Сценарий выпускного мероприятия «Дорообо оскуола! Быраьаай детсадым»
материал (подготовительная группа)

Павлова Октябрина Андреевна

Сценарий выпускного мероприятия «Дорообо оскуола! Быраьаай детсадым»

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл stsenariy._doroobo_oskuolam.byraaay_detsadym.docx24.84 КБ

Предварительный просмотр:

«Дорообо оскуола! Быраьаай детсадым»

             (Бэлэмнэнии болох о5олорун оскуола5а атаарыы сценарийа)

Вед: Бугун биьиги о5олорбутун оскуола5а атаартыыр уоруулээх куннэригэр    муьуннубут. О5олорбут барахсаттар улаатан, оскуола5а барар саастара буолан аны куьун уорэх-билии дьиэтин боруогун атыллыахтара.

Кимнээ5ий ол о5олорбут?

Чэйин корсуо5ун, быйылгы 2016 сыл выпускниктарын…

(Музыканан до5уьуолланан о5олор биирдии – биирдии киирэн туран иьэллэр)

  1. Аммосов Ариан
  2. Сидорова Ариадна
  3. Федотова Виолетта
  4. Никифорова Надя
  5. Глухарев Жора
  6. Максимова Айта
  7. Понохова Сара
  8. Гуляев Дьулустан
  9. Морозова Дарина
  10. Васильева Ванесса

Вед: Куннэр- ыйдар элэннээн

        Тургэнник да ааьаллар,

         Биллибэккэ да хаалла

         Садка сылдьыы сыллара.

         Ойор куннээх о5о сааскын

         До5отторгун- дьуогэлэргин

         Оонньообут –корулээбит дьиэ5итин

         Ойдуу – саныы сылдьаарын… диэн туран «Ойор –тэбэр о5о сааьым биьигэ- детсадым барахсан» диэн видеоролигы коруо5ун!

                                     (Видеоролик коруу)

Вед: О5олор улаатаннар

        Сэттэ саастарын туолан

        Оскуола – билии дьиэтин

        Боруогун атыллыахтара.

        Онно куутэллэр кинилэри

        Кинигэлэр, тэтэрээттэр,

        Букубаардар, паарталар

        Сырдык –ыраас кылаастар!

Вед: Ариан Аммосов толоруутугар хоьоон «Оскуола5а барыахпыт»

                         (А.Ариан хоьоон аа5ар)

Вед: Оскуола5а барар до5отторун э5эрдэлииллэр улахан группа о5олоро!

       (улахан группа о5олорун э5эрдэтэ: хоьоон Айта Г., Сережа Е., Степа А.

       Ункуу «Оонньуурдаах ункуу» )

Вед: О5олоор оскуола5а хаьан уорэнэ барар этибитий? (Бала5ан ыйын 1 кунугэр) Ойбутугэр онорон коруо5ун…оскуола5а барар куммут тиийэн кэлбит..будильник тыаьаата5ына уьуктаат..бартыбыалбытын хомунаат оскуола5а суурэбит.

                    (Оонньуу «Бала5ан ыйын 1 кунэ»)

Вед: Надя Никифорова толоруутугар хоьоон «Уорэнэ барыам»

                      (Н.Надя хоьоон аа5ар)

(Музыка тыаьыыр, свисток тыаьата2 Килээнсэ суурэн киирэр)

Килээнсэ: Тохтоон! Бары турун, ким да хамсаабат! Кулумэн-уорумэн! Тугу гына бары манна муьуннугут! Миигин корсоору дуо?

Вед: Тохтоо эрэ! Тохтоо эрэ! Э кимниний? То5о биьиэхэ мэьэйдиигин? Корбоккун да бугун биьиги о5олрбутун оскуола5а атаараары бырааьынньыктыы сылдьабыт дии..

Килээнсэ: (ачаалаппыт куолаьынан) Ээ, барахсаттар! Бырааьынньыктыы сылдьаллар дуоо? (Кыыьырбыт куолаьынан) Дьэ суох ини! Оссо бырааьынньыктаахтар, ба5астаахтар! Дьэ оскуола5а бардаххытына мин эьигини онно корсор инибин!

Вед: Тохтуу тус эрэ! Эн бу кимниний?

