Новогодний сценарий "Волшебный театр"
методическая разработка

Матвеева Римма Георгиевна

Встречаем 2020й год. 

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл chuoraanchyk_stsenarii.docx16.82 КБ

Предварительный просмотр:

“Чуораанчык” бөлөх саҥа дьыллааҕы сценарийа.

Ыытааччы: Дорооболорун, кунду до5оттор. Биьиги эьигини бугунну саргылаах Сана дьыл салаллан кэлбитинэн итиитик-истинник э5эрдэлиибит!

Сана дьыллаах бырааьынньыкпытыгар оҕолорбут сценарийдарынан туруоруллубут омуннаах, аптаах кестуулэрдээх остуоруйабытыгар ыҥырабыт.

Слайд: театр сыаната.

Сотору остуоруйа саҕаланарын биллэрэр музыка тыаһыыр.

Сцена таһыгар Фея артыыстарын кытта список көрө олорор.

Фея: Бүгүҥҥү программабыт 2 чаастан турар. Маҥнайгыта остуоруйа көрүү, сынньалаҥ кэмэ, иккис чааһынан мастер-класстар.

Чэ, эрэ доҕоттоор, остуоруйабытын көрдөрөрбүт чугаһаата. Сотору Саҥа дьылы көрсүөхпүт, оҕолор остуоруйабытын көрөн үөрүөхтэрэ. Бээрэ, остуоруйабытыгар кимнээх оонньуулларын көрүөххэ, бэлиэтэниэххэ.

  • Хаар дьоннор бааргыт дуо?
  • Хаар кыырпахтара?
  • Тымныы оҕонньор?
  • Хаарчаана бааргын да?
  • Таак, кутуйах, ... баар.
  • Феялар бары бааргыт дуо?
  • Машенька (ким да саҥарбат, артыыстар бэйэ бэйэлэрин көрөллөр)

Фея: Машенька кыыспыт ханна баарый? Суох ди (соһуйаллар).

Бу олордохторуна кутталлаах музыка тыаһыыр. Гринч киирэр.

Гринч: Эһиги Машенькаҕыт миэхэ баар. Остуоруйаҕытыгар миигин киллэрбэтэххит, ол иьин Машенька оннугар мин оонньуубун!

Артыыстар: суох, суох.

Гринч: Оччотугар мин 3 сорудахпын толоруохтааххыт.

1 сордуах – таабырын.

Ёжикка майгынныыр,

Лабаата элбэҕэ, хойуута,

Ол гынан биир да сэбирдэҕэ суох,

Күп-күөх кырасаабысса

Саҥа дьылы киэркэтэр үһү.

2 сорудах – хоһоон истиэм этэ.

Гринч: Үһүс сорудахпар миэхэ биир оҕо наада.

3 сорудах – күрэх “сахалыы быа эргитэр оонньуу”.

Гринч: бу оонньууга кыайдаххына, Машенькаҕытын биэрэбин, хоттордоххуна Мин Машенька оннугар хаалабын.

Оҕобут күрэхтэһэн кыайар, Машеньканы Гринч биэрэр.

Фея: Уаай, Машенька кэлбитин наһаа да үчүгэй. Чэ, оҕолоор остуоруйабытын саҕалыах, бары баарбыт.

 Гринч: Бээ, мин манна олорон хата остуоруйа көрүөм.

Ыытааччы: Арай биирдэ Машенька диэн кыыс олорбута эбитэ үһү. Саҥа дьыл үүнэр түүнүгэр ийэлээх аҕата соһуччу ыраах командировкаҕа барар буолбуттар. Машенька соҕотох хомойон олордоҕуна хоһун муннугуттан кутуйахчаан сүүрэн тахсыбыт. Уонна ыйыппыт.

Кутуйах: Хайа, Машенька тоҕо хомойдун?

Машенька: ийэлээх аҕам командировкаҕа баран хааллылар, миигин илдьэ барбатылар. Соҕотох Саҥа дьылы көрсөр буоллум.

