Сценарий сказка "12 месяцев"
материал (подготовительная группа) по теме

Скрыбыкина Татьяна Николаевна

Конспект сказки "12 месяцев". Подходит для детей старших и подготовительных групп. Перевод на якутский язык.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл Сценарий сказки 12 месяцев19.82 КБ

Предварительный просмотр:

Төгүрүк сыл

Оруоллар:

Сирота – Эвелина

Гусар – Эрсан Г.

Королева – Настя А.

Учуутал – Нюргуяна Олеговна

Сурук ааҕааччы – Туйаара Николаевна

Мачеха – Лия Андреевна

Мачеха кыыhа – Дайаана Н.

Тохсунньу – Олег Иванович

Олунньу –

Кулун тутар – Вячеслав Анатольевич

Муус устар – Нюргун Семенович

Ыам ыйа – Дамир Г.

Бэс ыйа – Саша

 От ыйа – Владик

Атырдьах ыйа – Айден

Балаҕан ыйа – Дамир Д.

Алтынньы – Вова

Сэтинньи – Эрсан С.

Ахсынньы – Дамир П.

(Тыа) Эвелина кыһыҥҥы таҥастаах, салааскалаах киирэн кэлэр, мас хомуйар.

Эвелина: Тыам барахсан дорообо, көтөр-сүүрэр дорооболоруҥ! (поклон). Барыта тоҥмут – хаппыт (хомойбуттуу), чэ, сотору саас кэлиэ, эһиги эмиэ тыллыаххыт, көҕөрө үүнүөххүт!

(от – мас тыаһыыр, хаар хаачыргыыр, гусар киирэр).

Эрсан Г: дорообо кыысчаан!

Эвелина: дорообо!

Эрсан Г.: хайа, бу бачча тымныыга, тыаҕа соҕотоҕун тугу гына сылдьаҕын?

Эвелина: дьиэбит сылаас буоллун диэн оһоххо оттор мас хомуйа сылдьабын.

Эрсан Г.: наһаа да сүрэхтээх, үлэһит да кыыскын (төбөтүттэн имэрийэр) бээ, эрэ, мин эйиэхэ көмөлөһүүм.

Эвелина (хомуйа сылдьан): онтон эн, тугу гына сылдьаҕын?

Эрсан Г: Мин королева этиитинэн дыбарыаска саамай кыраһыабай харыйаны көрдүү сылдьабын (кэтэҕин тарбанар).

Эвелина: баһыыба, көмөлөспүккэр. Мин бу тыаҕа саамай кырасыабай харыйа ханна үүнэн турарын билэбин, эйиэхэ ыйан биэриэм! Чэ, кэл, кэл, оол онно баар! (тахсаллар).

Дыбарыас. Настя суруйарга үөрэнэ олорор.

Н.О: мин аатым....

Настя: м и н   а а т ы м (сүһүөхтээн саҥарар, суруйар)

Н.О: суох, суох, суох, мин атым диэн суруйдуҥ дии. (Настя кыыһыра түһэр)

Настя: буоллун! Бэйэм билэбин!

Ити кэмҥэ сурук ааҕааччы киирэр, тоҥхоронноон киирэн королеваҕа көрдөрөр.

Т.Н: бу киһи сокуону кэстэ, хайыыбытый? (Настя ааҕар)

Настя (cүһүөхтээн): казнить, помиловать. Помиловать диэн тыл наһаа уһун эбит, онон казнить!!! (бары соһуйа түһэллэр)

Н.О: үчүгэйдик толкуйдаан баран суруй, дьоннору өйдөө, аһыныгас сүрэхтээх буол!

Настя (кыыһырар): өссө эн миигин үөрэтээри гынаҕын дуо?

Н.О: Суох, суох!!!

Настя: мин эппитим барыта сөп, мин эппитим барыта сокуон!

Н.О: сөп, сөп.

Настя: чэ, ыйыт, көрөн баран туруоҥ дуо?

