сценарий новогоднего утренника
план-конспект занятия (младшая группа)
Предварительный просмотр:
Саҥа Дьыл кыра болох «Хатынчаан»
Оруоллар: Фея, Хаар киһи, Ыт, Сибиинньэ, Саһыл, Тураах, Бөрө, Куобах, Тымныы оҕонньор, Хаарчаана
(О5олор музыканан киирэн олоппосторго олороллор).
Иитээччи1:
Күндү оҕолор,
Төрөппүттэр, ыалдьыттар!
Ыҥырабыт барыгытын залга,
Күлүмүрдүү киэргэммит
Дьикти кэрэ елкаҕа.
Ыҥырабыт залга
Остуоруйа оонньоору,
Ырыа – тойук ыллаары,
Көрү – нары көҕүлүү,
Саҥа Дьыллааҕы эҕэрдэни бэлэхтии.
Хоьооннор
Саргылаах Саҥа Дьыл
Салаллан кэллэ дии
Киэргэллээх харыйа
Кэһиилээх эбит дии.
Түннүкпүтүн түүн кэлэн
Түүлүнэн ким киэргэттэ?
Таһырдьаны көрүөхпүтүн
Күлүктэтэн кэбистэ?
Ити моруос кырдьаҕас
Куруһуба бэрдин баайбыт
Онтукатын биһи дьиэбит
Түннүгэр ыйаан ааспыт.
Кыһыл мурун, кырыа бытык
Тымныы Моруос оҕонньор
Торуоскатын тос-тос охсон
Кэлэн иһэр оҕолоор!
Елкабыт симэҕэ
Элбэҕин сөҕөбүн
Тыа кыыллара барыта
Манна бааллар быһыыта
Эһэлэр, бөрөлөр
Куобахтар, саһыллар
Эйэлээх буолбуттар
Кэккэлэһэ турбуттар.
Ырыа “Сана дьыл”.
Иитээччи2:
Саргылаах Саҥа Дьыл
Салаллан, сандааран,
Күлүмүрдээн, күлэн – үөрэн
Тиийэн кэллэ биһиэхэ.
Бу үтүө күн биһиэхэ
Үөрүүбүтүн үллэстэ,
Саҥа дьылы тарҕата
Ыалдьыттыы кэллилэр остуоруйаттан
Араас кыыллар, көтөрдөр.
Чэйиҥ эрэ, оҕолор көрүөххэйин кинилэри.
(остуоруйа музыката тыаһыыр)
Фея үҥкүүлүү-үҥкүүлүү киирэн кэлэр, гирляндалары палочканан таарыйар, уоттара тыгаллар.
Фея: Дорооболоруҥ, оҕолоор! Хайа, бу туох бырааһынньыга буолан манна муһуннугут?
Оҕолор эппиэттэрэ …
Фея: Остуоруйа истэргитин сөбүлүүгүт дуо? Мин бүгүн эһиэхэ Саҥа дьыллааҕы дьиктилээх остуоруйаны кэпсээрибин ыраах аптаах дойдутуттан кэлэн турабан.
(остуоруйа музыката тыаһыыр)
Фея: Арай биирдэ Саҥа дьыл иннинэ оҕолор Хаар киһини оҥорбуттар.
Фея Хаар киһини палочканан таарыйар. Хаар киһи тиллэн кэлэр. Үҥкүүлүүр.
Хаар киһи: Кэлэн иһэр Саҥа дьылынан, күндү оҕолоор! Мин Тымныы оҕонньорго күүлэйдии барыахпын баҕарабын. Миигинэн Тымныы оҕонньорго тугу илдьиттиигитий?
(О5олор эппиэттэрин кумаа5ыга сурунар уонна конвертка уган Хаар киьиэхэ туттараллар)
Хаар киьи: Мин эьиги илдьиккитин Тымныы о5онньорго хайаан да тиксэриэм чэ покаларын о5олоор!!
(Хаар киьи тахсан баран истэ5инэ музыка тыаһыыр. Ыт сытырҕалыы-сытырҕалыы киирэн кэлэр, Хамсаабакка турар Хаар киһиэхэ иҥнэ түһэр)
Ыт: Ам-Ам! Хайа, Хаар киһи турар эбит дии!
