сулустарым дьон үөрэн, сэргээн күүстээх ытыс тыаһын бэлэхтээтэхтэринэ дииллэр.

2 фея. Ол аата циркачтары ыҥырыахпыт!

Звездочет. Үтүө санаа куһаҕан санааны кыайдаҕына дииллэр.

3 фея. Үтүө санаа уонна куһаҕан санаа… (толкуйдуур). Ээ, елкабытыгар Рапунцель уонна колдунья бааллар дии!

Экраҥҥа сулустар, онтон үөрбүт оҕолор көстөллөр, күлүү иһиллэр.

Звездочет. Элбэх киһи мичээрин хомуйдахха үһү.

1 фея. Мичээри элбэҕи смешариктар хомуйуохтара.

Звездочет. Суоҕу баар, баары суох оҥорон бар дьону соһуттахха, сөхтөрдөххө.

2 фея. Биһиги елкабытыгар оннук аптаах фокусник баар, имигэс үҥкүүһүт көмөлөһөөччүлэрдээх. Кинилэри ыҥырыахпыт.

Звездочет. Нарын намчы үҥкүүнэн, барабаан дорҕоонноох тыаһынан, көмүскүүр-харыһыйар санаанан Маришаны быыһыахха сөп.

3 фея. Биһиги елкабытыгар гусардар бааллар дии. Кинилэр балериналарын наар көмүскүүллэр уонна өссө барабааннаахтар.

Звездочет. Сулустар эппиттэрин барытын хомуйдахха, Маришаны эмтиэххэ, быыһыахха сөптөөх аан дойдуга баар саамай күүстээх эмп оҥоһуллуон сөп. Чэйиҥ эрэ, феялар, аптаах флейтаҕытын үрүҥ уонна дьэ саҕалааҥ.

ҮҺҮС КӨСТҮҮ

Феялар флейтаны үрэллэр. Феялар музыкалара тыаҺыыр. Кыыс уһуктан кэлэр, соһуйар. Феялар үҥкүүлүүллэр. Интерактив: көрөөччүлэр сибэккилэри «үүннэрэллэр», феялар кынаттарыгар кылабачыгас конфетти ыһаллар. Феялар ону мөһөөччүккэ «хомуйаллар». Миэстэлэригэр олороллор.

ТӨРДҮС КӨСТҮҮ

Флейта, дьикти тыас, музыка. Елка кэнниттэн Рапунцель уонна Колдунья тахсаллар, үҥкүүнэн минисценка көрдөрөллөр. Миэстэлэригэр олороллор.

БЭҺИС КӨСТҮҮ

Флейта, дьикти тыас, музыка. Елка кэнниттэн циркачтар тахсаллар, представление көрдөрөллөр. Интерактив: көрөөччүлэр ытыстарын күүскэ таҺыналлар, өҥнөөх хордуонтан кырыллыбыт дьэрэкээн «ытыстары» («ладошки») циркачтарга биэрэллэр. Циркачтар ону Звездочетка аҕалан мөһөөччүккэ угаллар. Миэстэлэригэр олороллор.

АЛТЫС КӨСТҮҮ

Флейта, дьикти тыас, «Смешарики» мультфильм заставката. Смешариктар киирэн үҥкүүлүүллэр. Интерактив: көрөөччүлэр смешариктарга «мичээрдэри» (хордуон) биэрэллэр, смешариктар Звездочет мөһөөччүгэр угаллар. Миэстэлэригэр олороллор.

СЭТТИС КӨСТҮҮ

Флейта, дьикти тыас, музыка. Фокусник, үҥкүүһүттэр киирэн представление, үҥкүү көрдөрөллөр. Миэстэлэригэр олороллор.

АХСЫС КӨСТҮҮ

Флейта,  музыка. Гусардар уонна балерина киирэн үҥкүүлүүллэр. Экраҥҥа Каракурт паук чугуйара көстөр.

ТОХСУС КӨСТҮҮ

Звездочет. Ингредиент барыта хомулунна.

Мөһөөччүгү сундуук иһигэр угар. Фокусник «аптаах» тыллары этэр. Звездочет сундууктан үкчү мөһөөччүгү таһаарар, иһигэр кылабачыгас конфеттилаах. Феялар конфеттины Маришаҕа ыһаллар. Мариша өсөһөөрү гынар. Дьикти музыка. Мариша эргийэр, эргийэр уонна үөрэр. Бары уопсай үҥкүүлүүллэр. Звездочет сулустарынан саҥа сылы билгэлиир. Дед Мороз киирэр. Подарок туттарыыта.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

"Школа светофорных наук или Новые приключения Буратино" Сценарий театрализованного представления по правилам дорожного движения для детей подготовительной группы ДОУ

Я предлагаю Вашему вниманию сценарий театрализованного действия по изучению основных правил дорожного движения. Дети через персонажей сказки "Приключения Буратино" закрепляют знания правил перехода че...

Сценарий театрализованного представления по ПДД «Волк и семеро козлят на новый лад»

Где- то в тридесятом царстве,В тридесятом государстве,Ни в деревне, ни в селе,На Мариинской на землеБыл построен дом такой...

Сценарий театрализованного представления к Новому году

Представление на якутском языке.       Тролль сиэркилэтин үлтүркэйдэрэСаҥа дьыллааҕы представление сценарийа.Ааптар - Бурнашева О. И, «Чуораанчык» о5о садын иитээччитэУл...

Театрализованное представление, посвящённое Новому году «Приключения под новый год»

В начале праздника звучит новогодний плейлист. Звучит 1 трек. Дети зовут Деда Мороза. Забегает в зал Снегурочка.Снегурочка – Здравствуйте ребята! Я вижу, что вы все с нетерпением ждёте Дедушку М...