Н.О: 6+6 хаһый?, 2+2хаһый?, 3+1, 5+2….(Настя барытын сыыһа этэр, Н.О. сөбүлэһэр)

Настя: чэ, айака сөп буолуо, хаһый да хаһый диэҥҥин! Аны билигин саҥа дьыл туһунан остуоруйата кэпсээ.

Н.О: Биһиги төгүрүк сылбыт 12 ыйтан турар, кинилэр бэйэ-бэйэлэрин солбуйсан иһэллэр. Ахсынньы, тохсунньу, олунньу ыйдарга салаасканан, хаҥкынан хатааһылааһын, масленица бырааһынньыга. Кулун тутар – хаар ууллар, муус устар – тоҥ буору тобулан ньургуһуннар үүнэллэр.

(Настя быһа түһэр): Даа, сиппилигин муус устар ый буолуон баҕарабын, ньургуһуну үргүөм этээээ!

Н.О: Суох, суох! Бу сурукка киирбэтэх сокуон, маны ким да уларыппат!

Настя: Ким манна королеваный?

Н.О: Эн (куттанар)

Настя: Воот, ол аата мин саҥа сокуону суруйарым көҥүл! Кэл, олор, хата эн суруй, мин этиэм! (Н.О. олорор суруйар). Ким мин дыбарыаспар корзина5а тобууус толору ньургуһуну аҕалбыкка, корзинатыгар көмүс биэриэм, харчы биэриэм!

Уулусса5а Т.Н. улаханнык саҥа прикааһы аа5ар, мачеха кыыһынаан истэн тураллар.

Дайаана: Оо, дьэ кыһыыта баар ээ, биһиги дьиэбитигэр наһаа улахан корзина баар дии ийээ.

Л.А: Чэ кэл, сүүрүөххэ, баран көрдүөххэ, уонна били абааһы кыыһын тыаҕа ыытыахха. (тахсаллар, дьиэлэригэр тиийэн кэлэллэр. Л.А. корзина көрдүүр, Дайаана остуолга аһыырдыы олорунар, ити кэмҥэ Эвелина мастаах киирэр. Тоҥмут, сирэйин имэринэр)

Л.А: Хайа, кэллиҥ дуу? Тоҥон өлбөтүҥ да? (Эвелина сонун устаары гынар) – сыгынньахтаныма, билигин эмиэ тыаҕа бараҕын!

Эвелина: таһырдьа олус тымныы, мин аһыахпын баҕардым!

Л.А: Соох! Өссө аһыырдаах баҕастаах, мэ бу корзинаны ыл, уонна манна толору ньургуһунна хомуйан аҕал!

Эвелина: Ньургуһун даа?

Л.А: Да, да ньургуһун.

Эвелина: Ол ньургуһуну хантан булабын? Билигин кыһын дии!

Л.А: Һа, ону мин билэбин дуо? Хантан да бул уонна ньургуһуна суох олох кэлимэ! (үүрэн таһаарар).

Тыа.

Эвелина тыа устун баран иһэр: – оо, ол ньургуһуннарын хантан булуох бэйикэбинииий? (ытыыр).

Бөрө улуйара иһиллэр, Эвелина куттанар, тулатын көрүнэр.

Эвелина: Уой, бөрө!  Билигин кэлэн сиирэ буолуо, ханна саһабын? Оо, ол уот көстөр онно баран көмөтө көрдүөххэ. (тахсар).

Уот тула 12 ыйдар олороллор, музыка тыаһыыр.

Эвелина тиийэн кэлэр.

Эвелина: Дорооболоруҥ, баһаалыста уоккутугар иттэбин дуо? Илиим олус тоҥно.

О.И: Дорообо, кыысчаан!  Чугаһаа итин! Хараҥа тыа5а со5ото5ун тугу гына сылдьа5ын?

Эвелина: Миигин мачехам ньургуһун хомуттара ыытта, ньургуһуна суох олох кэлимэ диир! (Бары соһуйаллар. – Ньургуһун даа?)

Дамир Г: Муус устар, ити эн ыалдьытыҥ эбит! (сибигинэйэн).

