Дорообо, көмүс күһүн
учебно-методический материал (младшая группа)
Дьыл кэмнэриттэн күһүҥҥү кэм ураты хатыламмат кэрэ көстүүлээх. Күһүҥҥү айылҕа көстүүтүн, күн, халлаан, от-мас хайдах уларыйарын оҕо өйдөөн көрөр дьоҕурун сайыннарыы иитээччи сүрүн соруга.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
komus_kuhun_stsenariy.docx | 15.75 КБ |
Предварительный просмотр:
«Дорообо, көмүс күһүн»
иккис кыра бөлөх көмүс күһүнү көрсөр
аралдьытыытын сценарийа
Иитээччи:
Андреева Намына Владимировна
Аппаны, 2021 с.
Буолар күнэ: бала5ан ыйын 24 күнэ, 2021 сыл, сарсыарда 10 ч.
Буолар сирэ: музыкальный зал.
Оруоллар:
Ыытааччы: иитээччи Лукина А.А.
Күһүн: иитээччи Андреева Н.В.
Музыка тыаьыыр. Киэргэммит саала5а о5олор киирэллэр. Олоппоско олороллор.
Ыытааччы: Көмүс күһүммүт күлэн-үөрэн күлүмүрдээн тиийэн кэллэ биһиэхэ, өлгөм үүнүүлээх оҕуруот аһа кэһиилээх. Оҕолоор, онтон эһиги күһүнү сөбүлүүгүт дуо?
Ыытааччы: Ардахтаах, сэбирдэх үҥкүүлээх күһүммүтүн ыалдьыттата ыҥырыаҕыҥ! Хайа, оҕолоор, күһүммүт тоҕо кэлбэтий? Бары бииргэ ыҥырыахха: «Күһүн, күһүн көмүс күһүн биһиэхэ ыалдьыттаа! (оҕолор ыҥыран саҥараллар).
(Музыка холбонор, саалаҕа Күһүн киирэр)
Күһүн: Ити миигин ыҥырдыгыт дуо? Бу кэллим мин. Эҕэрдэ буоллун, күндү доҕотторум! Мин үлэлээммин, түбүгүрэммин уонна маанымсыйаммын хойутаатым, оонньоору-көрүлээри эһиги бырааһынньыккытыгар кэллим уонна эһигини кытта доҕордоһуохпун олус баҕарабын.
Ыытааччы: Көмүс күһүн, эн манна ыалдьыттыы кэлэргин оҕолор күүппүттэрэ ыраатта уонна эйиэхэ анаан ырыа, хоһоон бэлэмнээбиттэр.
Оҕолор:
Тыалчаан, тыалчаан үрэр,
Күүскэ, күүскэ үрэр,
Сэбирдэхтэр мастан,
Тэлээрэн түһэллэр.
Сэбирдэхтэр тыалтан,
Салгыҥҥа уйдаран,
Эргийэн түһэллэр,
Суолга тэлгэнэллэр.
Күһүн: Маладьыастар! Билэҕит дуо, оҕолоор? Мин араастык уларыйарбын. Бастаан мин көмүс кыраасканан оту-маһы, сэбирдэҕи кырааскалыыбын, миигин кытта сэбирдэхтэр үҥкүүлүүллэр, онтон ардахтаах күһүҥҥү тымныы тыал буолабын. (тыал тыаһа иһиллэр, күһүн далбаатыы-далбаатыы сааланы эргийэ сүүрэр).
Күһүн: Оҕолоор, онтон эһиги хатыҥ сэбирдэхтэрин үҥкүүтүн көрбүккүт дуо?
Оҕолор: Күһүн, күһүн көмүс күһүн биһиги билэбит күһүҥҥү көстүүлэри. (музыка тыаһыыр)
Ыытааччы: иккис кыра бөлөх оҕолорун толоруутугар үҥкүү «Күһүҥҥү сэбирдэхтэр».
Күһүн: Эһиэхэ кэлэммин олус үөрдүм, маладьыас да оҕолоргут!
О5олоор, оонньуургутун сөбүлүүгүт дуо? Мин куруутун ардах аргыстаах буоламмын зонтиктаах сылдьабын. Бу боростуой зонтик буолбатах, аптаах зонтик.
(Күһүн зонтиктаах турар, музыка тыаһыыр – оҕолор үҥкүлүүллэр, музыка тохтоотоҕуна зонтик анныгар саһаллар)
Күһүн: Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн диэн мээнэҕэ эппэттэр. Күһүн өлгөм үүнүүлээх оҕуруот аһын арааһын бэлэх уунабын (корзинатыгар толору угуллубут оҕуруот аһын көрдөрө) Эһиги оҕуруот астарын төһө билэргитин таабырын таайтараммын билиэҕим:
- Сайын о5уруокка от күөхтэр, сибиэһэйдэр, кыһынын иһиккэ тууһанан ууруллаллар (оҕурсу)
- Буорга үүнэр буолаамын буор курдук дьүһүннээхпин, килиэби солбуйар иккис аһылык буолабын (хортуоппуй)
- Битэмииним чааһынан инники соҕус буолуом, миигин куобахчаан курдук кэрбээтэххитинэ муус доруобай буолуоххут (моркуоп)
- Миигин баҕас, атастаар, эндэппэккэ билэҕит, элбэх-элбэх ырбаахылаахпын да, биирэ да тимэҕэ суох ( хаппыыста)
Күһүн: Элбэҕи билэр өйдөөх оҕолор эбиккит. Билигин «Оҕуруот аһын хомуй» диэн оонньууну оонньуохпут.
(музыка тыаьыыр, иккилии о5о корзина5а ыһыллыбыт оҕуруот астарын хомуйаллар, ким элбэҕи хомуйбут кыайыылаах)
Күһүн: оҕолору кытта оонньооммун үөрдэхпин. Ырыаҕытын уонна хоһооҥҥутун истэммин астынным. Миигин ыалдьыттата ыҥырбыккытыгар махтанабын. Эһигини кытта быраһаайдаһан, мин салҕыы күһүҥҥү тыабар төннөбүн (музыка тыаһыыр, күһүн үҥкүүлүүр, сааланы эргийэр, тахсар).
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Сценарий выпускного мероприятия «Дорообо оскуола! Быраьаай детсадым»
Сценарий выпускного мероприятия «Дорообо оскуола! Быраьаай детсадым»...