Сценарий новогоднего утренника
материал по теме

Саца дьыллаа5ы муччургэннээх сырыы (нуучча норуотун остуоруйаларыгар оло5уран оцоьуллубут утренник сценарийа 

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл sana_dyl_2014.docx23.04 КБ

Предварительный просмотр:

Баата5айдаагы №5 «Кунчээн» о5о саада

«Саца дьыллаа5ы муччургэннээх сырыы»

утренник сценарийа

(нуучча норуотун остуоруйаларынан)

Сценарийы суруйда:

Готовцева Октябрина Алексеевна,

иитээччи

2014с.

Барыыта: Тэрэппуттэр , ыалдьыттар киирэн олороллор.

Вед: Кунду тэрэппуттэр,убаастабыллаах ыалдьыттар.Эьигини барыгытын кэлэн иьэр Сана Дьыл бырааьынньыгынан итиитик-истинник э5эрдэлиибит! Ба5арабыт  эьиэхэ ,хас биирдии дьиэ-кэргэннэ, доруобуйаны, дьолу,уэрууну эрэ а5аллын.

Бугун биьиги бырааьынньыкпытыгар ыалдьыттаан о5олоргутун кытта бииргэ уэрун-кэтун диэн ынырабыт.

Вед: Старый год кончается-

          Хороший,добрый год!

          Не будем мы печалиться-

          Ведь новый к нам идет

          Его мы встретим пением

          На сотни голосов

          И ждем мы с нетерпением

          Веселый бой часов!

Фонограмма тыаьыыр: бой курантов.

Онтон тургэн музыканан о5олор сырсан киирэллэр.Залы тэгуччу елканы кэрэн тураллар.

Вед: Бугун эмиэ Сана Дьыл кунэ ууннэ.Бугун эмиэ биьиэхэ киэргэллээх харыйа ыалдьыттыы кэллэ.Хайдах,туох киэргэллээх эбитий?

О5олор: Оонньуурдар, хаардар,мишура киэргэллээх.

Вед: Хайа о5олоор,харыйабытыгар туга тиийбэтий?

О5олор: Уота суох!

Вед: Кырдьык да уота суох. О5олор харыйа уотун  умай  диэн  кердеьуе5ун  эрэ.

О5олор: Умай,  умай

                Киэргэллээх  харыйа

                Суус  араас  уоккунан!

Харыйа  уота  умайар,  бары  таьыналлар.

  1. Ст. гр. О5олоро  монтаж  аа5аллар.
  2. Хоровод  «Харыйачаан»
  3. Подг. Гр.о5олоро  монтаж  аа5аллар

Вед:  Много  ,много  лет подряд

           Песня  радует  ребят

           Наши  папы,  наши  мамы,

           Бабушки  и  дедушки

           Водили  тоже  хоровод

           Возле  елки  в  Новый  год!

           От  фонариков  цветных

           Светятся  иголочки,

           Так  споем  все  дружно  песню

     «В  лесу  родилась  елочка»!

  1.  Хоровод :В  лесу  родилась  елочка

Вед: Чэ,  аны  о5олор  бары  олоппосторго  олорон  харыйабытын  ыраахтан  одуулаан  керуе5ун

О5олор  олороллор.

Вед:  Сана  дьыл, о5олоор, саамай  бэьиэлэй,  куутуулээх,  саамай  кердеех-нардаах  бырааьынньык  буолар.Сана  дьылга  элбэх  араас  дьиктилэр,  куутуллубэтэх  ыалдьыттар  да  баар  буолуохтарын  сеп.Ол  эрээри  бугунну  биьиги  ыалдьыттарбыт  бары  эйэ5эс-сайа5ас  буолуохтара  диэн  эрэнэ  саныа5ын.

Муз.  фон тыаьыыр.

Настенька  киирэр,  илиитигэр  биэдэрэлээх( урдугэр  хаардаах,  анныгар  тон  куерчэх  угуллар.)

Настя:  Дорооболорун  о5олоор!  Мин  Настенька  диэммин.Мин  холуодьаска  биэдэрэбин  туьэрэн  кэбиспитим.Маачахам  биэдэрэ5ин  хайаан  да  ыл  диэбитигэр  холуодьаска  туспутум-  онно  Тымныы  о5онньор  олорор  эбит.

Вед:  Дорообо, Настенька!  Эн  Тымныы  о5онньору  кердун?  Кини  биьиэхэ  ыалдьыттыы  кэлиэ  дуо?

 Настя:  Кэлэр-кэлэр. Хата  сиэнин  Хаарчаананы  кытта      айаннаан  иьэллэрэ  буолуо. Тымныы  о5онньор  эйэ5эс  эбит,  миигин  аьыммыта,  биэдэрэбин  теттеру  биэрдэ,ессе  кэьиилээтэ. Онтубунан  эьигини  кундулуем  этэ  (тунэтэр).

О5олор  баьыыбалыыллар.

Вед:  Настенька  кэьиин  иьин  баьыыба, эн  эмиэ  биьиэхэ  ыалдьыттаа,  биьигини  кытта  уер-кет,  ырыата-хоьоонно  иьит.

