Омук остуоруйата - кини олоҕун эйгэтэ
статья по теме
Оҕо билиини-көрүүнү, тулалыыр эйгэни кэтээн көрөн, алтыһан ылар. Ону тэҥэ, кинигэттэн, остуоруйаттан эмиэ хаҥатынар. Остуоруйа – оҕо олоҕун аргыһа, кини олоҕор туохха да тэҥнэммэт суолталаах, сүҥкэн оруолу оонньуур. Оҕо остуоруйа геройдарын иэйиилэрин, санааларын үллэстэр. Кинилэри кытта остуоруйа олоҕор, эйгэтигэр тэҥҥэ киирэр.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
omuk_ostuoruyata._grazhdanskay_iitiig.doc | 36 КБ |
Предварительный просмотр:
Омук остуоруйата – кини олоҕун эйгэтэ
(оҕону гражданскай тыыҥҥа иитиигэ омук остуоруйатын туһаныы)
Оҕо билиини-көрүүнү, тулалыыр эйгэни кэтээн көрөн, алтыһан ылар. Ону тэҥэ, кинигэттэн, остуоруйаттан эмиэ хаҥатынар. Остуоруйа – оҕо олоҕун аргыһа, кини олоҕор туохха да тэҥнэммэт суолталаах, сүҥкэн оруолу оонньуур. Оҕо остуоруйа геройдарын иэйиилэрин, санааларын үллэстэр. Кинилэри кытта остуоруйа олоҕор, эйгэтигэр тэҥҥэ киирэр.
Араас омуктар олохторун көстүүтэ, ураты үгэстэрэ, айылҕалара кинилэр остуоруйаларыгар көстөр. Онон, омук остуоруйата оҕону омугу кытта билсиһиннэриигэ, омугу кэрэхситиитэ, үтүө сыһыаны олохтооһуҥҥа дьайар.
Оҕо кыра сааһыттан остуоруйа нөҥүө кини атын омук оҕотунаан маарыннаһараын уонна уратылааҕын өйдүү улааттаҕына, кини гражданскай өйө-санаата түстэнэр. Ол курдук, оҕо, “биһиги бары биирбит, биир көннээхпит, биир планеталаахпыт, эйэ-дэмнээхтик олоруохтаахпыт” – диэн санааны тутуһа улаатар.
Остуоруйа – норуот муудараһа, норуот өйдүүр өйө, саныыр санаата, ыллыыр ырыата. Кини мэлдьи үчүгэйгэ, үрдүккэ, кэрэҕэ угуйар. Ол иһин ханнык баҕарар остуоруйаҕа куһаҕан үчүгэйи кыайбыта диэн суох. Мэлдьи үчүгэй өрөгөйдүүр, үтүө санаа, кырдьык кыайар.
“Омук остуоруйата – кини олоҕун эйгэтэ” барылынан 2009 сылтан үлэни туһанан оҕону гражданскай тыыҥҥа иитэбит. Онтон сиэттэрэн киһи-аймах культуратын нөҥүө атын омук уратытын, кэрэтин, үтүөтүн оҕоҕо тиэрдэбит.
Аныгы олох сорох түгэннэригэр дьон атааннаһыыта көстөр. Бэйэ-бэйэни өйдөспөт, тулуйсубат, ардыгар туоратыһыы да баар буолар. Ити туохтан үөскүүрүй? Киһи бэйэтин олоҕун эйгэтинэн муҥурданыыта, киэҥ эйгэҕэ тахсыбата, кини бүтэйдэниитигэр тиэрдэр. Бүтэй киһи саҥаны, уратыны атыҥырыыр, аһара баран күөмчүлүөн да сөп. итини туоратыыга, киһи оҕо сааһыттан киэҥ эйгэҕэ иитиллэн тахсыахтаах. Ол иһин биһиги бу үлэни чинчийэн, үөрэтэн көрөн баран барыл оҥостон оҕолуун үлэлээн тосхол-ыйынньык оҥорорго быһаарыммыппыт.
Бу үлэҕэ биллэн турар сүрүн сорукпутунан омук олоҕун-дьаһаҕын, үгэстэрин оҕоҕо остуоруйанан билсиһиннэрэн, атын омукка үтүө сыһыаны олохтооһун диэн буолбута.
Онно оҕо омук остуоруйатын ылынарыгар тустаах эйгэни тэрийэн, оҕо сэргиир-сэҥээрэр омук уус-уран айымньыларын талан, омук остуоруйатынэйгэтигэр оҕону киллэриигэ кини сүрүн дьарыктарыгар дьүөрэлээн киллэрэн саҕалаабыппыт. Ону тэҥэ төрөппүтү үлэ бу хайысхатынан уһуйан элбэхтик үлэлээтибит.
