Открытое занятие на тему: "Как жили наши предки"
план-конспект занятия (подготовительная группа)

Гаврильева Валерия

Технологическая карта  на якутком языке открытого занятия на тему: " жизнь наших предки"

Цель: Ознакомление с жизнью наших предков

 

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл ahagas_daryk.docx20.96 КБ

Предварительный просмотр:

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ ДОШКОЛЬНОЕ ОБРАЗОВАТЕЛЬНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ

ДЕТСКИЙ САД №88 «АКАДЕМИЯ ДЕТСТВА»

ОКТЯБРЬСКОГО ОКРУГА «ГОРОД ЯКУТСК»

НОД тыл сайдыытыгар

Иитээччи:

Гаврильева Валерия Валерьевна

Дьокуускай. 2022

Тиэмэ: өбүгэлэрбит олохторо дьаһахтара

Бөлөҕө : оскуола5а киириэн иннинээ5и бэлэмнэнии бөлөх.

Сыала: «Өбүгэлэрбит олохторун-дьаһахтарын кытта билсии».

Соруктар:

Үөрэтии: Өбүгэлэрбит хайдах олорбуттарын үөрэтии-истии, олоххо-дьаһахха туттар тэриллэрин кытта билсии, дьиэ кыылларын көрүү хатылааһын, саҥа тыллары кытта билсии (балаҕан, ойбон)

Иитии: Элэккэй буолууга, бэйэ-бэйэ5э үтүө сыһыаннаһыыны иитии. Айылҕа кэрэтинэн дуоһуйууну ыларын ситиһии.

Сайыннарыы:. О5о толкуйдуур дьо5урун, саҥарар саҥатын, билэр-көрөр дьоҕурун сайыннарыы.

Бэлэмнэнии улэ: таабырыннары таайыы, хаартыыналары көрүү, дорҕооннору сүһүөхтэри хатылааһын, макет оҥоруута.

Туттуллар матырыйаал: Пуочта дьааһык, сурук, балаҕан –хотон –ойбон (макет), хартыыналар: күөрчэх, арыы, сүөгэй, тубуорак, сымыыт; күөрчэх, лэппиэскэ, алаадьы; Иһит хомуос: ытык, чороон, кытыйа; Мастан оҥоһуллубут оонньуурдар: хабылык, хаамыска, тырыыҥка, кыыл. Кыллар суоллара(эһэ, тайах, куобах). Тыал, эһэ ытыыра (ырыата); лабиринт эрчиллии; презентация (хатылааһын, оонньуу)

Түһүмэх аата

Түһүмэх соруктара

Иитээччи дьайымала

Туттуллар ньымалар, улэ көрүҥэ

Оҕо сабаҕаланар дьайымала

Сабаҕаланар ситиһиилэр

Көҕүлээһин, тэрийии түһүмэҕэ

О5ону дьарыкка көҕүлээһин

Бэйэ-бэйэни көрсүү, үөрүү дорооболоһуу!

Аламай күн сыламынан! Сыламныыр аламай күнүнэн!

Оҕолоор көрүҥ эрэ биһиэхэ бүгүн ыалдьыт бөҕө кэлбит. Оҕолоор! Кинилэри кытта дорооболоһүоҕуҥ!

(Тимур) баран почтовай дьаһыктан көр эрэ сурук кэлбит дуо? Музей диэн тугуй? Ханнык музейга сылдьыбыккытый? Тугу көрбүккүтүй?

Биһигитин музейга ыҥараллар. Барабыт дуо?

Саҥарар ньыма,

Соһуччу тугэн

Оҕолор көрөллөр

Оҕо интириэһиргиир

Сүрүн түһүмэх

Харгыһы үөскэтии

Харгыһы быланааһын

Дьэ турдубут эрэ оҕолоор! Күлэйдии бардыбыт.

