Сценарий утренника "Новый Год!"
материал (младшая группа)
Сценарий утренника "Новый Год!"
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
sana_dyl_stsenariya_kyynny_oyuurga_sana_dyllaa5y_mulchurgenneeh_syryylar.docx | 27.22 КБ |
Предварительный просмотр:
КЫҺЫҤҤЫ ОЙУУРГА САҤА ДЬЫЛЛААҔЫ МҮЛЧҮРГЭННЭЭХ СЫРЫЫЛАР
(кыра бөлөх оҕолоругар Саңа дьыллааҕы бырааһынньык сценарийа)
Павлова Октябрина Андреевна,
Сунтаар улууһун, Бүлүүчээн нэьилиэгин
«Чуораанчык» уьуйаанын иитээччитэ
Оруоллар:
Тымныы оҕонньор
Хаар киһи
Саһыл
«Атахтаах» мөһөөччүк
Туттуллар тэрил: Тымныы оҕонньор кириэһилэтэ, хаар мөчөхтөр, ыаҕайа, «атахтаах» мөһөөччүк.
(Музыка тыаһыыр, маскараадтаах оҕолор киирэн олоппоско олороллор)
Ыытааччы.
Саргылаах Саңа дьыл
Салаллан кэллэ дии,
Киэргэллээх харыйа
Кэһиилээх эбит дии.
Саргылаах Саңа дьыл салаллан кэлэн иһэринэн, күндү кырачаан оҕолорбутун иитээччилэргит ааттарыттан итиитик – истиңник эҕэрдэлиибит!
Ыытааччы.
Кэрэчээн харыйа
Налыччы киэргэммит,
Араас да уотунан
Күлүмнүү умайбыт.
Оҕолор, кэрэчээн харыйа эһигини кытта оонньуон баҕарар, ытыскытын таһыннаххытына харыйабыт араас уотунан күлумүрдүө, онтон атаххытынан муостаны битигирэттэххитинэ харыйабыт уота умуллан хаалыа…
Чэйин эрэ, о5олоор, харыйачааммытын кытта оонньуо5ун эрэ!
Оонньуу «Харыйачааны кытта оонньуубут»
Вед: Бугун биьиэхэ бырааьынньыкпытыгар Дед Моруоспут ыалдьыттыы кэлиэ5э, кэьии арааьын а5алыа5а. Онтон о5олорбут киниэхэ ырыаларын ыллаан, ункуулэрин ункуулээн кердеруехтэрэ, Дед Моруоьу уердуехтэрэ.
(музыка тыаьыыр, ыксаабыт керуннээх муннун саба туттубут Снеговик киирэн кэлэр )
Снеговик: Утуе кунунэн о5олор! Эьиги Саьылы кербетугут дуо?
Вед: Утуе кунунэн! Суох, биьиги Саьылы кербетубут. То5о Саьылы ыйыттын?
Снеговик: Саьыл мин моркуоп муннубун былдьаан ылан баран куотан хаалла…бу керун, муннум суох дии! Хайдах мунна суох о5олор бырааьынньыктарыгар сылдьыахпыный? (тебетун тенкетер, сирэйин саба туттар, хомойор)
Вед: Чэ, Снеговик санаа5ын туьэримэ, эйигин уердэ – кетутэ, до5отторун кырачаан Хаар дьоннор манна тахсан ункуулээн кердеруехтэрэ.
Ункуу «Снеговиктар ункуулэрэ»
(Музыка тыаьыыр, Саьыл киирэн кэлэр)
Саьыл: Утуе кунунэн, о5олоор! Мин манна Сана Дьыл бырааьынньыга буоларын истэммин эьиэхэ ыалдьыттыы кэллим! (учугэмсийэр)
(ол кэмнэ ведущай кэннигэр саьан турар Снеговик тахсар уонна саьылы унсэр)
Снеговик: Бу саьыл мин моркуоп муннубун былдьаабыта…
Вед: Оо, Саьылчаан то5о эн Снеговик моркуоп муннун былдьаатын? Теттеру биэр эрэ, керууй ол Снеговик дэлби хомойбут дии…ытаары гыммыт.
