План педагогических советов
учебно-методический материал
Даннный материал поможет старшим воспитателям в составлении плана педагогических советов. Материал на якутском языке
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
сыллаагы былаан | 26.18 КБ |
Предварительный просмотр:
Педагогическай сүбэ мунньахтар сыллааҕы былааннара
Ст.иитээччи Иванова Екатерина Васильевна
Мунньах темата | Сыала | Көрүллэр боппуруос | Бэлэмнэнии үлэтэ |
№ 1. «Саҥа үөрэх дьылын көрсө» | Ааспыт үөрэх дьылын үлэтин ырытыы, саҥа былааннары ылыныы, бигэргэтии. Ыытыллар формата: дьыалабыай оонньуу. |
| Былааннары торумнааһын; «мозговой штурм»ҥа уонна дьыалабыай оонньууга бэлэмнэнии. |
№ 2. «Сэрэхтээх буолуу уонна оҕо доруобуйата» | Оҕо доруобуйатын бөҕөргөтүү үлэтин ырытыы. |
| Иһитиннэриилэргэ бэлэмнэнии (иитээччилэр, гиг. инстр.), «Оҕо доруобуйатын тупсарыыга ыытыллар үлэ» тематическай бэрэбиэркэни ыытыы (ст.иит.). |
№ 3. Оҕо оонньууругар сөптөөх иитэр-үөрэтэр эйгэ | Оҕо оонньуур-сайдар эйгэтин тэрийиигэ ыытыллар үлэни ырытыы. Ыытыллар формата: төгүрүк остуол. |
2. «Иитэр-үөрэтэр үлэни кытары дьүөрэлээн эйгэни тэрийии» ст.иит. иһитиннэриитэ; 3. «Оонньууга оҕо сааһыгар сөп түбэһэр атрибуттары, оонньуурдары туттуу, туһаныы» бөлөхтөрүнэн презентациялар; 4. «Оонньуур-сайдар эйгэбит» күрэх түмүгэ (ст. иит.) 5. Аныгыскы сүбэ мунньах былаана. | Презентациялары бэлэмнээһин, тематическай бэрэбиэркэни ыытыы, «Оонньуур-сайдар эйгэбит» күрэҕи ыытыы. |
№ 4. «Бүтэһик чуораан» түмүктүүр мунньах | Кэлэр үөрэх дьылыгар соруктары туруоруу. |
| Мониторины, творческай отчуоттары бэлэмнээһин. |
«Бүтэһик чуораан» 2018-2019 үөрэх дьылын түмүктүүр сүбэ мунньах
Повесткаҕа:
- Иитээччилэр профессиональнай таһымнарын үрдэтиилэрэ (аттестация түмүктэрэ, курстарга сылдьыы, күрэхтэргэ кыттыы).
- «Детсад үлэтигэр сыһыаным» төрөппүттэргэ анкета түмүктэрэ (ст.иит.);
- Мониторинг түмүктэрэ (иитээччилэр, педагог-психолог).
- Оҕо доруобуйатын тупсарыыга ыытыллыбыт үлэ отчуота (гиг.инстр.)
- Кэлэр үөрэх дьылыгар соруктары туруоруу (завед.).
- Заведующай киирии тыла:
Убаастабыллаах коллегалар! Быйылгы үѳрэх дьылын түмүктүүр мунньах саҕаламмытынан барыгытын эҕэрдэлиибин! Бу күннэргэ оскуола аайы бүтэһик чуорааннар чугдааран, 11 кылаас үөрэнээччилэрин олох киэҥ аартыгар атаардылар. Биһиги эмиэ бүтэһик чуорааны тыаһатан, түмүктүүр мунньахпытын үѳрүүлээхтик, өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытарбытыгар ыҥырабын! Салгыы барыгытыгар таһаарыылаах үлэни баҕарабын!
Педагог-психолог:
- Ааһан эрэр үөрэх дьылыгар эһиэхэ саамай туох өйдөнөн хаалла?
- Быйылгы үөрэх иитиллээччилэрин туһунан санаалар?
- Коллегаларгытыттан үлэтигэр эн туох соһуччу саҥаны көрдүҥ?
- Бииргэ үлэлиир коллегаларгытыгар тугу баҕарыа этигитий?
Сүрүн чааһа: импровизацияламмыт бүтэһик уруоктар.
Заведующай:
Бүтэһик чуорааммыт чугдаарыан иннинэ уруоктар расписаниеларын билиһиннэрэбин: биология, математика, физкультура, астрономия, психология.