Бу тугуй? (Артем – Мас дьиэ

Тимур- балаҕан)

Саамай сөп оҕолор балаҕан. Бүгүн биһиги өбүгэлэрбит урут хайдах

Олорбуттарын туһунан билиэхпит.

Саҥарар ньыма

Оҕолор болҕойон учугэйдик истэллэр

Оҕолор дьарыкка бэлэмнэр

Туттар матырыйаалы билиьинэрии түһүмэҕэ

Оҕолору кытта кэпсэтии

Биһиги өбүгэлэрбит дьиэлэрин аттара балаҕан диэн хатылаан эрэ Балаҕан (мастан оҥорон баран сылаас буоллун диэн ынах, сылгы сааҕынан сотоллор); БАЛА5АН диэн тылга ханнык аһаҕас дорҕоон баарый? (А дорҕоон). Хас сүһүөхтээҕий? (3 сүһүөхтээх)

Биһиги өбүгэлэрбит дьиэ кыылларын иитэн тыыннаах буолан хаалбыттар. Дьиэ кыыллары иитэр сир Хотон хотон диэн тылга ханнык аһаҕас дорҕоон баарый? (О дорҕоон)

Көрүҥ эрэ оҕолоор тэлгэһэбит иһигэр ханнык дьиэ кыыллара баарый? (ат-кулунчук, ынах-ньирэй) маладьыастар!

Сайыны быһа оттоон кыһыҥҥы сүөһү аһыыр аһылыгын хаһаналлар (ыйар, көрдөрөр) аата БУГУЛ ханнык аһаҕас дорҕоон баарый? (у аһаҕас дорҕоон).

Ким билэрий ойбон диэн тугун? (Артем эппиэттиир). Саамай сөп! Кыһын ойбоҥҥо сүөһүлэрин уулата бараллар.

Ким миэхэ этиэй ынахтан биһиги тугу ылабыт? (үүт)

Үүттэн оҕолор оҥороллор эбит күөрчэх, арыы, сүөгэй.

Дидактическэй оонньуу (Туох уратытай) куөрчэх, арыы, сүөгэй, творог, сымыыт.

Сыала: Элбэх эттиктэртэн сыыһаны бул

Саха ыалыгар саамай биллиилээх ас- күөрчэх, алаадьы, лэппиэскэ буолар.

Аҕа киһи мастан кыһан иһит-хомуос оҥорор. Көрүҥ эрэ бу тугуй? Чороон, кытыйа, ытык.

Чороон диэн тыл хас сүһүөхтээх эбитий? (2 сүһүөхтээх)кытыйа (3 сүһүөхтээх) ытык (1 сүһүөхтээх)

Былыр маҕаһыын суох эбит. Ол иһин былыгры саха оҕолоро маннык оонньуурдарынан оонньууллар эбиттэр (хаамыска, хабылык, тырыҥка уонна мастан кыһыллыбыт кыыллар). Барыта туохтан оҥоһуллубутуй оҕолоор? (мастан)

Аҕа киһи дьонун аһатаары тыаҕа бултуу барар.

Саҥарар ньыма, ыйытыы, көрдөрүү, тылы ырытыы

Оҕолор балаҕаны көрдүлэр (макет)

Оҕолор былыр хайдах олороллорун биллилэр

Харгыһыы туоратар түһүмэх

Толкуйдуур,бол5омтолоох буолуутун, өйгө оҥорон көрөр дьо5урун сайыннарыы

Оо! Көрүҥ эрэ оҕолоор хайа эрэ кыыл суолун буллубут дии! Ким атаҕын суола буолуой? Туох дии саныыгыт? Баран көрүөҕүҥ эрэ. Ким олороруй оҕолоор? Куобах дии. Хайдах дьүһүннээҕий?

Онтон бу суолунан бардахпытына кими көрүөхпүтүн сөбуй уу! Оҕолор тайах дии. Тайах ханна олороруй?

Албын саһыл курдук

Сыбдыйан хаамабын.

