Сценарий новгоднего праздника Снегурочка на якутском
материал (средняя группа)

Слепцова Изабелла Александровна

Саана дьыл Харчаана орто белех

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл haarchaana.docx33.99 КБ

Предварительный просмотр:

«ХААРЧААНА»

Орто бөлөх о5олоругар аналлаах Саңа Дьыллаа5ы сценарий

Оруоллар:

Улахан дьон:                                              О5олор:

Салайааччы                                             «Табалар»

Моруос о5онньор                                    «Куобахтар»

Хаарчаана                                                 «Снеговиктар»

О5онньор

Эмээхсин

Баба-Яга

Реквизит: мас дьиэ, хаардар

Ыытааччы тереппуттэри, ыалдьыттары э5эрдэлиир, о5олору заалга ынырар,

ЫЫТААЧЧЫ - О5олоор, бүгүн биhиэхэ бырааhынньык – Саңа Дьыл! Көрүң эрэ, заалбыт хайдах курдук киэргэйбитин, биhиэхэ харыйа ыалдьыттыы кэлбит…  О5олоор, харыйабыт тугун бэрдэй, араас оонньуурунан киэргэммит, симэммит.

        Чэйиң, бырааhынньыкпытын са5алыа5ын!

Хоһооннор саҥа дьыл туһунан:

Тиийэн кэллэ Саҥа Дьыл

Сахам сирин үрдүнэн,

Үтүө истиҥ сонуннаах

Бары дьоҥҥо кэһиилээх. (Лиза)

Саңа кэрэ  дьылынан!

Саңа үтүө  дьолунан!

Биһи бары мустаммыт!

Са5аланна Сана Дьылбыт! (Дима)

Үүнэр сылы кэтэһэбит

Оҕолуу истинник үөрэбит,

Саҥа дьылбыт киэһээтин

Үөрэ-көтө көрсөбүт. (Сайаана)

Үөрэбит-көтөбүт бу күҥҥэ

Эһээлиин-эбээлиин, оҕолуун.

Кэлэр Саҥа Дьылбытын

Көрсөбүт алгыстыы-уруйдуу! (Раймонда)

«Саңа Дьыл» ырыа 

Ырыа кэнниттэн о5олор олороллор

ЫЫТААЧЧЫ – Олус да үчүгэйдик ыллаатыбыт, хоhоон аахтыбыт, харыйабыт истэн үөрдэ буолуо.О5олоор, сотору күүтүүлээх ыалдьыппыт Тымныы Моруос о5онньор ыалдьытты кэлиэ, кэhиитин а5алыа….. Онтон бу кэрэчээн харыйабыт эмиэ остуоруйа кэhиилээх кэлбит эбит, чуумпуран олорон көрүөххэйиң….

ЫЫТААЧЧЫ – Арай биирдэ олорбуттара эбитэ үһү о5онньордоох эмээхсин, кинилэр

«Дьиэттэн» О5онньордоох Эмээхсин тахсаллар

О5онньор -  О-хо-хо!

Эмээхсин – Э-хэ-хэ!

О5онньор – Чуңкуйдуң дуо, эмээхсин?

Эмээхсин – Чуңкуйдум, о5онньор!

О5онньор – Онтон таhырдьа о5олор оонньуу сылдьаллар, ырыа ыллыыллар. Көрөргө олус да үчүгэй…

Эмээхсин – Биhиги сиэннээхпит эбитэ буоллар, кини эмиэ о5олору кытта оонньуо-көрүлүө этэ…

О5онньор – Таhырдьа тахсан көрүөххэ…

 ЫЫТААЧЧЫ – О5онньордоох эмээхсин таhырдьа тахсыбыттара о5олор  үөрүү-көтүү бө5ө, ырыа ыллыыллар, үңкүүлээн тэйэллэр..

Ырыа «Кыhын кэллэ»

Тиийэн кэллэ доҕоттоор,

Тымныы тыаллаах кыһыммыт.

Сирбитин дойдубутун

Маҥан хаарынан бүрүйдэ. (Саина)

Саҥа түспүт хпаарга

Хачыгыраччы үктэнним,

Кылыбачыгас кыырпаҕынан

Оҕолордуун ыһыстым.