1-гы уруок Биология (ст. иит.) (1 слайд «Сибэккилэр»)
- бастакы уруок – биология. Кыра оҕо – бэйэтэ сибэкки кэриэтэ. Кини кып-кыра бэйэтэ сырдыкка, сылааска тардыһан үүнэрин, сайдарын хааччыйыы –иитээччи үлэтэ. Биһиги бүгүн бары оҕолуу аһаҕас дууһалаах сибэкки буоларга холонуоҕуҥ. Кыттааччылар эрдэттэн ханнык сибэккигэ бэйэлэрин холоно саныылларын ыйыталаһан, быһаарыылаах презентация кѳстѳр. Быһаарыыларга сѳптѳѳх, таңыллыбыт ыйытыктар бэриллэллэр.
Ньээм-ньэм (дьол, үөрүү бэлиэтэ) – бу үөрэх дьылыгар ханнык саҥа сүүрээннээх үлэ саҕаланна, онно туох ситиһиилэрдээхпитий?
Анютины глазки (көхтөөх буолуу бэлиэтэ) - саамай умнуллубат түгэннэр;
Ирис (доҕордоһуу, эрэллээх буолуу бэлиэтэ) - күчүмэгэй түбэлтэлэртэн тахсарга, үлэгэ настырыанньалаах кэлэргэ коллегаларгар тугу сүбэлиэҥ этэй?
Фиалка (сырдык ыра санаа бэлиэтэ)- кэлэр үөрэх дьылыгар хайдах иитиллээччилэрдээх буолуоххун багарагын?
Ромашка (эдэр саас, сырдыкка тардыһыы бэлиэтэ) - ханнык улэни ыытаргар эйиэхэ төрөппүттэрин ордук көмөлөөх буолбуттарай?
Гладиолус (күүстээх санаа) - кэлэр үөрэх дьылыгар доруобуйаны тупсарыыга ханнык саҥа ньымалары туттуохха сөбүй?
Настурция (кыайыыга, ситиһиигэ дьулуһуу) - биһиги улэбитигэр көрсөр ыарахаттары, проблемалары хайдах туоратыахха сөбүй?
2-с уруок Математика (ст. иитээччи)
Математика – чуоккай дааннайдары, сыыппаралары, формалары, графиктары сѳбүлүүр наука. Билигин биһиги детсадпыт сыллааҕы үлэтин түмүктэрин истиэхпит.
Маңнайгы пара үѳрэнээччилэр – «Чуораанчык» улахан бөлөх иитээччилэрин сыллааҕы үлэтин отчуота;
Иккис пара уорэнээччилэр «Ньургуһун» кыра бөлөх иитээччилэрин отчуота;
«Детсад үлэтигэр сыһыаным» төрөппүттэргэ анкета түмүктэрэ (ст.иит.).
3-с уруок Физкультура (гигиен. иитии инструктора)
Куруук эдэр, эрчимнээх, чөл сылдьар наадатыгар киһи хайаан да бэйэтин этин-сиинин, доруобуйатын көрүнэ сылдьыахтаах. Иитээччилэр буоларбыт быһыытынан биһиги оҕолорбут доруобуйаларыгар хайаан да улахан болҕомтону ууруохтаахпыт. Уруогу ыытар гигиен. инструктор:
- сыл устата оҕолор тэрилтэҕэ сылдьыылара (посещаемость),
- профилактическай үлэ отчуота;
- оҕо доруобуйатын харыстааһыныгар саамай табыллыбыт тэрээһин;
- иитээччилэрдиин сынньалаҥ мүнүүтэтэ.
4-с уруок Астрономия (ст. иитээччи)
Астрономия – сулустары, халлаан эттиктэрин үѳрэтэр наука. Былыр-былыргыттан астрологтар халлааны кэтээн көрөннөр, күн-дьыл туругун, саҥа төрөөбүт оҕо хайдах киһи буола улаатыахтааҕын, ханнык ыйга-күҥҥэ төрөөбүккүнэн эйигин инники олоххор туох күүтэрин сылыктаан көрөллөрө. Билигин мин эһиэхэ биһиги тэрилтэбитигэр үлэлиир-хамсыыр, айар-тутар сулустар тустарынан кэпсиэм: иитээччилэр профессиональнай таһымнарын үрдэтиилэрин, араас тэрээһиннэргэ творческай кыттыыларын туһунан иһитиннэрии.
