Сценарий театрализованного представления к Новому году
материал (старшая, подготовительная группа) на тему
Представление на якутском языке.
Тролль сиэркилэтин үлтүркэйдэрэ
Саҥа дьыллааҕы представление сценарийа.
Ааптар - Бурнашева О. И, «Чуораанчык» о5о садын иитээччитэ
Улахан, бэлэмнэнии белехтер
Оруоллар: Остуоруйаһыт
Хаарчаана (Муус Королева)
Чаҕардар
Фарагонда
Үрүҥ ладья
Клажбен Шолт
Айыы Дьаргыл удаҕан
Оҕолор – араас кыыл, хамсыыр-харамай мааскалар
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
stsenarii_predstavleniy_k_prazdnikam.docx | 24.56 КБ |
Предварительный просмотр:
Тролль сиэркилэтин үлтүркэйдэрэ
Саҥа дьыллааҕы представление сценарийа
Ааптар - Бурнашева О. И, «Чуораанчык» о5о садын иитээччитэ
Оруоллар: Остуоруйаһыт
Хаарчаана (Муус Королева)
Чаҕардар
Фарагонда
Үрүҥ ладья
Клажбен Шолт
Айыы Дьаргыл удаҕан
Оҕолор – араас кыыл, хамсыыр-харамай мааскалар
БАСТАКЫ КӨСТҮҮ
Проекторга мультфильм саҕаланыыта көстөр («Сказки Андерсена» диск), саҥата суох. Остуоруйаһыт кэпсиир. Оҕолор мааскалаах көрөөччүлэр кэннилэригэр туран көрөллөр.
Остуоруйаһыт. Арай биирдэ былыыр-былыр олорбута үһү хара санаалаах Тролль. Биир кыһыҥҥы тымныы хараҥа түүн кини дьоҥҥо куһаҕаны оҥоруон олус баҕарбыт. Дьэ тугу оҥорбута буолуой? Аптаах муус килиэ сиэркилэ айбыт. Бу сиэркилэ аан дойду бары үтүө санаалаах дьонугар эрэйи-муҥу эрэ аҕалар аналлаах эбит.
Тролль сиэркилэтин сүүһүнэн мөлүйүөн бытархайдарга алдьаппыт уонна тыалга ыспыт. Тыал кинилэри аан дойду устун көтүтэн илдьэ барбыт. Биир кып-кыракый үлтүркэй бүтүн сиэркилэ күүһэ күүстээх эбит. Киһиэхэ хараҕар киирдэҕинэ, бу киһи урут сөбүлүү көрбүтэ барыта куһаҕан, мөкү курдук көстөр буолар эбит (пауза).
Онтон сорох дьоҥҥо оннооҕор сүрэхтэригэр кытары хатанар эбит (пауза). Оччоҕо киһи сүрэҕэ мууһуран хаалар, кими даҕаны, тугу даҕаны сөбүлээбэт, таптаабат, барытын абааһы көрөр буолар эбит.
Тролль куһаҕан дьыалата табыллыбытын көрөн олус үөрбүт (пауза, тролль күлэр).
Кып-кыракый сиэркилэ үлтүркэйдэрэ өссө да элбиих-элбэх сыл дьону эрэйдии сылдьыбыттар.
Онтон билигин эһиги көрүөххүт икки бүтэһик сиэркилэ үлтүркэйэ кимиэхэ түбэспитин.
ИККИС КӨСТҮҮ
«Хаарчаана» ырыа тыаһыыр. Хаарчаана Саҥа дьыл утреннигар бараары бэлэмнэнэ сылдьар.
Хаарчаана. Күүппүт күммүт, кэрэ кэммит Саҥа дьылбыт тиийэн кэллэ. Бүгүн мин оҕолорго утренникка барабын («сиэркилэҕэ» (проектор) чугаһыыр). Сиэркилэм, сиэркилэчээним, эһээм Тымныы Оҕонньор бэлэҕэ, эт эрэ миэхэҕэ: күн сирин үрдүгэр саамай өйдөөх, саамай көрдөөх, саамай кэрэ ким баарый?