Куттас куобах курдук

Ойуоккалаан ылабын

Тор5он бөрө курдук

Түргэнник сүүрэбин,

Тот эһэ курдук

Утуйан тахсабын.

Онтон бу суолунан бардахха? Көрүөҕүҥ эрэ уаа! Оҕолоор эһэ оҕото эбит дии (Эһэчээн ытыыр).

Хайа эһэчээн туох буоллун? Мин ийэбин кытта хааман иһэн аралдьыйан хаалан сүтэн хааллым (ытыыр). Ытаама эһэчээн билигин эн йиэҥ атаҕын суолун булан барыахпыт.

Эмискэ тыал киирэр (ууу Оҕолоор эһэчээн ытыырын истэн манна кэллим. Эһэчээн ийэтин булуоххутун баҕарар буоллаххытына! Бу эрчиллиини оҥоруун!) Эрчиллии: лабиринт

(Экраҥҥа эһэ оҕото ийэтин кытта көрсөллөр!) Оҕолоор эһэчээн биир быраабыланы билэрэ буоллар сүтүө суоҕа этэ! Ханнык быраабыланы биһиги билэбит? (атыҥҥа аралдьыйан ийэлээх, аҕабытыттан ырааппаппыт дии). Маладьыастар эһэчээҥҥэ көмөлөстүбүт!

Саҥарар ньыма

Ыйытыы

Соһуччу түгэн Оонньуу

Хамсаныылаах тохтобул

Оҕолор иитэччини кытта хааман эһэ арҕаҕыгар тийдилэр

Кыһыҥҥы кыллары хатылаатылар, кинилэр атахтарын суолун биллилэр

Түмүктүүр түһүмэх

Оҕолор барытын хатылыыллар

Дьарыгы хатылааһын:

Былыр дьоннор дьиэлэрин аата ким диэний? (Балаҕан).

Дьиэ кыллара хантан ууллулларый эбит? (ойбонтон).

Бу ким суолай? (куобах).

Кимиэхэ көмөлөстүбүт? (Эһэчэҥҥэ).

Ынах оҕотун аата ким диэний? (Ньирэй).

Оҕолор бүгүҥҥү дьарыгы сөбүлээтигит дуо? Алиса эн тугу сөбүлээтиҥ? (аҕыйах оҕону биирдиилээн ыйытыы).

Наһаа үчүгэй дьарык ааста! Маладьыастар! Болҕомтоҕут иһин махтал!

Саҥарар ньыма

Хайҕабыл

Ыйытыы

Оҕолор хоруйдууллар.

Оҕолор дьарыктан дуоһуйа халлылар


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Конспект занятий на тему: "Как жили наши предки"

Конспект занятий на тему: "Как жили наши предки"...

Фотоотчёт к открытому занятию на тему:"Как жили наши предки "

Фотоотчёт к открытому занятию на тему:"Как жили наши предки "...

Конспект непосредственно - образовательной деятельности по познавательному развитию для детей старшего дошкольного возраста Тема: «Как жили наши предки»

Конспект непосредственно - образовательной деятельности по познавательному развитию для детей старшего дошкольного возрастаТема: «Как жили наши предки»...

Проект на тему: «Как жили наши предки» для детей старшего дошкольного возраста (5-6 лет) с задержкой психического развития (ЗПР).

     Актуальность организации педагогами проекта «Как жили наши предки», обусловлена требованиями ФГОС к результатам обучения и воспитания детей, которые предполагают...

Тема: «Как жили наши предки».

Цель: Формирование представлений о жизни и быте русского народа, о его традициях.Задачи:Познакомить детей с избой-жилищем крестьянской семьи, с предметами старинного русского быта (печь, ухват, с...

Открытое занятие на тему: "Как жили наши предки"

Технологическая карта  на якутком языке открытого занятия на тему: " жизнь наших предки"Цель: Ознакомление с жизнью наших предков...