№ | Иитээччи аата, араспаанньата | Төрөөбүт күнэ-дьыла, зодиагын бэлиэтэ | Курстарга сылдьыы | Аттестацията, категорията | Күрэхтэргэ, тэрээһиннэргэ кыттыыта | Иитээччи бэйэтин тус баҕа санаата |
5-с уруок Психология (психолог)
Иитээччилэргэ тэттик сүбэлэр
- Дьарык оҕоҕо интэриэһинэй буоларын, билэ-көрө сатыыыр баҕата өссө күүһүрэрин туһугар дьарыгы араас ньыманан, форманан ыытарга кыһаллыахтаахпыт. Күнтэн күн биир кэлимник ыытыллар дьарыктартан оҕо да сылайар, бэйэҥ да салҕыаххын сөп.
- Ардыгар дьарык кэмигэр иитээччи тулуурун, бэйэтин төһө хонтуруолланарын тургутан көрөр түгэннэр эмиэ баар буолаллар. Оҕо хат-хат ыйытарыттан, хаста эмэ хатылаттарарыттан, болҕомтото суоҕуттан иитээччи сылайар. Оннук түгэҥҥэ мөҕөн- этэн, хаһыыран кэбиһиэн сөп. Ол эрэн өйдөөҥ: «Хаһыытааһын – бу дьон икки ардыгар сыһыаҥҥа культурата суох буолуу бэлиэтэ» диэн В.А.Сухомлинскай этиитин.
- Оҕону кытары алтыһыыга киһи ис туруга (настырыанньата) улахан суолталаах. Хас биирдии иитээччи бэйэтин ис туругун сатаан хонтуруолланар, салайынар буолуохтаах. Туохтан эмэ хомойбут дуу, кыыһырбыт дуу да буоллаххытынана, тутатына бэйэҕит туруккутун көннөрүнэргэ дьулуһуҥ. Актердар дьүһүн кубулуйуу искусстволарын баһылааһын маныаха олус туһалаах. Өйдөөҥ, ханнык баҕарар оҕо үчүгэй настырыанньалаах киһиэхэ тардыһар. Эһиги куһаҕан настырыанньаҕыт оҕолорго эмиэ бэриллэр.
- Оҕону хаһан да араастаамаҥ. Барыларыгар биир тэҥник сыһыаннаһыҥ. Хас биирдии оҕо тапталга, сылаас сыһыаҥҥа наадыйарын хаһан да умнумаҥ.
- Хас биирдии оҕо орто дойдуга уратылаах буолан төрүүр. Ол уратытын күөмчүлээн, барыларын биир халыыпка «угар» эмиэ сатаммат. Оҕо тус уратытыгар харыстабыллаахтык, болҕомолоохтук сыһыаннаһыы – иитии биир сүрүн олуга буолар.
- Киһи кыраттан да үөрэр. Ордук кыра оҕо. Кини бүгүҥҥү күҥҥэ оҥорбут ситиһиилэригэр болҕомтолоох буолуҥ. Ыксаабакка, тиэтэйбэккэ, тугу кэпсэтэллэрин истиҥ, боппуруостарыгар эппиэттээҥ, тугунан дьарыктаналларын кэтээн көрүҥ. Кинилэр ситиһиилэрэ - эһиги үлэҕит үтүө түмүгэ!
Түмүк тыл: бу үѳрэх дьылыгар туруоруллубут соруктары ситиһэн, оҕолорбут үүнэн-сайдан, билиигэ тардыһыылаах буолалларыгар кыһаллан, үгэскэ кубулуйбут бырайыактарбытын салҕаан, ону таһынан саңалыы кѳрүүлэри торумнаан үлэлээтибит. Кэлэр сылга турар соруктарбытын толорор айымньылаах үлэни баҕарабыт!
- Кэлэр үѳрэх дьылын соруктарын чопчулааһын;
- Мунньах уурааҕын ылыныы.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
План педагогического совета
Представлен материал для проведения педагогического совета в ДОУ по развитию речи у дошкольников....
план педагогических советов
тематика педагогических советов в ДОУ...
Участие в работе методических объединений или педагогических советов, методических советов, экспертных советов по плану работы ДОУ
Педагогические советы...
План педагогического совета "Профориентация дошкольников"
Содержит : тему , цели, планируемые результаты, учебно- методическое оснащение, ход, коментарии....
План педагогического совета "«Реализация принципов обучения в познавательном развитии детей дошкольного возраста»
Материал будет полезен страшим воспитателям и методситам ДОУ....
План-конспект проведения педагогического совета в форме деловой игры «Создание условий для воспитания гражданственности и развития патриотического потенциала детей дошкольного возраста через построение целостного педагогического процесса»
Цель педсовета: закрепление, уточнение и совершенствование знаний педагогов о воспитании патриотических и нравственных качеств дошкольников в процессе повседневной деятельности.Форма проведения: делов...