Сиэркилэ (проекторга мультфильмтан сиэркилэ сирэйэ көстөр). Эйигиттэн ордугу билбэппин, Хаарчаана.
Хаарчаана үөрэр, үҥкүүлүүр. Эмискэ тыас-уус, тыал тыаһа иһиллэр. Хаарчаана хараҕар, сүрэҕэр кыһыл уот тыгар (лазернай пистолет уота). Хаарчаана хаһыытыыр, сүрэҕин туттар, елка кэннигэр куотар.
Остуоруйаһыт. Дьэ, көрдүгүт? Ити курдук Хаарчаана барахсан хараҕар уонна сүрэҕэр хара санаалаах Тролль аптаах сиэркилэтин бүтэһик үлтүркэйдэрэ хатана түстүлэр. Туох буолара буолуой? Көрүөҕүҥ эрэ.
ҮҺҮС КӨСТҮҮ
Хаарчаана Муус Королева буолан кубулуйан елка кэнниттэн тахсан кэлэр. Кэнниттэн чаҕардара тронун таһааран туруораллар. Сөптөөх музыка.
Муус Королева («сиэркилэҕэ» көрүнэр). Сиэркилэм миэнэ, эт эрэ миэхэҕэ, күн сирин үрдүгэр саамай өйдөөх, саамай кыраһыабай ким баарый?
Сиэркилэ (проекторга мультфильмтан сиэркилэ сирэйэ көстөр). Эн, Муус Королева, кыраһыабайгын эрээри, Саха сиригэр, Уус Алдан улууһугар, Курбуһах нэһилиэгэр, Уус Күөлүн бөһүөлэгэр «Чуораанчык» детсад «Кустук» бөлөҕүн оҕолоро эйигиннээҕэр өйдөөхтөр, эйигиннээҕэр көрдөөхтөр, эйигиннээҕэр кэрэлэр (проекторга оҕолор хаартыскалара көстөр, маннык турар).
Муус Королева (кыыһырар, тыал тыаһа). А-һаа, өссө кинилэр миигиннээҕэр кыраһыабайдар! А-һаа, өссө кинилэр миигиннээҕэр өйдөөхтөр! Мин кинилэри үөн-көйүүр оҥортуом, хамсыыр-харамайга кубулутуом! Күн сырдыгын көрбөккө хара тыаҕа хорҕойуохтара, хара буорунан сыыллыахтара! Суох! Суох! Мин кинилэри хаар-муус кириэппэскэ хаайталыам, тимир болгуо сыабынан кэлгийиэм! Чаҕардарым, олгуйбун аҕалыҥ!
Чаҕардар олгуйу, үөнү-көйүүрү аҕалаллар. Муус Королева олгуйга аптаах дьаат «буһарар», дьэҥкир кувшиҥҥа «кутар» (иһигэр уоттаах буолуон сөп).
Муус Королева. Кулуттарым-чаҕардарым, үлэһиттэрим-хамначчыттарым, бу оҕолору (проекторга хаартысканы ыйар) булуҥ, дьаатынан ыһыҥ, кыылга-сүөлгэ кубулутуҥ! Тимир болгуо сыабынан кэлгийиҥ, хаар-муус кириэппэскэ хаайыҥ!
Биир чаҕар олгуйу таһаарар, иккис кувшины ылар, онтон иккиэн төгүрүччү үҥкүүлүүллэр (сөптөөх музыка). Проход устун сыабы соһон, кувшины өрө тутан бараллар, оҕолорго ыспыта буолаллар, сыабы оҕолорго туттараллар.
ТӨРДҮС КӨСТҮҮ
Музыка уларыйар. Чаҕардар оҕолору сыабынан «кэлгийэн» проход устун аҕалаллар, биир круг эргитэллэр. Кириэппэскэ киллэрэн, аан икки өттүгэр харабыллаан тураллар.
Оҕолор кэпсэтэллэр, сорохтор «ытыыллар».
1 оҕо. Оҕолоор, куттанымаҥ, ытаһымаҥ! Хайдах гынан быыһанарбытын сүбэлэһиэххэ.