(Ыт Хаар киһини одуулуу турдаҕына Хаар киһи хараҕа хамсыыр)
Ыт: Ой-ой-ой, хараҕа хамсыыр дии! Ой-ой-ой, бэйэтэ эмиэ хамсыыр! (кэннин диэки чугуруйар)
Хаар киһи: Эн кимҥиний?
Ыт: Мин ыппын, онтон эн тугу гына тураҕын?
(бу кэмҥэ саһыл үөмэн киирэр, мас кэннигэр саһан туран иһиллиир)
Саһыл: Бу бачча тымныыга тугу гына тураллара буолуой? Иһиллиэххэ.
Хаар киһи: Миэхэ оҕолор сорудах биэрбиттэрэ. Бу суругу Тымныы оҕонньорго илдьэн биэриэхтээхпин. Оччоҕуна кини оҕолорго кэлэн бэлэхтэрин түҥэтиэхтээх. Суругу тиксэрдэхпинэ Тымныы оҕонньор миэхэ наһаа улахан, туох эрэ минньигэһи биэрэрэ буолуо!
Ыт: Мин эйиигин кытта барсабын дуо? Эйиэхэ эрэллээх доҕор буолуом, суолгун сирдиэм.
Хаар киһи: Барыс, хата иккиэ буолахпытына бэһиэлэй буолуо.
(музыка тыаһыыр тахсан бараллар)
Саһыл: Аата үчүгэйин! Тымныы оҕонньортон кэһии ылбыт киһи баар ини. Арай мин ити оҕолор суруктарын Хаар киһиттэн ыламмын Тымныы оҕонньорго бастакынан биэрдэхпинэхайдах буолуой? Кини миэхэ наһаа улахан, олус минньигэс кууруссаны биэриэ!(салбанар) Хайдах эрэ гынан ити суругу былдьаан дуу, уоран дуу ылыахха наада эбит. Бээ эрэ, хайдах гынарбын кимниин сүбэлэһэрим буолла? Ии, табаарыһым Тураах баар этэ. Тураах! Тураах!
(кутталлаах музыка тыаһыыр, Саһыл харыйаны тула эргийэр Турааҕы көрсөр)
Тураах: Тоҕо миигин ыҥырдыҥ?
Саһыл: Тымныы оҕонньор кэһиитин сиэххин баҕараҕын дуо?
Тураах: Баҕарарым кэмнээх буолуо дуо. Ханна баарый? Аҕала оҕус! (кынатын сапсынар)
Саһыл: Үлэлээтэххинэ аһыыр инигин?
Тураах: Ол тугу гынабын?
Саһыл: Аара кэлэн иһэн иґиттим: Оҕолор Хаар киһиэхэ сурук биэрбиттэр. Ол суругу Хаар киһи Тымныы оҕонньорго тиксэриэхтээх, оччоҕуна киниэхэ тугу баҕарбытын биэрэр үһү. Онтон биһиги ол суругу былдьаан Тымныы оҕонньорго бастакынан биэрдэхпитинэ эйиэхэ минньигэс кэмпиэттэри, миэхэ кууруссаны биэриэ.
(Музыка тыаһыыр. Бөрө киирэн кэлэр. Тоҥмут уонаа аччыктаабыт аҕай.Саһыл уонна Тураах харыйа кэннигэр саһаллар)
Бөрө: Ыччыы-уччуу! Дэлби тоҥнум, ирэ таарыйа үҥкүүлүүрүм дуу?
Флешмоб
(музыканан үҥкүүлүүр)
Музыка тохтоотун кытта Бөрө Саһыл кутуругун көрө түһэр уонна кутуругуттан соһон таһаарар.
Бөрө: Хайа, бу миигинэ суох тугу булан аһаарыгын түөкүннүү сылдьаҕын? Өссө иккиэлэспит буола-буолаҕыт! Миигин эмиэ матараары гынныгыт дуо?
Саһыл: Суох-суох, бөрөчөөн, кэбис инньэ диэмэ, хайаан эйиигин матарыахпытый, баар-суох атасчааммытын. Оруобуна эйиигин саныы олорбуппут.
Бөрө: Түргэн атахтаах мин баарбын. Миигинэ суох сатаныаххыт суоҕа.
Тураах: Оннук-оннук, биһиги тугу гынарбытын мин эйиэхэ кэпсиим. Биһиэхэ көмөлөстөххүнэ Тымныы оҕонньор эйиэхэ хата хоЬуолу биэриэ.
