Сценарий ысыаха посвященное ко Дню Защиты детей
план-конспект занятия на тему
Предварительный просмотр:
31.05.2017с.
Оҕо комускэлин күнүгэр аналлаах ыhыах сценарийа.
- Эҕэрдэ концерт
Саамал кымыс утахтаах
Самаан сайын барахсан,
Саламанан киэргэнэн
Саламаатынан күндүлээн,
Саргы – дьаалы салаллар
Сахам сирин үрдүнэн
Сатыылаата, доҕоттоор!
Үтүө күнүнэн күндү истин истээччилэр, төрөппүттэр уонна оҕолор! Самаан сайын салаллан кэлбитинэн, үтүө кэрэ кэм эргийбитинэн барыгытын итиитик – истинник эҕэрдэлиибит!
Күөх кырыска үктэнэн, оҕолор барахсаттар көҥүл көрүлүү сырсар үтүөкэннээх кэмнэрэ – сайын буолуута – биһиги бүгүн Аан дойдутааҕы Оҕо көмүскэлин көрсө ылбаҕай ырыаларбытын, имигэс үҥкүүлэрбитин бу күн эһиэхэ бэлэх уунабыт.
Саха омук оонньуутун
Ыhыаҕы аhыаҕын,
Ыллыаҕын, туойуоҕун
Кору - нары коҕүлүттэн тутуоҕун!
Кэрэ куоҕу туойуоҕун,
Ыhыаҕы айхаллаан,
Ыллыаҕын уруйдаан,
Уруй - тускул буолуохтун!
Уруй - айхал буолуохтун!
- Оҕолоор, бүгүн биһиэхэ бырааһынньык, туох бырааһынньыгай? Ыһыах диэн сахалар сайыны көрсөр бырааһынньыктара. Ханнык дьыл кэмин кэнниттэн самаан сайын кэлэрий? Саас туһунан ырыаны ыллыахтара кыра бөлөх иитиллээччилэрэ.
- Доҕордуу дьоҥҥо
Ыарахан чэпчиир
Ыраах да чугаһыыр
Ким истиҥ доҕордоох – ол дьоллоох! - кыра бөлөх толоруутугар үҥкүү - «Доҕордуу буолуохха»
- Ыллам ырыа арааhын
Ылын тардан кэбиhин,
Дорҕоон тойук кылыhаҕын
Доҕотторбут, туhэриҥ! Кыра бөлөх толоруутугар чабыр5ах
- Кыра оҕолор хатан куоластарыгар
Кэлэр кэм саҥата иhиллэр
Кыра оҕолор сырдык мичээрдэригэр
Ыраас санаа кыыма саҕыллар
Олох сибэккилэрэ оҕолор баар буоланнар
Күн күбэй Ийэ мичээрин бэлэхтиир. 1 дьааһыла о5олорун толоруутугар үҥкүү“Ай - да”
- Саргылаах сайыммыт салаллан
Кэрэчээн оҕолор мустаммыт,
Алаастан, куораттан тардыhан
Алгыстаах ырыаны ыллыыбыт 2 дьааһыла о5олорун толоруутугар үҥкүү “Тарбахчааннар”
- Таабырынна таайын эрэ оҕолоор, ардах түһэ турдаҕына мин баар буоламмын эһи ардахха баттаппаккыт диир баар үһү. Зонтик туһунан ырыа ыллыахтара улахан бөлөх кыргыттара
- Алаһа дьиэтигэр эргиллибит
Саха саллаатын уруйдаан
Дуорайда оһуохай тойуга
Сахабыт өрөгөй үҥкүүтэ - улахан бөлөх уолаттарын толоруутугар ырыа - «Уруй айхал ветераннарга»
- Эриэккэс детсаадка
Күннэтэ мустабыт
Ырыаны, үҥкүүнү
Үгүhү билэбит,
Эйэҕэс майгыга
Иитиллэн тахсабыт – орто бөлөх кыргыттарын толоруутугар ырыа «Ыаҕыйабын ыламмын»
- Кыыс оҕо чэпчэки – чэпчэкитик үктэнэн
Наскылдьыйан хаамта
Кыыс оҕо килбик – килбик көрөн
Үөрэн мичилийдэ - бэлэмнэнии уонна улахан бөлөх кыргыттарын толоруутугар «Үөрүү үҥкүүтэ»