Кыра группа концера (10 номер).

Настя: Уой, оголор наьаа учугэй ыралары ыллаан, онноо5ор уцкуулээн кердердулэр. Мин бу олорон о5олору кытта билистим. Кинилэри кытта уцкуулуехпун ба5ардым.

Улахан группа о5олорун нуучча норуотун уцкуутэ.

Вед: Баьыыбаларын, о5олорбут, Настенька! Хайа, Тымныы О5онньорбут сиэнинээн Хаарчааналыын хойутаатылар дии.

Настя: Чугаьаабыттара буолуо. О5олоор, бары ыцырыа5ын эрэ.

Бары: Тымныы о5онньор эьэккэбит, Хаарчаана сиэццинээн, кэлин, кэлин! (Иккитэ – устэ хаьыытыыллар. Музыкальнай фон тыаьа).

Тымныы о5онньор сиэнинээн киирэллэр. Ытыс таьыныыта.

Хаарчаана:

Дорооболорун, о5олоор,

Хара тыа5а, халыц сискэ

Эьэм Тымныы о5онньордуун

Иккиэйэ5ин эрэ биьи

Хаар уутээццэ олоробут.

Онтон бугун эьигинниин

Саца Дьылы керсееру

Эьэкээммин кытары

Детсадка тиийэн кэллибит.

Тымныы О5онньор: (О5олорго) Дорооболоруц, о5олоор! Хайа биир сыл иьигэр бары улааппыккыт да5аны.

(Харыйа5а эргиллэн):

Баай хара тыам

Маанылаах маьа

Байбарыын харыйа.

Эйиэхэ – сиргэ тиийэ бокулуон буоллун!

(Дьоццо эргиллэн):

Бар дьонум, дорооболорун!

Вед: Дорооболорун, Тымныы О5онньор, Сиэн кыыс ХаарчаанаКунду ыалдьыт буолун, биьиги концерпытын керуц. (Олороллор)

(Улахан уонна бэлэмнэнии белех о5олорун концера. 8 номер)

Вед: Эьэкээммит Тымныы о5онньор, сиэн кыыс Хаарчаана. Дьэ биьиги о5олорбут ырыа – хоьоон, уцкуу бэлэх уунан керустулэр.

Тымныы О5онньор: Дьэ бэрт эбээт, о5олорбор улахан да улахан баьыыба. Аны билигин мин эьиэхэ э5эрдэ номердаах уонна кэьиилээх кэлбитим дии. Дьэ эрэ керуе5ун. (Торуоскатынан 3 тоцсуйар. Восточнай уцкуу музыката тыаьыыр, сюрпризнай момент. Фокусник уонна уцкууьуттэр киирэллэр, улахан белех уола уонна кыргыттара. Кыргыттар уцкуулууллэр, онтон уол фокустары кердерер.)

Вед: Наьаа учугэй, улахан баьыыба, Тымныы Эьэкээммит! Онтон кэьиигин хаьан туцэтэ5ин?

(Тымныы о5онньор уца – хацас керунэр)

Тымныы о5онньор: Оо дьэ, кырдьан хаалан кэьиибин кыайбакка, ханнык эрэ остуоруйа5а хаалларан кэбиспитим. Ейдуу сатыы олоробун да таьы быьа умнан кэбиспиппин дии.  

Настя: Мин билэбин ээ, хайа остуоруйа5а хаалларбыккын.

Вед: Оо дьэ, о5олорбут сылы быьа эьиги кэьиилээх кэлэргитин кэтэспиттэрэ.

Настя: Онтон остуоруйабыт нуучча норуотун «Сордоц ба5атынан…» остуоруйата.

Хаарчаана: Эьээ, кырдьык да ол остуоруйа5а хаалларбыт эбиккин. Онтон ол кэьиилэрбитин аптаан кэбиспитин дии. Дьэ хайдах буолабыт?  

Тымныы о5онньор: Бэ эрэ, Емеля уолу манна ыцырыахха. (Торуоскатынан тоцсуйар). 1, 2, 3 Емеля дьэ эрэ баар буола о5ус.

(Нуучча норуотун музыката тыаьыыр. Заалга оьох урдугэр сытан эрэ, балалайка5а оонньуу-оонньуу Емеля уол суурдэн киирэр. Емеля ыстанан туьэр, бокулуоннуур.)

Емеля:

Саца Дьылынан, о5олоор,

Тыалы-буур5аны быыьынан

Эьэккэм ыцырыытын ылынан

Остуоруйа кинигэтиттэн

Тиийэн кэллим эьиэхэ.

Тымныы о5онньор: Емеля, дорообо!

Емеля: Тымныы о5онньор, Хаарчаана, дорооболорун. Эьэккээним, иьит эрэ дьикти буолла: арай туран оьо5ум иьигэр хантан да кэлбитэ биллибэккэ хаардаах меьееччук баар буола туспутэ. Мин олус куттанабын, сотору ууллара буолуо – оьо5ум итии ба5айы. (Хаардаах меьееччугу оьох иьиттэн хостуур).

