"Көрдөөх музыканнар"
учебно-методический материал
Кыра уонна орто бөлөх оҕолоругар аналлаах аралдьытыы
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
kordooh_muzykannar.docx | 17.05 КБ |
Онлайн-тренажёры музыкального слухаМузыкальная академия
Теория музыки и у Упражнения на развитие музыкального слуха для учащихся музыкальных школ и колледжей
Современно, удобно, эффективно
Предварительный просмотр:
Көрдөөх музыканнар
( кыра-орто бөлөх оҕолоругар аралдьытыы)
1- Үтүө күнүнэн, күндү оҕолор! Оҕолоор,иһиллээн көрүҥ эрэ, туох тыаһыыр? (туох тыаһыырын иһиллэтэн кэпсэттэрэбин)
Туох да тыас суох. Былыыр- былыр киһи -аймах саҥа үөскээбитин кэннэ айылҕа тыаһыттан атын туох да тыас суоҕа.Киһи бастаан улэлии сылдьан киҥинэйэн ыллыыр буолбут, онтон ол ырыатын бэйэтэ маһы тоҥсуйан доҕуһуоллаан киэргэтэр буолбут. Онтон олох сайдан истэҕин аайы мастан эрэ буолбакка, тимиртэн , араас айылҕа матырыйаалыттан эмиэ таптайан араас инструмены оҥорор буолбуттар.Бүгүн биһиги аптаах холбуйабытыгар араас музыкальнай инструменнар саһа сыталлар. Ханнык инструменнар баалларын таабырыннаан таайтарыам, таайдаххытына ол инструменнарга оонньуоххут.
2.Таабырынна таай.
Иһэ-көҥдөй,
Куолаһа-бүтэй,
Бэйэтэ-саҥарбат,
Оҕустахха- кыыһырар.(барабан)
Илиибитигэр палочка ылабыт,
Аьыммаппыт,охсобут
Тра-та-та, тра-та-та-
Маннык тыаьыыр- (барабан)
Оонньуоххун баҕардаххына,
Илиигэр ылаҕын
Онтон үрэн көрөҕүн-
Оччоҕуна – музыка тыаһыыр,
Таайыҥ эрэ- ол тугуй (дудочка)
Барабаҥҥа майгынныыр,
Сахсыйдахха наар тыаһыыр
Оҕолору хамсатар-
Көргө- нарга көҕүлүүр. ( бубен)
Бэргэьэ анныгар олорор
Тыыппатахха- тыаһаабат,
Онтон илиигэ ыллахха,
Кыратык да хамсаттахха
Лыҥкынас дорҕоон иһиллэр (чуораанчык)
Сана төрөөбүт оҕо бастакы оонньуура тугуй? (погремушка)
(металлофон, трещетка, )
Инструменнары таайтаран биир-биир таьааран оҕолорго тыаьаттарабын.
3.Ширма кэннигэр инструменнары тыаьатан таайтарыы.
4.Оҕолорго инструменнары биэрэн оркестрга оонньотуу.
(марш, сүүрүү, үҥкүү)