коснпект нод рисование“Сөбүлүүр остуоруйам”.
план-конспект занятия по рисованию

 

Сыала: Оҕо уруһуйдуур дьоҕурун сайыннарыы.

Соруктар:

1. Уруһуйга остуоруйалар дьоруойдарын тириэрдэр дьоҕурдарын салгыы тупсарыы. Кумааҕыга толору уруһуйдуурга үөрэтии.
2. Бэйэлэрин остуоруйаларыгар ойуулуур- дьүһүннүүр дьоҕурдарын сайыннарыы. Оҕолор толкуйдарын, болҕомтолорун сайыннарыы. Харандааһы сөпкө тутар үөрүйэҕи үөскэтии.
3. Норуот айымньыларыгар сөптөөх сыһыаны иитии.

Дьарык хаамыыта:

Саҥа күн буолла. Мин эһиэхэ мичээрдиибин, эһиги эмиэ бэйэ- бэйэҕитигэр мичээрдэһиҥ. Санаан көрүҥ: биһиги бүгүн манна бары бииргэ сылдьарбыт олус да үчүгэй. 

Оҕолор бүгүн остуоруйа туһунан кэпсэтиэхпит уонна остуоруйаны уруһуйдуурга үөрэниэхпит. Остуоруйалары сөбүлүүгүт дуо? Оттон эһиги ханнык остуоруйалары билэргитин билээри билигин эһигини кытта оонньуубут.

"Остуоруйаны ааттаа” оонньуу (оҕолор төгүрүккэ туран эрэн, бэйэ бэйэлэригэр мээчиги биэрэллэр уонна остуоруйалары ааттыыллар)Билэр остуоруйаларгытын ааттааҥ.

Оонньуу кэнниттэн оҕолор остуолга олороллор. Эбээ-Таабырын киирэр. 

Эбээ-Таабырын: Дорооболоруҥ, оҕолор! Эһиги миигин биллигит дуо? Мин Эбээ-Таабырын диэммин. Остуоруйалар тустарынан кэпсэтэргитин истэн, эһиэхэ ыалдьыттыы кэллим. Остуоруйалары сөбүлүүгүт дуо?

Эбээ-Таабырын: мин эмиэ остуоруйаны наһаа сөбүлүүбүн, ордук остуоруйа туүһунан таабырыннары таайтарбын сөбүлүүбүн. Истиҥ мин таабырыннарбын уонна остуоруйуна ааттааҥ.

Остуоруйаны таай” оонньуу.

Эбээ-Таабырын: бу тыллар ханнык остуоруйаттан буолалларын этиҥ: "мин мас дьиэлээх этим, онтон саһыл муус дьиэлээх этэ. Саас кэлбитигэр саһыл дьиэтэ ууллан хаалбыта.”? (куобах дьиэтэ)

Эбээ – Таабырын: сөп, аны бу хартыыналары көрөҥҥүт ханнык остуоруйалартан буолалларын этиҥ. (“Сэттэ хоһуол уонна бөрө”, “Сарыабына баҕачаан”)

Эбээ – Таабырын: Онтон бу ханнык остуоруйа тылларай? «Үрдүккэ олоробун, ырааҕы көрөбүн!» («Маша уонна эһэ»)

Эбээ-таабырын: Таайбатыгыыт! Көтөр туһунан остуоруйа дии ол.

Оо, Эбээ –таабырын, эн тугу эрэ бутуйдуҥ. Оҕолор, ити тыллары ким уонна кимиэхэ этэрий? (Маша эһэҕэ этэр)

Эбээ-таабырын: Ээ, кырдьаммын, барытын бутуйар буолбуппун. Оттон сарсын мин атын уһуйааҥҥа баран оҕолорго таабырын таайтарыахтаах этим. Оҕолор миигин кэтэһэллэр, остуоруйа таабырыннарын таайыахтарын баҕараллар. Оттон мин барытын буккуйан кэбиһэр буолбуппун. Көмөлөһүҥ миэхэ, эһиги олус өйдөөхтөргүт, барытын билэҕит.

Мунчаарыма, Эбээ - таабырын. Биһиги билигин кыратык сынньаныахпыт уонна эйиэхэ хайдах көмөлөһөрбүтүн толкуйдуохпут.

Физминутка " Буратино тыыллаҥнаата»

Чэйиҥ эрэ, оҕолор биһиги сынньанныбыт, оттон билигин Эбээ – таабырыҥҥа хайдах көмөлөһөрбүтүн толкуйдуоххайыҥ. Хайдах гынабыт? Арай биһиги киниэхэ остуоруйалары уруһуйдаан биэрдэхпитинэ, оччоҕуна кини уруһуйдары көрөн остуоруйалары умнубат буолуоҕа. Остуоруйаны кэпээн эрэ буолбакка, уруһуйдуохха эмиэ сөп. Эбээ-Таабырыҥҥа остуоруйалары уруһуйдаан биэрэргэ сөбүлэһэҕит дуо? Оттон эн Эбээ-таабырын, олор, оҕолор хайдах уруһуйдуулларын көр. Оҕолор ханнык остуоруйаны уруһуйдуургутун толкуйдааҥ.

-Данил, холобура эн ханнык остуоруйаны уруһуйдуугун? (үс оҕоттон ыйытабын)

Тарбах дьарыга “Илии массааһа”.

Оттон билигин үлэҕэ киирэбит. (оҕолор талбыт остуоруйаларын уруһуйдууллар)

Эбээ – Таабырын: Олус да элбэх остуоруйаны билэр эбиккит (хаама сылдьан оҕолор уруһуйдарын көрөр, ханнык остуоруйаны уруһуйдуулларын ыйыталаһар).

Оҕолор, бүгүн тугунан дьарыктанныбытый? Биһиги бүгүн Эбээ-Таабырыҥҥа анаан “Остуоруйа-таабырыннар” диэн кинигэ оҥордубут. Эбээ – таабырын, эн аны остуоруйалары бутуйума, онтон умуннаххына, эн биһиги кинигэбитин арыйан, ханнык остуоруйа буоларын өйдөөр.

Эбээ-Таабырын: Наһаа да маладьыас оҕолоргут, остуоруйа арааһын билэр эбиккит. Аны мин остуоруйалары умнубаппын, буккуйбаппын, махтал эһиэхэ! Көрсүөххэ диэри!

По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Коснпект развлеечния к Дню защитника Отечества

Конспеут спортивного развлечения...

Коснпект развлеечния к Дню защитника Отечества

Конспеут спортивного развлечения...

Коснпект НОД по познавательно-речевому развитию в средней группе «Заюшкина избушка»

[[{"type":"media","view_mode":"media_large","fid":"7851423","attributes":{"alt":"","class":"media-image","height":"360","width":"480"}}]][[{"type":"media","view_mode":"media_large","fid":"7851426","at...

Коснпект НОД по познавательно-речевому развитию в средней группе «Заюшкина избушка»

Данное занятие предназначено для детей среднего возраста. Обобщаются знания о русских народных сказках, активизируется словарь, развивается чувство уверенности в себе....

Коснпект НОД по рисованию "Домик для птиц"

Конспект занятия по рисованию "Домик для птиц" во второй младшей группе...

Коснпект НОД "Береза - символ России"

Формирование у детей патриотических чувств, любви к родной природе через расширение их знаний о березе, как о символе России....

коснпект Здравствуй лето

Конспект занятия «Здравствуй, лето!» в средней групКонспект НОД «Здравствуй, лето!» для детей средней группы детского садаЦель: обобщение и расширение знаний детей по теме...