Бэргэһэлиин соннуун

Харга дэлби буккуллан,

Кып кыһыл мууһунан

Хаар киһи буоллум. (Толя)

«Утулуук, хаатыынка ункуутэ » (үңкүү кэнниттэн о5олор хаардарын харыйа анныгар чөмөхтөөн уураллар)

Эмээхсин – Таһырдьа хаар бөҕө түспүт дии, кэрэтиэн

О5онньор – Эмэхсин, онтон бу кылабачыгас хаартан бэйэбитигэр сиэн кыыста оңоруохха

Эмээхсин – Бу да о5онньор, ону-маны кэпсээн…

О5онньор – Онтон боруоба5а боруок суох, ба5ар туhа тахсыа….

(О5онньордоох эмээхсин хаары чөмөхтүүллэр биир сиргэ, бүтэннэр таңаhынан бүрүйэллэр)

О5онньор – Олус да элбэх хаар түспүт, о5олор, кэлэн оонньооң!

Оонньуу «Хаары хомуй»  (о5онньор хаардаах иhити өрө ыhар, о5олор биирдии хаары ылан төптөрү иhиккэ угаллар)

(оонньуу кэмигэр биллибэтинэн Хаарчаана «хаар чөмө5үн» анныгар  киирэн олорор)

Эмээхсин – О5онньор, кэл…  Көр эрэ, хаарбыт хамсыыр дии

(Таңаhы арыйбыттара  Хаарчаана тахсар кэлэр. О5онньордоох эмээхсин соһуйаллар, үөрэллэр.)

О5онньор – Олус да кэрэ кыысчаан!

Эмээхсин – Бу биhиги сиэммит дуо? Тугун бэрдэй!

О5онньор – Ким диэн ааттыыбыт сиэммитин?

Эмээхсин – Хаартан чочуйан(?) оңоhуллубутун иhин Хаарчаана диэн аатыахха!

Хаарчаана – Дорообо эбээ, дорообо эhээ! Мин эhиэхэ көмөлөһүөм, дьиэни-уоту хомуйоум, уута баhан а5алыам, чээйдэ өрүөм.   (Биэдирэ ылан уу баhа барар)

ЫЫТААЧЧЫ – Хаарчаана уу баhа барбыт, арай көрбүтэ о5о бө5ө оонньуу сылдьар эбит.

Хаарчаана -  Тула бары үөрэллэр-көтөллөр, арай миигин  ким да ыңырбат.

ЫЫТААЧЧЫ – О5олоор, Хаарчаананы оонньууга ыңырыа5ың

Оонньуу «Мал бэрсээһин» (кругка туран биир малы бэйэ бэйэбитигэр ыытабыт круг устун музыка тыыһыырын тухары. Музыка тохтоото, кимиэхэ мал баар ол оонньууттан туоруур)

Хаарчаана – Эhигини кытта онньуу сылдьар олус да үчүгэй эбит, өссө да оонньуохха, ол да буоллар мин Эбээлээх Эhээбиттэн көңүллэттэн кэлиэм (биэдирэтин ылан дьиэ5э барар о5онньордоох эмээхсин дьиэттэн утары тахсаллар)

Хаарчаана – Эбээ, Эhээ, о5олору кытта оонньуу барарбын көңүллээң.

О5онньор – О5олору кытта баран оонньоо, оонньоо

Эмээхсин – Сэрэнэн сырыт, ыраах барыма, мунан хаалыаң (О5онньордоох эмээхсин илиилэринэн сапсыйаллар)

Хаарчаана – (хааман иhэн саңарар) Өр да хаамтым, до5отторбуттан хаалан хааллым. Ау! Ау! Ким да суох…. (Арай ким эрэ ойуурга хамсыыр)

Хаарчаана –Уой, ким эрэ ойуур-тыаҕа хамсыыр дии... Дьиэбин хайдах булабын, хайа диэки барабын?

ЫЫТААЧЧЫ – Хаарчаана, куттаныма. Манна, тыа5а, кыыллар бааллар, кинилэри ыңырыахха. Куобахчааннар, кэлиң, Хаарчаана5а көмөлөһүң.