Саьыл: Суох, муннугун биэрбэппиин, биэрбэппин…(харыйа тула куотар, Снеговик кэнниттэн сырсар)
Вед: Тохтоон эрэ, бу, туох буолбут саьылый? То5о эн Снеговик муннун былдьаан баран биэрбэккиний?
Саьыл: Онтон мин манна бырааьынньыкка куобахчааннар бааллар уьу диэн истэммин, кинилэри моркуобунан кундулээри былдьаабытым ээ…
Вед: Саьылчаан, тугу эмэ, кимтэн эрэ ылыаххын ба5арар буоллаххына «баьаалыста» диэн аптаах тылы этиэхтээххин…Онтон махтанар буоллаххына «баьыыба» диэн аптаах тылы этиэхтээххин, ейдеетун дуо, Саьылчаан?
Саьыл: Ейдеен, ейдеен, бырастыы гын миигин Хаар киьи! Мэ, моркуоп муннугун теттеру биэрэбин…(моркуоп муннун Снеговикка биэрэр, Снеговик харыйа кэннигэр баран муннун кэтэр)
Вед: Чэ, Саьыллаах Хаар киьи эйэлэспиттэринэн сибээстээн кырачаан куобахтар эьиэхэ ункуу бэлэхтиэхтэрэ!
Ункуу «Моркуоптаах ункуу»
Вед: Киммит ата тыбыырталыыр,
Ким сыар5ата сырылыыр,
Киммит хааман кыычыр5атар,
Киммит ааны тонсуйар?
О5олоор, Сана дьылбыт бырааьынньыга са5аланна, ер да кэтэспит Дед Моруоспутун ынырыа5ын! (О5олор «Дед Моруос! Дед Моруос!» диэн ыныраллар, музыканан до5уьуолланан Дед Моруос киирэр)
Д/М: Утуе кунунэн о5олоор! Ыраах да сиртэн айаннаан эьиэхэ ыалдьыттыы кэллим! О5олорум улааппыттар, элбэх ырыа хоьоон билэр дьон буолбуттар!
Вед: Утуе кунунэн, Дед Моруос! Ыраахтан айаннаан кэлэн сылайбытын буолуо, манна олорон сынньан…о5олор эйиэхэ ырыа ыллаан иьитиннэриэхтэрэ.
Ырыа «Тымныы о5онньор»
Д/М: О5олорум ырыалара то5о учугэйэй! Маладьыастар! О5олоор, миигин кытта оонньуугут дуо? Хаар киьи, а5ал эрэ манна, хаар мечехтеру! Чэ, эрэ о5олоор, бу хаардары ким тургэнник элбэ5и хомуйар эбитий? (Хаардары муоста5а ыьар, о5олор хаары хомуйан а5алан биэдэрэ5э угаллар)
Маладьыас да о5олор! Наьаа да элбэх хаары хомуйдугут! Ессе оонньуубут дуо, о5олоор? Чэйин эрэ, аны бу хаарбытынан бырахса оонньуо5ун!
Оонньуу «Хаары хомуйуу. Хаарынын бырахсыы»
Вед: Наьаа да учугэйдик Дед Моруоспутун кытта оонньоотубут. Аны о5олоор Дед Моруоспутун кытта харыйачааммыт тула хороводтуо5ун!
Сана дьыллаа5ы хоровод.