Эвелина: Баһыыбаларыҥ тоҥмутум ааста, мин барыым (тулатын көрүнэр, баран эрдэҕинэ Н.С)

Н.С: Тохсунньу ый, эн кэмиҥ күннээн турарын билэбин эрээри миэхэ торуоскаҕын уларсаргар көрдөһөбүн (тохсунньу ый торуоскатын уларсар)

Н.С (хоһоон)

        Көмүс үрүйэ уһугун

        Чалбах сыккыс уу таҕыс

        Үөннэр-көйүүрдэр уһуктуҥ

        Ньургуһуннар үүнүҥ!

(Кыыс корзинаҕа толору ньургуһун хомуйар). Костерга чугаһыыр.

Эвелина: Аһыныгас сүрэхтээххититтэн миигин өлүүттэн быыһаабыккытыгар улаханнык махтанабын (поклон)

Эвелина: Муус устар ый баһыыба!

Н.С: Бу эйиэхэ биһилэх бэлэхтиибин. Бу биһилэх аптаах, сиргэ быраҕан баран..

(хоһоон)

Аптаах көмүс биһилэх

Сааскы күнтэн сайыҥҥа

Көмүс күһүнтэн кыһыҥҥа

Эргийэн кэл!.. - диэтэххинэ биьиги эйиэхэ кэлиэхпит!

О.И: Сырдык ый, кыыска суолун сырдат! Буурҕа тыал иһийиҥ! (Дьиэтигэр тиийэр. Төптөрү тыал-буурҕа түһэр), (тыал буурҕа музыката).

Дворец. Елка. Настя Н.О – ны кытта үҥкүүлүү сылдьар.

Н.О: Саҥа дьылынан королева!

Настя: Соох! Ньургуһуну аҕалыахтарыгар диэри Саҥа дьыл буолбат!

Н.О: Хайдаах онтон бүгүн ахсынньы 31 күнэ дии.

Настя: Буоллун! Сарсын 32, өйүүн 33, онтон 34 онтон дальше дальше ньургуһун көрүөхпэр диэри.

Сурук ааҕааччы киирэр, мачеха кэлбитин биллэрэр.

Настя: Киллэриҥ!

Л.А: Королева, бу эн этиигин быһа гыммакка ньургуһун хомуйан аҕыллыбыт! Манна толору көмүс биэриэх буолбутуҥ дии!? (албыннаһар)

Настя: Уой! (үөрэр, ыстанар). Сибэккилэри ууга угуҥ, киниэхэ толору көмүстэ кутуҥ!

Настя: Дьээээ-ээ, Саҥа Дьыл буоллааа-ааа! Сана дьылынан! Сана дьолунан!

Л.А: Баһыыба королева! Бу биһиги сырабытын сыаналаабытыҥ иһин! Хараҥа тыаҕа, халыҥ хаары тэпсэн ньургуһуннары булан, сыаласти сохранности аҕалбыппытын өйдөөбүккэр! Биһиги бардыбыт! (тахсаары гыналлар).

Настя: Тохтооҥ эрэ! Мин өссө элбэх ньургуһун баҕардым! Билигин биһиэхэ суолу көрдөрүөххүт, мин бэйэм баран хомуйуом!

Мачеха кыыһынаан тобуктуу түһэллэр, ытыыр.

Л.А: Оо, дьэ королева бырастыы гын! Биһиги суолу билбэппит, ити мин иитэр кыыһым баҕайы хомуйан кэлбитэ.

Настя: Һы, иитэр кыыһым диигин дуу? Биэс минутаннан баар гыныҥ!

Л.А: Сөөп-сөп! (сүүрэн тахсаллар)

Л.А: Дьэ хотуой! Быыһаа-абыраа, королева өссө ньургуһун көрдүүр. Суолу көрдөрөн биэриэн үһү.

Эвелина: Суох мин кимиэхэ да суолу көрдөрүө суохтаахпын (кыыс отказтыыр).

Л.А: Чэ оччоҕуна били корзинаны баран ыл уонна өссө ньургуһунна аҕал (кыыс сөбүлэһэр).

