Сценарий "Ийэ кунэ"
учебно-методический материал (подготовительная группа)
Для детей старшего дошкольного возрвста ко дню матери
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
iye_kunuger_anallaah_stsenariy_osikat_gr.docx | 16.39 КБ |
Предварительный просмотр:
Ийэ күнүн сценарийа
Сыала: О5олорго Ийэ кунун туһунан өйдөбүлү үөскэтии, ийэ5э тапталы уонна убаастабылы иҥэрии.
Соруга: Россия урдунэн Ийэ кунэ бэлиэтэнэрин өйдөтүү, ийэ5э тапталы,убаастабылы иҥэрии, Бырааьынньыктан үөрүүнү,дуоьуйууну ылыныы,иитии.
1 ыытааччы:
Кун курдук мичээрдээх,
Сып-сылаас илиилээх,
Нап-намыын сурэхтээх, уоскутар алыптаах.
Тоойуом диэн тыллаах
Амарах дууьалаах
Комускэс санаалаах
Сымна5ас майгылаах
- Ити барыта биьиги кунду ийэлэрбит. Эьигини баргытын ийэлэр куннэринэн итиитик-истинник э5эрдэлиибит! Ба5арабыт эьиэхэ кытаанах доруобуйаны, уьун дьоллоох оло5у, улэ5итигэр ситиьиилэри уонна сир үрдүгэр баар бары үтүөнү, кэрэни.
2 ыытааччы
Ийэ буолар дьолу билэн, о5о минньигэс мичээринэн сылаанньыйагыт. Кун аайы тубугурэ улэлээн дьиэ кэргэн дьолун тустуугут. Кун кубэй алаһа дьиэ хаьаайкалара, кэрэчээн о5олор ийэлэрэ ба5арабыт эьиэхэ ыстаал доруобуйаны, куруутун үөрэ-кэтэ мичилийэ сылдьын. Ийэ баар буолан бу сиргэ тэрууллэр генийдэр, геройдар, оло5у сал5ааччылар.
Сырдык санаанан сыдьаайан бары ийэлэргэ э5эрдэ тиэрдэллэр биһиги оҕолорбут ырыа «Таптыа5ын ийэни»
Ийэлэргэ оонньуулар
Күндү ийэлэрбитин оонньууга ыҥырабыт
1. Оонньуу «Учугэй хаьаайка» Биьиги ийэлэрбит учугэй хаьаайкалар, ма5аьыынна сылдьаллар, сыананы барытын билэллэр. Билигин блиц-турнир
- Бухаанка килиэп сыаната хаьый?
- Биир киилэ ынах этин сыаната?
- О5о пюретын сыаната?
- Киилэ бурдук сыаната?
- Киилэ саахар сыаната?
- 10 сымыыт сыаната?
- Блиц турнир кыайыылаа5ынан буолла .................
2. Оонньуу “Бэйэн о5о5ун бул” маамалар харахтарын саба баанан баран о5олорун булаллар
3. О5олор ийэлэрбит тугу гыналларын собулууллэрий?
(ас астыылларын)
Билигин аска аналлаах ыйытыыларга эппиээттиэхпит.
-Машенька уонна 3 эьэ остуоруйа5а Маша тугу сиирий? (хааьы)
- Миини кытардар о5уруот аьа тугуй? (субуокулэ)
- Бэйэбин сиэбэтэллэр да, миигинэ суох аьаабаттар. Ол тугуй? (туус)
- Ыьыах кунду ута5а тугуй? (кымыс)
- Винни пух собулуур аьа тугуй?
- Куорчэ5и тугунан ытыйабытый?
- Уут астары ааттаан? (арыы, суорат, кефир, куорчэх, творог)
4. «Симэхтээх ийэ» - оонньуу
Бу ооньууга ийэ барыта миэстэтигэр олорон эрэн оонньуур.
¬ Кимиэхэ ытар5а баарый олор турун.
¬ Кимиэхэ биhилэхтээх олор тураллар, атыттар олороллор.
¬ Кимиэхэ мооньутугар цепочка ду о5уруо ду баарый? Олор тураллар, атыттар олороллор.
¬ Кимиэхэ батта5ар киэргэллээ5ий олор тураллар, атыттар олороллор.
¬ Кимиэхэ браслет, эбэтэр чаhы баарый? Браслета, чаhыта суохтар олороллор.
¬ Кимиэхэ брошь баарый?
Хаалбыт ийэлэргэ «Элбэх симэхтээх ийэ» аат ицэрэбит.
5. «Ким тургэний?» (быа эрийэллэр)
Убаастабыллаах ийэлэрбитин, өссө төгүл ааспыт бырааһынньтыкытынан э5эрдэлиибит!Ба5арабыт эһиэхэ туох баар кэрэни, саха алмааһыныы кытаанах доруобуйаны, сырдык, ыраас халлааны, улэ5итигэр үрдүктэн үрдук ситиһиилэри, дьолу-саргыны! Куруук үөрэ-көтө, мичилийэ сылдьын! Көрсүөххэ диэри!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Байанай кунэ
Байанай кунугэр а5алар уолаттарын кытары таайалларыгар аналлаах оонньууОоньууну Антонова Е.Н. онордо...
Байанай кунэ
Байанай кунугэр аналлаах анал презентация. Улахан уонна бэлэмнэнии белех о5олоругар кэпсэниллэр материал....
Сценарий "Ийэ кунэ"
Ийэ кунэ...
Ийэ уонна а5а кунэ 22.10.2021
Ийэ, а5а кунугэр аналлаах хоьооннор...
Мои публикации: Ийэ кунэ
Ийэ кунэ...
сценарий развлечения "Ийэ кунэ"
сценарий развлечения...
Сценарий "О5о комускэлин кунэ"
Сценарий "О5о комускэлин кунэ 2023 с"...