- Оҕолоор, таабырынна таайыаҕын эрэ оҕолоор – күн сиригэр туохтан да күндү туох баарый? – күн күбэй ийэлэри самаан сайын кэлбитинэн эҕэрдэлииллэр орто бөлөх уолаттара «Ийэкээммин үөрдээри»
- Ырыа – сүрэх үөрүүтэ
Ырыа – үҥкүү көтүүтэ
Ыллаа – күнүм тахсыыта
Ыллаа ача тыллыыта - бэлэмнэни бөлөх кыргыттарын толоруутугар ырыа «Хомус тыаһын истиим да»
- Нуоҕай лабаа илиилэр
Дьол ырыатын тистилэр,
Үөрэ сөхпут санаабар
Алаас тыала ил гынар - бэлэмнэнии бөлөх уолаттарын толорутуугар ырыа - «Өбүгэ ооньуулара»
- Флешмоб «Оһуор үҥкүүтэ»
Бигэ – көнө сүрүннээх
Бастыҥ – талыы майгылаах
Дьоһун мааны дьон буолун
Үөрүүгүтүн үллэстэр
Эрэйгитин чэпчэтэр
Үгүс үтүөкэн доҕордонуҥ!
Кэрэни эрэ кэрэхсээн
Үтүөнү эрэ түстээн
Үйэлээҕи үксэтин
Кэскиллээҕи кэҥэтин! – диэн оҕолорбутугар алгыс тылбытын тиэрдэбит. «Чэчир» уһуйаан иитиллээччилэрин эҕэрдэ концерын оһуокайынан түмүктүөҕүн.
Уйгу ыһыах ырыатын
Оьуокайын туойуоҕуҥ
Өбугэлиир дьоннорбут
Угэстэрин салҕааммыт,
Дьоллоох оҕо сааспытын
Хоһуйуоҕуҥ оһуокайга
Саҕалыыбыт оьуокай этиитин.
Чэ эрэ,кэлиҥ оҕолоор,
Илиилэртэн сиэттиьэн
Эһиэкэйдээн биэриэҕиҥ
Тоҥолохтон ылсыһан
Оһуокайдаан оонньуоҕуҥ!
(Оьуохай бары кэлбит төрөппүттэр, оҕолор уонна иитээччилэр)
- Өбүгэ оонньуулара
Павлова Марина Алексеевна, МБДОУ “Чэчир”
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Сценарий праздника, посвященного международному Дню защиты детей "Должны смеяться дети!"
Сценарий для детей 6-7 лет. Приглашение в сказочное путешествие вместе с Карлсоном, подружками Врушей и Говорушей, а также незабываемое настроение в первый день лета!...
"Забияка ищет помощников" Сценарий праздника, посвященного Международному Дню защиты детей 1 июня
Сценарий праздника, посвященного Международному Дню защиты детей 1 июня...
"Волшебный зонтик лета" сценарий праздника, посвященный международному Дню защиты детей
Сценарий к международному Дню защиты детей...
Сценарий праздника посвященного Дню правовой защиты детей.
20 ноября – Всемирный день детей. В этот день в 1989 году Ассамблея ООН приняла Конвенцию о правах ребенка. Было рекомендовано ввести в практику празднование этого дня детей, как дня мирово...
Сценарий развлечения для детей 4 - 5 лет, посвященного Международному дню защиты детей «МЫ, ВЕСЁЛЫЕ РЕБЯТА!»
сценария для средних и старших групп...
Сценарий праздника, посвященного Международному дню защиты детей
Сценарий праздника, посвященного Международному дню защиты детей...
Сценарий утренника, посвященный Международному Дню защиты детей «Солнышко и дождик»
Международный День защиты детей «Солнышко и дождик»...