2 оҕо. Оҕолоор, мин билэбин, ити дьиҥэр Хаарчаана ээ. Кини сүрэҕэр уонна хараҕар Тролль аптаах сиэркилэтин үлтүркэйдэрэ хатаммыттар, ол иһин Муус Королева буолан хаалбыт.
3 оҕо. Уой-даа, оччоҕо Саҥа дьылбыт хайдах буолар?
4 оҕо. Хаарчаананы быыһыахха наада. Оччоҕо барыта үчүгэй буолуо. Мин санаабар, биһиэхэ аптаах дьоннор эрэ көмөлөһүөхтэрэ.
5 оҕо. Бээрэ, кимтэн, хантан көмө көрдүүбүтүй? Бэйэбит кыайан куотар кыахпыт суох.
6 оҕо. Оҕолоор, мин санаабар, саамай аптаах Винкстар оскуолаларын директрисата госпожа Фарагонда.
7 оҕо. Онтон Англияҕа саамай аптаах үтүө санаалаах Үрүҥ Колдунья куруук дьоҥҥо көмөлөһөр.
8 оҕо. Оҕолоор, соҕуруу Монстр Хай дойдута баар дииллэр. Онно саамай аптаах Клажбен Шолт диэн вампир үһү.
9 оҕо. Онтон мин хоту дойдуга Айыы Дьаргыл удаҕан баарын билэбин. Кинини ыҥырар киһи эмиэ көмөлөһүө этэ.
10 оҕо. Оҕолоор, маннык гыныахха: биһиги чаҕардары аралдьытыахха, онтон саамай түргэттэрбит – сарыы кынат, кунгфу-панда, ниндзя черепашка көмө көрдүү ыстаныҥ!
12 оҕо. Кырдьык даҕаны, сөпкө эттиҥ, инньэ гыныахха. Эһиги кытаатыҥ, түргэнник көмөнү аҕалыҥ, Саҥа дьылбыт чугаһаата.
Музыка уларыйар.
Оҕолор сыаптарынан чаҕардары эргитэллэр, 4 оҕо куотар. Чаҕардар хаалбыт оҕолору кириэппэскэ киллэрэллэр.
БЭҺИС КӨСТҮҮ
«Винкс» мультфильмтан музыка тыаһыыр. Директриса Фарагонда киирэр. Королева троҥҥа олорор.
Фарагонда. Үрдүк сололоох Муус Королева! Эн кэрэ дьүһүнүҥ туһунан сурах үс дойдуну нөҥүөлээн оннооҕор мин дойдубар иһилиннэ. Хотун королева, эн тунаа маҥан мөрсүөҥҥүн көрөммүн олус дьоллоннум, астынным.
Эйиэхэ кэһиибин хризантема сибэкки сүмэһинин аҕаллым. Маны истэххинэ, дьүһүнүҥ өссө тупсуо, кырдьар диэни хаһан да билиэҥ суоҕа.
Фарагонда тоҥхолдьуйар. Муус Королева астыммыт, дуоһуйбут көрүҥнээх сибэкки сүмэһинин ылан иһэр, дьааһыйар, олорон эрэ утуйан хаалар. Фарагонда чаҕардарга иһэрдэр, олор утуйаллар. Көмө көрдүү барбыт оҕолор киирэллэр.
АЛТЫС КӨСТҮҮ
Музыка тыаһыыр. Үрүҥ Колдунья киирэр, Муус Королеваҕа туһаайан «аптаах дьайыылары» оҥорон хараҕар киирбит таастан босхолуур, оҕолору көмөлөһүннэрэр. Оҕолор махтаналлар, быраһаайдаһан тахсар.
СЭТТИС КӨСТҮҮ
«Монстр Хай» мультфильмтан музыка. Клажбен Шолт киирэр. Муус Королева сүрэҕин мууһун уулларар, оҕолору көмөлөһүннэрэр. Оҕолор махтаналлар, быраһаайдаһан тахсар.
АХСЫС КӨСТҮҮ
Хомус тыаһа. Удаҕан киирэр.
