Дойдум Көмүс күһүнэ
методическая разработка
Хаһыҥ, ардах аргыстанан,
Көмүс дуйун бүрүнэн,
Күлүмнээтэ кэрэ күһүн!
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
doydum_kuhune_araldytyy.docx | 27.16 КБ |
Предварительный просмотр:
Балаҕан ыйын 24 күнэ 2021 сыл
Бээдитээҕи 4 №- дээх «Туллукчаан» оҕо саада
Көмүс күһүн тэрээһинигэр аналлаах «Дойдум көмүс күһүнэ» аралдьытыы барыла (араас саастаах оҕолорго ананар).
Оруолларга :
Улахан дьон: Көмүс күһүн, Куобах уонна Эһэ, кыттыыны ылаллар оҕолор.
Туттуллар тэриллэр: (Корзиналар, моркуоптар, тэллэйдэр, сэбирдэхтэр, икки улах зонтиктар, куобах дьиэтэ) .
Саала иһэ көмүс күһүнү атаарыыга анаан киэргэтиллибит оҕолор намыын музыканнан саалаҕа киирэллэр.
Ыытааччы: Үтүө күнүнэн, кунду оҕолор бугун биһиги дьыл саамай баай, кэрэ кэмин күһүнү уруйдуур бырааьынньыкка муһуннубут!
Күлүмнүүр кыһыл көмүс күһүммүт, күндэлэс көмүс күннэрэ кэлэннэр, күлүмүрдээн киэркэйэн көстөрө кэрэтиэн.
Ыытааччы: Оҕолоор көрүн, эрэ куобах дьиэтэ турар дии,
(Куобах дьиэтиттэн тахсар).
Куобах: Дорооболорун, оҕолоор! Дорооболорун, доҕоттоор!
Бырааһынньыккытыгар ыалдьыттата ыҥырбыккытыгар махтанабын! Бачча үчүгэй күлүмнэс күһүҥҥэ күлүөҕүн, оонньуоҕун, үҥкүүлээн тэйиэҕиҥ
(хоробуот «Чародейка Осень»)
Куобах: Маладьыас да оҕолор эбиккит, бэркэ диэн хоробуоттаатыбыт аны оонньуоҕун, оонньуоххутун баҕарагыт дуо ?
(оонньуу «Моркуобу биэрэн ис» - оҕолору икки хамаандаҕа араарыы).
1. Хамаанда “Тииҥчээннэр”
2. Хамаанда “Куобахчааннар”
Ыытааччы: Маладьыастар! Куобахтыын олус бэркэ оонньоотубут , куобахха махтаныаҕын оҕолоор!
Ыытааччы: Куобах онтон эн хайдах күһүнү көрсөҕүн?
Куобах: Мин өҥмун түүбүн уларытабын, кыһынын бороҥ, сылдьарым табыллыбат. Тунал маҥан хаарга тутатына көрүөхтэрэ, ону таһынан кыстыкка бэлэмнэнэн дьиэбин оҥостобун, онон үлэм бараммат, чэ оҕолоор көрсүөххэ диэри! (Куобах тахсан барар)
Ыытааччы: Куобах кыстыкка бэлэмнэнэ, күһүнүн бороҥ, түүтүн маҕаҥҥа уларытар эбит, кыһыҥҥы дьиэтин оҥостор эбит, онтон Эһэ тугу гынара буолуой? Чэйин, эрэ Эһэни , ыҥырыаҕын, уонна бэйэтиттэн ыйытыаҕын
Оҕолор: Эһэ, эһэ биһиэхэ ыалдьыттыы кэл! (Эһэ киирэн кэлэр).
Эһэ: Үтүө күнүнэн оҕолоор! Мин Эһэ Миисэ диэн буолабын, аарыма бэйэлээхпин, эһиги миигин ыҥырбыккытын истэммин тиийэн кэллим.
Ыытааччы: Үтүө күнүнэн эһэ кырдьаҕаас, хайдах туох олордуҥ? Күһүнү хайдах көрсөҕүн? Биһиэхэ кэпсээн кулу!
Эһэ: Барыгытын көмүс күһүн үүммүтүнэн эҕэрдэлиибин! Мин кырыа кыһыҥҥа бэлэмнэнэн, баппаҕайым сыатын элбэтэбин уонна аргыый наллаан арҕаҕым диэки хаамабын. Арҕахпын ититинэбин, уонна уһун кыһын устата сылаас арҕаҕым иһигэр утуйабын. Түгэни туһанан миигин кытта үҥкүүлүөххэйин (Эһэлиин үҥкүү).
Эһэ: Наһаа үчүгэйдик үҥкүүлээтигиит, миигин дьэ үөртүгүт!
Ыытааччы: Эһэчээн, бу корзинаҕар туох баарый, көрдөр, кэпсээ оҕолорго.