(кэпсэтэ-кэпсэтэ тахсан бараллар)
(Музыка тыаһыыр. Куобах киирэр, үҥкүүлүүр)
Куобах: Манна оҕолор олороллор эбит дии. Оҕолоор, мин оонньуурбун наһаа сөбүлүүбүн. Миигин кытта оонньуугут дуо?
(Оонньуу)
(музыка тыаһыыр, Хаар киһи уонна Ыт киирэн кэлэллэр)
Хаар киһи: Тымныы оҕонньорбут олорор сиригэр төһө чугаһаатыбыт?
Ыт (сытырҕалыыр): Тымныы оҕонньор сытын сүтэрэн кэбистим дии.
Хаар киһи: Дорообо, куобахчаан!
Куобах: Эһиги бу ханна баран иһэҕит?
Хаар киһи: Тымныы оҕонньорго оҕолор суруктарын илдьэ баран иһэбит. Ыт Тымныы оҕонньор суолун сүтэрэн кэбистэ.
Ыт: Ханна олорорун хата эн билэр буолаарай.
Куобах: Билэбин-билэбин. Бу суолунан баран иһиҥ, онтон хаҥас хайыһыҥ, ол кэнниттэн уҥа барыҥ, онтон эмиэ иннигит хоту айаннааҥ. Чэ, покаларыҥ! Этэҥҥэ айаннааҥ!
(Куобахчаан тахсан барар)
Хаар киһи: Бээ эрэ, ити туох диэбитин өйдөөтүҥ дуо?
Ыт: Өйдөөтүм быһыылаах.
(Кутталлаах музыка тыаһыыр)
(Саһыл, Тураах, Бөрө ойон киирэллэр, суругу Хаар киһиттэн былдьаан ылаллар уонна куотан хаалаллар)
(Хаар киһи уонна Ыт ытаһа олороллор)
Хаар киһи: Ити баар дии, оҕолор сорудахтарын кыайан толорботум
Ыт: Саҥа дьыл бырааһынньыга буолбат кутталланна. ЫЫ-ЫЫ-ЫЫ
(Ити кэмҥэ сибиинньэ киирэн кэлэр, иһиллиир)
Сибиинньэ: Тыый, ким эрэ ытыыр! (уҥа-хаҥас көрүтэлиир) Бу туох буолан ытаатыгыт?
Хаар киһи: Оҕолор Тымныы оҕонньорго сурук ыыппыттарын илдьэ баран испиппит.
Ыт: Хайаан да тиксэриэхтээх этибит. Ону Саһыл, Тураах уонна Бөрө былдьаан ыллылар.
Хаар киһи: Онтон эн сибиинньэ , хайыы кэллиҥ?
Сибинньэ: Кэлэн иһэр 2019 сыл мин сылым буолар, ол иһин мин эһиэхэ кэллим.
Ыт: Онтон ол сурукпутун Тымныы оҕонньорго тиксэрбэтэхпитинэ Эн сылыҥ – сибиинньэ сыла буолбат буоллаҕа дии.
Хаар киһи: Тыый, кырдьык даҕаны, сурукпутун хайаан да буллахпытына табыллар!
Сибиинньэ: Ол түөкүннэр хайа диэки куоппуттарай? Эккирэтиэххэ.
(Тахсан бараллар)
(Кутталлаах музыка тыаьыыр. Саһыл, Тураах, Бөрө киирэн кэлэллэр.
Саһыл: Тымныы оҕонньорго суругу мин биэриэм.
Турах: Ол тоҕо эн биэриэхтээххиний?
Бөрө: Түксү, айдаарымаҥ, мин эһигини манна сирдээн аҕалбытым, ол иһин суругу мин биэрэбин.
Бары: Суох-суох-суох, мин-мин-мин,- дэһэ-дэһэ суругу былдьаһаллар.
(Музыката тыаһыыр ), сибиинньэ киирэн кэлэр, кэннититтэн Хаар киһи уонна ыт киирэллэр)
Бөрө: Тыый, бу туох айылаах кыылай?
Саһыл: Биһиги тыабытыгар суох кыыл дии.
Тураах: Эчи муннуута да сынтарыйан сүрдээх, киһи эрэ куттаныах.