Хаарчаана: Ити хаардар буолбатахтар, ити биьиги о5олорго кэьиилэрбит.

Тымныы о5онньор: Дьэ ити баар. Кете54ен иьэргэ ыараханын иьин, хаарга кубулутан баран, Емеля оьо5ор ууран кэбиспитим. «Емеля детсадка илдьэр ини, миэхэ кемелеьен,» - дии санааммын.

Хаарчаана: Настенька5а эмиэ хаары кутан биэрбитин дии.

Тымныы о5онньор: Остуоруйа5а теннуехпут, барытын кеннеруем.

Вед: Тыый, оччо5о о5олорго подарок оннугар хаары кутан биэрэбит дуо?

Тымныы о5онньор: (толкуйдуур): Кырдьан хаалан умнуган буолбуппун. Хаарчаана, сиэним барахсан, кемелес эрэ, аптаах тылларбытын этэн кулууй.

Хаарчаана: Сеп этиэм, эьээ. Чэйиц эрэ, о5олоор, бары кемелеен, аптаах тыллары этиэ5ин. Истиц эрэ:

Бырдьа бытык, хатан тэмиэрийэ

О5олорго кемелес

Биир, икки, ус

Кэьиибитин эн биэриий.

(Бары хатылыыллар. Хаардаах меьееччугу теттеру угаллар, ессе биирдэ аптыыллар, онтон подароктаах меьееччугу хостууллар.Подарок туцэтиитэ.)

Тымныы О5онньор: Хайа о5олоор, барыгытыгар кэьиим тиийдэ ини. (О5олор баьыыбалыыллар). Дьэ биьиги Хаарчааналыын, аны атын детсадтарга ыалдьыттыы барыа этибит. Онтон эьиэхэ бэйэм оннубар Саца Дьыл уолу хаалларыам этэ. Ыцырыа5ын эрэ Саца Дьыл уолу.

Бары: Саца Дьыл, кэл, кэл!

(Музыкальнай фон: чаьы тыаьыыр. Саца Дьыл уол атынан киирэр.)

Тымныы О5онньор уонна Хаарчаана: Дорообо, Саца Дьыл!

Саца Дьыл:

Саца кэрэ дьылынан

Саца утуе дьолунан

Саца урдук кыайыынан

Саца урдук кыайыынан

Табаарыстар э5эрдэ!

Тымныы О5онньор:

Саца кэрэ дьылбыт

Саца утуе дьолбут

Кемус кыырпах кунэ

Кулум-салым ууннэ,

Эйэ до5ор элбээтин

Илгэ-быйац дэлэйдин,

Кэрэ кэскил кэцээтин,

Норуот дьоло чицээтин.

Ууммут утуе сылынан, Дьеьегей о5отун – ат сылынан барыгытыгар э5эрдэ, дьоллоох буолун, керсуеххэ диэри!

Бары: Керсуеххэ диэри! (Тымныы О5онньор сиэнинээн тахсаллар.) 

Вед: Билигин барыгытын, маскарадтары хороводка ыцырабыт.

(«Харыйачаан» хоровод.  Оонньуулар о5олорго.)

Буттэ.

 

    


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Сценарий новогоднего утренника для детей старшей группы "Новогодние приключения".

Весёлый  сценарий Новогоднего праздника с Кащеем, Бабой Ягой, Котом,Лисой, Зайцем, Ёлочками, Снеговиками,Гномами, Снежинками,Разбойниками, Звёздочками и Месяцем.Прилагаются слова песен....

Сценарий новогоднего утренника":Новый год" проводил утренник Санаа Алла Александровна

В гости к детям приходят клоуны Клепа и Кнопа. Дети поют песни и танцуют....

Сценарий новогоднего утренника для детей младшего и среднего возраста "Лесная полянка", сценарий новогоднего утренника для детей старшего дошкольного возраста "Приключения у Новогодней ёлки"

Дети со Снегурочкой отправляются в лес искать Деда Мороза. В лесу на полянке они встречают гнома. он их провожает на полянку к Дедушке Морозу. сценарий для саршего возраста, Баба Яга заколдовывает Дед...

Сценарий Новогоднего утренника для средней группы детского сада Сценарий праздника «Чудеса у Новогодней елки»

Сценарий Новогоднего утренника для средней группы детского сада Сценарий праздника «Чудеса у Новогодней елки»...

Сценарий Новогоднего утренника в 1-ой младшей группе детского сада Новогодний утренник "В гости елочка пришла" для детей 1-й младшей группы

Сценарий Новогоднего утренника в 1-ой младшей группе детского садаНовогодний утренник "В гости елочка пришла" для детей 1-й младшей группыНарядные дети входят в празднично украшенный зал. В ...

Сценарий новогоднего утренника в разновозрастной группе «Маша и Медведь на новогоднем утреннике»

Сценарий новогоднего утренника в разновозрастной младшей группе«Маша и Медведь на новогоднем  утреннике»Цель: Создание атмосферы праздника, праздничного настроения, соблюдение на...