Л.А (о5отугар): Эн кэнниттэн батыс, мастарга бэлиэтэ хаалларан ис.

Тыа. Кыыс кэнниттэн оҕо батыһар, бэлиэ хаалларар. (Кыыс охтон түһэр). Кинилэр кэннилэриттэн королева кэлэн иһэр.

(Кыыс оҕону көрөр, суолу көрдөрөртөн аккаастанар).

Эвелина: Тоҕо сырсан кэллин? Эһиги миигин албыннаабыккыт! Чэ кэл, дьиэбитигэр бардыбыт (сиэтэр, тардыалыыр).

Дайаана: Һа-һа, ханна да барбаппыт, манна королева иһэр, хайыыр да кыаҕын суох, ньургуһун ханна үүнэрин сирдээн биэриэҥ! Хи-хи!

(Королева кэлэр. Кыыс куота сатыыр).

Настя: Тохтоо эрэ! (чугаһыыр). Көр эрэ бу, сып-сылаас сон аҕаллым – шарфик, үтүлүк. (көрдөрөр, санныгар аҕалан ыйыыр). Хайа сылаас дуо? Аны миэхэ ньургуһун ханна үүнэрин көрдөр.

Эвелина: Суох! Суох! (кэнниттэн барар). Мин кимиэхэ да көрдөрүө суохтаахпын! (Королева кыыһырар).

Настя: Устуҥ сонун! Үтүлүгүн эмиэ! (сонун усталлар, үтүлүгү королева былдьыыр. Үтүлүк иһиттэн биһилэх түһэн кэлэр).

Настя: Хайа бу эн курдук дьадаҥы тулаайах, хантан биһилэхтэннин? (кыыс эппэт, былдьыы сатыыр).

Настя: Этэн абыраама, очоҕо бу баар эйиэхэ! (сиргэ быра5ар)

- Ты катись катись колечко. (аа5ар, охтон түһэр).

12 ыйдар тиийэн кэлэллэр. Бары чугаһыыллар. Королева хотумсуйар.  

Настя: Бу эһиги кимнээхтэргитий? Дьиэбэр барыахпын баҕардым, суолбун ыйан биэриҥ эрэ. Мин эһиэхэ үрүҥ көмүс, кыһыл көмүс биэриэм, харчы биэриэм!

О.И: Ити эн баҕа санаан дуо?

Настя: Да!

О.И: Миэхэ эн харчын да көмүһүн да наадата суох! Дьиэҕэр диэри тиэрдэн биэриэм. Өссө ким баҕа санаатын этэр?

(Уочаратынан баҕа санааларын этэллэр).  Тулаайах уон икки ыйдарга чугаһыыр уонна барыларыгар махтанар.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Сценарий 12 месяцев по пьесе С.Я. Маршака

в варианте, доступном для дошкольников...

Сценарий Белого месяца для средней группы.

Приобщить детей к духовной культуре, возрождению традиций и обычаев бурятского народа. Воспитывать у детей чувство патриотизма, нравственно - этических качеств....

Планирование воспитательно-образовательной работы в первой группе раннего возраста На январь 2020г (0-3 месяцев, 3-6 месяцев, 6-9 месяцев, 9-12 месяцев). Тема: «Мои любимые игрушки» «Машина»

Планирование воспитательно-образовательной работы  в первой группе раннего возрастаНа январь 2020г (0-3 месяцев, 3-6 месяцев, 6-9 месяцев, 9-12 месяцев).Тема:  «Мои любимые игрушки&raq...

Сценарий "12 месяцев"

Новогодний музыкальный спектакль для детей 6-7 лет по мотивам сказки С.Я. Маршака "12 месяцев".Опубликовано в журнале "Музыкальный руководитель" №10 2017г....

Сценарий «Весенние месяцы» (подготовительная группа)

Сценарий весеннего праздника «Весенние месяцы»...

Сценарий 12 месяцев на Новогоднем празднике

Новогодний праздник по сказке 12 месяцев...