Эһэ: Корзинабар сэбирдэхтэр бааллар, оҕолору оонньотоору аҕаллым.
(Оонньуу «Сэбирдэхтэ хомуй»)
Эһэ: Үчүгэйдик да оонньоотубут, сымса оҕолор эбиккит.
Ыытааччы: Эһэ Миискэ, билигин олорон сынньана, таарыйа биһиги оҕолорбут күһүн туьунан хоһооннорун иһит.
Хоһооннор (монтаж)
Эһэ: Үгүс хоһооннору билэргитин олус диэн биһирээтим, маладьыастар, онтон мин тыабар хаһааспын хомуйа барарым чугаһаата, . Көрсүөххэ диэри!
(Эһэ тахсан барар).
Ыытааччы: Оҕолоор, Куобах уонна Эһэ ыалдьыттаан бардылар, онтон көмүс күһүммүт ханнаный? Ыҥырыаҕын эрэ көмүс күһүнү.
( наҕыл ырыаннан күһүн киирэр).
Күһүн: Үһүө күнэн мин күндү доҕотторум, мин көмүс күһүн буолабын, тыалы кытта аргыстаһан сэбирдэхтиин сиэттиһэн, баран иһэммин, эһиги хоһооҥҥутун, ырыаҕытын тойуккутун истэммин бу тиийэн кэллим! ,
Мин эһиги көмүс күһүн туһунан төһө билэргитин билиэхпин баҕарабын, оонньуубут дуо оҕолоор……
Ыйытыктар:
Күһүн: Оҕолоор, миэхэ көмүс күһүн кэлбит бэлиэлэрин ааттаталааҥ эрэ.
Оҕолор эппиэттэрэ…..
Күһүн: Күһүн ханнык сир астарын хомуйуохха сөбүй?
Оҕолор эппиэттэрэ….
Күһүн: Күһүн ханнык дьыл кэмин кэнниттэн кэлэрий?
Оҕолор эппиэттэрэ…...
Күһүн: Күһүн кыыллар туохха бэлэмнэнэллэрий?
Оҕолор эппиэттэрэ…..
Күһүн: Маладьыастар, олус элбэҕи мин туспунан билэр эбиккит.
Күһүн: оонньуохайын эрэ, оҕолоор: ( “Кун уонна былыт” оонньуу)
Күһүн: Мин туспунан олус элбэх ырыа баар, миэхэ ырыа ыллаан иһитиннэриэххит дуо ?
Оҕолор ырыалара (ырыа «Салаат»).
Иитээччи: Оҕолоор көрүҥ, эрэ көмүс күһүн тугу тутан турарый?,
Оҕолор эппиэттэрэ……
Иитээччи: онтон корзинага туох баарый?
Оҕолор эппиэттэрэ……
(Көмүс күһүн кэһиитин түҥэтэр).
Күһүн: Оҕолоор, олус үчүгэй күһүҥҥү бырааьынньыкка сылдьаммын үөрдүм, аҕай, куруутун бу курдук түмсүүлээх, эйэлээх, бэрээдэктээх оҕолор буолун, мин барар кэмим тиийэн кэллэ, көрсүөххэ диэри!
Ыытааччы: Көмүс күһүн, кэлэн күндү ыалдьыт буолбуккар, махтанабыт, уонна элбэх уйгуну быйаҥы үөрүүну, көтүүнү баҕарабыт. (Күһүн тахсан барар)
Ыытааччы: Биһиги «Көмүс күһүн» аралдьыйыыбыт түмүктэнэр кэмэ тиийэн кэллэ, өссө төгүл оҕолорбутун көмүс күһүн бырааьынньыган итиитик истиҥник эҕэрдэлиибит, баҕарабыт сир үрдүгэр баар бары кэрэни, дьоллоох оҕо сааһы.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Тереебут дойдум эмтээх сибэккитэ Ньээм
Презентация на тему: "Тереебут дойдум эмтээх сибэккитэ Ньээм"...
"Дойдум минньигэс отонноро" (вкусные, полезные ягоды)
laquo;Дойдум минньигэс отонноро" (вкусные, полезные ягоды) для детей среднего дошкольного возрастаЦель и задачи: - Обогащать знание о ягодах и их полезных свойствах ;-Расширить предс...
«Мин тереебут дойдум – Сахам сирэ» аралдьытыы сценарийа
laquo;Мин тереебут дойдум – Сахам сирэ» аралдьытыы сценарийа...
Лэпбук «Төрөөбүт дойдум айылҕата»
Лэпбук«Төрөөбүт дойдум айылҕата» Якутия — земля необычайно живописных и удивительных мест. Ее северная природа, такая красивая, стихийная, суровая и тонкая одновременно, вдохнов...