Оҕо остуоруйаны өйдөнүмтүөтүк, чугастык ылынарын туһугар кини бэйэтин сааһыгар сөп түбэһиннэрэн билиһиннэрии буолар. Оҕону кытта дьарыгырыыга киэҥник киллэрэн, туттан билиһиннэрэбит.
Төрөппүту кытта сэһэргэһии, мин өйдүүрбүнэн, оҕо тэрилтэтин кытта үлэни ыытыыга, биир интэриэһи үөскэтэргэ, олохтуурга, ирдэбили ылынарга тиэрдэр. Тоҕо диэтэххэ, оҕо тэрилтэтэ уонна дьиэ кэргэн оҕону кытта алтыһыыга икки сүрүн хайысханан буолаллар. Онон, төрөппүтү кытта ситим иитээччи оҕону кытта алтыһыытыгар үлэлииргэ олус көмөлөөх.
Төрөппүтү кытта үлэ көхтөөхтүк барар буоллаҕына, кини оҕону иитии, сайыннарыы үлэтигэр сыһыана тупсар, бэйэтин билиитэ да хаҥыыр, оҕотун сайыннарыы да өттүнэн тупсарыыга көмөлөһөр. Төрөппүттэрбитигэр лекторий ыыппыппыт, кинилэртэн киирбит, үөскээбит ыйытыылары, этиилэри көрөн, бөлөҕүнэн уонна биирдиилээн консультациялары тэрийбиппит. Холобур, омук остуоруйаларынан араас кинигэ выставкатын тэрийии, ыйытынньыкка хоруйдарынан билиилэрин тургутан көрөн, театр, уруһуй эйгэтигэр көмөлөһүннэрэн, уруһуйдатан оҕону кытта тэрээһиҥҥэ сайыннарар эйгэлэри тупсарарга кыттыбыттара.
Ыллыҥ да тута омук остуоруйатын кэпсээн киирэн барбаккын. Онно араас харгыстар баар буолаллар. Холобур, киһи-аймах айбыт остуоруйалара сахалыы тылбаастаныыта аҕыйаҕа, Индия, Япония, Австралия аборигеннарын, бушменнар уо.д.а. омук остуоруйалара тылбаастаныыта суохтарын кэриэтэ.
Билигин да оҕоҕо омук остуоруйаларын көрдөрөр-иһитиннэрэр тэрил киэҥник тарҕана илик. Билигин үксүн Америка уонна Япония туһунан мультфильмнары көрдөрөллөр. Итинтэн харгыстанан олорбокко билиҥҥи үйэ сиэринэн бу үлэбитигэр интернеттан көрдөрөр-иһитиннэрэр матырыйааллары, урукку да, билиҥҥи да суруйааччылар айымньыларын туһанан, таҥан бэйэбит билиилэрбитин хаҥатынан, остуоруйа түгэннэриттэн ойуулары уруһуйдаан оҕону сайыннарар эйгэлэри байытабыт.
Биллэн турар, оҕо остуоруйаны түргэнник ылынарыгар, өйдүүрүгэр урамньы араас көрүҥэр киллэрэбит. Холобур, фланелеграфга, остуол театрыгар, куклаларынан-атрибуттарынан уо.д.а
Остуоруйаны биирдэ эрэ кэпсээн буолбакка, иитээччи оҕону кытта дьарыгырыытыгар киллэриэхтээх. Онтон күннээҕи көҥүл оонньуутугар тыл, өркөн өй, хамсаныылаах оонньуу, театр оонньуутун, оруоллаах оонньуутун уо.д.а оонньууларыгар анал эйгэни тэрийэбит.
Ону таһынан, остуоруйаны иһитиннэрэн, кэпсээн, урамньынан көрдөрөн, уруһуйдаан, илиинэн оҥорон, ыллаан-үҥкүүлээн, хамсаныылаах оонньууну тэрийэн үлэни ыытабыт. Туттар тэриллэрбитинэн ойуулар, куклалар, оонньуурдар, кинигэлэр, DVD дискэлэр, көрдөрөр-иһитиннэрэр тэриллэр, остуол театра, интернет көмө-тирэх буолаллар.
Омук остуоруйатын оҕоҕо тиэрдэргэ араас омук остуоруйаларын кинигэлэртэн таҥан тылбаастаан брошюра оҥостон туһанан кэпсиибит. Ыллыҥ да тута тылбаастыы-тылбаастыы кэпсииргэ ыарахан буолааччы, онон, бэлэм тылбаастаммыт кинигэни туһанан Япония, Австралия, Африка уо.д.а дойдулар остуоруйаларын уу-сахалыы тылбытынан кэпсиибит.