Сибиинньэ: Тоҕо оҕолор суруктарын былдьаатыгыт?! Сытыы тиистэрбин, уһун тыҥырахтарбын таһаара иликпинэ суругу биэрэ охсуҥ!
Бөрө куттанан салыбырыы түһэр: Кэбис кыыһырыма, мэ-мэ суругу биэрэбит.
(Үһүөн куотан тахсаллар)
JingleBells музыка тыаһыыр. Экраҥҥа Тымныы оҕонньор айаннаан иґэрэ көстөр
Хаар киһи: Көрүҥ-көрүҥ, оҕолоор, Тымныы оҕонньор сиэн кыыһын кытта айннаан иһэллэр!
Ыт, Сибиинньэ: Ура-а! Чэ эрэ, оҕолоор бары Тымныы оҕонньору уонна Хаарчаананы ыҥырыаххайыҥ.
Оҕолор: Тымныы оҕонньор! Хаарчаана!
Тымныы оҕонньор, Хаарчаана, Хаар киһи киирэллэр
Хаар киһи:Үтүө күнүнэн, Тымныы оҕонньор уонна сиэн кыыс Хаарчаана! Манна мустубут оҕолор эйиэхэ сурук суруйбуттара уонна миигин тиксэрээр диэн сорудахтаабыттара. Ытчаан уонна сана сылбыт бэлиэтин көмөлөрүнэн Эйиэхэ суруктары тиксэрээрибин кэлэн турабын. Бу баар суруктара.
(суруктар Тымныы оҕонньорго туттарар)
Тымныы оҕонньор: Баһыыба, Хаар киһи!
(суругу доргуччу ааҕар)
Наһаа да үчүчгэй суругу суруйбуккут, күндү оҕолор! Саҥа үүнэр дьылга туох баар баҕа санааларгыт санаабыккыт хоту туоллун диэн алҕыыбын!
Саҥа кэрэ Дьылынан!
Саҥа үтүө Дьолунан!
Саҥа үрдүк үөрүүнэн!
Күндү, оҕолоор, эҕэрдэ!
Ноо! Мэлдьи күөх харыйабын оҕолорум киэргэппиттэр, олус бэркэ симээбиттэр! Онтон мин харыйаны күлүм-чаҕыл уотунан тупсаран биэриим дуу.
(Харыйа диэки тиийэр)
Биир, икки, үс! (торуоскатынан муостаны охсор)
Харыйам уота умай!
Хаарчаана: Кэрэчээн харыйа
Налыччы киэргэммит
Араас да уотунан
Күлүмнүү умайбыт!
Оҕолоор, Тымныы Эһээбит ыраах айантан сылайбыта буолуо, онон сынньанан олоро түстүн. Онтон биһиги оонньуу оонньуоҕуҥ. Кырыа кыһыммыт тыына олус тымныы уонна уһун, онтон эһиги төһө уһун тыыннааххытын мин билигин бэрэбиэркэлиэм. Ким оонньуон баҕарар зал ортотугар тахсыҥ эрэ. Эһиэхэ хас биирдиигитигэр хаардары биэрэбин. Бу хаары маннык (үрэн көрдөрөр) үөһэ үрэҕит, ким хаара уһуннук үөһэ көппүт, ол кыайыылаах буолар.
(оҕолор кэккэлэһэн тураллар.
Биир, икки, үс диэн хамаанданан оонньуу саҕаланар)
Тымныы оҕонньор: Маладьыастар! Оонньууга олус да көхтөөх оҕолор эбиккит.
Фея: Тымныы оҕонньор, сиэн кыыс Хаарчаана! Оҕолорбут аҥардас оонньууру эрэ сатыыр буолбатахтар, кинилэр ырыа да ыллыыллар, хоһоон да этэллэр, үҥкүүлээн да тэйэллэр. Чэйиҥ эрэ, оҕолоор, ылбаҕай ырыабытын ыллыаҕыҥ, хомоҕой хоһооммутун этиэҕиҥ, кэрэ үҥкүүбүтүн бэлэхтиэҕиҥ!
Ырыа «Дед мороз»
(флешмоб под песню новогодние игрушки)
Тымныы оҕонньор: Наһаа да талааннаах оҕолор эбиккит. Маладьыастар! Улааппыккыт, дьоһун дьон буолбуккут.