          (Килээнсэ «Утомленное солнце» музыкатынан ункуулуу2 ырыа ыллыыр)

Вед: Ээ, соп..мин ойдоотум..эн Килээнсэ эбиккин!

Килээнсэ: Дьэ, таайдын! (Улахан са5а туттар)  Кирдээх тэтэрээт до5оро Килээнсэ буолабын...онно туох баарый?!

Вед: Оччо5о эн о5олор тэтэрээттэрин чэрэниилэнэн марайдыыгын, киртитэ5ин дуо?

Килээнсэ: Дьэ ол мин! (Улахан са5а буолар)

Вед: О5олорго куьа5аны онорор буоллаххына, биьиги бырааьынньыкпытыттан бараргар кордоьобут! Эйигин манна ким да ынырбата5а.. Кирдээх тэтэрээт до5оро Килээнсэ о5олорго наадата суох! Буолбат дуо о5олоор?

Килээнсэ: Ой- ой-ой! Дьэ куттаатыгыт дии! Хата учугэй со5устук чэрэниилэбинэн ыьаттаан биэрээйибин..(О5олору уунан ыьар бэстилиэтинэн ыьар) Мин о5олору бэйэм барытыгар уорэтиэм..

Вед: Эт эрэ, о5олору туохха уорэтээри гына5ын?

Килээнсэ: Хайдах туохха диэн? Мин наьаа элбэ5и сатыыбын! Тэтэрээти марайдыыры, кинигэни хайыта тыытары. Оссо бартыбыалы тэбиэлээн футболлуу оонньууру! Тэбэбиээн! Гоол! (Бартыбыалы былдьаан ылан тэбиэлии сатыыр, вед былдьаан ылар) Оссо уруоктан уорэммэккэ курууру сатыыбын..2 сыаналаах дневникпин табаарыспар уларсабын-тороппуттэрин куттуурун курдуук!

Вед: Эн  мин о5олорбун 2 сыананы ылыахтара дии саныыгын дуо?

Килээнсэ: Ылбаккалар! 2 сыана саамай кыраьыабай сыана дии!

Вед: Чэйин эрэ! О5олорбут оскуола5а бардахтарына ханнык сыаналары ылалларын бэрэбиэркэлиибит дуо?

                              (Оонньуу: «Сыаналары хомуй»)

Килээнсэ: Мин оссо о5олору учууталларын суумкатыгар ба5аны уган кэбиьэргэ уорэтиэ5им! Наьаа кулуулээх буолуо дии о5олоор? Ким миигин кытта табаарыстаьыан ба5арар? Суох да? То5о? (Соьуйар)

Вед:  То5о эн мин о5олорбун эйигин кытта табаарыстаьыахтара дии саныыгыный?

Килээнсэ: То5о диэтэххэ кинилэр кып кырачааннар, акаарычааннар! Тугу да билбэттэр, тугу да сатаабаттар..ол кэннэ миигинниин табаарыстаспакка кимниин табаарыстаьыахтарай?

Вед: Дьэ итиннэ эн улаханнык сыыстын, Килээнсэ! Биьиги  о5олорбут наьаа элбэ5и сатыыллар: ахсаан да аа5аллар, буукуба да билэллэр, уруьуйдууллар, ыллыыллар, ункуулууллэр, хоьоон да аа5аллар!

Килээнсэ: Фии! Аа5ары- ахсааны да мин эмиэ сатыыбын! Туох ыарахана баарый?

Вед: Соп..чэ оччо5о бу тылы аах эрэ …(кубигынан тыл суруйар, Килээнсэ аа5а сатыыр да кыайан аахпат)

Вед: Биьиги о5олорбут аа5алларын иьит эрэ!

                                (Оонньуу: «Тыллары таьаар»)

Килээнсэ: Сатаан аа5абыт диэн киьиргээмэн! Мин за то 10 диэри ахсааны билэбин..(тарба5ын токутан 1-10 дылы ахсааны аа5ар)

Вед: 1-10 дылы дьааьыла о5ото сатаан аа5ар, хата эн задаачата суоттаа эрэ!

Дайаана5а Маша диэн куукулалаах,

                                    Сахаайа5а кугас эьэлээх,

                                    Айыына5а куоскалаах,

                                    Мичилгэ массыыналаах,

                                    Айаанна аттаах

                                    Барыта хас оонньуур баарый?