Куобахтар тахсаллар.

Куобахтар хоһоонноро:

Маҥан сонноох куобахтар

Ойо-тэйэ сылдьабыт

 «Куобахтар үңкүүлэрэ»

Хаарчаана – Куобахчааннар, мин дьиэбэр хайдах тиийэбин?

Куобахтар – Оол онно, тыа са5атыгар, муус дьиэ баар. Онно бар.

Хаарчаана – Ол диэ5э ким олороруй?

Куобахтар – Тымныы Моруос о5онньор!

ЫЫТААЧЧЫ -  Хаарчаана, ыксаа, Тымныы Моруос о5онньор о5олорго бараары хомунан эрдэ5э буолуо.

Хаарчаана – Сулустарынан сырдатан ол дьиэни көрдүү бардым (барар)

ЫЫТААЧЧЫ – Ол кэмңэ О5онньордоох Эмээхсин сиэннэрин сүтүктээннэр көрдүү барбыттар  

(Дьиэттэн О5онньордоох Эмээхсин тахсаллар)

О5онньор – Сиэммит кыыс Хаарчаана ханна бааргыный, ау!

Эмээхсин – Аны ким биhиэхэ уу а5алар, ким ырыа ыллыыр?        

ЫЫТААЧЧЫ – Долгуйумаң, долгуйумаң! Истэ5ит дуо, чуораан тыаhыыр, ким эрэ табанан айаннаан иhэр. Арааhа, Тымныы Моруос быhылаах.

«Табалар үнкүүлэрэ»

ЫЫТААЧЧЫ – Чэ, эрэ оҕолоор, Бары ыңырыа5ың кинини. (Тымныы Моруос оҕонньор...)

О5олор ыңыраллар, Тымныы Моруос Хаарчааналыын тиийэн кэлэллэр

Моруос – Эhэ-hээй! Дорооболоруң!

О5онньордоох Эмээхсин – Тымныы Моруос, махтал, Хаарчаананы а5албыккар!

ЫЫТААЧЧЫ – О5олору кытта хаалан бырааhынньыктаан, оонньооң-көрүлээң.

(О5онньордоох Эмээхсин о5олор быыстарыгар киирэн олороллор)

Моруос – Саргылаах Саңа Дьыл салаллан кэлбитинэн бары о5олору, ыалдьыттары э5эрдэлиибин! Чэйиң эрэ, о5олор, бырааhынньыктаа5ы хоробуокка туруо5уң!

Бээ, онтон харыйабыт уоттара то5о күлүмнүү умайбаттар? Харыйаттан көрдөhүөххэйиң – «1,2,3, харыйабыт уота ча5ылый!» (о5олор хатылыыллар, харыйа уота умайар)

Тымныы Моруос оҕонньор

Кэһии бөҕө аҕалбыт

Кыһын көмүс сулустары

Оонньуурдары, шариктары.

(Каролина)

Сүүс араас уотунуан

Күлүмнүү оонньуур

Харыйабыт тула

Үнкүүлээн хаамсабыт.

Тымныы моруос оҕонньор

Кэһиилэрин түҥэтэр. (Элина)

Хоровод «В лесу родилась елочка»

Моруос – Олус үчүгэйдик ыллаатыгыт, үңкүлээммин ууллаары гынным.

ЫЫТААЧЧЫ- О5олор, Моруоспут ууллаары гыммыт, бары бииргэ кинини үрүө5үң! (о5олор бары үрэллэр) Моруос, ыраахтан кэлэн сылайбытын буолуо, олорон сынньан, о5олор эйиэхэ хоhоон аа5ыахтара.

ЫЫТААЧЧЫ – Тымныы Моруос, о5олору аралдьытан, оонньуута толкуйдуурун буоллар?

Моруос – Мин оонньуурбун дьэ сөбүлүүбүн!

Оонньуу “МууҺурдуу”. Билигин эһиги оҕолоор үнкүүлүүргүтүн көрдөрөҕүт. Онтон мин торуоскабынан тоҥсуйдаххпына эһиги мууска кубулан, хатан хаалаҕыт.