Мин эрэллээх доҕотторум, Хаар киһи, Сибиинньэ бука баһаалыста көрдөһүүбүн толорон, оҕолорго аҕалбыт кэһиилэрбин атым көлөтүттэн бу дьиэҕэ киллэрэн кулуҥ эрэ.
Хаар киһи, Сибиинньэ: Киллэрэн бөҕө буоллаҕа дии.
(Хаар киһи, сибиинньэ тахсан бараллар.
JingleBells музыка тыаһыыр, төттөрү сүүрэн киирэллэр)
Хаар киһи, сибиинньэ: Тымныы оҕонньор! Иэдээн-иэдээн, кэһиилэриҥ саһан хаалбыттар. Көрдөөн көрдүбүт да булбатыбыт.
Тымныы оҕонньор: Тыый, ол туох буоллахтарай? Бээ эрэ, онтон мин аҥар үтүлүгүм эмиэ суох дии. Ханна саспыт буоллаҕай? Ол эрэн миигиттэн саһар уустук буолуо: «Аптаах торуоскам, сүтүктэри булан кулуй!» - дии-дии торуоскатынан муостаны тоҥсуйар, Симэммит харыйа диэки барар. «Тоҕо эрэ торуоскам мантан арахсыан баҕарбат, арааһа харыйа анныгар саспыттар быһыылаах», - диэн баран маҥан таҥас анныттан үтүлүгүн аҥарын, кэһиилэри таһаарар.
Күүтүүлээх түгэммит дьэ тиийэн кэллэ, оҕолоор! Кырачаан доҕотторбор, эһиэхэ кэһиилэрбин биэрэбин!
(JingleBells музыка тыаһыыр. Тымныы оҕонньор подароктары түҥэттиир)
Тымныы оҕонньор: Дьэ, үчүгэй да оҕолорго ыалдьыттаатым.
Аны атын дойдуларга айанныыбын,
Эһиги курдук оҕолору көрсүөҕүм.
Эһиил баччаҕа кэлэрбэр
Өссө улаатан көрсөөрүҥ,
Дьоҥҥутугар туһалаах дьон буолаарыҥ,
Саҥа дьылынан, Саҥа дьолунан!
Көрсүөххэ диэри, күндү оҕолоор!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Сценарий новогоднего утренника для детей старшей группы "Новогодние приключения".
Весёлый сценарий Новогоднего праздника с Кащеем, Бабой Ягой, Котом,Лисой, Зайцем, Ёлочками, Снеговиками,Гномами, Снежинками,Разбойниками, Звёздочками и Месяцем.Прилагаются слова песен....
Сценарий новогоднего утренника":Новый год" проводил утренник Санаа Алла Александровна
В гости к детям приходят клоуны Клепа и Кнопа. Дети поют песни и танцуют....
Сценарий новогоднего утренника для детей младшего и среднего возраста "Лесная полянка", сценарий новогоднего утренника для детей старшего дошкольного возраста "Приключения у Новогодней ёлки"
Дети со Снегурочкой отправляются в лес искать Деда Мороза. В лесу на полянке они встречают гнома. он их провожает на полянку к Дедушке Морозу. сценарий для саршего возраста, Баба Яга заколдовывает Дед...
Сценарий новогоднего утренника для детей младшей группы "В гостях у Деда Мороза"; Сценарий новогоднего утренника для детей подготовительной группы "Кругосветное путешествие Деда Мороза";
Новогодние сценарии для дошкольников...
Сценарий Новогоднего утренника для средней группы детского сада Сценарий праздника «Чудеса у Новогодней елки»
Сценарий Новогоднего утренника для средней группы детского сада Сценарий праздника «Чудеса у Новогодней елки»...
Сценарий Новогоднего утренника в 1-ой младшей группе детского сада Новогодний утренник "В гости елочка пришла" для детей 1-й младшей группы
Сценарий Новогоднего утренника в 1-ой младшей группе детского садаНовогодний утренник "В гости елочка пришла" для детей 1-й младшей группыНарядные дети входят в празднично украшенный зал. В ...
Сценарий новогоднего утренника в разновозрастной группе «Маша и Медведь на новогоднем утреннике»
Сценарий новогоднего утренника в разновозрастной младшей группе«Маша и Медведь на новогоднем утреннике»Цель: Создание атмосферы праздника, праздничного настроения, соблюдение на...