Киһи-аймах культуратыгар тирэҕирэн оҕо гражданскай өйүн-санаатын сайыннарыыга омук остуоруйатын ылан үтүө сыһыаны олохтооһуҥҥа үлэбит сонун хабаана буолар.
Оҕону кытта сүрүн дьарыгырыыбытыгар омук остуоруйатын үлэ көрүҥэр-ньыматыгар киллэрэн оҕолуун тэрээһини ыытабыт:
- “Аан Алахчын” – омук олорор айылҕатын уратытын тиэрдии;
- “Эйгэ” – омук олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын, дьиэтин-уотун билсиһиннэрии;
- “Урамньы” – омук остуоруйатын, номоҕун-үһүйээнин оонньооһунугар омук олоҕун көстүүлэрин ылыы;
- “Уран” ойуу-бичик уһуйаана – оҕо омук остуоруйатыттан быһа тардан уруһуйдааһына.
- “Дьороҕой” илиинэн оҥоһук куруһуогар – оҕоҕо омук остуоруйатын уратытын быһаарыы, кукла-атрибут туһунан кэпсээһин.
- “Тэлээрик” уҥкүү студиятыгар – омук остуоруйатыгар тирэҕирэн сюжеттаах үҥкүүнү туруоруу;
- “Утум” төрүт культура – омук түҥ былыргы, аныгы остуоруйатын билиһиннэрии, тэҥнээн көрөөһүн (омук остуоруйатын саха остуоруйатын кытта уо.д.а);
- “Чуопчаарык” ырыа-тойук – омук ырыатын үөрэтии;
- “Өркөн өй” ахсаан-суот – омук остуоруйатын математическай төрүттэрин ырытыы (ахсаан, быһыы, өҥ, дьүһүн, кээмэй);
- “Чиргэл” хамсаныылаах оонньуу (физкультура) – омук хамсаныылаах оонньуутун үөрэтии.
Үлэ түмүгүнэн оҕо:
- омук остуоруйатынан омук уратытын өйдүүллэр;
- омук остуоруйатын сэҥээрэллэр;
- саҥаттан-саҥаны, сонунтан-сонуну кэрэхсээн, сэргээн ылыннылар;
- омукка үтүө сыһыан олохсуйда.
Төрөппүт:
- омук остуоруйатын киэҥ эйгэтигэр оҕотунаан киирдэ;
- оҕотугар истиҥ сыһыана тубуста;
- оҕотун инники олоҕор атын омук оҕотун кытта алтыһыытыгар олук уурда.
Бу барыдынан үлэни таба талан ылан сөпкө туһанан, дьаһанан ыытыы түмүгэр иитээччилэр билиибит-көрүүбүт хаҥаата, үлэбит да таһыма үрдээтэ, чинчийэр, айар дьоҕурбут да сайынна, үлэ аныгы ньыматын баһылаатыбыт. Салгыы араас омук остуоруйатын эбии тылбаастаан, чинчийэн, тэҥнээн көрөн оҕолорбутугар билиһиннэрэ, гражданскай тыыҥҥа иитэ турдахпыт буоллаҕа.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Конспект сюжетно-ролевой игры "Идем в кино"
Здесь представлен конспект проведения сюжетно-ролевой игры....
"Профессии театра и кино"
Конспект занятия по развитию речи для подготовительной группы...
Кино, кино - для развития оно"
2016 год стал годом российского кино. А кинематограф – универсальное средство для повышения уровня культуры отдельно взятого гражданина. Для дошкольников - это еще и увлекательное знакомство с к...
Бисероплетение для самых маленьких "О5уруо кэрэ эйгэтэ"
Кружок «О5уруо кэрэ эйгэ» (для детей 3-4 лет)Цель и задачи кружка:Ознакомить с основными материалами и инструментами;Научить практическим примерам на низании на проволоку;Развивать внимани...
«Кырыа кыhын дьикти эйгэтэ»
Конспект занятия по ознакомлению с окружающим миром "Кыьын"...
Практико - ориентированный проект 27 августа День кино, «Кино – справочник» (педагогический)
[[{"type":"media","view_mode":"media_large","fid":"14347209","attributes":{"alt":"","class":"media-image","height":"433","width":"336"}}]]...
"Ойуур оскуолата" - Н. Якутскай остуоруйата
quot;Ойуур оскуолата" https://youtu.be/HPzcgeguHYk?si=Q_rkppWMPFaX-aZv...