Моруос – Һуу сылайдахпын, оҕолоор. (Арай кэнниттэн ким эрэ хаарынан быраҕар)

Моруос – Хайа, бу ким миигин хаарынан быраҕарый?

ЫЫТААЧЧЫ: Оҕолоор ким бырахпытын көрдүгүт дуо?

Оҕолор: Көрөөн. Баба-Яга.

Моруос: Кэл эрэ бэттэх, эн тоҕо миигин хаарынан быраҕа сылдьаҕын, быракаас оҥоро сылдьыбыккын билигин тоҥорон кэбиһиэм!

(Посоҕынан таарыйар, Баба-Яга күлүүлээх позаҕа тоҥон хаалар)

Хаарчаана: Эһээ, кини аны быракаас оҥоруо суоҕа, ириэр баһаалыста.

(Посоҕынан таарыйар, Баба-Яга ирэр, дэлби тоҥмут(илибириир))

Моруос: Чэ бу сырыыга бырастыы гыныам. Аныгыскыга сэрэн.

Баба-Яга: Онтон миигин ким даҕаны бырааһынньыкка ыҥырбатаҕа, мин эмиэ бырааһынньыктыахпын баҕарабын. Буруйбун билинэбин, мантан ыла үчүгэй буолуом. (коридорга сүүрэн тахсар, төптөрү мөһөөччүктээх киирэр).

Баба-Яга: Мин эһиэхэ подарок бөҕө аҕаллым. Үчүгэй да үчүгэй! Бу көрүн (ырбаахы хостуур), наһаа үчүгэй ырбаахы, эдэр сылдьан кэппитим. Ким ылар? Ким да наадыйбат дуо? Онтон бу (хобордоох хостуур) наһаа үчүгэй хобордоох,сууйдахха сиэркилэ буолар. Ким ылар? Ким да наадыйбат дуо?

Тоҕо мин кэһиилэрбин ким да сөбүлээбэтэ? Кэһии хомуйарга олус кыһыллыбытым дии.(Хомойон ытыыр)

Моруос: Оннук буоллаҕына санаарҕаама, мин эйиэхэ көмөлөһүөм.

(Мөһөөччүк тула сылдьан “аптыыр”, посоҕынан муостаны тоҥсуйар, онтон мөһөөччүгү таарыйар).

Моруос: Чэ, кер эрэ.

Баба-Яга: Ураа!!! Дьинээх подароктар!

ЫЫТААЧЧЫ: ваай, кырдьык да подароктар дии. Подароктарбытын ылабыт даа оҕолор?

(Моруос уонна Хаарчаана подарок туҥэтэллэр.)

Моруос – Барар кэммит тиийэн кэллэ, эhиил эмиэ кэлиэхпит!

Хаарчаана – Саңа Дьылынан!

Моруос – Көрсүөххэ диэри!


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Новогодний праздник по сказке "Снегурочка" (на якутском языке)

Сценарий новогоднего праздника по мотивам сказки "Снегурочка" для младшего, среднего дошкольного возраста...

Методическая разработка. Сценарий новогоднего праздника " Снегурочка в гостях у малышей" для детей 2 группы раннего возраста

Веселый праздник для малышей  с играми, песнями, танцами у елочки.Подойдет для музыкальных руководителей и воспитателей....

Сценарий новогоднего праздника «Снегурочка наряжает елку»

Сценарий новогоднего праздника для детей младшего дошкольного возраста "Снегурочка наряжает елку" - это итоговое музыкальное занятие на тему "Зимние чудеса". В сценарии использован...

сценарий новогоднего праздника "Снегурочка в гостях у ребят"

Весёлый новогодний праздник для детей 1 ой младшей группы....

Сценарий новогоднего праздника «Снегурочка в гостях у малышей»

Сценарий новогоднего праздника«Снегурочка в гостях у малышей»...

Сценарий новогоднего праздника "Снегурочка в гостях у ребят" для детей 1 младшей группы.

(В зал входят дети и становятся в шеренгу) ВЕДУЩИЙ:Распустив свои иголки, красотой сияет ёлка.Сколько здесь шаров, игрушек, шишек, звёздочек, хлопушек.Мы рассмотрим все игрушки – снизу до м...