(Килээнсэ тарба5ын токутан аа5а сатыыр да , буккуллар, итииргиир, колоьунун соттор)

Ити о5олортон оонньуурдарын барытын былдьаталаан ылыа5ым..оччо5о биир да оонньуура суох хаалыахтара! Кэьэйдиннэр! Сопко суоттаатым да?

Вед: Суох! Суох! Олох сыыьа эппиэттээтин..О5олор эппиэттэрин иьит эрэ!

                            (О5олор задача эппиэтин этэллэр)

Килээнсэ: Тугу да сатаабат диэн миигин кулуу гына5ыт да? Билигин учугэй со5устук эмиэ чэрэниилэбинэн ыьаттыам ээ!

(Ыьаары бэлэмнэнэр, ыытааччы «Пятновыводитель» диэн суруктаах пистолеты таьаарар)

Вед: О5олоор, Килээнсэни бэйэтин сууйан- сотон кэбиьиэххэ! (О5олор Килээнсэни кэнниттэн сырсаллар, Килээнсэ хаьытыы-хаьытыы: Караул! Быыьаан- абыраан! Миигин сууйаары- сотоору, ыраастаары гыннылаар! , куотан тахсар)

Вед: Хата,кирдээх тэтэрээт до5оруттан  Килээнсэттэн босхолоннубут!

    (Ити кэмнэ ыксаабыт коруннээх «корреспондент» киирэр)

Корр: Утуо кунунэн о5олоор! Мин «Чуораанчык» сурунаал корреспондена буолабын. Эьиги оскуола5а уорэнэ бараары сылдьаргытын истэн эьигиттэн интервью ыла кэллим. Интервьюм аата «Араас онноох ыйытыылар»

1 ыйытыым: Бала5ан ыйын 1 кунугэр уорэнээччилэр ханна баралларый?

(О5олор ара5ас онноох сэбирдэхтэри талан ылаллар,  аа5аллар, иитээччи комолоьор) Эппиэттэрэ: Сотуолуу, улэлии, утуйа, аьыы, оонньуу, иистэнэ, ынах ыы,  дьэ харбыы, от охсо, телевизор коро..)

Вед: Соп эппиэттэр да о5олор? Суох,,уорэнээччилэр оскуола5а уорэнэ бараллар

2 ыйытыым: Оскуола5а уорэнэ бараргар эйигин ким сарсыарда туруоруой?

(О5олор кыьыл онноох сэбирдэхтэри талан ылаллар. Эппиэттэрэ: Эьэм, маамам, паапам, эдьийим, будильник, куоскам, быраатым, чугас олорор ыалым, Екатерина Васильевна, учууталым)

3 ыйытыым: Улааттаххытына ханнык идэни баьылыаххын ба5ара5ын?

(О5олор от куох сэбирдэхтэри талан ылаллар. Эппиэттэрэ: Суоппар, быраас, учуутал, иитээччи, баьаарынай, полиция улэьитэ, атыыьыт, летчик,оскуола директора, иистэнньэн)

4 ыйытыым: Оскуола5а барыаххытын ба5ара5ыт? Маладьыастар! Ыйытыыларбар барытыгар сопко хоруйдаатыгыт. Уорэххитигэр  ситиьиини ба5арабын! Корсуоххэ диэр о5олоор!

                                  (Корреспондент тахсан барар)

Вед: Билигин эьиги о5олоргут ханнык идэлээх дьон буолан тахсалларын туьунан ункуулээн кордоруохтэрэ..

                             (Ункуу «Идэлэр»)

Вед: Оскуола боруогун атыллаан

         Киириэххит маннайгы кылааска

         Амарах, эйэ5эс дьонноргут

        Алгыыллар, э5эрдэ этэллэр.

О5олоор, эьиги уорэнээччи буоллаххытына эьиэхэ куус- комо буолар дьоннутунан эьиги тапталлаах тороппуттэргит  буолаллар. Билигин кинилэр эьиги иннигитигэр тахсан анда5ар тылларын этиэхтэрэ..

  (Тороппуттэр тахсан тураллар. Евдокия Васильевна анда5ар тылын аа5ар..атын тороппуттэр «Анда5айабыт» дииллэр)

                                         Тороппут анда5арын тыллара:

О5обор уорэ5эр комолоьуом! Анда5айабыт!

