Кулун тутар 8 күнэ
материал (средняя группа)
сценарий 8 марта на якутском
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
kulun_tutar_8_kunuger_anaammyt_araldyyyy_stsenaryya.docx | 19.09 КБ |
Предварительный просмотр:
Кулун тутар 8 кунугэр анааммыт аралдьыйыы сценарыйа.
(Оҕолор музыканан киирэн олороллор).
1 иитээччи:
Көрүн эрэ оҕолоор,
Кэлбит саас сарыабына,
Кинини кытта биһиги
Оонньуубут, ыллыыбыт.
Кини ханна хаамта да,
Тулатыгар сибэкки,
Кини ханна ылыырда,
Барытыгар кэрэ, дьикти.
Саас: Дорооболорун, оҕолоор. Уһун кыдааннаах кыһыммыт ааһан, күммүт уота уһаан, халлааммыт сырдаан, Саасчаана мин тиийэн кэллим эһиэхэ.
1 иитээччи: Саасчаанаҕа биһиги хоһоон бэлэх уунуохха.
Тулабыт уһуктан
Тилиннэ, сандаарда.
Сырдык халаантан
Сааспыт тиийэн кэллэ. (Илья)
Хаар ууллар,
Муус ууллар,
Күммүт куускэ сылытар,
Сааспыт салаллан иһэр. (Дархан)
Чыычаах ыллыыр,
Тыабыт ылыыр,
От-мас көҕөрөр,
Сааспы салаллан иһэр. (Катя)
Саас: Уой, наһаа үчүгэй хоһооннор дии. Кырдьык саас туох барыта уһуктар, чэлгийэр.
Оҕолоор биһиги кэрэтин көрө айанныаххайын, миигин кытта.
Презентация
(Слайдынана кэпсэтии, ыйытыы).
1 иитээччи: Оҕолоор, көрүн эрэ оол туох эрэ хамныыр дии. Туох сытарый? (саһыл кутуруга дии)
Саас: саһыл кутуругун тардан керер.
Саһыл: Һааа, туох айылаах, абытаай!!! Киһи мааны кутуругун туура сыстыгыт дии.
Саас: Ооо, бырастыы гын. Эн онтон онно хайыы сырыттын?
Саһыл: Тоҥоммун иттэ олорбутум. Күн сылааһа миигин тоҕо эрэ сылыппат дии.
Саас: Оҕолоор көрүн эрэ, тоҕо күммүт уота сылыппат? Хомойбут көруннээх дии. Тоҕо буолуой?
2 иитээччи: Туга эрэ тиийбэт дии оҕолоор. Үчүгэйдик көрүн эрэ. (сардаҥата тиийбэт дии)
Онньуу: Сардаҥаны хомуй.
Обручка харах, мичээр, сардаҥа уураллар оҕолор икки хамаандаҕа хайдан бараннар.
1 иитээччи: Күммүт дөссө күүскэ сандаардын, биһигини сылыттын диэн ырыа ыылыахха.
“Кун бытархайа” ырыа.
Саһыл: Маладьыастар! Күммүт уота сандаара тыкпыта үчүгэйиин. Аны баҕас тоҥмот инибин. Баһыыбаларын. Мин салгыы атын остуоруйаларга айаннаатым. Көрсүөххэ диэрии.
1 иитээччи: Саас салаллан кэлэн иьэр аҕай дии. Оҕолоор кыһыны быһа утуйар, сааһын уһуктар ол, кимий? Тыа харамайа. (Эһээ Миисэ).
Эһэ: Эһм, эһм... Ыраахтан эһи саҥаҕын, чугдаарар куоласкытын истэммин сүөдэннээн тиийэн кэллим. Уһун кыһыны быһа утуйан баран, сааскы салгын сылааһа арҕахпар киирэн уһугуннаран, тахсан сибиэһэй салгыныннан тыына сылдьабын. Сааспыт кэлбитэ учугэйиэн. Бээрэ э,ттэ-сииннэ уһугуннара таарыйа эһигини кытта оонньуохпун баҕарабын.
Онньуу эһэни кытта.
иитээччи: Баьыыба Кырдьаҕас эһэбит.
Эһэ: Эһиэхэ махтал, миигин кытары онньоон көрүлээн ааспыккытыгар. Мин салгыы тыабын кэрийэ, эппин сииммин уһугуннара барыам. Көрсуөххэ диэрии.
Саас: Саас кырыһабыт үрдэ мууһурар. Ол онтон туох түһэрий? (таммахтар)
иитээччи: Чэйин эрэ оһолоор, таммах тыаһын истиэҕин, таммахтыын хамсаныаҕын.
Үнкүү: Таммах (Тики-таки чок чок...)
Саас: Хйаа бу тугуй? Моркуоп сытар дии. Хайалара хааларбыта буолуой? Уоай, ким эрэ иһэр дии?
Куобах: Мин моркуоппун сүтэрдим дии. Манна туһэрбэтим да? Көрбөтүгүт да?
1 иитээччи: Бу дуо? Оччоҕуна бастаан биһигин кытта оонньоо.
Оонньуу “Моркуоп бэссээһинн”.
Куобах: Наһаа да түргэн оҕолор эбиккит дии. Ситэн ылбатым дии. Ол гынан бара н үөрэ көтө онньоотум, сэргэхсийдим.
1 иитээччи: Баһыыба куобахчаан хомойботоххор биһигитттэн.
Куобах: Баһыыба улахан улахан. Мин бу оонньууну доҕотторбун куобахчааннары кытта оонньуу бардым. Көрсүөххэ диэри.
1 иитээччи: Көрсүөххэ диэри.
Саас:Кыһыммытын ырыанан, ункуунэн атаардыбыт. Миигин кытта саас айылҕатын көрүстүбүт, биллибит. Сааскы маннайгы бырааһынньыгы билэҕит дуу оҕолоор?
иитээччи: Кэрэ аҥардар күннэрэ дии.
Саас: Кыргыттар, ийэлэр, эбээлэр бырааһынньыктара.
Иитээччи: Оҕолоор, биһиги ийэлэрбитигэр бэлэх ырыалаахпыт дии Саасчаана.
Саас: Дьэрэ истэн дуоһуйуох.
Ырыа “Мама, мама мин ытаабаппын...”
Саас: Наһаа үчүгэй ырыа дии. Уой бу туох мөһөөччүгэ турарый?
Иитээччи: эээ, бу кыргыттарбытыгар бэлэх дии. Уолаттар кэлэн бэлэтэ ылан кыргыттарга түнэтин.
1 иитээччи:Баһыыба Саасчаана биһиэхэ кэлэн ыалдьыттабыккар, сааһы аҕалбыккар.
Саас:Мин барарым кэллэ. Тыабын, хонууларбын уһугуннара бардым. Көрсүөххэ диэри, эһиил кэлиэм.
1 иитээччи: бугун оҕолоор сандал сааспытын көрүстүбүт, оонньоон көрүлээн аастыбыт. Ийэлэрбитин, кыргыттарбытын эҕэрдэлээтибит. Аны группабытыгар барар кэм кэллэ.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
«Кулун тутар 8 кунэ» бырааһынньык сценарийа
laquo;Кулун тутар 8 кунэ» бырааһынньык сценарийа...