Удаҕан. Кыракый доҕотторуом, нөрүөн-нөргүй!
Оҕолор. Нөрүөн-нөргүй!
Удаҕан. Хорсун санааҕыт хотоойулаах буоллун!
Эрдээх санааҕыт эркээйилээх буоллун!
Эһиэхэ көмөҕө Айыы Дьаргыл удаҕан кэллим.
Уруй-айхал!
Айхал-уруй!
Айыыһыппыт аргыстастын,
Иэйэхсиппит эҥэрдэстин,
Үтүө санаа кыайдын,
Хара санаа кыйданнын!
Оҕолору кытта Хаарчаананы тула төгүрүччү дүҥүрүн охсо-охсо үҥкүүлүүллэр. Дүҥүр ах барар, бары Хаарчаананы төгүрүччү олороллор, төҥкөйөллөр, хомус тыаһыыр.
Бары. Тоҕус халлаан тойотторо,
Аҕыс халлаан аҕалара,
Ааттаһабыт, көрдөһөбүт
Утуйбуту уһугуннарыҥ.
Хаарчаана уһуктан эрэрин көрөн, удаҕан быраһаайдаһан тахсар, оҕолор махтаналлар.
Хаарчаана. Хайа, оҕолоор, бырааһынньыкпар кэлэ охсубут эбиппин дуо? Хата хойутаабатах эбиппин (ат туйаҕа, чуораан тыаһа иһиллэр). Оҕолоор, мин эһээм Тымныы Оҕонньор иһэр дии, Саҥа дьылбыт буолла.
Тымныы Оҕонньор. Дорооболоруҥ, оҕолоор! Хайа сиэним Хаарчаанам баар эбиккин дуу. Бу үөрдэхпин. Эйигин иэдээҥҥэ түбэспит үһү диэн ыксаан кэллим. Ким эйигин быыһаатай?
Хаарчаана. Миигин оҕолор быыһаатылар.
Тымныы Оҕонньор. Дьэ, сүрдээх маладьыас оҕолор эбиккит. Эһиэхэ баһыыбаларыҥ. Ырыа, хоһоон даҕаны баһаам дьоно буоллаххыт буолуо. Дьэ эрэ, миигин сэргэхситиҥ эрэ, мин ырыа, хоһоон истэрбин, үҥкүү көрөрбүн сүрдээҕин сөбүлүүбүн. Оҕолорбор кэһиилээхпин, бэлэҕим элбэх (салгыы концертнай нүөмэрдэр, подарок туттарыыта).
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
"Школа светофорных наук или Новые приключения Буратино" Сценарий театрализованного представления по правилам дорожного движения для детей подготовительной группы ДОУ
Я предлагаю Вашему вниманию сценарий театрализованного действия по изучению основных правил дорожного движения. Дети через персонажей сказки "Приключения Буратино" закрепляют знания правил перехода че...
Сценарий театрализованного представления по ПДД «Волк и семеро козлят на новый лад»
Где- то в тридесятом царстве,В тридесятом государстве,Ни в деревне, ни в селе,На Мариинской на землеБыл построен дом такой...
Сценарий театрализованного представления к Новому году
Представление на якутском языкеМариша түүлэСаҥа дьыллааҕы представление сценарийаАаптар - Бурнашева О. И, «Чуораанчык» о5о садын иитээччитэ Оруоллар: Мариша – атаах, ытанньах кыысИйэ – Мари...
Сценарий музыкально-театрализованного представления к новому году по мотивам сказки "Щелкунчик" 2018 год. подг.группа
подг группа...
Сценарий музыкально-театрализованного представления к новому году по мотивам сказки "Новый год и Мышиный король" подг.группа
подг группа...
Сценарий театрализованного представления на Новый год "Снежная королева"
Для детей подготовительной группы...
Театрализованное представление, посвящённое Новому году «Приключения под новый год»
В начале праздника звучит новогодний плейлист. Звучит 1 трек. Дети зовут Деда Мороза. Забегает в зал Снегурочка.Снегурочка – Здравствуйте ребята! Я вижу, что вы все с нетерпением ждёте Дедушку М...