Д/М: О5олорбор, Сана дьыллаа5ы кэьиибин а5аллым, Хаар киьи, Саьылчаан тахсан киллэрин эрэ кэьиилээх меьееччукпун. (Хаар Киьи, Саьылчаан «атахтаах» меьееччугу киллэрэллэр, Дед Моруос аттыгар уураллар)
Д/М: Дьээ, эрэ о5олорбор кэьиибин тунэтиэм…(меьееччугун ылаары гыммыта, меьееччугэ хааман куотан биэрэр) Хайа, бу хайдах хайда5ый? Меьееччугум хаамар дуу? (Д/М соьуйар, туран меьееччугун ылаары гыммыта, меьееччугэ хааман харыйа тула куотар, Д/М сырсар)
Вед: Оо, кэьиилээх меьееччукпут куотан хаалла дии…(«атахтаах» меьееччук куотан тахсан хаалар)
Д/М: Чэ, о5олоор, хомойуман, мин аптаах торуоскабынан аптаан кэбиьиэм оччо5о « атахтаах» меьееччукпут дьиннээх кэьиилээх меьееччуккэ кубулуйуо!
(Д/М торуоскатынан тос- тос охсон «аптыыр», Саьыллаах, Куобахчаан кэьиилээх меьееччугу соьон киирэллэр )
Вед: Уеруу – кетуу буолла! Дед Моруоспут кэьиитин а5алла!
(Д/М о5олорго кэьиитин тунэтэр)
Вед: Сана дьылбыт,
Сана дьылбыт,
Тиийэн кэллэ, до5оттоор!
Сана дьылбыт,
Сана дьылбыт
Учугэйиэн, кэрэтиэн!
Манан биьиги Сана Дьыллаа5ы бырааьынньыкпытын тумуктуубут, барыгытыгар дьолу – соргуну, уерууну- кетууну ба5арабыт! Дед Моруоспутун кытта ейдебунньук хаартыска5а туьуе5ун.
(Д/М хаартыска5а туьуу, быраьаайдаьыы)
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
СЦЕНАРИЙ ВЫПУСКНОГО ПРАЗДНИКА В ДЕТСКОМ САДУ. Мы предлагаем вашему вниманию интересный и веселый сценарий выпускного праздника для ДОУ. «Фильм! Фильм! Фильм!»
Сценарии выпускного праздника. Интересный, увлекательный, с любимыми героями сказок....
« Чудо от доброго сердца» сценарий музыкального кукольно-драматического спектакля по мотиву сказки Ганса Христиана Андерсена «Дюймовочка» ,автор сценария — Савиных Ольга Сергеевна.
Уважаемые коллеги и родители! Представляю Вашему вниманию сценарий, по которому был поставлен спектакль с детьми старших групп. Драматургическая эклектика дала возможность раскрыть свои таланты каждом...
Сценарий музыкальной сказки-импровизации для детей 5-го года жизни "Курочка Ряба", сценарий новогоднего утренника для малышей "В гостях у Умки"
Разработка сценария музыкальной сказки -импровизации"Курочка Ряба" может быть использована к весеннему праздничному развлечению 8 марта. В сценарии использован музыкальный материал по программе ...
Сценарий организованной деятельности детей II младшей группы. Мир природы. Тема: «Помощники» Интеграция образовательных областей: «Познание», «Художественное творчество», «Коммуникация», «Физическая культура» Сценарий организованной деятельности дете
Программные задачи. Научить детей классифицировать овощи и фрукты и дать понятие, где они растут.Закрепить понятие: широкий, узкий.Развивать речь детей, мышление, внимание и память. Активи...
Сценарий выпускного бала для подготовительной группы. Сценарий утренника для подготовительной группы приуроченного к Международному женскому дню: музыкальная сказка "Аленький цветочек"
Выпускной бал "Фильм-фильс-фильм". Музыкальная сказка "Аленький цветочек"....
Сценарий физкультурного досуга для детей старшего дошкольного возраста «Если очень захочу — в космос скоро полечу!» Аксинья Попова Сценарий физкультурного досуга для детей старшего дошкольного возраста «Если очень захочу — в космос скоро полечу!» Сценар
Сценарий физкультурного досуга для детей старшего дошкольного возраста «Если очень захочу — в космос скоро полечу!»Аксинья Попова Сценарий физкультурного досуга для детей с...