Иккини да ылан кэллэ5инэ о5обун мо5уом суо5а! Анда5айабыт!

О5обун мэлдьи «Маладьыас!» диэн хай5ыы сылдьыам! Анда5айабыт!

Анда5арбын толорбот тугэммэр о5обор «Сникерс», «Марс» атыылаьан биэриэм! Анда5айабыт!

(Тороппуттэр анда5ардарын этэн баран олороллор)

Вед:                             Билии киэн аартыгын

                                     Сылтан сыл дабайан

                                     Элбэххэ,кэрэ5э иитиллэн

                                     Эьиги дьон бэрдэ буолаарын!

Хоьоон «Оскуола5а барабыт» (Дарина, Ванесса, Дьулустан, Ариадна)

Вед:               Хас биирдии о5о бэйэтэ таабырын..

                      Ону таба таайдахха, таба тайана тустэххэ,

                      Санаатын таайдахха, талаанын арыйдахха,

                      Сайдар суолун салайдахха, утуо санааны сахтахха

                      Мин санаабар ...ол буолар.. иитээччи сурун анала!

Вед: О5олорбутун детсадка сылдьар кэмнэригэр кэтээн корон баран майгыларынан, дьо5урдарынан, уратыларын короммут анал ааттары анаатыбыт. Ону туттарарбытын конуллээн!

                                     (Номинациялары туттарыы)

Вед:

        Бар5а махтал эьиэхэ

        Иитиллибит кыьабыт,

        Кыьамньылаах улэ5ит

       Айхалланнын оруутун!

Вед: Кырачаан саастарыттан иитиллибит детсадтарын улэьиттэригэр махтал тылы этэллэр…быйылгы 2016 сыл выпусниктара!

                  (О5олор тахсаллар «Махтанабыт» диэн суругу тутан туран хоьоон аа5аллар, «Детсадпытын умнуохпут суо5а » ырыа ыллыыллар, детсад улэьиттэригэр сибэккилээх букет туттараллар)

Вед: Бугунну уоруулээх куннэ э5эрдэ тылын биэрэбит «Чуораанчык» детсад

 сэбиэдиссэйигэр Подрясова Н.Н.

                     (Подрясова Н.Н. о5олорго диплом, подарок туттарар)

Вед: Э5эрдэ тылы этэллэригэр кордоьуо5ун убаастабыллаах тороппуттэрбититтэн!

                     (Тороппуттэр э5эрдэ тыл этэллэр, буклет туттараллар)

Вед: Утуо- мааны о5олорбутун эьигини уоруулээх бырааьынньыккытынан итиитик-истинник э5эрдэлиибит, эьигини ойор куннээх о5о сааскыт дьиэтиттэн арахсан, билии –коруу биэтэгэр – оскуола дьиэ маннайгы кылааьыгар киирэ5ит. Онно баран угус эгэлгэ сананы, элбэх билиини ылын, угус-утуо до5оттордонун, ыраас кэрэ санааланын.. диэн туран выпускниктарбыт толорууларыгар «Прощальный вальс»

                            (О5олор тахсан вальстыыллар. )

Вед: Манан бугунну уоруулээх тэрээьиммитин тумуктуубут! О5олорбутугар оссо тогул дьолу соргуну ба5арабыт!

                               (Ойдобунньук хаартыска5а туьуу)


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Сценарий выпускного мероприятия в группе раннего возраста

Мероприятие по мотиваи сказки "Колобок"...

сценарий выпускного мероприятия "Путешествие в Мультландию"

Использовался данный сцеарий на выписку детей подготовительной к школе группы для центральной медико - педагогической комиссии г.Кемерово. Сценарий посвящен теме "Мультипликация". В нём используются т...

Сценарий выпускного мероприятия для дошкольников

Сценарий выпускного мероприятия для дошкольников...

Сценарий выпускного мероприятия для детей группы компенсирующей направленности (дети с нарушением зрения) «Слоненок пошёл учиться»

Сценарий предназначен для детей с нарушениями зрения и речи.Задания в сценарии подобраны в соответствии со зрительными патологиями детей.Задания и текст в сценариии позволяют увидеть положительную дин...