Кутуйах: оо.

Ыытааччы: Иккиэн санаарҕаан олороллор. Ол олордохторуна таһырдьа тыас тыаһыыр.

Тымныы оҕонньор киирэн кэлэр.

Хаарчаана: Дорооболорун! Хайа, Машенька тоҕо санаарҕаан олороҕун?

Машенька: ийэлээх аҕам командировкаҕа баран хааллылар, миигин илдьэ барбатылар. Соҕотох Саҥа дьылы көрсөр буоллум.

Тымныы оҕонньор: Санаарҕаама, Машенька! Мин эйиэхэ бэйэм аптаах дойдубун көрдөрүөм, доҕотторбун, кырачаан көмөлөһөөччүлэрбин кытары билиһиннэриэм.

Машенька: эчи, үчүгэйиин. Кутуйахчаан биһигинниин барыс, бииргэ үөрэ-көтө саҥа дьылы көрсүөх.

Тымныы моруос торуоскатынан үстэ тоҥсуйар.

Слайд: Великий Устюг.

Фея үҥкүүтэ.

Хаарчаана: тымныы оҕонньор көмөлөһөөччүлэрэ эльфтары үҥкүүгэ ыҥырыах. Бары тэҥҥэ туран үҥкүүлүөх.

Эльфтар үҥкүүлэрэ.

Хаар музыката тыаһыыр.

Хаар киһи - Эрсан: Дорооболорун! Биһигини кытта оонньоһун. Хаарда хомуйуох.

Бой курантов.

Тымныы Моруос: Машенька, саҥа дьылбыт буолара кэллэ. Тугу баҕараргын санаа. Баҕарбыт баҕа санаан туоллун.

Хаарчаана: дьүөгэлэрим хаар кыырпахтара дьиэҕэр атаарыахтара.

Хаар уҥкүүтэ.

Ыытааччы: Эмискэ Машенька ийэтэ сырылаччы сыллыырыттан уһуктан кэллэ.

Фея: Остуоруйабытын болҕойон көрбүккүт иһин махтал!

Антракт музыката.

Тымныы оҕонньор Хаарчааналыын  кэлэр.

Тымныы оҕонньор эҕэрдэтэ.

Оҕолор эҕэрдэ ырыалара “Саҥа дьыл”.

Хоһооннор.

Ырыа “Эн сулускун”

Хоровод.

Подарок түҥэтиитэ.

Атракт музыката

Матер-класстар

 


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Методическая разработка. Новогодний праздник "Новый год со Снежной Королевой" для детей подготовительной группы с использованием теневого театра

В сценарии "Новый год со Снежной Королевой" в действии №1 снежна Королева похищает Кая, а Герда вместе с детьми отправляется на его поиски, где по пути попадает в страну Феи Игрушек,в действии №2 дети...

Конспект сюжетно-ролевой игры в средней группе "Новогодняя поездка в театр"

Вашему вниманию представлен конспект игровой деятельности "Новогодняя поездка в театр"....

Кукольный театр "Новогодняя сказка"

Данный кукольный театр мы показали детям на старый Новый год. Дети получили массу впечатлений....

Кукольный театр для детей дошкольного возраста "Новогоднее приключение Колобка"

Зимние каникулы - это всегда веселые увлекательные дни, которые ассоциируются с новогодними праздниками и персонажами. В дни зимних каникул  для самых маленьких воспитанников нашего детского сада...

Сценарий новогоднего кукольного театра для детей грв "Дед Мороз и Снегурочка в гостях у детей"

Вызывать у детей интерес к кукольному театру, эмоционально откликаться на происходящее на ширме....

Сценарий новогоднего утренника "В гости к Деду Морозу" (с кукольным театром)

Сценарий рассчитан на ранний возраст детей, с включением музыкального репертуара (песни, пляски, игры). Ход праздника ведется с участием персонажей кукольного театра....

Новогодний театр

Сценарий новогоднего праздника для детей подготовительной группы на основе сказки "Золотой ключик"...